Улуу нуучча омук сабыдыала саарбахтаммат
«Уруккуну умнар норуот кэскилэ суох»
2022 сылга Саха өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сыла бэлиэтэнэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан (кэлин да соҕотох) Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт «Элгээйи» сопхуос бастакы дириэктэрин уонна 14 сыл тохтоло суох сопхуоһу салайан, чуолаан «Элгээйи» сопхуоһу, Сунтаар оройуонун, бүтүн Саха сирин Сойууска тиийэ аатырдыбыт, оччотооҕу үлэҕэ, олоххо-дьаһахха сөҕүмэр ситиһиини ситиспит улуу нуучча омук ньургун уолун Семен Максимович Журавлев сырдык аатын ахтан-санаан ааһар тоҕоостоох дии саныыбын.
Ол хайдах этэй?
Биллэрин курдук, 1956 сылтан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сопхуостары тэрийии хампаанньата саҕаламмыта. Элгээйи сирин эҥэригэр баар 4 холкуоһу холбоон, 1957 сыллаахха Элгээйигэ кииннээн «Элгээйи» сопхуос тэриллибитэ. Өһүргэс буолбат ини, оччолорго соччо нууччалыы билбэт тыа сирин сахаларыгар эмискэччи баҕайы «тоҥ» нууччаны салайааччынан анаан кэбиһэллэр. Баары баарынан эттэххэ, оччотооҕу хомуньуус баартыйа кыраҕы хараҕа каадырдары сүүмэрдээһиҥҥэ бу да сырыыга сыыспатаҕын «Элгээйи» сопхуос холобуругар эмиэ көрүөххэ сөп.
Дьэ, сахалыы сиэринэн бу киһибит хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин кыратык да буоллар билсэ түһүөххэ. Семен Максимович Журавлев 1909 сыллаахха Челябинскай куоракка күн сирин көрбүт. 3 саастааҕар дьонун кытта Бодойбоҕо көһөн кэлбит. Инньэ гынан эдэр сааһа, үлэһит быһыытынан үүнүүтэ-сайдыыта Иркутскай уобаласка ааспыт. Салайар, тэрийэр дьоҕурдаах эдэр киһи бииртэн биир салайар дуоһунаска талыллан, быыбарданан, ситэн-хотон испит. Ол курдук, сопхуос дириэктэринэн, оройуоннааҕы сир салаатын сэбиэдиссэйинэн, райсовет бэрэссэдээтэлинэн, оройкуом сэкирэтээринэн үлэлээн, салайар үлэ оскуолатын ааспыт.
Семен Журавлев Уус Куттааҕы геологическай көрдүүр экспедицияҕа үс сыл үлэлээн баран, Амакинскай экспедиция 128№-дээх баартыйатын начаалынньыгынан ананан кэлбит. Быһаччы эттэххэ, бу диэки кинини алмаас сырыһыннаран «аҕалбыт» киһитэ эбит. Инньэ гынан, Семен Журавлев Саха сиригэр бастакы алмаастаах туруупканы арыйааччылартан биирдэстэрэ буолбут. 1956 сылтан баартыйа Сунтаардааҕы оройкуомун бырамыысыланнаска салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлии олордоҕуна, саҥа тэриллэр «Элгээйи» сопхуоһу иилиир-саҕалыыр чэпчэкитэ суох дуоһунаһы сүктэрэллэр.
Үлэ-хамнас үөһүгэр
С.М. Журавлев Сунтаартан саҥа ананан тахсаат, хаһан да үктэммэтэх сирдэринэн хаһаайыстыбатын бүтүннүү кэрийэн көрөр уонна тута сопхуоһу тэрийэр, салайар аппарааты быһаара охсор. Уопсайынан, Журавлеву уһуну-киэҥи өтө көрөн ырааҕынан эҥсэн толкуйдуур уонна сыһа-соһо сылдьыбакка, түргэнник быһаарыы ылынар ураты дьоҕурун бэлиэтииллэр. Семен Максимович төһө да олох атын сиргэ, атын эйгэҕэ үлэлии кэллэр, салайар аппараатыгар бэйэтин дьонун, билиҥҥинэн эттэххэ, «хамаандатын» илдьэ кэлбэтэх. Ити эмиэ элбэҕи этэр дии саныыбын. Билиҥҥи курдук буоллар, сибиэһэй сиргэ төһө баҕарар «батыһыннартаан» кэлиэн сөп этэ буоллаҕа.
Семен Максимович Элгээйи сиригэр хайа күн кэлиэҕиттэн барыар да диэри сопхуоһун бары нэһилиэктэригэр социальнай тутууларга улахан болҕомтотун уурбутун билиҥҥэ диэри астына ахталлар. Ол аата кини аан бастаан үлэһит киһи олоҕун-дьаһаҕын сөптөөхтүк быһааран эрэ баран, үлэни-хамнаһы ирдиир соруктааҕа. Оннук да буолбута.
Семен Максимович дириэктэрдээбит 14 сылын устатыгар 130-тан тахса кыра-бөдөҥ тутуу үлэҕэ киирбит. Ол иһигэр улахан 5 оскуола, 7 култуура дьиэтэ, 4 интэринээт уонна учууталлар олорор уопсай дьиэлэрэ, 4 балыыһа, 33 улахан типовой хотон. Ити мас тутуулартан сорохторо билиҥҥэ диэри сулууспалыы тураллара оччотооҕу үлэ хаачыстыбатын кэрэһилиир дии саныыбын. Оттон оччолорго ону ирдээччинэн, хонтуруоллааччынан, бастатан туран, салайааччы буолара чуолкай. Семен Максимович улахан тутуу барар сиригэр сарсыарда 6 чаастан саҕалаан эбэтэр киэһэ хойут көрөн-билэн барарын бэлиэтииллэр. Билигин оннук баара буолуо дуо?..
Бастаан көрүүгэ дириэктэр бөдөҥ-садаҥ, чахчы бухатыырдыы бэрт дьиппиэ, нүһэр көрүҥнээҕин иһин, хас биирдии үлэһитигэр ураты сымнаҕас, уйаҕас сыһыаннааҕа дииллэр. Исписэлиистэрин мөҕө-этэ сылдьыбат сытыары сымнаҕас майгытынан «итини хайдах гыммыт киһи үчүгэй буолуой?» диэн быһаарсара дииллэр. Ол да иһин бүтүн сопхуоһун дьонун бэйэтин тула түмэн, дьэ кырдьык, сомоҕолоһон үрдүк ситиһиилэргэ тиийдэхтэрэ.
Семен Максимович салайааччы быһыытынан биир уратытынан саҥаны, кэскиллээҕи өйүүрэ буолар этэ. Бүлүүтээҕи ГЭС-кэ холбонуу, бааһынаҕа да, ходуһаҕа да саҥа сирдэри оҥоруу тэтимнээхтик ыытыллыбыта. Мелиорация үлэтэ күүскэ ыытыллара. Хомойуох иһин, олор билигин үгүстэрэ быраҕыллан, талах-сэппэрээк үүнэн, сэтиэнэх буолан туралларын көрөн, оччотооҕуну билэр киһи улаханнык хараастар эрэ хартыыната.
Ол кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан «Элгээйи» эрэ сопхуоска куһу-хааһы, сибиинньэни иитэр пиэрмэлэр баар буолбуттара уонна үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэрэ. Сүөһүнү төлөһүтүүгэ элгээйилэр анал звенолары, биригээдэлэри тэрийбиттэрэ сөптөөҕүн көрдөрбүтэ. Ол курдук, Кутана отделениетын «Тумул» биригээдэтигэр Д.Г. Андреев биригээдэтэ өрөспүүбүүкэҕэ аан бастаан ньирэй биир төбөтүн ыйааһына 100 кг, кыһынын 150 кг эбиллэрин ситиһэн, уһулуччу үрдүк көрдөрүүлэммитэ. Дмитрий Гаврильевич Андреевка Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан биир ынахтан 3000 л үүтү ыабыт ыанньыксыттар М.Е. Спиридонова, Н.А. Попова Ленин уордьанынан наҕараадаламмыттара. 100 биэттэн 90 кулуну ылбыт М.Н. Мокутов эмиэ үрдүк наҕараадаҕа тиксибитэ.
С.М. Журавлев «Элгээйи» сопхуоһу салайбытын уон сылыгар ынах сүөһүлэрин 11200, сылгыларын ахсаанын 6000 төбөҕө тириэрдибиттэрэ. Эти оҥорууну 1,6, үүтү ыаһыны 2,3 төгүл үрдэппиттэрэ.
Дьэ итинник үлэ-хамнас түмүгэр 1967 сыллаахха «Элгээйи» сопхуос тэриллибитэ 10 сыллаах үбүлүөйүгэр оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны сүдү үөрүүлээх түгэн тосхойбута. 1967 сыллаахха Угут Күөл аатырбыт ыһыаҕын кэмигэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бэрэссэдээтэлэ А.Я. Овчинникова сопхуоска Ленин уордьанын туттарбыта. Бу үөрүүлээх бэлиэ түгэҥҥэ РСФСР Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Школьниковтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан, ыаллыы алмаастаах Мииринэйтэн үрдүк сололоох ыалдьыттар кыттыыны ылбыттара. Дьон-сэргэ билигин даҕаны ол үтүө түгэни умнубат.
Ол сылларга «Элгээйи» сопхуос ити билигин аатырар, дириэктэрэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр тиийэ анньыһар Павел Грудинин салайар Москва аннынааҕы Ленин аатынан сопхуос сайдыытыгар тиийэ сайда сылдьыбыт диэххэ айылаах курдук эбит. Кырдьык, С.М. Журавлев салайарын саҕана Элгээйигэ бэйэтигэр «ПО-2» самолет бастайааннай турбута, өрүскэ оччолорго түргэн сырыылааҕынан биллэр «БМК» катер баара, оччолорго бэрт кэмчи бириһиэн бүрүөһүннээх «ГАЗ» легковой массыына оройуон хайа да сопхуоһунааҕар элбэҕэ. Чэ, быһата, «Элгээйи» сопхуос чахчы ситиһии кэрэһитэ буолбута.
Дьэ, кырдык, ити саҕана Элгээйи сиригэр эһиэкэй дьиэрэйбитэ.
«Я – огоннёр…»
Дьэ ити курдук саха норуотун сайдыытыгар улахан үтүөлээх-өҥөлөөх С.М. Журавлеву оскуола үрдүкү кылаастарыгар үөрэнэр сылларбар ыраахтан да буоллар син көрөр этим. Кэлин кини туһунан суруйуулары син аахтаҕым, көрдөҕүм-биллэҕим дии. Онон бу онтон-мантан ойута тутан да буоллар, бэлиэтээн ааһар бырааптаахпын дии саныырбын бука диэн баалаабаккытыгар көрдөһөбүн.
Кини саха дьонун ордук чиэһинэйдэр, үлэһиттэр, толоругастар диэн хайгыыра эбит. Оттон кинини биһиги дьоммут ытыктаан «оҕонньорбут» дииллэрэ. Били, аксакалбыт диир курдук. Семен Максимович барахсан ону «Я – огоннёр...» диэн күлэ саныыр буолара үһү.
Мин бу бэлиэтээһиммэр С.М. Журавлев олоҕун барытын хайдах да кэпсиир кыаҕым суох. Кини Валентина Степановна диэн эмчит идэлээх кэргэннээҕэ, 5 оҕолоохтор эбит. Семен Максимович кэлин көһөн да баран, кутун туттарбыт Элгээйитигэр кэлэн сайылаан барара.
Оттон улуу С.А. Зверевтиин-Кыыл Уолунуун олус тапсаллара, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөллөрө, ытыктаһаллара эбит. Ол бэйэтэ туспа кэрэ кэпсээн буоллаҕа.