28.06.2020 | 09:25

Туппутун тупсарар, санаабытын сатыыр Анна Колесова

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уус кыыс диэн этэргэ киһи тыла тахсыбат курдук. Дьиҥэр, бу дьоҕур ордук эр дьоҥҥо бэриллэр ээ. Ол эрээри сатабыллаах, илиитигэр дьоҕурдаах кэрэ аҥаар айбыта-туппута тупсаҕай, нарын тарбах оҥорбута ураты уран буолар.

Бүгүҥҥү талба талааннаах ыалдьыппыт Анна Колесова Сунтаартан төрүттээх. Ойор күннээх оҕо сааһа Олоҥхо дойдутугар ааспыта. Билигин Туймаада туонатын олохтооҕо. Таһыттан көрдөххө, нарына-намчыта, сэмэйэ, килбигэ. Кинини лобзик, шуруповерт тутуурдаах сылдьарын сатаан санаабаккын.

Аня алтыс кылаастан туос куруһуогар дьарыктаммыта. Онуска сылдьан, бииргэ үөрэнэр кыыһын кытта “Кэскилгэ хардыы” научнай-практическай конференция өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүттэрэ. Туоһунан сахалыы оһуордаах-мандардаах сэлиэччик, илин кэбиһэр, бастыҥа, бөҕөх оҥорбуттара. Барытын кылынан холбообуттара.    

Тарбаҕар талааннаах кыыс хоруоҥканан, оҕуруонан киэргэл эгэлгэтин оҥосторо. Оскуола кэнниттэн энергетик идэтигэр үөрэнэ киирбитэ.

Өрөмүөнтэн саҕаламмыта

2017 сыллаахха Колесовтар саҥа тутуллубут дьиэҕэ кыбартыыра атыыласпыттара. Алаһа дьиэлэрин, көмүс ньээкэ уйаларын, биригээдэ наймыласпакка, бэйэлэрэ сөбүлүүллэринэн оҥосторго сүбэлэспиттэрэ. Биллэн турар, өрөмүөн үлэтэ үгүс сыраны, элбэх бириэмэни ылар. Ол эрээри эдэр ыал онтон ончу толлубатаҕа. Барытын бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, булан-талан, истиэнэлэрин тэҥнээн, кырааскалаан, обуойдаан, хоп курдук оҥостубуттара.

Сабыс-саҥа, сырдыгынан сыдьаайар кыбартыыраҕа миэбэл ылыныахха наада буолбута. Маҕаһыыннары кэрийэ сылдьан көрдөөбүттэрэ да, киһи сэргии көрөрө, хараҕынан хайҕыыра туох да суох курдуга.

Анна ютубу, инстаграмы хаһа олорон, каретнай стяжка диэн ньыма баарын сэҥээрэ көрбүтэ.

-Орон оҥостуохпун баҕарбытым. Инстаграмҥа миэбэл оҥорор кэрэ аҥаар баара, кини видеоларын көрөн, үтүктэргэ санаммытым. Кожзам уонна поролон, бэс щит ылбытым. Итиэннэ бэйэм оҥорон барбытым.

Каретнай стяжка – атыннык капитоне диэн миэбэли оҥорорго туттуллар ньыма (тиэхиньикэ). Арассыыйаҕа “каретная стяжка”  диэн биллэр. Миэбэл көстүүтэ сиэдэрэй, ону таһынан сымнаҕас, үйэлээх буолар.

Аня баҕа санаатын ороно бэлэм буолбута. Малааһыннарыгар кэлбит ыалдьыттар сөхпүттэрэ-махтайбыттара, хайҕаабыттара. Аня балта ымсыырбыта, миэхэ эмиэ оҥор диэн көрдөспүтүн быһа гымматаҕа.

Аны туран, саҥа дьиэҕэ кыраһыабай остуол уонна олоппос наада этэ. Ону эмиэ, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, бэйэбит оҥостуохпут дэспиттэрэ.

Аня үлэлэрин инстаграмҥа таһаарбытын бары сэргээбиттэрэ, кэрэхсээбиттэрэ. Кыралаан сакаас киирэн барбыта. Үлэлиир буолан, иллэҥ кэмигэр эрэ дьарыктанар. Хата, кэргэнэ быраатын кытта сүгэн-көтөҕөн, тутан-хабан көмөлөһөллөр, илии-атах буолан абырыыллар.

Мааны салоннарга, парикмахерскайдарга банкеткалары, пуфиктары көрөр буолуохтааххыт. Ону уран тарбахтаах сэһэргэһээччим баһылаабыта ыраатта. Маннык сиэдэрэй көстүүлээх миэбэл хайа баҕарар дьиэни, кыбартыыраны тупсарар.

Барытын хомуйан, кырааскалаан баран, туруоран кэбистэххэ, тулаҥ киэркэйэ, сандаара түһэр. Хараххар тугу оҥорон көрөргүн бэйэҥ илиигинэн чочуйан таһаарбытыҥ дьиэни ураты сылаас тыынынан угуттуур.

Бөҕө-таҕа, уһун үйэлээх

– Инстаграмҥа оһуордаах-мандардаах быыс оҥорбуттарын көрбүтүм. Мин эмиэ тугу эмэ оҥорон көрбүт киһи дии санаабытым. Строительнай ырыынактан лобзик уонна фанера ылбыппыт. Улахана суох, быһарга судургу соҕус тугу оҥоруохха сөбүй диэн толкуйга түспүтүм. Онтон ас быһар оһуордаах дуоскаттан саҕалыырга санаммытым. Хортуоҥҥа трафарет уруһуйдаан баран, фанерабар түһэрэн, лобзигынан быспытым. Сатаммыта.

Фанера – бөҕө матырыйаал. Куоракка 1-кы, 2-с суортаах фанера көстүбэт. Үксүн 3-с, 4-с  суортааҕы булуохха сөп. Ону да үчүгэйин талан ылаҕын. Поролон чиҥинэн (плотность) эмиэ арахсар.

Матырыйаалбын, фурнитураны Москваттан сакаастыыбын. Кууһунан атыылаһааччыбын. Манна сыаната ыарахан уонна киһи талара суох.

Миэбэл каркаһын барытын фанеранан оҥоробун. Шип-паз технологиянан бөҕө-таҕа уонна уһун үйэлээх буолар. Бастаан суоттаан-учуоттаан баран, Corel Draw бырагыраамаҕа бырайыакпын оҥоробун, каркаһым дэтээллэрин миллимиэтиригэр диэри суоттаан уруһуйдуубун. Ол кэннэ фрезернэй станокка быстарабын. Онтон конструктор курдук хомуйан, таҥан таһаарабын. Барытын килиэйдиибин, самореһынан туттарабын. Поролонун сыһыаран баран, таҥаһынан бүрүйэбин.

Бэйэм фрезернэй станогум суох. Ол иһин куоракка ЧПУ-лаах дьоҥҥо чертежпун илдьэн туттарабын. Ону лоп курдук сөпкө быһан биэрэллэр.

Ыллыҥ да сатаабаккын

Аня, бэйэтэ да быыччык буолан, барытын тэбис-тэҥ, көбүс-көнө, уурбут-туппут курдук оҥорорго кыһаллар. Хаһан сатаныар, табыллыар диэри олорор.   

– Миэбэли таҥаһынан бүрүйэр ордук элбэх бириэмэни ылар, ол эбэтэр каретнай стяжканы оҥоруу. Ыллыҥ да сатаабаккын, суоттаан-учуоттаан, кээмэйдээн баран биирдэ туттараҕын, барыта тэҥ, көнө буоларын ситиһиэхтээххин.

Көстүүтэ үчүгэй буоллун диэн молдинг диэн декоративнай тоһоҕонон саайабын. Кыратык сыыһа тутуннуҥ да, токуруйан хаалар.

Анна шуруповерынан, лобзигынан бэркэ туттар. Үнүстүрүмүөн маҕаһыыныгар киирдэҕинэ, барытын да атыылаһыах курдук ымсыырар. Эр дьон сороҕор соһуйар. Оннооҕор биһиги сатаабаппыт дииллэр.

– Маастар-кылаастарга сылдьыбаппын. Киһи интэриниэтинэн үөрэниэн сөп. Инстаграмы, ютубу көрөбүн. Дьон ону-маны оҥороллорун, кырааскалыылларын сэргиибин. Саҥаттан саҥаҕа үөрэнэрбин сөбүлүүбүн. Хаста да оҥоруохха наада, оччоҕуна табыллар. Киһи баҕардаҕына, тугу баҕарар сатыан сөп, – диэн санаалаах.

Бэйэм оҥорорбун сөбүлүүбүн

Кыыс эрэ барыта куукунаҕа чугас. Аанчык, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, ийэтин ырысыаптаах киниискэтиттэн көрөн, ас арааһын астыыра. Ыал улахан оҕото, биэс оҕо эдьиийэ, ийэтин көмөлөһөөччүтэ биир кэмҥэ туорт астаан эбии дохуот оҥосто сылдьыбыта. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ ол улахан көмө этэ.

Билигин да туорт арааһын астаан, чугас дьонун күндүлүүр. Өссө минньигэс букеттары оҥорон, чугас дьонугар бэлэхтиир. Ону таһынан оҕо утуйар таҥаһын тигэр. Эргэ миэбэли кырааскалаан, хос бүрүйэн, саҥалыы тыынныыр. Каркаһа бүтүн буоллаҕына, эргэрбити төһө баҕарар саҥардыахха сөп диир. Өссө хоруоҥканан киэргэтэн, корона оҥоро сылдьыбыта.

  • Барытын бэйэм оҥорорбун сөбүлүүбүн. Оччоҕуна эрэ санаам иһинэн буолар. Кэргэн тахсар, сүктэр былаачыйабын, курбун хоруоҥканан киэргэппитим. Корона оҥостубутум. Накидкабын тиктибитим. Куруһубалаах матырыйаал ылынан, фатабын эмиэ бэйэм оҥостубутум. Хоруоҥканан киэргэппитим. 

Киһи сатаабата диэн суох. Баҕалаах, сүрэхтээх эрэ буолуоххун наада. Саҕалаабыккын тиһэҕэр тиэрдэр үчүгэй.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....