Туорду астыырга видео-ырысыаптардаах кинигэ
Кондитер хайысхалаах этно блогер, урбаанньыт Евдокия Попова хайа баҕарар бырааһынньыгы киэргэтэр минньигэс туорт арааһын хайдах астыахха сөбүн туһунан кинигэ таһаарда.
Бу кинигэ 150 лиистээх, улахан кээмэйдээх, уу сахалыы кэпсии-кэпсии маастар-кылаас көрдөрөр видео ырысыаптардаах. Онон инникитин ийэттэн кыыска, сиэннэргэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэн сөп.
«Минньигэс аһы астыырга бастакы интерактивнай кинигэм олунньу 27 күнүгэр Бэчээт дьиэтин Медиа-киинигэр сүрэхтэннэ. Кинигэбин туһанан, хас биирдии хаһаайка оҕолорун төрөөбүт күннэригэр, атын да бырааһынньыктарга туорт астыыр, дьонтон сакаас ылан, эбии дохуот оҥостор кыахтаах. Эксклюзивнай буолан, кинигэ аҕыйах ахсааннаах, хаачыстыбалаах гына оҥоһулунна», — диэн кэпсиир Евдокия.
Кини сахалыы тыллаах блогердартан биир саамай улахан аудиториялаах, 65 тыһыынча сурутааччылаах. Икки оҕолоох эдэр ийэ 2016 с. туорт астаан, ону фруктанан, сакалаатынан, мастиканан киэргэтэн саҕалаабыта. Кэргэнэ үлэтин кэнниттэн кэлэн иһэн сибиэһэй сүөгэй, клубника, фрукта атыылаһар уонна аадырыстарынан туорду тиэрдэргэ көмөлөһөр.
Дьон махталыттан, үтүө тылыттан уонна куруук киирэр сакаастан Евдокия санаата кынаттанан, атын ас арааһын астыырга, остуолга киэргэтэн уурарга ылсыбыта.
Чугастааҕы маҕаһыыҥҥа баар бородууктаттан киһи хараҕын үөрдэр, дьон куртаҕын курулаччы оонньотор ас эгэлгэтин астаан, ону хаартыскаҕа, видеоҕа устан, ырысыаптарын дьону кытта үллэстэр буолбута. Ол иһин Евдокия сурутааччыта күн ахсын эбиллэн, кэҥээн иһэр.
Кини социальнай ситимигэр дьиэ кэргэн сыаннастарын, сөбүлүүр дьарыгын туһунан киһи эрэ ааҕа олоруон курдук судургу, ардыгар дьээбэлээх, көрүдьүөс тылынан суруйар. Ону таһынан, хас биирдии киһи сүрэҕэ сөбүлүүр, дууһата ылынар дьарыгын буллаҕына, ону сайыннаран, үп-харчы киллэриэн сөбүн туоһулуур үтүө холобур буолар.
Күн аайы биири буһардахха, киһи салҕан хаалар, саатар өрөбүлгэ дьиэлээхтэргин сонун аһынан үөрдүөххүн баҕараҕын. «Бүгүн киэһэ тугу буһарабыт?» — диэн хас биирдии дьахтар саныыр санаата. Евдокия ыал аайы баар астан сонун бүлүүдэ ырысыаптарын оҥорбутун сурутааччылара баара-суоҕа биир нэдиэлэ иһигэр былдьаһыгынан атыыласпыттара.
Онтон «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн», «Саҥа Дьылга тугу астыыбыт?», «Ийэм +мин = минньигэс ас», “Дьэрэ, астыахха Евдокиялыын!” онлайн кинигэлэр күн сирин көрбүттэрэ.
Ити онлайн бырайыактары атыылаан, Евдокия «Айсберг» атыы-эргиэн киинин 4 этээһигэр «Уютно» диэн иһит маҕаһыынын арыйбыта.
«Сахалыы тыллаах кинигэни дьон сэҥээрэр, төрөөбүт тылынан ордук ылынар. Ол иһин дьон: «Эн ырысыаптарыҥ наһаа өйдөнүмтүөлэр, табыллаллар», —дииллэр. Аһылыгы астыырга уопсайа 18 000 тиражтаах кинигэлэри атыылаатым. “Дьэрэ, астыахха Евдокиялыын!” кинигэбин туорт ырысыаптарын атыыласпыт бастакы дьоҥҥо бэлэхтиир санаалаахпын.
Мин бу бырайыактарбын нууччалыы кэпсээн, Арассыыйа таһымыгар тахсыахпын сөп эрээри, ыал ийэтэ оҕолорун кытта төрөөбүт төрүт тылбытынан кэпсэтиэхтээх, бииргэ астыы үөрэтиэхтээх дии саныыбын. Ити санаабын тутуһан, дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн кинигэлэрим бары сахалыы тылынан тахсаллар. Оҕо иитиитэ, ыал олоҕо ийэттэн саҕаланар, кини дьиэ кэргэнин минньигэс астаах сандалы тула мунньар. Онон санааны сахалыы этэн, сахалыы толкуйдаан, өбүгэ үгэһин үйэтитэргэ сэмэй кылааппын киллэрэрбиттэн үөрэбин», — диэн этэр Евдокия Попова.