23.01.2021 | 13:21

Тымныыбыт туһалаах уонна эмтээх

Тымныыбыт туһалаах уонна эмтээх
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ сотору-сотору “ычча!” диибит. Таһырдьа быкпакка, дьиэбитигэр олоруохпутун баҕарабыт. Кырдьык, кыра наадалаах киһи күүлэйдээбэт үлүгэрэ. Ол эрээри тымныы биһиги доруобуйабытыгар, уопсай турукпутугар хайдах курдук туһалааҕын билбэт эбиппит. 

Иммунитет бөҕөргүүр

Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, тымныыга салгын эмтээх буолар эбит. Тоҕо? Салгыҥҥа кислород 30 бырыһыан үрдүүр. Тымныыга таһырдьа дьаарбайар, күүлэйдиир киһини тумуу тумнар, ол-бу ОРВИ чугаһаабат. Тоҕо диэтэххэ, кыһыҥҥы кэмҥэ таһырдьа бактерия, микроб, вирус ахсаана аҕыйах. Өскөтүн сибиэһэй салгыҥҥа спордунан дьарыктанар буоллаххытына, грипп туһунан олох даҕаны умнуоххут. Тымныыга киһи хамсаннаҕына этигэр-сиинигэр баар харыстыыр килиэккэлэрэ, лейкоциттара актыыбынай буолаллар. Онон инфекцияны кытта охсуһаллара күүһүрэр. Маны таһынан киһи организма интерферону оҥорон таһаарыыта үрдүүр, ол иммунитеты бөҕөргөтөр.

Учуонайдар тымныы икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх иммунитетыгар үчүгэйдик дьайарын дакаастаабыттара ыраатта. Чинчийээччилэр этэллэринэн, кыһын төрөөбүт дьон атыттартан сэдэхтик ыалдьаллар, өссө сайын күн сирин көрбүт дьоннооҕор ордук уһуннук олороллор.

Чэбдигирии, эдэр-сэнэх сылдьыы кистэлэҥэ

Тымныы – эдэр буолуу уонна доруобуйа төрдө. Сылаас кэмҥэ киһи организма ыһыктынан кэбиһэр, аат эрэ харата үлэлиир, оттон тымныыга уһуктар, бары кыаҕын туһанар. Онон эрчимирэр, сэниэлэнэр. Оннооҕор хааммыт састааба уларыйар эбит! Ол курдук, гемоглобиммыт үрдүүр уонна эритроциттары оҥорон таһаарыыта үрдүүр. 

Сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон доруобуйалара тупсар. Тымныы салгыны эҕирийдэхтэринэ, киһи организма холестерины кытта утарылаһара күүһүрэр.

Кыһыҥҥы бытарҕан тымныы, уобарастаан эттэххэ, киһи организмын бүтүннүү сахсыйар эбит. Ол түмүгэр хаан эргиирэ тупсар, вещество атастаһыыта түргэтиир. Судургутук быһаардахха, тымныы күҥҥэ таһырдьа сылдьыы доруобуйабытыгар туһалаах.

Ол иһин даҕаны, медицинаҕа уонна косметологияҕа кэрэ аҥаардары эдэрдэригэр түһэрэр криотерапия диэн баар. Туруору тылбаастаатахха, “тымныынан эмтээһин” диэн буолар. Бу процедураҕа сылдьыбыт киһи хаанын эргиирэ тупсар, ис уорганнара кислородунан уонна глюкозанан туолар.  

Өрө күүрүү өстөөҕө

Кыһын – депрессия уонна стресс кэмэ дииллэр. Бу тымныыга ханна да барбат-кэлбэт, дьиэҕэ олороллорун ордорор дьоҥҥо сыһыаннаах этии. Оттон тымныыттан чаҕыйбакка, кылгастык да буоллар, күн аайы таһырдьа дьаарбайар киһини стресс хам кууспат. Таһырдьа таҕыстаххына сүргэҥ көтөҕүллэр, оҕолуу үөрэҕин. Дьол гормона – серотонин элбиир.   

Күн аайы сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар дьон ньиэрбинэйдииллэрэ аҕыйыыр диэн учуонайдар дакаастаабыттара быданнаата. Тымныыга киһи вегетативнай ньиэрбинэй систиэмэтэ бөҕөргүүр. Өссө хааннарын баттааһына үрдүк дьон тымныынан “эмтэнэллэр”.

Өссө туохха көмөлөһөрүй?

5 кыраадыстан тымныыга киһи мэйиитэ ыарыы туһунан сигналы биллэрбэт. Төбөҥ ыалдьар буоллаҕына, таһырдьа таҕыс, хаама түс, чаас аҥаарынан туругуҥ тупсуо диэн сүбэлииллэрэ кырдьык. Өссө киһи быһахха илиитин быстаҕына, муус туталлар. Бу аата тымныы ыарыыны мүлүрүтэр.

Өй үлэтин өрө күүрүүтүн суох оҥорор. Үлэлии олорон сылайдаххына, таһырдьа таҕыс, сэргэхсийэ түс.

Сылааны кыйдыыр. Дьиэҥ үлэҕиттэн чугас буоллаҕына, сатыы сырыт.    

Бу күннэргэ ичигэстик таҥнан, кылгастык да буоллар, таһырдьа тахсыахха, доруобуйабытын көрүнүөххэ, турукпутун тупсарыахха!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...