27.12.2021 | 12:00

«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан 30 тиэргэн өрөмүөннэниэҕэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн  ыытыллыбыт куонкурус сүүмэрдээһинэ түмүктэннэ. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырайыак – федеральнай бүддьүөттэн 7 млрд. солк. үбүлээһиннээх киэҥ далааһыннаах бырагыраама. Кини Уһук Илин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тиэргэн территорияларын уонна уопсастыбаннай миэстэлэри саҥардыыга туһуламмыт. Тиэргэннэр 2022 сылга үлэҕэ киириэхтээхтэр. 
Дьокуускай куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар Департаменын начаалынньыга Северина Архипова бэлиэтээбитинэн, сүүмэрдээһин бастакы түһүмэҕэр, сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 7 күнүгэр диэри куорат олохтоохторуттан 66 сайаапка киирбит. 
«5 сайаапка, барыллаан көрүүнэн, сүүмэрдээһин ирдэбиллэригэр эппиэттээбэттэрин иһин ылыллыбатахтар. Биричиинэтэ – ити дьиэлэр салайар хампаанньалара өрөмүөннэнэр тиэргэннэри бэйэлэрин балансаларыгар ыларга бэлэмэ суохтар» – диэбит   Северина Архипова.
Дьокуускай олохтоохторо «One Click Yakutia» цифровой платформаҕа куоластааһыҥҥа кыттыбыттар уонна тупсарыыга сыһыаннаах бэйэлэрин идиэйэлэрин киллэрбиттэр. Уопсайа 93 идиэйэ уонна 1000 куолас киирбит. 
Иккис түһүмэххэ, ахсынньы 6 күнүттэн 12 күнүгэр диэри, олохтоох дьаһалта исписэлиистэрэ СӨ баһылыгын иһинэн үлэлиир архитектураҕа уонна куораты тутууга Управлениетыгар куонкурус сүүмэрдээһинигэр биэрээри ирдэнэр докумуоннары хомуйбуттар.
Бырайыактары уонна сметалары балаһааккаларынан кулун тутар 1 күнүгэр диэри оҥороллор. Бэдэрээччик тэрилтэлэр үлэлэрин саас саҕалыыллар. Тиэргэннэр 2022 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри үлэҕэ киирэллэр.
«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагыраама уратыта – олохтоохтор былааны дьүүллэһиигэ кытталлар, сакаасчык буолаллар. Кинилэр тиэргэннэрэ хайдах быһыылаах буоларын бэйэлэрэ быһаараллар. 
Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа быһаарыытынан, бырагыраама чэрчитинэн Дьокуускай 30 тиэргэни тупсаран оҥорууга 235,5 мөл. солк. ылыахтаах. 
«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагыраамаҕа хапсыбыт аадырыстар
Автодорожнай уокурук: 1. Птицефабрика уул., 6; Гагаринскай уокурук: 2. Кузьмин уул., 29/2; 3. Кузьмин уул., 30/2; 4. Кузьмина уул., 30/3; 5. Можайскай уул., 21; 6. Можайскай уул., 21/1; 7. Можайскай уул., 17/5; Можайскай уул., 17/6;  Октябрьскай уокурук: 9. Ленин просп. уул., 46;         Промышленнай уокурук: 10. Кальвица уул., 5; 11. Кальвица уул., 5/1; 12. Кальвица уул., 5/2; 13.  Советскай Армия 50 сыла уул., 23; Сайсары уокуруга: 14. Лермонтов уул., 138/2; 15. Лермонтов уул., 138/3; 16. Лермонтов уул., 138/4; Строительнай уокурук: 17. Жорницкай уул., 7/4; 18. Жорницкай уул., 7/5; 19. Жорницкай уул., 7/6;   20. Жорницкай уул., 7/9;   21 Жорницкай уул., 7/11; 22. Жорницкай уул., 7/12; 23. Жорницкай уул., 7/31; 24. Рыдзинскай уул., 18/3; 25. Рыдзинскай уул., 18/4; 26. Рыдзинскай уул., 18/6; 27. Рыдзинскай уул., 18/7; 28. Рыдзинскай уул., 18/9; 29. Рыдзинскай уул., 18/11; 30. Рыдзинскай уул., 18/12.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...