26.11.2021 | 13:00

Удьуорбутун умнубаппыт

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Түгэнинэн туһанан, бэйэм Саха Автономията тэриллэригэр үлэлэспит, биһиги аймах киэн туттар дьоммут туһунан кылгастык кэпсээн  ааһыахпын баҕарабын.

Эһэм сиэн бырааттара (двоюроднай) ини-бии Донскойдар – Семен Николаевич-I уонна Семен Николаевич-II  төрөөбүт дойдуларын сайдар кэскилин туһугар турууласпыт дьон. Мин эһэбинээн кинилэр бииргэ төрөөбүттэр оҕолоро, Семен Донской-Мыппыгый кинээс сиэннэрэ.
Ини-бии Донскойдар Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Аржаковы уонна да атын биир санаалаахтарын кытта Саха сирин автономиятын төрүттэспиттэрэ. Ол курдук, П.А. Ойуунускай ахтыыларыгар Улахан Донскойдуун (ини-биилэртэн убай буоларын иһин итинник арааран ааттыыллар) икки түүнү супту Автономияны биллэрэр Манифеһы суруйбуттарын, онтулара 2022 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр бэчээттэммитин туһунан суруйбута баар. Манифест саха норуота Сэбиэскэй былааһы утары өрө туруута тохтууругар, өйө-санаата уларыйарыгар олук уурбута диэн бэлиэтэнэр. Семен Донской-I П.А. Ойуунускайдыын уонна С.Ф. Гоголевтыын өссө биир сүдү суолталаах, өрөспүүбүлүкэ суверенитетын өссө оччолорго түстээбит үлэлэринэн «Положение о наркомах ЯАССР» буолар. Семен Николаевич бэйэтэ сахалартан бастакы сир наркома, кини быраата иккис Семен – Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириигэ бастакы наркома. Кинилэр төрөөбүт дойдулара чэчирии сайдыаҕын, саха норуота үөрэхтээх буолуоҕун, атын цивилизованнай омуктары кытта тэҥҥэ хардыылыаҕын олус баҕараллара, ити кинилэр сырдык ыралара этэ. Иккиэн дьону түмэр, салайар дьоҕурдаахтара. 
Улахан Донской көҕүлээһининэн Сэбиэттэр съезтэригэр сир реформатын туһунан сокуон уонна гражданскай сэрии кэмигэр айгыраабыт тыа хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэр туһунан Уураахтар ылыллыбыттара. Итини сэргэ, кини «Саха омук» (ол иннинэ «Манчаары») уопсастыба бэрэссэдээтэлэ этэ. 2023-2024 сылларга «Кыым» хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээбит. Кэнники РСФСР Бырабыыталыстыбатыгар Саха АССР бэрэстэбиитэлинэн анаммыт. 1928 сыллаахха хара балыырга түбэһэн, «экономическай контрреволюцияны» тэрийээччи аатырбыт. Ити сыл баартыйа Киин Кэмитиэтин быһаарыытынан Саха сирин баартыйатын салалтата (салайааччы М.К. Аммосов) барыта уһуллубут. Семен Николаевиһы 1930 сыллаахха сууттаабыттар, онтон кырдьыга дакаастанан, баартыйа кэккэтигэр төттөрү киллэрбиттэр. Ол эрэн ити сыллар тухары доруобуйата айгыраан I группалаах инбэлиит буолбут.


Семен Николаевич 1933 сылтан Москваҕа ССРС норуоттарын Киин кинигэ кыһатын Саха сиринээҕи салаатын редколлегиятыгар үлэлээн оскуола учебниктарын уонна сахалыы уус-уран литература тылбааһынан уонна таһаарыынан дьарыктаммыт, бастакы «Нууччалыы-сахалыы тылдьыты» суруйан бэчээттэппит. 


Ити кэмҥэ быраата Семен Николаевич-II  саҥа аһыллыбыт пединститут ректора, устуоруйа, тыл уонна култуура Институтун (билигин гуманитарнай чинчийиилэр Институттара) төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ уонна бастакы учуонай-сэкирэтээрэ этэ. 
Ини-бии Донскойдар 1938 сыллаахха репрессия «суорунатыгар» түбэһэн суорума суолламмыттара. Сэбиэскэй былааһы утары үлэлээбит аатырбыттар, баай төрүттээхтэрэ да умнуллубатах. Кинилэр сырдык ааттара сөргүтүллүбүтүгэр кырдьаҕас убайбыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Улуу кыайыыны Берлиҥҥэ көрсөн рейхстаг истиэнэтигэр аатын суруйан хаалларбыт буойун, учуонай, суруналыыс, экономическай наука хандьыдаата, Хотугу форум Академиятын чилиэнэ Феодосий Семенович Донской улахан өҥөлөөх. 

Феодосий Семенович Донской

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...