28.05.2022 | 11:59

Туругурдун, Ырыа күнэ!

Туругурдун, Ырыа күнэ!
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 21 күнүн Ырыа күнүнэн биллэрэр туһунан Ил Дархан дьаһала быйыл таҕыста. Дьиҥэ, Ырыа күнүн Алексей Калининскай көҕүлээһининэн, уопсастыбанньыктар өйөбүллэринэн бүттүүн Саха сиринэн бэлиэтээбиппит 10 төгүрүк сыл буолла. Урут кимиэхэ хайдах сатанарынан ыам ыйыгар бэлиэтэнэр, ылбаҕай ырыа түһүлгэлэрэ тэриллэр бырааһынньыктара аны официальнай таһымнанан, анал күнэ бигэргэммитэ олус үчүгэй.

Дьокуускайга быйыл хаһааҥҥытааҕар да тэрээһиннээхтик, олус элбэх кыттааччылаах, тоҕо анньан кэлбит сэргэх көрөөччүлээх бырааһынньык буолан ааста. Комсомуол болуоссатыгар күнүс 14.00 чаастан киэһээ хойукка диэри ылбаҕай ырыа дьиэрэйдэ.

Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Ил Дархан Сүбэһитэ Андрей Борисов, Норуот дьокутаата Елена Голомарева, Култуура миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин эҕэрдэлээтилэр. Сыанаҕа Алексей Кириллович Калининскай тахсан, ырыаны таптааччылар ааттарыттан, бу күн сүрүн көҕүлээччитин быһыытынан, Ил Дархан эҕэрдэтин тутта, Саха АССР 100 сыл бэлиэнэн наҕараадаланна.

Андрей Саввич Борисов – Ил Дархан Сүбэһитэ: “Икки сыл устата дьиэҕэ хаайтаран олорон онлайн эрэ ньыманан бырааһынньыктаан баран маннык мааны түһүлгэҕэ, маннык үтүө төрүөттээх көрсүбүппүт наһаа үчүгэй! Саха өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн бүгүн 50-тан тахса норуоттан тахсыбыт ырыа кэлэктииптэрэ сыанаҕа таҕыстылар. Ырыа күнэ номнуо уонча сыл устата ыытыллан кэллэ, сыл аайы кыттааччытын ахсаана хаҥаан иһэр”.

Владислав Левочкин – Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы: “Быйыл Саха АССР өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиир сылбытыгар Арассыыйаҕа Норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин сыла биллэриллибитэ. Ырыа күнэ – норуот туруорсуутунан үөскээбит бырааһынньык, уопсайа 15 тыһыынчаттан тахса илии баттааһын хомулунна. Манна сүрүн кылааты киллэрбит киһинэн ырыа айааччылар сойуустарын чилиэнэ Алексей Калининскай буолар”.

 

Оттон Ил Түмэн дьокутаата Елена Христофоровна Голомарева мустубут дьону олус истиҥ тылларынан эҕэрдэлээн баран, Алексей Калининискай баяныгар доҕуһуоллатан, “Мутукчам сыта” ырыаны тардан кэбиһэн, көрөөччүлэри мааны куолаһынан, музыкальнайынан сөхтөрдө. Кэлбит дьон “Браво!”, “Бис!” хаһыынан, ытыс тыаһынан айхаллаатылар.

 

Алексей Кириллович Калининскай – Луҥха Өлөксөйө - Ырыа айааччылар сойуустарын чилиэнэ, Ырыа күнүн көҕүлээччи: “Бу үрдүк үөрүүлээх күҥҥэ эһиэхэ барыгытыгар, ырыаны таптааччыларга, ырыаны айааччыларга, ырыаны көҕүлээччилэргэ махтанан туран, сахабыт ырыата сатарыы дуорайдын, саргыбыт салалыннын, дойдубут тубустун диибин. Уруй-айхал!”

Кэнсиэргэ ырыа кэллэктииптэрэ, “Туймаада” вокальнай ансаамбыл, Судаарыстыбаннай филармония, Опера уонна балет тыйаатырын артыыстара, Култуура уонна искусство колледжын устудьуоннара, атын омуктар диаспораларын ырыаһыттара уонна да атыттар кытыннылар. Чахчы үрдүк таһымнаах, өрө күүрүүлээх, санаа көтөҕүллүүлээх олус сэргэх уонна истиҥ кэнсиэр көһүннэ.

Ырыа күнэ

Гимн

Христофор Горохов-Элгэстэй тыллара,

Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөйө матыыба

Хомуһунан дьүрүһүтэн

Ырыа күнэ уһугунна.

Кыһыл түөстээх ымыылардыын

Бииргэ тэҥҥэ ылласпыта.

Хос ырыата:

Үчүгэйиэн, Ырыа күнэ

Арахсыспат аргыс буолта,

Сахам сирин киирбэт күнэ

Буолан дьоҥҥо сырдаабыта,

Буолан сырдаан, сандаарбыта!

Аны, кустук суһуохтанан,

Алаас аайы ырыа хаамта.

Оһуор-үҥкүү сэлэлэнэн,

Ырыа-хоһоон күҥҥэ дайда. 

Өбүгэттэн өйтөн сүппэт

Үөрүү сиргэ олохсуйда.

Ыра санаа ситэн сиппэт

Абылаҥа дьону кууста.

Сарсыҥҥыбыт сыдьаайыгар

Ырыа ыллаан көтүтэбит,

Киһи аймах дьылҕатыгар

Өспөт уоту уматабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...