«Туймаада ыһыаҕа – 2022» – бэлэмнэнии тэтимнээхтик барар
Куорат баһылыга Евгений Григорьев ыам ыйын 24 күнүгэр «Үс Хатыҥ» архитектурнай-этнографическэй комплекска структурнай салаалар уонна биэдэмистибэлэр салайааччылара кыттыылаах көһө сылдьар мунньаҕы ыытта. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бэс ыйын 25-26 күннэригэр, икки сыл буолан баран, «Туймаада ыһыаҕа» сирэй көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Быйыл «Үс Хатыҥ» историческай миэстэҕэ Туймаада ыһыаҕа ыытыллыбыта 25 сылын туолар.
Билигин архитектурнай-этнографическэй комплекс тула күрүө тутуллар. Куорат баһылыгын сорудаҕынан тутуу үлэтэ бэс ыйын саҥатыгар түмүктэниэхтээх.
Тэрийэр кэмитиэт үбүлүөйдээх ыһыах брендбугун бигэргэттэ. Онно олоҕуран «Аан Аартык» киирии аарка уонна күргэ биир истииллээх буолуохтара, итиэннэ ыһыах сүрүн эбийиэгин – Аар Кудук Чэрчи маһы саҥардыахтара. Территория устун навигационнай түһүлгэлэри ыйар бэлиэлэр туруоруллуохтара. Итини таһынан, ыалдьыттары информациялааһыҥҥа волонтердар үлэлиэхтэрэ.
«Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччытын солбуйааччыта Светлана Чусовская иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын саҥатыттан сулууспа Үс Хатыҥҥа тиийэр суол быылын хаптатаары уунан ыһыаҕа. Бырааһынньык кэмигэр уунан ыстарар тиэхиньикэ күҥҥэ үстэ үлэлиэҕэ, куйаас буоллаҕына сотору-сотору ыһыаҕа.
«Якутдорстрой» АУо ыһыахтыыр сиргэ чугаһыыр уонна территория иһинээҕи суоллары өрөмүөннүүр сорудах бэрилиннэ. Итини сэргэ Марха дьоҕус оройуонуттан кэлэр суол оҥоһуллуоҕа. «Үс Хатыҥ» комплекс кэннигэр баһаары утары хоруу хаһан бэлэмнииллэр уонна урут баары саҥардаллар. Кытылга өрүс кумаҕынан кутуохтара, оту охсуохтара, күрүөлэри уонна мас туалеттары өрөмүөннүөхтэрэ. Эбии саҥа 10 туалет тутуллуоҕа, илии суунар сирдэр туруоруллуохтара. Итини таһынан, суһал өрөмүөн үлэтин оҥорорго дьуһуурустуба тэриллиэҕэ.
«Жилкомсервис» МУТ санитарнай туочукалар туруктарын көрүү-истии, итиэннэ ыһыах сирин «инсекто-акарициднай» обработкатын ыытыы сорудахтанна. Итини кытта «ЖКС» атыы-эргиэн туочукаларыгар уу ситимин тардыаҕа. Уот ситиминэн «Горсвет» МУТ хааччыйыаҕа.
Мунньахха массыыналар парковкаларын уонна оптуобустар маршруттарын дьүүллэстилэр. Быйыл тырааныспар ыһыахтыыр сиргэ чугаһыырыгар 4500 «пропуск» бэриллиэхтээх. Бырааһынньык кэмигэр ыстарааптыыр «стоянка» уонна манипулятордаах тырааныспар үлэлиэхтэрэ.
Евгений Григорьев Үс Хатыҥҥа атыы-эргиэн эбийиэктэрин, балааккаларын уонна туочукаларын көрдө-иһиттэ. Түмүккэ эргиэн территориятын эрэ буолбакка, атыыны тэрийиини эмиэ бэрээдэктиир быһаарыы ылылынна. Ол курдук, быйыл предпринимательскай үлэ чуолкай чопчуламмыт эрэ сирдэргэ ыытыллыаҕа. Предпринимателлэргэ баннердары, «растяжкалары» туттубаттарыгар, биир истиилинэн киэргэтэллэригэр уонна Олохтоох дьаһалта туруорбут усулуобуйаларын тутуһалларыгар эттилэр. Барыллаан дааннайдарынан, Туймаада ыһыаҕар предпринимателлэр 170 эргиэн миэстэтин ылыахтара.