Улуу тренер үтүө аатын үйэтитэн
Көҥүл тустууга Олимпийскай оонньуулар, аан дойду, Европа, ССРС, Арассыыйа чөмпүйүөннэрин, призердарын иитэн таһаартаабыт улуу тренер Д.П. Коркин 95 сылыгар аналлаах “Куоркуннуу олоруохха, Куоркуннуу айыахха” девизтээх быыстапка быйыл “Строительнай” ырыынакка алтыс төгүлүн үлэлээтэ. Коркин 100 сылыгар диэри сыл аайы тэриллиэхтээх. Быыстапка сыала-соруга – Коркин оҥорон хаалларбыт сүдү дьыалатын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии, билиһиннэрии.
Сыллата араас хайысхаларынан, салааларынан элбэх экспонат, матырыйаал туруоруллар. Быыстапка экспонаттарын Бөтүрүөбүс иитиллээччитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спорт албан музейын дириэктэрэ Егор Васильевич Пудов аҕалбыт.
Быыстапка сыала-соруга киэҥ. Улуу тренер үлэтин, кинини кытта алтыспыт дьон, кимнээх бастаан сииһиилэммиттэрин, 1964 с. Токиотааҕы Олимпийскай оонньууларга сырыытын, Япониятааҕы экспонаттара, 1972 с. Мюнхеннээҕи, 1976 с. Монреаллааҕы Олимпиадалар чөмпүйүөннэрэ Роман Дмитриев, Павел Пинигин, үрүҥ көмүс призер Александр Иванов, Үтүө дьулуур Оонньууларын кыайыылааҕа Василий Гоголев, көҥүл тустуу улахан түһүлгэлэрин тустарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриилэр, көрсүһүүлэр болҕомтону тардаллар. Быыстапка тиэмэтэ күн аайы уларыйан иһэр. Холобур, Н.Н. Тарскай 100 сылыгар аналлаах көрсүһүү, олимпиецтэр, Д.П. Коркин кэргэнэ Александра Семеновна Коркина быыстапка аһыллыыларыгар сыл аайы баар буолаллар, тыл этэллэр. Эдьигээннэр куруутун быыстапка туруораллар, быйыл Р.М. Дмитриев 75 сылыгар анаатылар. Пушкин аатынан Өрөспүүбүлүкэ киин библиотеката бэйэтин быыстапкатынан кэлэн кыттар. Быйылгы биир сүрүн уратынан үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан Степанович уонна Варвара Иосифовна Контоевтары, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс медалиһа Александр Николаевич Иванов кэргэниниин Варвара Афанасьевнаны кытта көрсүһүү буолла. Сахабыт сирин дьоно, ыалдьыттар сылдьаннар, улаханнык сэргииллэр, ыйыталаһаллар, кэпсэтэллэр.
Музейы сүүрбэ сыл салайар Егор Васильевич хаартыскалары эрэ көрдөрөн кэпсииринэн муҥурдаммакка, тустуулар ис хоһооннорун арыйар санааттан, өрдөөҥҥү хаһыаттар матырыйаалларын туһаммыт. Ол курдук, Алаҕартан Сидор Сидорович Попов 50 сыл мунньан тикпит подшивкаларын музейга бэлэхтээбит, олору дэлби кырыйталаан, 22 альбом оҥортообута – музей олус күндү экспонаттара. Сидор Попов ыарахан ыйааһыннарга мас тардыһыытынан, тустуунан, гиирэ спордунан утумнаахтык дьарыктанан, нэһилиэгин, оройуонун чиэстэрин өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ көмүскээбит күүстээх спортсмен быһыытынан үйэ аҥаара муспут хаһыаттарын спорт музейыгар бэлэхтээн, спорт сайдыытын историятыгар сүдү кылаатын киллэрбитэ махталлаах! Тиһиллибит хаһыаттар ыстатыйалара, сонуннар Саха сиригэр буолуталаабыт күрэхтэһиилэри, 1956 с. тустуу саҕаланыытыттан күн бүгүнүгэр диэри, о.и. 1964 с. көҥүл тустууга Дьокуускайга буолбут Арассыыйа чемпионата, 1985 с. ССРС чемпионата, матчевай көрсүһүүлэр, олимпиадаларга кыттыбыт тустууктарбыт, барылара альбомнарга киирбиттэр, өрөспүүбүлүкэ, оройуон спордун, тустуутун историяларын элбэҕи кэпсииллэр.
Социология доктора, университет профессора Ульяна Алексеевна Винокурова музейы көрөн баран матырыйааллары, докумуоннары оцифровкалатарга сүбэлээбит. Инньэ гынан үгүс альбомнар өрөспүүбүлүкэ киин Пушкин библиотекатын сайтыгар киллэриллибиттэр. Библиотека сайтыгар киирдэххэ, холобур, “Д.П. Коркин” диэни суруйдахха, ити альбомнары барыларын көрүөххэ, сылларынан булан ылыахха сөп.
Музей биир анала оҕолорго, ыччаттарга туһаайыллар. Р.М. Дмитриев аатынан олимпийскай солбук училище тренердэрэ иитиллээччилэрин аҕалан көрдөрбүттэр. Д.П. Коркины кытта бииргэ үлэлээбит А.Е. Алексеев, Д.Д. Максимов, М.Е. Друзьянов, А.Н. Ким-Кимэн уо.д.а. спорт бэтэрээннэрэ, салайааччылара кэлэн кэпсээбиттэр.
Егор Васильевич тренерин Коркины тренер эрэ курдук буолбакка, иитээччи, киһи быһыытынан билиһиннэрэргэ кыһаллар. Дмитрий Петрович маҥнай утаа, 1956-1964 сс., оскуола-интэринээт оҕолорун 5-8 кылаастарга нуучча тылыгар үөрэппит. Хамнастаах тренер быһыытынан 1964 сылтан үлэлээбит. Ол иннинэ уопсастыбаннай тренер. Хайдах курдук учууталлыырын быыһыгар бэйэтин талан ылбыт тустуутун сүрэҕэр-быарыгар илдьэ сылдьан дьаныардаахтык үлэлээбит эбитий! Ол кэмин туһунан Егор Васильевич маннык ахтар: “Арай биирдэ 6 кылааска нуучча тылыгар диктант суруйбуттар. Уруок бүппүтүгэр, «бээрэ, Пудов, эн хаал”,– диэбит. Диктанын ылан көрбүтэ – барыта кып-кыһыл. Барыта көннөрүү уонна “-1” сыана турар үһү. Дмитрий Петрович: “Дьэ, салгыы хайдах буолаҕын?”– диэн ыйыппытыгар, Пудов: “Ээ, мантан Дьаарылла чугас, 7 эрэ килэмиэтир, дьиэбэр баран холкуоска үлэлиэм”,– диэн хардарбыт. Онуоха учуутала мантан күһүн аллараа Чурапчыга спорт оскуолата аһылларын, интэринээттээҕин, онно киирэн салгыы үөрэниэхтээҕин туһунан эппит. Диктанын иккитэ-үстэ хаттаан суруйтарбыт. Кыһыла лаппа аччаабыт, кылааһын бүтэрэн, салгыы үөрэнэр, тустуунан дьарыктанар кыахтаммыт.
Дьэ, санаан көрүҥ эрэ, арай Дмитрий Петрович ити түгэҥҥэ үөрэнээччитин аахайбатаҕа, болҕомтолоохтук сыһыаннаспатаҕа буоллар, оҕо дьылҕата тосту уларыйыан сөбө. “Билигин от-мас үлэһитэ буолуом этэ”,– диир. Учуутал оҕо дьылҕатыгар кыһамньытын арылхай көстүүтэ буолбут. Итинник үөрэтэр, дьарыктыыр оҕолорун барыларын этэ-такайа, тугу гыналларын ыйыта, сүбэлии, үөрэтэ сылдьара диэн оскуола-интэринээти бүтэрбиттэр бары долгуйан ахталлар. Уонна саамай үчүгэйэ диэн, уолаттар оскуоланы бүтэрэн тарҕаһалларыгар эрдэттэн көрөн, аармыйаҕа баралларыгар талааннаах өттүлэрин спорт-ротаҕа ыыталыыра. Бастыҥнара Армия спортивнай кулуубугар, Москваҕа ЦСКА-ҕа тиийэллэрэ.
Итинник хайысха бигэтик тутуһуллубута. Интэринээт-оскуоланы бүтэрбиттэр ускул-тэскил ыһыллыылара таһаарыллыбатаҕа. Киин үрдүк үөрэх кыһаларыгар барыталаабыттара. Дойду киин куораттарын тренердэрэ Бөтүрүөбүстэн тустуук оҕолору көрдүүр буолбуттара. Ситиһиилэр, көрдөрүүлэр да балысхан этилэр. Карпов оҕолорго ССРС чөмпүйүөнүнэн буолбута, Илларион Федосеев оҕолорго аан дойдуну кыайбыта. Сахаачча тустуу номоҕор киирбитэ, Роман Дмитриев Олимпиадаттан кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Павел Пинигин уолаттарын кытта Киевтиир. Александр Иванову Казахстан ылар. 1976 с. Олимпиадаҕа үс саха бөҕөһүн өтөрүнэн хатылана илик өрөгөйө буолбута.
“Коркин 1956 сылтан, тустуунан күүскэ ылсан дьарыктаныаҕыттан, барытын сурунан, бэлиэтэнэн испитэ”,– диэн салгыы кэпсиир Егор Васильевич. Ол “Запись тренера” диэн альбомҥа баар. Онно дьарык кэмигэр ханнык албастары хайа түгэҥҥэ хайдах туттары, кыайыы хайдах туһуннахха кэлиэн сөбүгэр, тустан кэлбит уолаттар кыайыыларын-хотторууларын бэйэлэринэн быһааран ырыппыт суруктарын бука барытын, дьарыктыыр ньымаларын туһунан киин институттар ылсан үөрэппиттэр. Оҕолоругар хапсаҕай туһунан 32 ыйытыыны биэрбитэ, онуоха хайдах хардарбыттара экспонат быһыытынан көрдөрүүгэ сытар. Хапсаҕай албастара, ол албастары хайдах туттуохха сөбө, ханнык приемнары туттан кыайыахха сөбө бааллар. Ол иһин Коркин уолаттарын төбөлөрүгэр барыта тустуу. Араас паапкаларга угуллубуттар. “Быыстапкаҕа кэлбит дьоҥҥо тустуу хайысхаларынан төһө баҕарар кэпсиэххэ сөп”,– диир Егор Пудов.
Егор Васильевич уһуннук сыралаһан, спорт музейын көҕүлээн тэрийбит учууталлара Роман Романович Абрамов, Константин Сергеевич Постников үтүө дьыалаларын салгыыр, тренерэ Д.П. Коркин айымньылаах үлэтин, сырдык аатын үйэтитиинэн утумнаахтык дьарыктанар. Аар-саарга аатырбыт спорт оскуола-интэринээтин иитиллээччилэрин, үлэһиттэрин, биллиилээх бөҕөстөрү сырдатыынан умсугуйан дьарыктанара кэрэхсэбиллээх.