02.03.2023 | 12:00

ТЮЛЬПАН — сандал саас кэрэһитэ

Вячеслав уонна Надежда Санниковтар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр олороллор, бү күннэргэ кинилэр элбэх да элбэх тюльпаны үүннэрбит видеолара социальнай ситимнэринэн тарҕанна – сөхтүбүт-махтайдыбыт уонна олус сэргээтибит.
ТЮЛЬПАН — сандал саас кэрэһитэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Надежда Сергеевна – “Кэнчээри” оҕо уһуйааныгар эбии үөрэхтээһин педагога, Вячеслав Иннокентьевич Майатааҕы олохтоох дьаһалта исписэлииһэ. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга кэрэ тыыннаах сибэккилэринэн хайдах бэйэ дьыалатын саҕалаабыттарын туһунан кэпсээтэ:

– Хаһааҥҥыттан сибэккинэн дьарыктанан барбыккытый?

Сибэккинэн былырыын эрэ дьарыктанан саҕалаабыппыт. Кэргэним декреккэ олорор, дохуоппут  түһэн турар кэмигэр, социальнай хантараак диэн баарын истэн, тугунан эрэ дьарыктанан дьиэ кэргэн дохуотун үрдэтиниэххэ диэн санааҕа кэлбиппит. Манан бары бииргэ түһүнэн дьарыктанабыт, соҕотох ийэ эрэ дуу, аҕа эрэ дуу ылсар үлэтэ буолбатах.

Ол да инниттэн тугунан дьарыктанан эбии дохуоттаныахха сөбүй диэн үгүстүк толкуйдуур этибит. Сүбэлэһэн баран, уопсай дьарык оҥосторго ордук табыгастаах буолсу диэн, тюльпан үүннэрэргэ быһаарыммыппыт. Ол иннинэ кыралаан онон-манан арааһынан дьарыктана сылдьыбыппыт.

Гарааспытыгар сыһыары 6*6 иэннээх салҕааһын туппуппут. Онтукабытыгар сибэкки үүннэрэр оборудование ылан туруоран, луковица сакаастаан, былырыыҥҥыттан саҕалаабыппыт.

 

Социальнай хантараагынан

– Судаарыстыбаттан туох көмөнү туһаммыккытый? Өссө туох көмө баар буолуон баҕараҕытый?

 Туһаммыппыт диэн ити социальнай хантараак. Иккис оҕобутун оҕолонон баран олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ көрүллэр социальнай хантараагы ылбыппыт. Бэйэ дьыалатын тэриниигэ 250 тыһ. солк. биэрбиттэрэ. Бизнес-былаан көмүскээбиппит, онтон көрүллүбүт харчыны анал оборудование ыларга туттубуппут.

Өссө кэҥэттиэхпитин баҕарабыт. Холобур, билигин биһиги эт илиибитинэн үлэлиибит. Инникитин автоматизированнай буолуохпутун баҕарабыт. Оччотугар сыана да чэпчиэ этэ – элбэҕи үүннэрдэхпитинэ, бородууксуйабытын дьоҥҥо удамыр сыанаҕа тиэрдиэ этибит.

Быйылгы сыл биһиги улууспутугар Тыа хаһаайыстыбатын сылынан биллэрилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн ыытыллар Агростартапка кыттар баҕалаахпыт. Бу бырагыраамаҕа хапсан, улахан тэпилииссэ туттар былааннаахпыт. Онтукабыт кыһыннары, сайыннары үлэлиир буолуон баҕарабыт. Тоҕо диэтэххэ, тюльпанынан кыһыҥҥы өттүгэр дьарыктанабыт, сайыҥҥы өттүгэр дьарыкпыт суох курдук буолан хаалар. Ол иһин сайын плодовайдарынан, холобур, клубниканан, дьэдьэнинэн эҥин дьарыгырыа этибит.

– Урбаан диэн биир өрөбүлэ, сынньалаҥа, уоппуската суох үлэ буолар дии, эһиги дьиэ кэргэн бизнескит тирэҕэ туохханый?

Мин кэргэним “самозанятай” диэн статустаах. Иккиэн үлэлиибит, сүрүн үлэбит кэннэ киэһэ кэлэн, эбиэппит кэмигэр быыска сибэккилэрбитин көрөбүт-истэбит. Өрөбүллэрбитин толору тюльпаннарбытыгар туһанабыт. Биһиэнэ дьоҕус бизнес буолан, бириэмэбитин сатаан аттарабыт. Инникитин автоматизированнай буоллахпытына, бэйэтин бэйэтэ хааччынан үлэлии туруохтаах, киһи илиитин кыттыгаһа кыччыахтаах.

 

Ураты тулуурдаах сибэкки

– Тоҕо чуолаан тюльпаны таллыгыт?

Кыһыҥҥы кэмҥэ киһи дьиэҕэ хаайтаран олорон хаалар дии. Холобур, сайын оҕуруоттаах, тэпилииссэлээх буоллаҕыҥ, оттон кыһын дьиэҕэ хаайтарыы курдук. Ол иһин кыһыҥҥы өттүгэр үүнэр тюльпаны талбыппыт.

Кыһын дьиэнэн, үлэнэн муҥурдаммакка, тэпилииссэбитигэр киирэ-тахса сылдьабыт. Луковицаттан бастакы уктар быган тэпилииссэбит иһэ кыһын ортото күп-күөҕүнэн көрдөҕүнэ, киһи настарыанньата да көтөҕүллэр. Үчүгэй баҕайы бэйэбит үөскэппит кэрэ эйгэбитигэр сылдьарбыт саныахха астык.

– Хайдах услуобуйаны ирдиир сибэкки эбитий?

Бэйэтэ сөрүүн климаты сөбүлүүр, итиини сирэр. Ол иһин биһиги тыйыс тымныы кыһыммытыгар ордук барсар эбит. Холобур, соҕуруу итии дойдуларга тюльпаны үүннэрээри тэпилииссэлэрин тымныталлар, кондиционер курдук холодильниктары холбууллар. Оттон биһиэхэ кыһын тымныы салгын син биир биллэр, киирэрбитигэр-тахсарбытыгар аҥылыйан киирэр – тюльпаннарга ол олус табыгастаах.

Хас биирдии сибэкки бэйэтэ туспа ирдэбиллээх буолар. Салгын температурата, сиигэ, күн сырдыга – барыта сөпкө учуоттаныахтаах. Тюльпан үүнэр технологиятын анаан-минээн үөрэтэн, гарааспыт салҕааһынын иһигэр оннук климаты тэрийэбит.

Тюльпан 10 кыраадыс иһинэн сөрүүнү сөбүлүүр, салгын сиигэ 80 бырыһыантан тахсыа суохтаах.

– Төһөнөн ситэрий?

Күһүн Голландияттан сакаастаан аҕалабыт. Кэллэ даҕаны, хас да хонтуруолу ааһар, талыллар. Ыарыылаах луковицалары сыыйабыт.

Күһүҥҥүттэн саҕалаан, айылҕаҕа курдук, тюльпан үүнэр температуратын, климатын батыһабыт. Ый аайы микроклиматын уларытан иһэбит. Оччоҕуна кини бэйэтин айылҕатынан үүнэргэ барар.

Тымныыга олус үчүгэйдик үүнэр, күн көрдө, сылыйда да, сайын буолан эрэр дии санаан, түргэтиир, сибэккилээри ыксыыр, түргэнник сиэмэтин биэрэ сатыыр. Ол иһин биһиги тымныыга бытааннык үүннэрэбит.

Дьоҥҥо биэрдэхпитинэ, луковицалаах буолан, өр турар. Уһаабыта ый курдук буолуон сөп. Кэнники дьон ону билэннэр, луковицалаах тюльпаны саҥа тыллан эрдэҕинэ дьиэлэригэр ылар буоллулар. Дьиэлэригэр ылан көрөн-истэн, саас кэлэн иһэр тыынын билээри үүннэрэллэр. Кулун тутар 8 күнүгэр эрэ буолбакка, олох эрдэттэн атыылаһан, сандал саас тыынын билиҥ диэн сүбэлиибит. Олунньу саҥатыттан ылар дьоннордоохпут, бэйэлэрэ бүөбэйдииллэрин астыналлар.

– Ол аата киһи дьиэтигэр бэйэтэ үүннэриэн сөп эбит дуо?

Дьиэҕэ үүннэрэн көрбүт дьон бааллара, табыллыбытаҕа. Сииктээх, сөрүүн климат наада, оннук климаты дьиэҕэ олохтуур уустук. Олунньу саҥатыгар бутона саҥа тахсан эрдэҕинэ киһи дьиэтигэр киллэрдэҕинэ, үчүгэй баҕайытык турар, Кэрэ аҥаардар күннэригэр холкутук тиийэр. Сибиэһэй сибэкки дьоҥҥо тиийэн наһаа үчүгэйдик тыллар, туох баар кэрэтин көрдөрөр.

Тюльпан наһаа улахан буолар эбит. Биһиги, урут көрө үөрэммиппитинэн, 20-30 см эрэ үрдүктээх сибэкки курдук саныыбыт дии. Үүннэрэн көрбүппүт, 60 см уһуннаах, сибэккитэ кыһыл оҕо төбөтүн саҕа буолуон сөп эбит.

– Ханнык сортары ордордугут?

Сортарбыт эрдэ ситээччи, ортоку уонна хойутаан ситээччи диэннэргэ арахсаллар. Биһиги саҥа технологиянан гидропоника диэнинэн үүннэрэбит. Ол иһин үксүн ортоку ситээччилэри талабыт. Ол иһигэр араас өҥнөөхтөр бааллар.

Сорох сортар ууну сөбүлээбэттэр. Ыйыталаһан, бэйэбит боруобалаан көрөн, гидропоникаҕа барсары үүннэрэ сатыыбыт.

Билигин үөрэтэн, биһиги усулуобуйабытыгар ордук барсаллары була сылдьабыт. Былырыын аҥаара үчүгэйдик үүммүтэ, сороҕо хаппырыыстаабыта.

Аны туран сортарбыт бокалларынан эҥин эмиэ арахсаллар. “Триумф” диэн улахан бокаллаах сорт баар. Пионовиднай диэн хас да хос эминньэхтээх тюльпаннар бааллар – “Авангард” диэни былырыын дьон наһаа сөбүлээбитэ – 60 см улахан, сибэккитэ бөдөҥ, дыргыйан олорор сыттаах этэ. Онтукабытыгар быйыл сатаан тиксибэтэхпит. Санкция эҥин биллэрэннэр, быйыл тобох хомунуу, бэрсиһиннэрии курдук буолла.

– Уоҕурдууну төһө туһанаҕыт?

Ууга үүнэр буолан, удобрениенан үүнэр. Уонна сүрүн аһылыгын луковицатыттан ылар. Үүнэр эбэтэр сибэккилиир бириэмэтигэр тус-туһунан оҥорон аһатабыт.

– Билигин эустома, роза курдук хаппырыыс сибэккилэри үүннэрэр дьон элбээтэ. Олор тюльпаны да кыайыахтарын сөп эбит дии...

Эустома, роза сайыҥҥы үүнээйилэр буоллаҕа дии. Сааскыттан саҕалаан үүнэллэр. Оттон тюльпаныҥ кыһыҥҥы өттүгэр үүнэр. Технологията олох атын.

Дьоннор тюльпаны кумахха, эпиилкэҕэ кытта үүннэрэллэр. Ол эрэн биһиги технологиябыт үчүгэй хаачыстыбалаах сибэккини биэрэр эбит. Бокаллара да улахан, отторо, үнүгэһэ да үчүгэй буолар.

 

Киһини долгутар бизнес

– Сибэккинэн дьарыктаныы кутталлаах соҕус бизнес буолуох курдук эбит...

Оннук. Тыыннаах үүнээйи буоллаҕа дии. Тугу эрэ таппатаххына, кэхтэн хаалыан сөп. Оннук да түгэннэр бааллара. Кыһыммыт да тымныыта бэрт. Уот бардаҕына, ититиибит тохтоон хааллаҕына, бүтэбит диэбит курдук.

Быйыл кыһын олус уһун тымныылар тураннар, олох иннэ үрдүгэр олордубут. Былырыын биир түүн гаас оһохпут моһуоктаан барыта тоҥо сыспыта. Ол иһин долгутуулаах соҕус дьарык диэм этэ. Улахан тымныыга түүн утуйбаккын даҕаны – бастайааннай салгын хамсыахтаах, иһинээҕи салгын тахсыахтаах, тастан сөрүүн салгын киириэхтээх, ол тухары температураҕын тутуохтааххын, конденсат эҥин бөҕө үөскүүр. Ол да буоллар киһи сөбүлүүр дьарыга баарын тухары дуоһуйууну ылар. “Глаза боятся, руки делают” диэн нуучча бэргэн этиитэ баар дии, биһиги оннук девиһинэн үлэлии сылдьабыт.

– Сибэккинэн дьарыктаныан баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Киһи талбыт дьарыгын сөбүлүүр буолуохтаах. Уонна билэр дьонтон үөрэммит ордук, наар бэйэҥ сыыһа-халты тутта сырыттаххына, наһаа уһаан-кэҥээн, өр үөрэниэххин сөп. Ол иһин быйылгыттан билиибитин үллэстэн, баҕалаах дьону куурус курдук үөрэтэр санаалаахпыт. Дьон үөрэнэн баран атын да улуустарга биһиги курдук тюльпанынан дьарыктаныахтарын сөп.

 

Тымныы ууга өр турар

– Аан дойду дьахталларын күнүгэр тюльпан дьөрбөтүн бэлэх тутуохпут, бу сибэкки вазаҕа өр турарыгар туох кистэлэҥнэр баалларый?

– Биһиги былырыын саҕалыырбытыгар, луковицалаах тюльпан сибиэһэйдии, холодильникка турбакка эрэ кирээдэттэн дьиэҕэ киирэр буолан, өр баҕайы турар эбит. Уһаатаҕына ый кэриҥэ турар. Биир үксүн бокаллара саҥа тахсан эрдэхтэринэ дьоҥҥо атыылыыбыт, дьон ону билэр буолан, эрдэ ыла сатыыллар.

Дьиэ төһөнөн сөрүүн даҕаны, соччонон өр турар. Уутун тымныы ууга уларыта сылдьыллыахтаах –  сарсыарда куппут уугут киэһээнэн сылыйан хаалар. Ол иһин күнүс уларытан биэриэххэ наада. Оттон түүнүгэр тымныы сиргэ түннүккэ ууруохха наада – онно туран тымныйар. Сарсыарда остуолга ууруллар, эбиэккэ уута сылыйбытын кэннэ эмиэ тымныыга уларытабыт. Инник тымныы уутун эргитэ сылдьабыт. Күн уота көрүмүөн наада – күн уотун тюльпан олох сөбүлээбэт, хатан барар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...