11.06.2021 | 19:24

Уон сыл "Оһуохай" түмсүүнэн кынаттанан

Мин "Оһуохай" түмсүү тэрийэн, ити бырайыагым олоххо киирэн, үлэлээбитим номнуо 10 сыл ааспыт.
Ааптар: Людмила Неустроева
Бөлөххө киир

Оччолорго Майа  нэһилиэгин баһылыга Нестерев Тимофей Семенович бэркэ өйөөн, кураторынан  Васильев Михаил Михайловиһы анаан, оччотооҕуга түөлбэ салайааччыта Светлана Сергеева көмөлөһөн,  "Дьол Түһүлгэтигэр" түмсэн, «Оһуохайбыт» төрүттэммитэ. Оһуохай дьиэрэйэр дойдута Сунтаартан төрүттээх буоламмын, сахалыы тылынан оһуохай таһааран, маанылаах  Майабыт сиригэр «Оһуохай»  тэриллэрин  үөрүүнэн ылынан,  дьону түмэн,  үлэлээн барбытым. Хас сэрэдэ аайы киэһэ  сэттэ  чаастан  саҕаланара, бэрт элбэх киһи мустара.

Ол кэмҥэ Майаҕа олорор аҕам саастаахтар балачча элбэхтэрэ, инньэ гынан, оһуохай тула элбэх киһи мустубута, дьон сэргэхсийбитэ. Илии илииттэн ылсан, аа-дьуо хаамартан саҕалаан, сиртэн чэпчэкитик тирэнэн, оһуохайга ойуунан түмүктэнэр.

Оһуохай – ис-иһигэр киирдэххэ,  дириҥ кистэлэҥнээх, киэҥ өйдөбүллээх, саха норуотун бастыҥ үҥкүүтэ. Оһуохайдьыт сүһүөхтэрэ тэнийэн,  сүһүөх ыарыытын  билиммэт. Үҥкүүһүт,  ырыаһыт  буолан, табатык тыынан, тыҥата сайдар, тыына  уһуур, кыра тумууну билиммэт. Доруобуйата  тупсар, аны оһуохай тылын өйүттэн сааһылаан саҥаран, мэйиитин үлэтэ эмиэ тупсар.

Бу ааспыт 10 сыл устата "Оһуохай" түмсүү Майатааҕы Дм. Ходулов аатынан норуот дьиэтин иһинэн, театр үлэһиттэрин, Эверстова Галина Васильевна,  Иванова Мария Васильевна,  улуус оһуохайын  түмсүүтүн салайааччыта  Шипошина  Мария  Михайловна көмөлөрүнэн үүнэн-сайдан кэллэ.

Майатааҕы  "Оһуохай"  түмсүү  нэһилиэккэ, улууска ыытыллар  эстафеталарга, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк  кыттан кэллибит. Бары да үлэлээн бүтэн,  бочуоттаах сынньалаҥҥа  тахсан, дьиэҕэ таах олорбокко, сааһырдарбыт даҕаны,  сүһүөх уйарынан,  оскуола оҕолорун уһуйан, оскуолаларга тиийэн, сөпкө тутуһан  хаамарга үөрэтэрбит, оһуохайга уһуйарбыт. Ол курдук,  сайын аайы илин эҥээр бастыҥ этээччилэригэр ыытыллар "Күн үҥкүүтэ"  диэн бэрт киэҥ хабааннаах оһуохай буоларыгар сылын аайы кыттан, дьэ, сэргэхсийии бөҕө буоларбыт. Бу ааспыт сыллар тухары дьоллоох Дьокуускай куорат туонатыгар турар, оруобуна илин эҥээртэн киирдэххэ, бу үөрэ көрсөр "Арчы" дьиэтигэр хаста да киирэн, "майалар кэллилэр"  дэтэн, үөрэ-көтө оһуохай таһааран, онно кынаттаһан тахсааччыбыт.  Өрөспүүбүлүкэттэн араас улуус кыттан, ытык оһуохай ыһыахтарыгар киирэн,  хаста даҕаны оһуохайдаан, көрөн-истэн кэллибит. Бу кэлиҥҥи кэмҥэ биһиги "Оһуохай"  түмсүүбүтүттэн кынаттанан тахсыбыт Герман Яковлев "Дархан этээччи" буолбута. "Үтүөлээх этээччи" ааты ылбыттара:  Валентина  Федорова, Елизавета Колесова, Людмила Неустроева.

Саҥа сүүрээн киирэн,  "Оһуокай чулуу кынатчыттара" баар буоллулар: Ариадна Филиппова, Екатерина Мосоркина. Бу уон сыл тухары, олох халбаҥнаабакка хара  саҕаланыаҕыттан, оһуохайы өрө тутан кэлбит  дьоннордоохпут:  Анна Санникова, Мария Никифорова, Капитолина Лукина, Зоя Платонова, Людмила Василий Николаевтар, Светлана Охлопкова.

Кыһыны тымныы, сайыны куйаас диэбэккэ, бары түмсэ түһэн, сахалыы таҥаспытын сайбаччы кэппитинэн баран кыттарбыт.  Сайынын улууспут нэһилиэктэригэр ыытыллар  ыһыахтарга, Олоҥхо ыһыахтара буолар нэһилиэктэригэр тиийэн, оһуохайдаһан   кэлээччибит.

Сылын аайы улуус ыһыаҕын Майаҕа ыһаллар, онно алгысчыт арчылаан бүттэҕинэ, тэрээһин оһуохайынан аһыллар буолбута.

Ол "Оһуохай"  түмсүүбүт үлэтин түмүгэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

Урут ыһыахтарга дьон күргүөмүнэн киирэн оһуохайдыыра сэдэх буолара, сахалыы таҥастаах ыһыахтыы кэлэр дьон олох аҕыйаҕа.  Майаҕа "Олоҥхо  ыһыаҕа" буолуоҕуттан олоҥхону дьон бэркэ сэҥээрэн истэр-көрөр буолла.

Ол курдук оһуохай эмиэ бэркэ сайынна. Мэҥэ сиригэр 60-тан тахса сылын ыытыллар Култуура уонна спорт эстафетатыгар билигин тэрилтэлэр оһуохайа суох ыыппат буолбуттара да элбэҕи этэр.

Эстафетаҕа эр дьон оһуохайын тэрийэннэр, бэрт эдэр уолаттар оһуохайга сыстан,  оһуохай таһаарар буолбуттарын көрөн-истэн,  киһи  эрэ астынар.

Ол курдук Аллараа Бэстээххэ "Олоҥхо"  дьиэтэ үлэлээбитэ балай да кэм ааста. Онно ыытыллар тэрээһиннэргэ эмиэ үҥкүүлээн,  астынан бөҕө кэлээччибит. Ол  курдук Нөөрүктээйигэ, Дьаҥхаадыга, Сыымахха, Лоомтукаҕа, Хараҕа буолар тэрээһиннэргэ, ыһыахтарга   хаста даҕаны тиийэн,  кыттыыны ылан кэлбиппит.

Нам Аппаанытыгар ыҥырыллан, ыллаан-туойан, оһуохайдаан ахан кэлбиппитин билиҥҥэ диэри ахта саныыбыт.

Уон сыллаах сыралаах үлэбит түмүктэрэ син үчүгэй. Саха оһуохайын кэмэ дьэ кэллэ. Саха оһуохайа дьону түмэр,  эмтиир чэбдигирдэр, сүрү көтөҕөр, куту ыраастыыр сүдү күүстээх. Оһуохай таһаарааччы бэйэтэ айан таһаарар, талаана арыллар, доруобуйата бөҕөргүүр, хамсанан-имсэнэн үҥкүүһүт бэрдэ буолар,  онон оһуохай киһини сайыннарар,  арыйар күүстээх.

Саха оһуохайын өрөгөй күнүгэр, Гиннес рекордугар киирэр кэрэ түгэнин үтүө чааһыгар "Оһуохай"  түмсүү дьоно киирэн кыттыыны ылбыппыт. Олорорбут тухары өйбүтүттэн-сүрэхпититтэн ааспат күндү түгэн этэ. Оһуохай саханы поэт, үҥкүүһүт, ырыаһыт оҥорбута, ону үрдүктүк сыаналаан, омук киһитэ Гиннес рекордун тойоно Дж.Бербанк бэйэтинэн кэлэн, оһуохайы көрөн-истэн барбыта да улахан сыанабыл.

Биэс сыл устата өрөспүүбүлүкэтээҕи "Эйгэ" уопсастыбаннай тэрилтэ иһинэн үлэлээн кэллибит, былаан быһыытынан,  үлэлэһэн, бэрт  үгүс дьону билсэн, араас улахан  тэрээһиннэргэ сылдьан, харантыын кэмигэр куйаар ситиминэн ыытыллар күрэхтэргэ кыттан, ситиһиилэнэн,  өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үлэлэһэрбититтэн киэн туттабыт.

“Түмсүү – дьонунан,  дьон – түмсүүнэн” диэн мээнэҕэ этиллибэт. “Оһуохайым” дьонун 10 сыллаах үбүлүөйбүт кэлбит кэрэ кэминэн барыгытын ис сүрэхтэн долгуйан туран эҕэрдэлиибин. Бу кэлбит кэрдиис кэммитигэр оһуохай өссө сайдан-үүнэн,  эдэр ыччат иилээн-саҕалаан барарыгар, норуоппут үйэлээх үҥкүүтүн салгыы турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Бэйэ бэйэбитин өйдөһөн,  өйөһөн өссө да оһуохайбыт быстыбатыгар баҕарыаҕыҥ.

Людмила    Неустроева, Россия Сбербанын бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ,  Майатааҕы   "Оһуохай" түмсүү салайааччыта, СӨ  Ытык Оһуохай  "Үтүөлээх этээччи",  СӨ "Саха омук иннигэр киллэрбит сүдү кылаатын иһин" Ытык оһуокай түмсүү,  "Майа дойдум барахсан"  бэлиэлэр  хаһаайкалара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун сценатын  бэтэрээнэ.   

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...