26.02.2020 | 12:56

ТЫА СИРЭ УЛАРАЙЫЫЛАРЫ КҮҮТЭР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 14 күнүгэр “Мой бизнес” кииҥҥэ “Тыа сирин кыһалҕалара. Тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын  сайыннарыы. Тыа сирин экологията” диэн төгүрүк остуол буолан ааста.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы В.В. Афанасьев кэлэн кытынна. Ону сэргэ бааһынай хаһаайыстыбалаах фермердэр, олоххо көхтөөх позициялаах биэнсийэлээхтэр, араас эйгэ үлэһиттэрэ, IT индустрияттан "Софт-групп” ХЭТ, ыччат уо.д.а. көхтөөхтүк кытыннылар.

Тэрийээччилэринэн “СахаАгроКонцерн” ХЭТ уонна “Саха сирин тутулуга суох экологтара буоллулар”. Көрсүһүүгэ үгүс сытыы боппуруос көтөҕүлүннэ, ырытыһыы таҕыста.Ол курдук, тыа сирин дьоно бөҕү наардаан хомуйууга баҕалаахтарын эттилэр. Ыраас уунан хааччыллыы кыһалҕата үгүс улуустарга тирээн кэлбитин биллэрдилэр. Ууну ыраастаан нэһилиэнньэҕэ тарҕатар станциялар олох аҕыйах улууска бааллар.

Экология боппуруостарын тумнар эмиэ сатаммат. Тыаларга бөҕү харайыыттан саҕалаан улахан айылҕа кээһэниилэрэ тахса турар. Маны быһаарарга былаас уонна уопсастыба икки өттүттэн кыһамньылара наада.

Бу күннэргэ төгүрүк остуол резолюцията тахсыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...