24.04.2022 | 10:00

Учуутал дьоло — үөрэнээччитигэр

Учуутал дьоло — үөрэнээччитигэр
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Муус устар 14 күнүгэр Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар кэрэ-бэлиэ, күүтүүлээх түгэн буолла. Олох кэрэ тыытыгар олорсон, классическай музыка эйгэтигэр бигэннибит.

Ол курдук, Марк Жирков аатынан музыкальнай колледж уһуйааччылара, устудьуоннара кэлэн ыалдьыттаан, кэрэ, үтүө, сырдык сылаас сыдьаайыгар сыламнаттылар. Тыыннаах дорҕоону суохтаабыт көрөөччүлэр (оскуола үөрэнээччилэрэ, уһуйааччылара) сахсырҕа да көтөрө иһиллэр уу чуумпуга олорон иһиттилэр, көрдүлэр. Бэл диэтэр, орой мэник кырачааннар музыканнар турукка киирэн олорон оонньуулларын көрөн иһийдилэр, улуу дьон айымньыларын алыптаах муоратын долгунугар бигэннилэр.

Бу кэпсээммит төрүөтэ, сэһэргээһин биричиинэтэ – тэрээһин сүрүн дьоруойа, Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын выпускнига, күн бүгүн  М. Жирков аатынан музыкальнай колледж устудьуона Саша Белолюбскай. Саша быйыл бу үөрэх кыһатын бүтэрэр. Ордук кэрэхсэбиллээҕэ диэн, кини ханна үлэлии барарын номнуо быһаарыммыт. Сэрэйбиккит курдук, Саша аны күһүн күндүтүк саныыр оскуолатын аанын учуутал диэн үрдүк аатынан атыллыахтаах. Эһиилги үөрэх дьыла Хатастааҕы  оҕо искусствотын оскуолатын 45 сылын кытта ситимнээх буолуоҕа. Ол сыллар тухары норуодунай үнүстүрүмүөннэргэ бу маннык түгэн аан бастаан. Биһиги билэрбитинэн, араас салааларга Анастасия Охлопкова, Екатерина Егорова үлэлии сылдьаллар.

Саша бу кэнсиэригэр сүрдээх уустук, өй-санаа, күүс-кыах хомуллуутун, бүүс-бүтүннүү бэриниини эрэйэр дьоһун айымньылары талбыт. Балалайка үс эрэ струнатыгар итинник элбэх араас дорҕоон саһа сытара киһи өйүгэр киирбэт. Кэнсиэр тухары балалайка барахсан дохсун дуолан да буолан ылла, дьэҥкир чараас муустуу дьикти нарын да куоластанна, нууччалыы эттэххэ, «эх, удаль молодецкая» диэн сэниэлэнэн-күүстэнэн, күлүү-үөрүү долгунугар олордон, ырыых-ыраах оҕо саас мэник-тэник да күннэригэр илдьэ сырытта. Сашаҕа көмө буолан кэлэн оонньообут М. Жирков аатынан музыкальнай колледж уһуйааччыларыгар, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тиийэ күрэхтэр, көрүүлэр уо.д.а. кыайыылааҕа Эдуард Анатольевичка махтанныбыт. Махтал улахана буоллун Анастасия Васильевна Каженкинаҕа – Саша колледжка  үөрэнэр сылларыгар төрөппүт ийэтиттэн итэҕэһэ суох күндү уонна убаастыыр киһитигэр. Анастасия Васильевна Хатас музыкальнай оскуолатыгар кэккэ сылларга бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Сашаны музыка алыптаах эйгэтигэр киллэрбит учуутала – Анна Титовна Семенова. Соторутааҕыта эрэ атаҕа сиргэ тиийбэккэ, эбилик кыра олоппостонор уолчаан буһан-хатан, араас мэһэйдэри-моһоллору туораан, номнуо иитиллибит кыһатыгар үлэлии кэлээри сылдьар. Дьиҥ-чахчы баҕалаах, туппутун ыһыктыбат, ылсыбытын ыпсарар сахалыы майгылаах буолан, үөрэҕин биэтэгэр тиийдэҕэ! Ол тухары Анна Титовна сүбэлээн-амалаан, көмө-тирэх буолан сырыттаҕа.

Тус бэйэм бүгүҥҥү итии-истиҥ иэйиилээх, киһи дууһатын кылын таарыйар үтүөкэн түгэн туоһута буолбуппунан киэн тутта санаатым. Маннык ыччаттардаахпыт, уһуйааччылардаахпыт диэн эһиги эмиэ киэн туттуҥ, салгыы кэпсээҥ, сэһэргээҥ уонна сахалыы сэмэйдик оҕобут этэҥҥэ сылдьарыгар баҕарыаҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...