22.02.2022 | 18:30

Уолаттарга көрдөөх оонньуулар

Уолаттарга көрдөөх оонньуулар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Икки сылтан бэттэх кэлэктииптэр уолаттар уонна кыргыттар күннэрин бииргэ бэлиэтиир буоллулар. Тоҕо диэтэххэ билигин оскуолаҕа улахан тэрээһин көҥүллэммэт. Бэлиэ күннэргэ кылаас чаастарын эрэ ыытыахха сөп. 
Бу хамаанданан оонньуулар ханнык баҕарар сэмэй бырааһынньыгы киэргэтиэхтэрэ. Улахан да дьон корпоративтарыгар барсаллар.    

Шифровка

Хамаандаттан биирдии оҕо кыттар. Уолаттарга английскай буукубаларынан суруллубут тиэкис туттарыллар. Кыттааччылар шифрдэммит тыллары көмпүүтэр клавиатуратынан таайаллар. Ол эбэтэр клавиатураҕа английскай буукубаҕа ханнык нууччалыы буукуба саспытын булаллар, тиэкиһи суруйаллар. Сорудаҕы бастакы толорбут кыайар.

 

«Связист иһитиннэриитэ»

Ыытааччы хамаандаларга “связист” ыыппыт иһитиннэриитин ааҕар. Тыллары эрдэттэн толкуйдаан суруйар ордук, тиэмэтэ араас буолуон сөп. Кыттааччылар 1 мүнүүтэ иһигэр тугу өйдөөбүттэрин этэллэр. “Связист иһитиннэриитин” сөпкө тиэрдибит хамаанда кыайыылаах буолар.   

 

«Бааһырбыт саллаат»

Фроҥҥа саллааттар үгүстүк бааһыраллара, оттон медпуун ыраах буолара. Онон саллааттар бэйэ-бэйэлэригэр суһал көмөнү оҥороллоро.

Бу сорудахха хамаандаттан иккилии киһи кыттар. Ыытааччы кинилэргэ биинтэлэри (аптекаҕа атыыланар) биэрэр. “Биир, икки, үс!” диэтэҕинэ, саллаат доҕорун “бэрэбээскилээн” барыахтаах. “Бааһырбыт саллаат” хамсаабакка, көмөлөспөккө туруохтаах. Ким биинтэтин бастакынан эрийэн бүтэрбит – ол кыайар. 

 Уустук сорудах

Саллааттар ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэһэллэрэ үгүс. Онон бу сорудах уолаттар сымсаларын, булугас өйдөөхтөрүн, тулуурдаахтарын уонна кыайыыга дьулуурдаахтарын быһаарар. Хамаандаттан биирдии оҕо тахсар. Кыттааччылар илиилэрин кэннилэригэр баайаллар. Ыытааччы муостаҕа биир хаа испиискэни ыһар уонна оонньууну саҕалыыр. Түргэнник уонна элбэх испиискэни хомуйбут уол кыайар.    

Ким күүстээҕий?

Саллаат күүстээх буолуохтаах. Бу күрэххэ хамаандаттан биирдии оҕо кыттар. Ыытааччы хас биирдии уолга аҥаардаммыт лимону уонна ыстакааны туттарар. Сорудах – кыттааччылар биир илиилэринэн лимон суогун ыгаллар. Бириэмэтин 2-3 мүнүүтэ гыныахха сөп. Ким ыстакаана элбэх суоктаах – ол кыайыылаах.

«Миинэлээх» хонуу

Спорт саалатыгар эбэтэр хонууга оонньуур ордук. Кыттааччылар “миинэлээх” хонууну туоруохтаахтар. Ыытааччы уолаттар харахтарын баайар уонна муостаҕа пластиковай бытыылкалары туруортуур.  Ахсаана 8-10 буолуон сөп. Кыттааччылар тургутууну биирдии-биирдии ааһаллар. Ким аҕыйах “миинэни” таарыйбыт – ол кыайар.

 

«Диверсаннар»

Хамаандаттан биирдии уол кыттар. Биир мүнүүтэ устата бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр. Ол кэннэ көхсүлэринэн тураллар. Ыытааччы уочаратынан “өстөөх” тас көрүҥэр сыһыаннаах ыйытыылары биэрэр. Холобур, “диверсант” ырбаахыта хайдах өҥнөөҕүй? Атаҕын таҥаһа хайдаҕый? Сэлиэччигэр хас тимэхтээҕий? Ким элбэх сөптөөх хоруйу биэрбит – ол кыайар.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...