Уларыйыыларга бэлэм буолуохха
— Социальнай биэнсийэҕэ эбиллии
— Харчы реформата,
— Суоппардарга саҥалыы эксээмэн
– муус устар ыйтан сокуон эйгэтигэр, ол аата биһиги олохпутугар, туох уларыйыы-тэлэрийии киирэрий?
Саас ортото социальнай уонна оҕо босуобуйалара индексацияланыахтара. Саҥа сүүрээннэр ОДьКХ , баан уонна тас дойдуттан табаары киллэрии эйгэтигэр кытта киириэхтэрэ.
Социальнай биэнсийэ үрдүүр
Муус устар 1-кы күнүттэн Арассыыйаҕа социальнай биэнсийэ 3,3 бырыһыан үрдүүр.
Социальнай биэнсийэ хаһан ананарый:
кырдьыбыт дьоҥҥо саастарын туоллахтарына;
инбэлииттэргэ;
иитэр киһилэрэ өлбүт буоллаҕына;
18 саастарын туола илик тулаайах оҕолорго;
23 саастарын туола илик күнүскү үөрэххэ үөрэнэр тулаайах устудьуоннарга.
Маны тэҥэ эмиэ 3,3 бырыһыанынан биэнсийэлэрэ индексацияланар: Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар, Чернобыль саахалыгар эмсэҕэлээбиттэргэ, сулууспа кэмигэр эчэйиини ылан инбэлиит буолбут байыаннайдарга.
Региональнай төлөбүрдэр эмиэ индексацияны ааһыахтаахтар.
Оҕо босуобуйатын ылыы быраабылата уларыйар
3-7 саастаах оҕолорго төлөнөр босуобуйаны анатыыга уларыйыы киирэр.
Бу социальнай өйөбүл, дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр уопсай дохуоттан олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра иэннээх суума тиксэр буоллаҕына, улаатыаҕа. Онон төлөбүр балтараа-икки төгүл үрдүөн сөп.
Хаттаан ааҕыыга (перерасчет оҥотторорго) муус устар 1 күнүттэн сайабылыанньаны ыытыахха сөп буолбута.
Үрдэтиллибит босуобуйаны ылар быраапкыт бигэргэтилиннэҕинэ, 2023 сыл үс бастакы ыйын хаттаан аахтаран ылаҕыт (тохсунньу, олунньу, кулун тутар).
65+ бүлүтүөн бэрээдэгэ уларыйар
Коронавирус дьаҥын саҕана 65+ саастаах үлэһиттэргэ үлэлээбит больничнайга барыы быраабылата уларыйар.
Ол эрэн тэрилтэлэргэ, үлэнэн хааччыйааччыларга, син биир уруккутун курдук, 65-тэриттэн аҕа саастаахтары “удаленкаҕа” олордон эрэ үлэлэтэри сүбэлииллэр.
Дьиэ төлөбүрүн хат аахтарыы
Муус устар 1 күнүттэн кыбартыыралаах дьон олох-дьаһах хомунаалынай төлөбүрдэрин саҥалыы квитанциянан тутуохтара.
ОДН (общедомовые нужды) төлөбүрүгэр уларыйыылар киириэхтэрэ: подъеһы сууйуу-сотуу, лифт үлэтин иһин төлөбүр, дьиэни электричество уотунан хааччыйыы.
Счетчига суох дьиэлэргэ өҥө сыаната барыта нормативынан ааҕыллар. Оннук төлөбүр бу билигин, бары барыта ыарыы турар кэмигэр, хармааҥҥа охсуулаах буолан тахсар. Урут барыта нормативынан ааҕылла турбут буоллаҕына, билигин элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ счетчиктары туруоруу ордук барыстаах уонна көдьүүстээх буолла.
ОДьКХ өҥөтүн төлөбүрүгэр субсидия
Муус устар 1 күнүттэн кыаммат ыалларга олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын өҥөлөрүн төлүүргэ сыл аҥаарыгар субсидия ааҕыллар буолуоҕа.
2020 сыллаахха, пандемия кэмигэр, субсидияны биэрии тохтуу сылдьыбыта.
Харчы реформата саҕаланыаҕа
Муус устартан Арассыыйаҕа цифровой солкуобайы тургутан көрүү ыытыллар. Ол аата виртуальнай харчыны Арассыыйа 13 бөдөҥ баана туттан саҕалыахтаах.
Цифровой солкуобай кумааҕы солкуобайга тэҥнэһэр. Исписэлиистэр суруйалларынан, кумааҕы харчы маныаха сыаната түһүө суохтаах. Тургутан көрүү маҥнайгы түһүмэҕэр Арассыыйа олохтоохторо цифровой харчыны бэйэ-бэйэлэригэр ыытыһыахтарын, ханнык баҕарар табаары атыылаһыахтарын сөп буолар.
Сыыйа диджитал-валюта дьиҥнээх харчыны солбуйар кыахтаныахтаах. Виртуальнай харчыны ханнык баҕарар сыалга туттар кыахтаныахпыт диэн суруйаллар. Маныаха интэриниэт сибээс булгуччу баар буолара наадата суох дииллэр эбит.
Маны тэҥэ, автономнай кумааһынньык оҥостон, виртуальнай харчыбытын онно харайыахпыт.
Бу саҥа судаарыстыбаннай бырайыак олоххо киирдэҕинэ, дойдубутугар төлөбүр инфраструктурата кэҥиэхтээх уонна баан эйгэтигэр сыыппара технологията хото киириэхтээх.
Суоппардар эксээмэннэригэр уларыйыы
Суоппар быраабын ылыы уларыйда. Урут эксээмэн практическай чааһыгар баар балаһааккаҕа туттарыллар эрчиллиилэр куорат устун айан кэмигэр толоруллар сорудахтарынан солбуллар буоллулар. Маныаха аҕыйах сырыылаах суол учаастактара талыллыахтаахтар диэн суруйаллар.
Эксээмэн тутар киһи уларыйар. Суоппар аттыгар аны ГИБДД үлэһитэ олорор буолар. Автооскуола инструктора кэлиҥҥи олбоххо олорсуон сөп.
Ломбард үлэтигэр хааччахтар киирэллэр
Судаарыстыбаннай реестргэ 2023 сыл сэтинньи 10 күнүгэр диэри киирэ сылдьар финансовай тэрилтэлэр потребительскай иэстэри (займнары) биэрэр, иэс биэрии дуогабарын уларытар кыахтара суох буолуон сөп.
Бу хааччаҕы туораары, ломбардтар хаттаан регистрацияны ааһыахтарын наада буолуоҕа.
Судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга ирдэбил уларыйар
Муус устарга судаарыстыбаннай гражданскай сулууспа туһунан федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылар киирэллэр. Саҥа уларыйыыларга олоҕуран, “идэтийии таһыма” («профессиональный уровень») уонна “идэтийии таһымын сыаналааһын” («оценка профессионального уровня») диэн өйдөбүл киирэр. Урукку «уровень квалификации», «мастерство» уонна «умение» диэн көрдөрүүлэр суох буолаллар.
Судаарыстыбаннай сулууспалаах идэтийиитин таһыма дуоһунас регламеныгар олоҕуран оҥоһуллар.
Сыһыарыылаах гаджеттар
Муус устартан киирэр саҥа уурааҕынан, Арассыыйаҕа атыыланар электроннай тэриллэр олохтоох оҥорон таһаарааччылартан бырагыраамалаах буолаллар.
Смартфоннары кытта планшеттарга, ноутбуктарга уонна персональнай компьютердарга бэйэ бырагырааматын олордуохтара.
Табаары түһээнэ суох киллэрии
Кыраныысса таһыттан киирэр табаары маркетплейстартан сакаастаан ылыыга түһээнэ суох атыылаһыы тохтуур.
Федеральнай таможня сулууспатын чахчытыгар олоҕурдахха, саҥа нуормалар манныктар:
Сөмөлүөттэн ураты атын тырааныспарынан, сатыы киллэриллэр табаарга – 500 евро уонна 25 кг көҥүллэнэр;
Почтанан эбэтэр курьерынан баһыылкалааһын – 200 евро уонна 31 кг.
Урут пошлината суох 1000 евроҕа тиийэ суумалаах 31 кг табаары киллэриэххэ сөбө.
Туристарга кешбек төннөр
Муус устартан Арассыыйаҕа туристарга төннөр кешбек үһүс түһүмэҕэ саҕаланар. Онуоха дойду бүддьүөтүттэн икки миллиард солкуобай көрүлүннэ.
Айанньыттар Арассыыйа устун сырыы сыанатыттан 20 бырыһыаныгар тиийэ төннөрөр кыахтаныахтара (суумата 20 000 солк. элбиэ суохтаах), маныаха айан икки хонуктан уһун болдьохтоох буолара ирдэнэр. Уруккутун курдук, кешбек ыларга, туристар бэс ыйыгар диэри “Мир” каартанан төлөһөллөрө ирдэнэр.