16.01.2022 | 16:00

Уодаһыннаах баабыр уонна өс киирбэх тугут туһунан остуоруйа

Аан дойду остуоруйалара
Уодаһыннаах баабыр уонна өс киирбэх тугут туһунан остуоруйа
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА көҥүл тылбааһа Уруһуйдар интэриниэт ситимиттэн ылылыннылар
Бөлөххө киир

Арай биирдэ баабыр дириҥ дьаамаҕа түспүт. Ыстана сатаабыт да, кыайан тахсыбатах. Олорон эрэ маккыраччы ытаабыт. Итиэннэ:

Сордоох-муҥнаах баабырга көмөлөһүҥ! – диэн суламмыт.

Ол кэмҥэ аттынан өс киирбэх тугут сүүрэн испит. Ким эрэ ытыырын уонна көмө көрдөһөрүн истэн, дьааманы өҥөйөн көрбүтэ, баабыр хараҕын уутунан сууна олорор эбит.

Дорообо, баабыр. Тоҕо дьаамаҕа олороҕун, тоҕо ытыыгын? – диэн таба оҕото ыйыппыт.

Кимҥиний? Ээ, тугуккун дуо? Миэхэ көмөлөс!

Тугут көмөлөһүөн баҕарбыт да, ийэтэ баабырга чугаһаабат буол диэбитин санаан:

Эйигин аһынабын да, ийэм чугаһаама диэн кытаанахтык эппитэ.

Онуоха баабыр өссө күүскэ ытаан тоҕо барбыт:

– Оо, аан дойдуга сордоох-муҥнаах мин баарбын! Ама, миигин быраҕан барыаҥ дуо? Тугут, сааппаккын даҕаны дуо? Миигин таһаар, эн үтүө санаалааххын! Көмөҕүн хаһан да умнуом суоҕа. Өлөр өлүүттэн быыһаабыта диэн оҕолорбор кэпсиэҕим.

Тугут чугаһаабыт уонна эппит:

– Арай миигин сиэн кэбиһиэҥ дии! Ийэм баабыр олус киҥнээх диэн кэпсээбитэ.

– Мин дуо? Эн миигин дьааматтан таһаардаххына, аймахтарыҥ тыаҕа көҥүл сылдьар кыахтаныахтара: кими да тыытыам суоҕа, оҕолорбор эмиэ этиэм.

Таба оҕото толкуйга түспүт. Кырдьык, баабырга көмөлөстүн? Аһынар ээ.

Ол тухары баабыр ытаан онолуйбут:

– Оҕолорум барахсаттар, аҕаларын төһө эрэ кэтэһэллэр! Оо, миигинэ суох хайдах буолаахтыахтарай?

Тугут тугу да саҥарбакка олорбут. Баабыр үөһэ тыыммыт уонна баһын быһа илгистибит:

Тууй-сиэ, акаарычаан! Арай эн аҕаҥ дьаамаҕа түстүн, ким да көмөлөспөтүн? Хайыаҥ этэй?

Таба оҕото тулуйбатах, баабыры олус аһыммыт. Суон мутугу соһон аҕалбыт уонна аллара түһэрбит. Баабыр дьааматтан тахсыбыт уонна тугуту көрөн, тута салбаммытынан барбыт.  

Чэ, оҕолоргор сүүр, – диэбит таба оҕото.

Онуоха баабыр:

– Аччык хайдах барыахпыный? Эбиэттиэхпин наада, – диэбит уонна тугут диэки ымсыырбыттыы көрбүт.

Таба оҕото олус куттаммыт, тыа саҕатыгар куотаары гыммыт да, баабыр кэнниттэн ыстанан, тутан ылбыт!

– Сибилигин сиэм! – диэн ырдьыгынаабыт.

Тугут титирэстээбит:

– Сиэ суох буолан тылгын биэрбитиҥ дии!

Баабыр күлэн алларастаабыт:

Кэһэй, бэйэҥ буруйдааххын! Тоҕо куоппатаххыный? Тоҕо миигин кыйахаабыккыный? Хайдах курдук минньигэс сыттааххын билэҕин дуо? Дьаамаҕа олордохпуна, аһыыр санаам суоҕа, билигин хоргуйан өлөөрү гынным. Ол барыта эн тускуттан, дьиккэр!

Миигин сиэмэ, баабыр, – диэн тугут көрдөспүт-ааттаспыт. – Эйигин өлөр өлүүттэн быыһаатым буолбаат?

Ол хаһан? – диэбит баабыр. – Тоҕо уруккуну санаатыҥ?

Тугут ытаабыт-соҥообут:

Ийэм кыралары атаҕастаабаттар, үтүөнү үтүөнэн эрэ төлөнөр диэбитэ. Эн сөпкө гынаргын эбэтэр сыыһаргын быһаарыахха, кимтэн эрэ ыйытыахха.

Баабыр күлэн тоҕо барбыт:

Өссө диэ, ону-маны толкуйдаан! Чэ, буоллун даҕаны, ыйытыахха, – диэбит уонна оҥостон олорбут. Иккиэн ким эмэ кэлэрин күүппүттэр. Арай көрбүттэрэ, бөрө ааһан иһэр.

Тохтоо эрэ, кэл манна, – диэбит баабыр. Бөрө, хайыай, ама, муҥур тойон тылын быһа гыннаҕай? Сүүрэн кэлбит. Таба оҕото киниэхэ тоҥхос гыммыт уонна үҥсэ тоһуйбут:

 Бөрө, эт эрэ, биһигиттэн ким сөпкө этэрий? Мин баабыры дьааматтан таһаарбытым, оттон кини миигин сиэн баҕарар. Ама, эйигин өлөр өлүүттэн быыһаабыты сиэҥ дуо?

Бөрө салбаммыт: 

Тоҕо сатаммат буолуой? Аһыаххын баҕардаххына, кими баҕарар тутан сиэхтээххин, – диэбит уонна салгыы сүүрэ турбут.

Иһиттиҥ дуо? – диэн баабыр ырдьыгынаабыт. – Билигин эйигин сиэм.

Тохтуу түс, баабыр. Өссө кимтэн эмэ ыйытыахха, – диэн көрдөспүт тугут. Итиэннэ эмиэ күүтэн олорбуттар.

Арай саһыл сүүрэн иһэр эбит. Баабыр кинини ыҥыран ылбыт уонна ыйыппыт:

Иһит эрэ, саһыл, эйигин булугас өйдөөх дииллэр. Миигин тугут дьааматтан таһаарбыта, кинини сиэхпин баҕарабын. Cөпкө гынабын дуу, сыыһабын дуу?

Саһыл таба оҕотун көрөн туран:

Биллэн турар, сөпкө гынаҕын. Оттон эн, тугут, бэйэҥ буруйдааххын. Туох ааттаах минньигэс сыттааххыный? – диэбит уонна ымах гыммыт. – Баабыр, тугут уҥуоҕа эйиэхэ наада дуо? – диэн ыйыппыт.

Суох, – диэбит баабыр.

Миэхэ биэрээр, баһаалыста. Хата, оҕолорум оонньуохтара, – диэн көрдөспүт саһыл.

Ону истэн, тугут өссө улаханнык куттаммыт уонна синньигэс куолаһынан:

Баабыр, ааттаһабын, үһүс кыылтан ыйытыахха. Эйигин сөпкө этэр диэтэҕинэ, туох да диэм суоҕа, миигин сиэр.

Чэ-чэ, сөп, сылаттыҥ даҕаны! – ырдьыгынаабыт баабыр. – Ыйыт, онтон эйигин сиэм!

Арай тыаттан куобахчаан ойон тахсыбыт.   

Куобахчаан, кэлэ сырыт эрэ, манна! Түргэнник! – диэн хаһыытаабыт таба оҕото.

Куобах кэннин хайыспыт уонна, баабыры көрөн, чугурус гыммыт. Кутталын!

– Кэл эрэ, кыччаҕар, куттаныма, – диэбит баабыр. – Биһиги ыйытардаахпыт. Тугут миигин дьааматтан таһаарбыта, оттон мин кинини сиэхпин баҕарабын. Эт эрэ, сөпкө гынабын дуу, суох дуу?

Куобах толкуйга түспүт, кулгааҕын тарбаммыт уонна эппит:

Дьон туох диирин билэҕит дуо? Сүүс киһи санаата биир буолбат. Ким сөпкө этэрин быһаарар кыаҕым суох.

Баабыр уордайа түспүт:

– Куобах, акаарыгын даҕаны! Бөрө уонна саһыл миигин сөпкө этэр диэн тута эппиттэрэ.

Куобах үөһэ тыыммыт:

Мин кып-кырабын дии, өйүм эмиэ кыра. Туох да диэн быһаарар кыаҕым суох.

Иһит эрэ, куобахчаан, мин эйиэхэ барытын сиһилии кэпсиэм. Баабыр дьаамаҕа олорбута...  – диэбит тугут.

Ол хайдах? – диэн куобах ситэ саҥардыбатах. – Тугу да өйдөөбөтүм. Баабыр, дьаама иһигэр хайдах олорбуккун көрдөр эрэ.

Оо, далай акаарылар! Ол иһин өйдөөх кыыллар эһигини сиир буоллахтара, – диэбит баабыр уонна дьаамаҕа ыстаммыт.

Оттон куобахчаан, быарын тарбана-тарбана, күлэн иэрийбит. Ону көрөн, тугут эмиэ күлбүт. Баабыр тугу да өйдөөбөккө, кэтэҕин тарбаммыт. Дьаамаҕа олоро сатаан сылайбыт уонна хаһыытаабыт:

Кыччаҕар, көрдүҥ, өйдөөтүҥ дуо, дьаамаҕа хайдах олорбуппун? Түксү, күлэн бүт! Хата, мутукта бырах, хайдах тахсыбыппын көрдөрүөм.

Куобах күлэн бүппүт уонна:

Суох-суох, көрдөрүмэ! Эн үтүөнү куһаҕанынан төлөөрү гыммытыҥ. Кэһэй, булчут кэлиэр диэри дьаамаҕа олор, – диэбит.

Итиэннэ тугуту кытта тыа диэки сүүрэ турбуттар. Оттон уодаһыннаах баабыр дьааматыгар хаалбыт. Ол курдук булчут кэлиэр диэри олорбут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...