31.05.2020 | 13:19

Уот курбуу аргыстаах ыар сэрии

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аҕа дойду сэриитэ Ыар сүтүк аймалҕан, Сор суолун иитэ Дэлби тэбэр будулҕан! Атыйахтаах уулуу ытыллар Дьон дууһата кыланар, Саллаат сүрэҕэ ытыллар Ийэ сирин көмүскээри.                        Ородьумаан

Евдокия Михайловна Николаева (Уарова):

 – Сэрии иннинэ Сунтаар тыатыгар Сабычык диэн олохтоммут сахалыы ааттаах  көскө кэлбит нуучча олорбута эбитэ үһү. Кини биир соҕотох уоллаах эбит. Дьон билэринэн  таптал аата Эрдэһит диэн. Дьэ ол уол мин уос номоҕо буолбут эһэм Михаил Егорович Уаров буолар. Уол оҕо, ат бөҕө буолан, уһугунан дугунан, улаанынан ньуурданан, уулааҕынан көрөн, урааҥхай киэнэ уһулуччута Сунтаар улууһугар төрөөн-үөскээн, сэриигэ баран кэлбитин аахсыбатахха, онно олоҕун усталаах туоратыгар олорбута, дьон туһугар үлэлээбитэ. Кинини билэр дьон бары «киһи киэнэ сорсуннааҕа, сытыыта, барбыт-кэлбит, саҥарыах иннинэ саҥарбыт, улахан курбуу курдук ортону үрдүнэн бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх дьэргэлдьийэн уол оҕото этэ» дииллэрин истэбит. Дьоҥҥо эйэҕэһин, көнө, сымнаҕас майгылааҕын, киэҥ көҕүстээҕин, үтүө санаалааҕын ахталлар.

  Ынырыктаах уот курбуу аргыстаах Аҕа дойду сэриитэ түмүктэммитэ номнуо 75 сыл буолла. Олох-дьаһах ол кэмтэн тосту уларыйда, сайынна диэххэ сөп. Биһиги көлүөнэ дьоно бу сэрии туһунан, ол ыар сыллар тыыннаах туоһулааччыларын –  эһэлэрбит, эбэлэрбит, кэмчи гынан баран, киһи дууһатын уйадытар кэпсээннэрин истэн, сэрии алдьархайа диэн тугун өйбүтүгэр-санаабытыгар кытаанахтык иҥэриммиппит.

      Эр киһи уйана-хатана биллэр сытыы киирсиилэр

  Ол курдук, мин бэйэм эһэм кэмчи кэпсээннэриттэн быһа тардан  эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын. Эһэм Михаил Егорович Уаров 1942 сыл бэс ыйыгар ЧХОБК-н ыҥырыллан уоттаах сэриигэ аттаммыта. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр урут сэриилэспит үөрэхтээх уолу таба көрөн, младшай сержант аатын иҥэрэн тураннар, бүтүн пулемекка хамандыырынан анаабыттар. Сэрии толоонугар,   Сунтаартан төрүттээх биир дойдулааҕа Федот Сергееви көрсүбүтүн туһунан уйадыйан туран кэпсиирэ. Санаан да көрдөххө,  саханы көрсүбэтэх, сахалыы саҥаны истибэтэҕэ ырааппыт саллаакка, буолаары буолан, биир дойдулааҕын көрсүү хайдахтаах курдук долгутуулааҕын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Ити сыл өстөөх буулдьата сирэйин уҥа иэдэһин курдары ааһан, бастакытын бааһырар. Чөлүгэр түспүт байыаһы Ленинград оборонатыгар ыыталлар.

  Дьэ онно этэ уол оҕо, эр киһи  уйанын, хатанын  быһаарар  тыын  тыыҥҥа харбас ынырык киирсиилэрэ. Биир оннук киирсиигэ, Михаиллаах батальоннара өстөөххө кимэн киириигэ, фашистары уун-утары ыы муннуларынан сирэй-сирэйгэ көрсө түспүттэр. Соһумар, хабыр кыдыйсыыга эһэм  хаҥас харытын ыстыыгынан курдары аспыттарын, тыылга барартан кыккыраччы аккаастанан, ситэри эмтэммэккэ, сэриилэһэ сылдьан, ахсынньы 4 күнүгэр аны  үсүһүн бааһырар.  Дьэ, онтон госпитальга хара күүстэринэн ыытаннар эмтэнэр. Чэгиэн буолбутун кэнниттэн, И.С. Королев хамандыырдаах 711 стрелковай полкатыгар аныыллар. 1943 сыл бэс ыйыгар Доннааҕы-Ростов аттыгар кимэн киирии кэмигэр, Уаров пулемета утары атаакалаан иһэр фашистары харса суох сылбахтаан, пехота инники киириитигэр сүҥкэн көмөнү оҥорор.

                  Кыайыы уордьана геройун булбута

 Хорсун быһыытын иһин, Михаил Уаров Аҕа дойду сэриитэ иккис истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаҕа түһэриллэр. Ол туһунан  доҕоро Сунтаар улууһун Күндэйэ нэһилиэгин 91 саастаах ытык кырдьаҕаһа, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, ССРС сибээһин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Күндэйэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Михайлович Иванов субу курдук суруйбута: «1953 сыллаахха Сунтаар военкоматыгар полковник сыбаанньалаах Королев Иван Софронович диэн курбалдьыйбыт уһун уҥуохтаах нуучча киһитэ үлэлии кэлбитэ. Мин, оччолорго полковник диэни көрбөтөх киһи, толло быһыытыйбытым. Кэлин билбиппинэн, Михаил Егорович бииргэ сэриилэспит хамандыыра эбит. Михаил Егорович кэпсээбитин өйдүүбүн: «Иван Софронович оройуоннааҕы сэрии бэтэрээннэрин архыыбын бэрийэ сылдьан, мин ааппын булан ылан, нэһилиэк сельсоветыгар төлөпүөннээн,  сэрии кыттыылааҕа Уаров Михаил Егоровиһы оройуоннааҕы военкомакка ыытыҥ диэбит. Мин тута Сунтаарга киирэн, военкомакка тиийэн, кабинетын аанын тоҥсуйбутум.. Киирбитим, билэр киһим олорор эбит. Иван Софронович, олордор бокуойа суох, остуолуттан сулбу ойон туран, утары хааман кэлэн, кууһан ылбыта уонна өр куустуһан турбуппут, иккиэн уйадыйан ытамньыйан ылбыппыт.

   Сэрии сыллардааҕы сырыыларбытын өр кэпсэппиппит, онтон хамандыырым: «Били Днепр өрүһү туораан, ньиэмэстэргэ уоту аһан хорсун быһыыны оҥорбутуҥ иһин, Аҕа дойду сэриитин иккис истиэпэннээх уордьаныгар түһэрбитим, ону ылбытыҥ дуо?», –  диэн ыйыппытыгар соһуйа истибитим. Ону ирдэһэн ылыахха наада диэбитэ. Өр буолбатаҕа, уордьаным икки ыйынан кэлбитин Кыайыы күнүн бырааһынньыгар туттарбыта уонна дакылаатыгар миигин хорсун сэрииһит этэ диэн мустубут дьоҥҥо иһитиннэрбитэ. Иван Софронович Сунтаарга үлэлээбитин тухары дьиэтигэр мэлдьи ыҥыран ыалдьыттатара. Чахчы амарах, истиҥ табаарыһым этэ»,  диэн Михаил Егорович кэпсээнин түмүктээбитэ. Полковник Королев Сунтаарга үлэлии кэлбэтэҕэ буоллар, Михаил Егорович хорсун быһыыта биллибэккэ, уордьан ылбакка хаалыа эбитэ буолуо»...

                       Днепр эбэни иккитэ туораабыт

12 буолан өстөөх тыылыгар сылдьыбыттарын туһунан  оҕонньор бэйэтэ маннык кэпсиирэ диэн биир дойдулааҕа Николай Егоров 1990 сыллаахха «Ильич уоттара» хаһыакка  сырдаппытын субу манна кыбытабын: «Днепр өрүскэ кэлбиппит. Нөҥүө өттүгэр кыйма курдук элбэх фашистар тоҕуоруспуттар. 12 киһилээх разведка бөлөҕөр киирсэн, чуҥнуу бардыбыт.  Эрэһиинэ тыынан тыаһа-ууһа суох туораатыбыт. Үрдүк сыыры дабайаат, түргэн туттуулаах, сулууспалыыр эбээһинэстэрин эҥкилэ суох толорор сапердарбыт миинэни ыраастаабытынан, боробулуоха мэһэйдэри быспытынан бардылар. Дьэ онтон, доҕоор, немецтэр сырдатар уоту таһааран баран, ытыалаан куһуйан барбаттар дуо?! Граната бөҕө эһиннэ, пулемет, автомат буулдьата аттыбынан туох да ыйылаан олорор. Эдэркээн казах уола хамандыырбыт нэһиилэ “Отходить!” диэн хаһыытаата эрэ уонна сонно тута буулдьаҕа табыллан, сырдык тыына быһынна... Икки атахтаах иннин да, кэннин да кыайан быһаарбат ынырык түгэнэ үүннэ. Миэхэ биэрбит үс гранаталарыттан иккитин немецтэр диэки кыыратан, эстэр кэмнэригэр дириҥ окуопа курдук сыыр хайа барбыт сиригэр ыстанным. Арыый уоскуйан, тыын ылан, саабын бэлэмнээн,  3-4 немец саллааттара  иһэллэрин, гранатабын  кыыратан, үлтү тэптэрдим уонна өрүс диэки аллара ыстанан кэбистим. Хабыс-хараҥа, уу чуумпу сатыылаата. Уу чалымныыр тыаһа иһиллэр. Биир бэйэм бүүс-бүтүннүү кулгаах-харах иччитэ буолан сытабын... Арай иһиттэхпинэ, нууччалыы кэпсэтэллэр. Көрбүтүм, нөҥүө кытылтан биһигини көрдүү  тахсыбыт бөлөх устан иһэр эбит. Дьонум, хата, миигиннээҕэр ордук үөрдүлэр. 12 киһиттэн  собус-соҕотоҕун тыыннаах ордон, нөҥүө күнүгэр үс хонуктаах сынньалаҥҥа атаарыллыбытым. Нэдиэлэ  курдугунан Днепр өрүһү чааспын кытта уот буулдьа ортотунан туораан, дьэ, киһи да сонньуйар, ырыаҕа ылламмыт, элбэх саха охтубут, бастакы Геройбут баар буолбут, Днепр Эбэни  иккитэ туораан турардаахпын ээ...».

                          Сиэрдээхтик  кэпсэтэрэ

   Нэһилиэкпит биир туллар тутааҕа, тумус туттар ытык киһибит, эһэм бииргэ алтыспыт доҕоро Иванов Прокопий Михайлович субу курдук ахтан-санаан ааһар: «Эһэҥ Михаил Егорович Уаров-Эрдэһит туһунан  элбэҕи сэһэргиэххэ сөп. Кинилиин  элбэхтик алтыһан,  атах тэпсэн олорон кэпсэтэн,  «эн-мин» дэсиһэн,   бииргэ бултаан-алтаан турардаахпыт. Арай биирдэ, Элгээн учаастагар Калинин уонна Кыһыл Харыйалаах холкуостар холбоспут улахан биэчэрдэрэ буолбута.  Дьэ ол биэчэргэ, аһааһын кэнниттэн улахан иирсээн тахсыахтааҕын, Михаил Егорович  аҕыйах тылынан быһа баттаан саҥаран, охсуһаары мөрүөтэһэн турбут  уолаттары «тыла суох» ыытан тохтотон турардаах».

                     Санааҕыт сайаҕас буоллун

Кини уоттаах сэриини ортотунан ааһан, өлүү оботтоох айаҕыттан аанньала элбэхтик кыл мүччү куоттаран, хорсуннук сэриилэһэн, эр киһи Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэһин сиэрдээхтик толору төлөөн, дойдутугар 1946 сыллаахха тыыннаах эргиллэн кэлбитэ. Туруу үлэһит киһи, кэллэ кэлээт да, Чакыр нэһилиэгэр Калинин аатынан холкуоска чилиэнинэн киирэн, араас үлэлэргэ үлэлээн барбыта. Ордук кадровай булчутунан өр сылларга күндү түүлээҕи бултаан судаарыстыбаҕа туттарбыта. Ыарахан, ынырык сыллар эккэ-сииҥҥэ, өйгө-санааҕа ыар баттык буолбут кэмнэрин, мин эһэм майгытын-сигилитин сатарыппатаҕа. Олоҕун усталаах туоратыгар биир киһилиин иирсибэккэ, киһиэхэ барытыгар ис сүрэҕиттэн көмөлөһөн, чахчы ханна да тиийдин, кимниин да алтыстын, олус элбэх доҕордоох дьиҥнээх саха киэнэ саарына, урааҥхай киэнэ уһулуччулааҕа этэ... Буулаҕа мас курдук мускуллан, үөт талах курдук эриллэн, хатан анньыы курдук мүккүллэн, дьоло орто дойдуга, көлөһүнэ күн сиригэр буолан, хара баһа хагдарыйыар диэри, дьулайын аһа туртайыар диэри «дьонум-сэргэм туһа» диэн үлэ бөҕөнү үлэлээн-хамсаан, кэнчээрилэригэр куруук: «Хайа да күн үтүө сүрэхтээх, санааҕыт эрэ сайаҕас буоллун», – диирэ. Халыҥ аймах киэн туттар киһибит, эһэбит Михаил Егорович Уаров 1968 сыллаахха бу орто дойдуттан  букатыннаахтык күрэммитэ. Кини сырдык мөссүөнэ, биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...