15.07.2022 | 16:00

Тыҥырах саҕа эрээри

Тыҥырах саҕа эрээри
Ааптар: Ася НЕУСТРОЕВА
Бөлөххө киир

Кинигэни билбэт киһи суох эрээри, аан дойдуга эгэлгэ кинигэ арааһын билбит аҕыйах эбээт.

Былыыр-былыргыттан кинигэни туохтан-туохтан оҥорботохторой? Кумааҕы диэн сүрүн матырыйаала буоллаҕа. Бааллар таас кинигэлэр, ону таһынан мас, таҥас диэтэххэ, киһи соһуйар, оннооҕор үүнээйи сэбирдэхтэриттэн, аһылык араас көрүҥүттэн кытта кинигэни таҥан таһаарарга холоноллор эбит.

Саха национальнай бэчээтин күнүн көрсө “Айар” кинигэ кыһата Национальнай бибилэтиэкэни кытта бэрт бэйэлээх “Кырачаан кинигэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу тэрийэн ыыттылар. Балаһыанньа быһыытынан, манна кыра кээмэйдээх кинигэлэри бас билэр дьон күрэхтэрин сэргэ, бэйэ оҥоһуута кыра кинигэҕэ эмиэ туспа куонкурус буолбута кыттааччылары, көрөөччүлэри да сэргэхситтэ.

Биллэн турар, “миниатюра” диэн мээрэй мээнэҕэ буолбатах. Итинник ааттаах сэдэх кинигэ ахсааныгар киирэргэ, аан дойдуга билиниллэр ирдэбилинэн, кинигэ кээмэйэ 76 мм буолуохтаах. Оттон Арассыыйаҕа ити кээмэй 100 мм тэҥнэһэр. Бу куонкуруска олус үчүгэй кинигэлэр кытыннылар. Анаан мунньар дьон бэйэлэрэ истэриттэн кэрэни сыаналыыллара уонна бу быыкаа кинигэ устуоруйатын дириҥник билэллэрэ сөхтөрдө. Киһи эрэ ытыктыах, киэн туттуох дьоно!

Ол курдук, куонкуруска киирбит саамай кыра кинигэ ураты – үрүҥ көмүһүнэн оҥоһуллубут, 15 мм кээмэйдээх, баара эрэ тыҥырах саҕа! Онтон арыый да улахаттар оҥоһуулара кичээҥитэ, бөҕөлөрө-таҕалара сөхтөрөр! Дьиҥ кинигэ курдук испиискэ хаатыттан кыра гына бэчээттэммиттэр. Саамай улааппыта хаарты холуодатыттан арыый да кыра. Сорохторо олус элбэх илиистэрдээх, халыҥ бэйэлээхтэр, кытаанах хахтаахтар. Атыттар эмиэ олус тупсаҕай өҥнөөх хахтарынан киһи болҕомтотун тардаллар. Суруга-бичигэ киһи эт хараҕынан таба көрөн ааҕар да курдуктар бааллар. Сорохторо бытархайа бэрт буолан чахчы луупанан көрөргө анаммыттар.

Итини уһуннук кэпсии барбакка, сэҥээрээччилэри быыстапкаҕа ыҥырабыт! Кинигэлэри Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар кэлэн атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри астына биһириэххит диэн эрэнэбит.

Быйылгы аан бастакы куонкурус чинчийэр-билсэр суолталааҕын быһыытынан кылгас кэмҥэ ыытылынна. Ол иһин лоп курдук этиллибит болдьоҕор бэс ыйын 30 күнүгэр түмүк таҕыста.

“Айар” кыһа генеральнай дириэктэрэ А.В. Егоров, бэйэтэ коллекционер буоларын быһыытынан, куонкурус ис хоһоонун мындырдык сыныйан көрдө уонна таһымын үрдүктүк сыаналаата:

– Кырачаан кинигэлэри урут “Бичик” таһаара сылдьыбыта, кэнэҕэскитин даҕаны оннук бырайыактарга киирсиэхпитин сөп, - диэн кини иһитиннэрдэ. - Ханна да сырыттахха, аан дойду араас быыстапкаларыгар тиийэ, кыра кинигэни биһирээччилэр “туохтааххытый” диэн туоһулаһаллар, ол кинигэни суолталааччы ахсаана аҕыйаабатын көрдөрөр.

Национальнай бибилэтиэкэ Научнай-чинчийэр киинин сэбиэдиссэйэ Светлана Иннокентьевна Бойтунова куонкурус туһунан санаатын эмиэ үллэһиннэ:

– Бу быыстапкаттан үөрдүбүт диэхтээҕэр, куонкуруска кыттыбыт кинигэлэр сөхтөрдүлэр диир оруннаах. Бибилэтиэкэ пуондатыгар, архыыбыгар да суох кинигэлэр бааллара соһутта. Саамай кыра кээмэйдээх кинигэлээх кыттааччы, дьэ, сэдэх коллекциялаах эбит диэн биһириирбитин аһаҕастык этэбит.

– Куонкуруска оҕолор кытталлара олус да үчүгэй. Кинигэ таҥыллыытын бары ирдэбилин тутуспуттара, эбиитин уруһуйдаан тупсарбыттара, чахчы, бу оҕо кинигэни ааҕарын-билэрин туоһулуур, - диэтэ тэрээһин ыалдьыта оҕо суруйааччыта, поэт Светлана Валентиновна Тарасенко.

Куонкурус кылгас болдьоххо тэриллибит буолан, сүүһүнэн кыттааччы суох эрээри, номинацияларынан кыайыылаахтар ааттаннылар. Ол курдук, Светлана Никандровна Павлова «Саамай-саамай кыра кинигэ”, «Саамай кыра евро-кинигэ”, “Саамай былыргы кыра кинигэ” номинацияларга барытыгар бастакы-иккис миэстэ буолары ситистэ. Айталина Васильевна Пахомова «Саамай халыҥ кыра кинигэ” уонна “Саамай эрдэтээҥҥи кыра кинигэ” номинациялар хаһаайкалара буолла. Маны сэргэ «Саамай-саамай кыра кинигэ» анал аатынан Розалия Иннокентьевна Попова уонна Анна Никитична Бурнашева; “Саамай  “кырдьаҕас” кыра кинигэ” – Лидия Яковлевна Яковлева; "Саамай  элбэх тылынан тахсыбыт кыра кинигэ” – Варвара Сергеевна Зверева; “Саамай элбэх ахсаанынан тахсыбыт кыра кинигэ” – Ольга Андреевна Фролова; “Саамай кыра кээмэйдээх кыра кинигэ” – Светлана Иннокентьевна Попова; “Методичка кыра кинигэ” – Анна Еремеевна Ноговицына бэлиэтэннилэр.

Бэйэ оҥоһуута кыра кинигэ күрэҕэр Роберт Бурнашев уонна Татьяна Андреевна Михайленко бастаатылар; «Икки өрүттээх кыра кинигэҕэ” –Александра Васильевна Прудецкая.

“Кинигэни – бэйэ илиитинэн” күрэххэ, биллэн турар, «Саамай эдэр кыттааччы” аатын 5 саастаах Иустинья Кривошапкина ылла. Оттон «Көрөөччү биһирэбилэ” бириистэргэ Сунтаартан Бальмижа Чимитдоржиева (11 саастаах), Соёлма Чимитдоржиева (11 саастаах), Елизавета Чимитдоржиева (10 саастаах), Елизавета Тарасенко (10 саастаах) буолуталаатылар.

Ити курдук, күрэх кыып-кыра кинигэ даҕаны киһини долгутар, билиини эбэн биэрэ турар модун күүстээх эбит диэн итэҕэттэ. Тыҥырах да саҕа буоллаллар, сүҥкэн ис хоһоонноох, кинигэ долбуурун саамай көстүүлээх сиригэр туруох аналлаах, сүдү баайдаах уонна сайдар кэскиллээх кинигэлэрбитин кэлэн көрүҥ, биһирээҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...