Умсугутуулаах, умсулҕаннаах Умсуура
Ченяновтар айар куттаах дьиэ кэргэни билигин өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс дьон билэр. Биир ыалтан бары ырыаҕа, музыкаҕа, кэрэ эйгэтигэр ураты талааннаах, ааттаах-суоллаах, ытыктанар дьон үүнэн тахсыбыта – сэдэх көстүү. Ол курдук, Семен Ченянов – элбэх ырыа ааптара, композитор, Паша Ченянова-Умсуура – Ю.Е. Платонов аатынан Эстрада тыйаатырын артыыһа, СӨ Култууратын туйгуна, Павел Ченянов – Саха тыйаатырын артыыһа, СӨ Култууратын туйгуна, хас да киинэҕэ оонньообута, Дмитрий Ченянов – саха норуодунай инструменнарын оҥорор мас ууһа.
Оттон бүгүн биһиэхэ ыал соҕотох кыыһа, талааннаах ырыаһыт Умсуура ыалдьыттыыр.
Уруккуттан да саныыбын ээ, хайдах бу биир ыалтан маннык биллэр-көстөр дьон үүнэн таҕыста диэн. Кинилэр оҕо саастара хайдах этэй, айар үлэлэрэ, ырыаҕа, музыкаҕа тапталлара хаһан үөскээбитэй, кинилэри ким уһуйбутай?
Мэник-тэник оҕо саас
Кырачаан Паша Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта нэһилиэгэр Ченяновтар диэн элбэх оҕолоох ыалга төрдүс уонна соҕотох кыыһынан күн сирин көрбүтэ. Үс убайдаах буолан, кыратыттан кинилэри батыһан, тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн улааппыта. “Уолаттары кытта улааппыт буоламмын, бэйэм эмиэ уол курдук этим”, – диэн күлэр. Мэниктиирин олус сөбүлүүрэ, убайдарын кытта моҕотойдуу сүүрэрэ, куска да барсара. Улахан убайа ардыгар кыыс диэн атаахтаппакка хараҥаҕа куттуур идэлээҕин билигин күлэ ахтар. Дэриэбинэҕэ улааппыт буолан, дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстаҕас этэ. Муус да киллэрэрэ, мас да хайытара, ханнык да үлэттэн толлон турбата. Үөрэҕэр үчүгэй этэ, куруук “4” уонна “5” сыаналары ылан, дьонун үөрдэрэ.
Киэһэ аайы баянынан ыллыырбыт
Ченяновтар – ырыа куттаах ыал. Ийэлэрэ ыллыыр, аҕалара баяҥҥа оонньуур. Онон, бииргэ төрөөбүттэр бары баянынан ыллаан улааппыппыт диэн ахталлар.
– Киэһэтин аҕабыт баяҥҥа доҕуһуоллуура, онтон биһиги ырыанньыгы тута сылдьан араас ырыалары толорорбут. Дьиэ кэргэнинэн ыллыырбытын олус сөбүлүүрбүт. Аан бастаан сценаҕа үс сааспар тахсыбытым уонна күн бүгүнүгэр диэри ыллыы-туойа сылдьабын. Дэриэбинэ, кулууп, оскуола тэрээһиннэригэр куруук ыллыырым, ону таһынан куонкурустарга кыттарым.
– Убайдарыҥ Семен уонна Павел тустарынан ааҕааччыларга билиһиннэрэр эрэ.
– Биһиги бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Улахан убайым Семен Ченянов, биллэр ырыа айааччы, композитор, продюсер. Иккис убайым Павел Ченянов – киинэ уонна тыйаатыр артыыһа, билигин Саха тыйаатырыгар үлэлиир. Үһүс убайым Дима тарбаҕар талааннаах уус, сахалыы кырыымпа инструменын оҥорор уонна бэйэтэ оонньуур идэлээх. Убайдарым тустарынан кэпсээтэххэ, Семен өссө төрдүс кылааска сылдьан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Хотугу сулус” телевизионнай күрэххэ кыайан, “Бастыҥ дебют” аатын сүкпүтэ. Ол саҕана кинини дьон “Ямайка” ырыатынан билэрэ. Тохсус кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы Музыка кэллиэһигэр үөрэнэ киирбитэ, сыыйа биллэн-көстөн барбыта. Билигин кини ырыаларын элбэх артыыс толорор. Онтон иккис убайым Павел эмиэ кыра эрдэҕиттэн талааннааҕа биллэрэ. Оҕо сылдьан дьону үтүктэрэ, пародиялыыра, араас сценкалары туруорбута буолан оонньуура. Кэлин санаатахха, инники идэтин таба көрбүт эбит. Үһүс убайым Дима уһанарын олус сөбүлүүр. Аҕабыт илиитигэр олус талааннаах киһи этэ. Наһаа үчүгэй сахалыы илин, кэлин кэбиһэрдэри оҥороро, ийэбинээн чаппараахтары тигэн атыылыыллара, бэйэлэригэр да хааллараллара. Онон Дима аҕатын баппыт, кини “туйаҕын хатарар” эрэнэр киһибит. Урут аҕатынаан бэйэлэрэ толкуйдаан, тыраахтар оҥорон сүүрдэн турардаахтар.
– Оскуола кэнниттэн, арааһа, култуура кыһатыгар үөрэммит буолуохтааххын. Туох үөрэхтээххиний?
– Ыра санаабын толорон, Култуура уонна искусство кэллиэһигэр киирбитим. Бэйэм режиссер идэтигэр үөрэммитим. Устудьуон сылларбар үөрэхпин кытта дьүөрэлээн гастролларга сылдьарым, кэнсиэртэргэ кыттарым. Онтон үөрэхпин бүтэрэн баран Эстрада тыйаатырыгар артыыс-вокалист быһыытынан үлэлии киирбитим.
– Эстрада тыйаатырыгар киирэргэр кастинг, тургутан көрүү диэни ааспыт буолуохтааххын...
– Тыйаатырга 2012 сылтан үлэлиибин. СӨ норуодунай артыыһа Аркадий Михайлович Алексеев салайар “Дайар сахалар” диэн айар бөлөҕөр ыллыы сырыттахпына үлэ миэстэтэ тахсан киирэн хаалбытым. Онон манна артыыс быһыытынан үлэлээбитим 11-с сыла. Үлэбин олус сөбүлүүбүн, тыйаатыр – иккис дьиэм кэриэтэ.
– Оттон Умсуура диэн сахалыы ааты хайдах ылыммыккыный? Ким “сүрэхтээбитэй?”. Суолтата туох диэн буоларый?
– 2009 сыллаахха саҥа ырыабын таһаарар кэммэр убайым Семен Умсуура диэн ааты ылын диэн сүбэлээбитэ. Ол кэмтэн ыла Умсуура диэнинэн ыллыыбын, үлэлиибин. Умсуура суолтата – умсугутуулаах, умсулҕаннаах диэн буолар.
– Эн ордук ханнык хайысхаҕа ыллыыргын ордороҕун?
– Хас да хайысхаҕа үлэлиибин. Ол курдук, норуокка иһиллиэн уонна дьон ылыныан сөптөөх, бу ырыа истээччигэ тиийиэ диэбиттэрбин толоробун. Саамай сэҥээрэр хайысхам – этно-поп-рок. Ураты турукка киирэн, араас ырыалары айарбын сөбүлүүбүн.
– Репертуаргар хас ырыалааххын? Ким суруйарый? Эбэтэр ханнык баҕарар ааптары кытта үлэлэһэҕин дуу?
– Ырыаларбын убайым Семен уонна сороҕор бэйэм суруйабын. Ардыгар атын да ааптардар ырыаларын толоробун. Хомуурунньук бэлэмнээн таһаарбытым. Манна бэйэм, убайым уонна атын ааптардар ырыалара киирбиттэрэ. Билиҥҥитэ отучча ырыалаахпын.
– Билигин гастролларга төһө сылдьаҕын? Улуустарынан айанныыгын дуо?
– Гастролларга үксүн тыйаатырынан айанныыбыт. Тыа сирин олохтоохторугар сонун испэктээктэри туруоран үөрдэбит, дьон кэлэр, сэҥээрэр. Оттон бэйэм сольнай бырагыраамабынан хаһан да гастроллуу иликпин. Арай биирдэ эмит артыыс доҕотторбун кытта барсан кэлээччибин.
– Куонкурустарга, бэстибээллэргэ кыттар артыыс инникитин үүнэр, сайдар. Эн күрэхтэргэ кытта сылдьыбытыҥ дуо?
– 2021 сыллаахха “Тюрквижн” диэн түүр омуктар икки ардыларынааҕы күрэххэ 2-с миэстэ буолбутум. Онтон былырыын “Громче” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы вокалистар күрэхтэригэр финалга тахсыбытым. Ол иннинэ “Саҥа ырыа” телевизионнай куонкуруска, “Этигэн Хомус” бэстибээлгэ кыттан турардаахпын. Кэлин киһи бу кэмнэри күндүтүк саныыр.
– Умсуура, ырыаны таһынан өссө туох атын интэриэстээххиний? Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
– Бириэмэ, быыс-арыт буллахпына, хаартыскаҕа түһэрэрбин, үлэлэрбин тупсарарбын сөбүлүүбүн. Ону таһынан фортепьяноҕа оонньуурбун ордоробун.
– Эстрадаҕа, шоу-бизнескэ доҕордоһуу диэн баар дуо? Саамай чугас доҕотторуҥ кимнээҕий? Дьиҥнээх доҕор хайдах буолуохтааҕый?
– Тыйаатырга бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим бары кэриэтэ чугас, күннэтэ көрсөр доҕотторум, атастарым. Биһиги кэлэктииппит олус эйэлээх, ханна да сырыттарбыт, куруук көмөлөсүһэбит, бары олус доҕордууларбыт. Истиҥ, киһилии сыһыан уонна бэйэ-бэйэни харыстаһыы баар буоллаҕына эрэ үлэ табыллар. Дьиҥнээх доҕор эн ыарахан кэмҥэр аттыгар баар буолуохтаах, төһө кыалларынан көмөлөһүөхтээх, үөрүүлээх түгэҥҥэр ситиһиигин үллэстиэхтээх дии саныыбын.
– Билиҥҥи саха эстрадатын туһунан тус санааҥ. Төһө сайынна дии саныыгын? Бэйэҥ көрүүлэриҥ.
– Эстрада ырыаһыттара үлэлииллэр, үүнэллэр, сайдаллар. Биллэн турар, ол – киһини үөрдэр. Инникитин да субу курдук үрдүк чыпчаалга тахсан иһэрбит буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
– Умсуура, тас дойдуларынан төһө сынньанаҕын? Ханнык сири саамай сөбүлээбиккиний?
– Аһара чаастатык барбаппын. Саамай сөбүлээбит сирим – Корея, Сеул куорат. Сынньанарга олус табыгастаах, киһи көрөрө-истэрэ элбэх, дьоно да үчүгэйдэр. Кореяҕа сылдьыбыт күннэрбин наһаа үчүгэйдик саныыбын.
– Билигин сахалар нуучча куораттарыгар, омук сирдэригэр олохсуйар буоллулар. Эйигин оннук санаа кууспат дуо?
– Дьон араас санааттан көһөр дии саныыбын. Ким эрэ кыһалҕалаах, ким эрэ көннөрү сылаас сиргэ талаһар. Мин билиҥҥитэ Дьокуускайга олоробун, үлэлиибин. Көһүү туһунан толкуйдаабаппын, онно туһунан уустуктар да бааллар диэн көрөбүн.
– Олоххор кэмсинэр түгэннээххин дуо?
– Аһара улахан кэмсинии диэн суох. Ханнык да түгэҥҥэ олохпут иннин диэки устар. Туох эмит буолар да түгэнигэр, “Барыта – үчүгэйгэ!” диэн девизтээхпин.
– Умсуура, түмүккэ, айар үлэҕэр инники былааннарыҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуо?
– Биллэн турар, айар куттаах киһи буоларым быһыытынан, өссө да айа-тута, ыллыы-туойа сылдьыбыт киһи диэн былааннаахпын. Саҥа хомуурунньук бэлэмниэм. Ону таһынан киинэ эйгэтигэр киирэн, киинэ музыкаларын, саундректары айыахпын баҕарабын. Музыка эйгэтигэр өссө үөрэнэр, үүнэр, сайдар былааннаахпын.