29.06.2023 | 17:00

Учуутал идэтигэр анаммыт олох

Учуутал идэтигэр анаммыт олох
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Учуутал буолар үрдүк аат киһи аайы бэриллибэт. Хайа да идэҕэ, үлэҕэ уһулуччу уонна көннөрү, көтүмэх дьон баар буолаллар. Бу олохпут күннээҕи көстүүтэ. Ким эрэ аата-суола уһун сылларга ахтылла туруоҕа, ким эрэ умнуллан, сүтэн-иҥэн хаалыаҕа. Уонунан, сүүһүнэн сылларга уос номоҕор сылдьар дьон саха норуотугар аҕыйаҕа суохтар. Оттон учуутал курдук сүдү идэни чахчы баһылаабыт, үөрэппит оҕолорун, алтыспыт, үлэлээбит кэллиэгэлэрин убаастабылын, ытыктабылын ылыан ылбыт биир тарбахха баттанар киһинэн Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара”, “Иитээччи-методист”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлэр, 2005 сыллаахха “Арассыыйа бастыҥ учуутала” о.д.а. элбэх аат, наҕараада, грамота хаһаайына Клавдия Петровна Оготоева буолар.

Сыл аайы дойдубар тахсан сайылыыбын, күүс-уох ылынабын, сир астыыбын, сынньанабын. От ыйын биир куйаас күнүгэр Үрэх сайылык диэки дьэдьэн көрө баран испиппит. Күчээйини ааспыппыт кэннэ сатыы дьон баран иһэллэрэ. Көрбүппүт, учууталым Клавдия Петровна Оготоева оҕо сиэтиилээх баран эрэрэ. Биһиги тохтоон массыынабытыгар олордон, Үрэҕинэн хаҥас туораан, кини ыйбыт сиринэн баран дьэдьэннээн, бииргэ эбиэттээн, олус үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Онно Клавдия Петровна уруккуну, былыргыны, наһаа элбэҕи билэрин сөҕө санаабыппыт, ол быыһыгар үөрэтэр кылааһын оҕолорун, дьону-сэргэни кэпсэппиппит.

Ол кэннэ куорат ыһыаҕар да көрсөн, дойдубар да кэллэхпинэ: “Хайа, хаһан дьэдьэннии барабыт?” — диэн күлэр буолара. Ол сиргэ билигин сайын аайы хайаан да сылдьабыт уонна “Клавдия сирэ” диэн ааттыыбыт.

Билигин Клавдия Петровна биһиги ортобутугар суох, ыарахан ыарыыга охтон орто дойду олоҕуттан барбыта бу сыл от ыйын 14 күнүгэр 3 сылын туолар.

Олоҕун 44 сылын оҕону уһуйууга анаабыта

Клавдия Петровна 1950 сыллаахха балаҕан ыйын 8 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Курбуһах нэһилиэгэр Евдокия Петровна, Петр Васильевич Оготоевтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Алта оҕолоох ыалга улаханнара буолан, балтыларын, бырааттарын көрөн-истэн, дьиэҕэ улахан көмөлөөх, үлэһит, хаһаайыстыбаны тэҥҥэ көрсөр киһи буола улааппыта. 1957 сыллаахха оскуола боруогун атыллаан, 1968 сыллаахха Лөгөй орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Икки сыл сопхуоска ньирэй көрөөччүнэн үлэлээн баран аҕатын, Тааттаттан төрүттээх, 44 сыл саха оҕолоругар нуучча тылын уонна литературатын үөрэппит Саха АССР үтүөлээх учуутала Петр Васильевич туйаҕын хатараары Саха Судаарыстыбаннай университетын Физико-математическай факультетын математика салаатыгар 1970 сыллаахха киирбитэ.

Үрдүк үөрэҕин бүтэрэн бастакы учуутал буолар сүрэхтэниитин Тааттаҕа Игидэй оскуолатыгар ааспыта. Эһиилигэр төрөөбүт түөлбэтигэр – Кэптэнитигэр эргиллэр. Ол кэмтэн ыла айымньылаах, туспа суоллаах-иистээх учуутал, уһуйааччы, методист быһыытынан 44 сыл устата үгүс сыратын, кыһамньытын ууран үлэлээн кэлбитэ.

Клавдия Петровна кылаас таһынан үлэни ордук кыайа-хото тутара, олус интэриэһинэйдик, тэрээһиннээхтик былааннаан ыытара. Кылааһын оҕолорун батыһыннаран күһүн, саас хайаан да айылҕаҕа походтуу тахсара. Учуутал быһыытынан бэйэтин билиитин-көрүүтүн оҕолорго толору тиэрдэрэ, эбии дьарыктары тэрийэрэ, ситиспэт оҕолору кытта күүскэ үлэлэһэрэ. Үлэтигэр олус эппиэтинэстээх буолара уонна үөрэнээччилэртэн эмиэ оннугу ирдиирэ.

Нэһилиэк биллэр дьонун, улуус историятын үөрэтэрэ, ыччакка тиэрдэргэ утумнаахтык дьарыктанара. Элбэх дакылааты, хомуурунньугу оҥорторон научнай-практическай конференцияларга кытыннарара. Төрөппүттэргэ тирэх буолан оҕолор сөптөөх идэни талалларыгар, дьоһун киһи буолалларыгар мэлдьи кыһаллара.

Аҕата Петр Васильевич сыралаах үлэтинэн тэрийбит Ленин аатынан история уонна этнография музейын эрэллээх илиигэ ылан хаалан, салайааччы быһыытынан үлэни ыыппыта. Мин бу музейга орто кылаастарга үөрэнэ сылдьан экскурсовод быһыытынан үлэлээбитим, олус элбэх ыалдьыт кэлэрэ, укааскалаах туран хаартыскалары, экспонаттары ыйа-ыйа кэпсиирбин өйдүүбүн. Онтум элбэх билиини-көрүүнү биэрбитин таһынан дьон иннигэр саҥарарга, симиттибэт буоларга туһалаабытыгар учууталбар махтанабын. Кэлин көрүстэхпитинэ бу музейбыт туһунан кэпсэтэн, ахтан ааһарбыт, музейа салгыы үлэлээбэтэҕиттэн олус хомойоро.

Төрөөбүт, улааппыт дьиэтэ

Сүрэхпититтэн сүппэт тапталлаах учууталбыт

(Клавдия Петровнаҕа анаммыт истиҥ ахтыылар)

“Дьиҥ-чахчы үлэтигэр бэриниилээх киһи, Улахан Буукубаттан суруллар Учуутал диэн Клавдия Петровнаны ааттыахха наада. Кини үөрэппит оҕолоруттан элбэх оҕо математическай, тэхиньиичэскэй хайысхалаах үөрэххэ туттарсан киирэн, үөрэхтэрин ситиһиилээхтик бүтэрэннэр, үтүө үлэһит, ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ, аҕалара, эһэлэрэ буоллулар. Урут оскуолаҕа биир тэрээһиҥҥэ Клавдия Петровнаҕа анаан суруйбут тылларым:

Күнүн-түүнүн аахсыбакка

Ахсаан суоттаан имитиэ,

Гипербола, Парабола

Токурдарын тардыаҕа,

Дьоҕурдарын тобулан,

“Дьоҕур” тула түмүөҕэ,

Эбии үөрэхтээн кыһаллан,

Уруок кэнниттэн ыҥырыа.

Кыһамньытын чааһынан,

Ирдэбилин өттүнэн

Этэ да барбаккын.

Сүрэхтээх үтүөтэ,

Сэмэй киһи Клава!”

 

Александр Васильевич Бурнашев, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына, Уус Алдан улууһун уонна Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

 

“Клавдия Петровна уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттааччыта этэ. Кэнсиэрдэргэ нүөмэрдэри туруорууга бэйэтин идеятын этэрэ, сүбэлиирэ, күүс-көмө буолара. Ансаамбылга хомустуура, ыллыыра, сценкаларга оонньуура. Кэнники сылларга “Аал уот” диэн кырдьаҕастар түмсүүлэрин үҥкүүһүттэрин бөлөхтөрүгэр үҥкүүлүүр этэ.

Кини наһаа көхтөөҕө, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьара, оскуола үлэтигэр барытыгар кыттыыны ылара.

Настаабынньык учуутал быһыытынан методическай үлэбитигэр олус улахан көмөнү оҥороро, мунньахтары, семинардары ыытара, аһаҕас уруоктарбытыгар сылдьан ырытара, бэйэтин санаатын этэрэ, сүбэлиирэ”.

 

Надежда Егоровна Бурнашева, Лөгөй орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала, СӨ үөрэҕин туйгуна, Ил Дархан Е.А. Борисов Гранын хаһаайката.

 

“Билигин үөрэппит оҕолоро бары суолларын-иистэрин буллулар, сөптөөх идэни таланнар, үлэһит бэрдэ буолбуттара бу учуутал оҕону иитиигэ-сайыннарыыга улахан кылаата, оҕо кэлэр кэскилин сирдиир үтүөкэн анала, хас биирдии үөрэнээччитэ олоххо бэлэмнээх киһи буола улаатарыгар сыратын күүскэ биэрбит үлэтин түмүгэ! Мин Клавдия Петровнаны тус бэйэтин сиэринэн-майгытынан, үлэтигэр, дьоҥҥо сыһыанынан хас биирдии үөрэнээччигэ оскуоланы бүтэрэн баран, инники олоххо киһи хайдах буолуохтааҕын тус холобурунан көрдөрбүт учуутал буолар диэн үрдүктүк сыаналыыбын.

Клавдия Петровна үөрэппит оҕолорун эндэппэккэ билэҕин: олус эйэлээхтэр, түмсүүлээхтэр, чобуолар, барыны-бары билэ сатыыллар, араас күчүмэҕэйдэртэн иҥнибэккэ барыны-бары сатыыр дьоҕурдаахтар, дьулуурдаахтар, ситиһиилээхтэр, юмордаахтар”.

 

Татьяна Михайловна Петухова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна, Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Бииргэ төрөөбүттэриниин

“Биһиги кылааспыт салайааччыта, ытыктыыр Учууталбыт Клавдия Петровна биһиги санаабытыгар үйэлэргэ умнуллубат киһи, нууччалыы тылынан эттэххэ, “Человек-Легенда” диэн ааттыыр сөп. Кини биһиги учууталбыт, кылааспыт салайааччыта, иккис Ийэбит кэриэтэ күндү киһибит, оҕолорбутугар “Эбээ” буолар.

Кылаас салайааччытын быһыытынан туспа, ураты көрүүлээҕэ, хас биирдиибитин кытта уопсай тылы булара. Хас бырааһынньык аайы Клавдия Петровна минньигэс кэмпиэт, сакалаат кэһиилээх буолааччы. Учууталбыт өр буоллаҕына, суохтаан барааччыбыт.

Биирдэ походтуу баран истэхпитинэ ардах түһэн икки хонук Клавдия Петровна дьиэтигэр походтаабыппытын өйдүүбүт. Оонньоон-көрүлээн, үөрэн-көтөн, Клавдия Петровнабыт биһигини биир ыал оҕолорун курдук бүөбэйдээн хоннорбута. Биһиги учууталбытыттан наһаа элбэх үчүгэй хаачыстыбаҕа уһуйуллубуппут мэлдьэх буолбат! Кини сырдык аатын, олорон ааспыт олоҕун ыччат өрүү үөрэтиэ, олоҕор эркээйи оҥостуо. Биһиги Клавдия Петровнаҕа үөрэммиппитинэн, иитиллибиппитинэн олуһун диэн киэн туттабыт, астынабыт, кини аатыгар дириҥ, истиҥ Махталбытын тиэрдэбит!”

 

Лөгөй орто оскуолатын 2001 сыллаахха бүтэрбит үөрэнээччилэр, кылааһын оҕолоро.

 

“Математика курдук уустук предмети биһиэхэ үрдүкү кылааска Клавдия Петровна Оготоева, биир саамай уопуттаах уонна ытыктанар учуутал үөрэппитэ. Онон биһиги киниэхэ үөрэммит дьоллоохпут диэн киэн туттабыт. Клавдия Петровна олус киэҥ билиилээх этэ, биһиэхэ бу математика курдук ыарахан предмети сөпкө тириэрдэрэ, өйдөтөр гына быһаарар этэ, ол эрэн мин математиканы ыарырҕатар этим. Ону Клавдия Петровна буолан өйдөтөн, кэпсээн, быһааран ордук ылынарым.

Кини төһөлөөх элбэх көлүөнэ ыччакка, оҕоҕо бэйэтин билиитин тириэрдэн, олоххо бигэ олохтообута, тирэхтээбитэ буолуой?! Ол үтүөтэ барыта кини дьонугар-сэргэтигэр, үөрэппит оҕолоругар, чугас аймахтарыгар сыдьаайдын, сүүс төгүл үтүөнэн төнүннүн диэн алгыыбын”.

 

Сергей Васильевич Местников, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

 

Клавдия Петровна аатын үйэтитэн бииргэ төрөөбүттэрэ, чугас дьоно дьоһун, улахан ахтыы кинигэни таһаарбыттара. Үөрэх дьыла бүтэригэр бастыҥ үлэлээх учууталга, бастыҥ үөрэнээччигэ уонна сыл түмүгүнэн нэһилиэк бастыҥ уопсастыбанньыгар Клавдия Петровна аатынан анал номинациялар сыл ахсын ананаллар.

Бу буолар үтүө киһи аата үйэлэргэ өлбөт, ааттанар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиһиллэр, умнуллубат диэннэрэ. Ол ‒ биһиги тапталлаах Клавдия Петровнабыт, ытыктыыр учууталбыт, Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Кини олоҕун устата ахсааны, суоту, сыыппаралары кытта үлэлээбитэ, алтыспыта. Суох буолбут күнэ, чааһа да дьикти – 20 чаас 20 мүнүүтэ, 2020 сыл...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...