03.02.2024 | 14:00

Туойтан оҥоһуктары сөбүлүүбүн

Туойтан оҥоһуктары сөбүлүүбүн
Ааптар: Алгыстаана Захарова, Дьокуускай куорат 25 №-дээх оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ
Бөлөххө киир

Мин үөрэх сыла саҕаланыаҕыттан элбэх куруһуокка сылдьан саҕалаабытым. Олортон биирдэстэринэн Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар ыытыллар «Туой Артс» диэн туойунан оҥоһуктары оҥоруу дьарыга буолар.

Салайааччыбыт Лена Васильевна Пинигина буоларын билэммин, наһаа үөрбүтүм. Тоҕо диэтэххэ кыра эрдэхпинэ «Тугутчаан» диэн уһуйааҥҥа иитээччим этэ. Ол кэмтэн номнуо сэттэ сыл ааспыт эбит.

Куруһуокпутугар 18 оҕо сөбүлээн сылдьабыт. Аан бастаан пластилинтан оҥоһуктары оҥорор этибит. Илиибитин дьарыктаан эҥин баран, туойга көспүппүт. Лена Васильевна оҥоһуктарбытын оһоххо буһаран хатарар. Оччоҕуна кэлэр дьарыкпытыгар кырааскалаан тупсаран биэрэбит. Билигин  иһит-хомуос оҥорон саҕалаатыбыт.

Бу куруһуок, мин санаабар, биһиги, оҕолор, сайдарбытыгар улаханнык көмөлөһөр. Оҕо айар дьоҕура арыллан, үөрэҕэр кытта ситиһиилээх буолар.  Ол эрэ буолбакка, холобур, мин элбэх саҥа доҕоттордоннум.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...