Умнуллубат сынньалаҥ күлүм түгэннэрэ
Оҕо (обургу оҕо) Киинэ Дьокуускай куорат үөрэнээччилэригэр көр-нар, күлүү-үөрүү, ырыа-тойук аргыстаах сынньалаҥы тэрийдэ. Дьарыктаах дьоҥҥо күн-дьыл биллибэккэ ааһар дииллэрэ кырдьык! Оҕолор ыллаан-туойан, ас астаан, үҥкүүлээн, уруһуйдаан умнуллубат сынньалаҥы атаардылар.
Киин уһуйааччылара күн аайы социальнай ситимнэр нөҥүө дьоҕурдаах, көхтөөх оҕолорго бииртэн биир сэргэх куонкурустары, көрдөөх челленджтэри, билиэн-көрүөн баҕалаахтарга викториналары, тобуллаҕас толкуйдаахтарга өркөн өйү сытыылыыр оонньуулары иилээн-саҕалаан, көҕүлээн ыыттылар. Ол курдук, 7808 оҕо айар, спортивнай, чэбдигирдэр онлайн уонна оффлайн тэрээһиннэргэ үөрэ-көтө кытынна.
«Yakutian Voice» кавер куонкуруһа, «Кубик лего», «Биһиги циркэни таптыыбыт», «Олоҕу быыһыыр идэлэр» уруһуй күрэһэ, «Ийэбин кытта үҥкүүлүүбүн», «Тапталлаах ийэбэр ас астыыбын», «break’in’home» диэн челленджтэр, бастыҥ национальнай бүлүүдэҕэ видеоролик куонкуруһа, коспей, о.д.а. сэргэх тэрээһиннэр оҕолору түмэ тартылар.
Тэрийээччилэр, дьүүллүүр сүбэ үөрэнээччилэрин талба талааннарын көрдүлэр-иһиттилэр, айар-тутар дьоҕурдарын үрдүктүк сыаналаатылар. Кыайыылаахтар дипломунан наҕараадаланнылар, оттон хас биирдии кыттыбыт оҕо сертификат тутан үөрдэ-көттө.
Туһалаах сынньалаҥы кыралыын-улаханныын бары сэҥээрдилэр. Бэйэ изоляциятын кэмигэр төрөппүттэр оҕолор дьарыктаах буолалларын хайдах ситиһэбит диэн толкуйга түспүттэрэ, хата, Оҕо (обургу оҕо) Киинэ кустук дьэрэкээн өҥүнэн дьиримниир кэрэ-бэлиэ күннэри бэлэхтээтэ. Саҥа, сонун форматтаах сынньалаҥы бары да сөбүлээтилэр: кыттааччылар уонна төрөппүттэр.
Оҕо (обургу оҕо) Киинэ Дьокуускай куорат үөрэнээччилэригэр куттала суох уонна баай ис хоһоонноох ураты уоскулаҥы утары уунна. Оҕолор астыннылар, төрөппүттэр махталлара муҥура суох.