05.07.2024 | 14:00

Туймаада ыһыаҕар 230 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта

Туймаада ыһыаҕар 230 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 29-30 күннэригэр Үс Хатыҥ ытык сиригэр ыһыллыбыт Туймаада ыһыаҕар барыта 230 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Быйылгы тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар, ахсыс төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларга ананна. Үс Хатыҥҥа тугу сэргии көрбүппүтүн хаартысканан кэпсиибит.

Быйыл 99 ытык сэргэлээх аллея ыһыах ыҥырыылаах ыалдьыттарын саҥардыллан, тупсаҕай көстүүлэнэн көрүстэ.

«Тунах түһүлгэтигэр» иннэ да түһэр сирэ суох! Үөрүүлээх аһыллыы сиэрэ-туома дьоҥҥо-сэргэҕэ оннук күүтүүлээх! Үрдүк Айыыларбытыгар сүгүрүйдүбүт, арчыланныбыт, ыраастанныбыт, алгыстанныбыт! 

Оһуохайдаан ойдубут, күҥҥэ тиийэ күөрэйдибит, ыйга диэри ыстанныбыт!

Хаартыскаҕа: ыһыах сүрүн режиссера, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Фёдоров оһуохай таһаарар кэскиллээх ыччаты кытта.

Каарта, ыйынньык элбээбит; түһүлгэ аата, күннээҕи бырагыраамата көстүүлээх сиргэ туруоруллубута табыгастаах. «Ол үрдүнэн мунаахсыйар киһи син биир үгүс», – диэтилэр Хонтуруоллуур-киллэрэр пуун (КПП) дьуһуурунайдара.

Үс Хатыҥҥа хаартыскаҕа түһэр ураты зона сыл аайы элбии турара кэрэхсэбиллээх. Саха сирин аар-саарга ааттаппыт ытык дьоммут мөссүөннэрдээх зонаҕа хаартыскаҕа түһээччи үгүс.

«Якутдорстрой» тэрилтэ тиэхиньикэтэ быылы хаптатар үлэни балачча үчүгэйдик ыытта. Урут баспытыттан атахпытыгар диэри быылы бүрүнэн дьиэлиир эбит буоллахпытына, бу сырыыга арыый ыраас төнүннүбүт диэн үөрдүбүт.

Өбүгэлэр оонньууларын оҕунан ытыыга күрэҕин кыттааччылара – кэрэ аҥаардар, бэтэрээн дьахталлар.

Туалеттар тастарыгар илии суунар кырааннар бааллара дьоҥҥо бэрт табыгастаах. Хас хардыы аайы да буолбатар, бөх быраҕар контейнердар тураллар. Ол эрээри ууруна син биир аҕыйах диэн аһаҕастык бэлиэтиибит.

СӨ армрестлиҥҥэ федерацията туруорбут остуолугар хары баттаһыыга оҕо аймах, эр хоһууннар, бэл, кэрэ аҥаардар кытта күүстэрин холоһон көрдүлэр.

Үс Хатыҥҥа сыа киһи сылайыар, эт киһи элэйиэр диэри хаамар. Тэлиэгэлээх ат – бастыҥ такси. «Хатааһылатабын, эппит түһүлгэҕитигэр илдьэн биэрэбин, сыаната кэпсэтиинэн», – диэтэ аттаах киһи.

Хас да сиргэ ас-үөл сыанатын үөрэтэн көрдүбүт, улаханнык уратыласпат диэн түмүккэ кэллибит. Холобур:

Ис миинэ – 300 солк.

Ыһаарыламмыт собо (1 уст.) – 350 солк.

Быырпах (1,5 л) – 300-350 солк.

Саламаат – 150 солк.

Шашлык – 400 солк.

Бэрэски – (1 уст.) – 100 солк.  (Салгыы хаартыскаҕа көр)

Биһиги аһаабыт сирбитигэр сибээс мөлтөх диэн төлөбүрү уу харчынан ыллылар.

***

Үс Хатыҥ ытык сиригэр

Туймаада ыһыаҕа ыһылынна!

Үөрүү-көтүү үксээтэ,

Уруй-туску улаатта!

Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....