Тренер үлэтэ үрдүктүк сыаналанна
Ханнык баҕарар нэһилиэк, сир-дойду аатырар онно олорор дьонунан-сэргэтинэн, кинилэр суон сурахтарынан, оҥорон хаалларбыт дьыалаларынан.
Бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьыта, чахчы да, килбиэннээх олоҕу олорбут, үтүмэн үгүс үлэни үлэлээбит-хамсаабыт, ыччаты спортка, хайыһарга сыһыарбыт, нэһилиэк биир түс-бас, тумус туттар киһитэ, олохтоох самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа, улахан буукубаттан суруллар Учуутал, Тренер Григорий Константинович Дьячковскай. Бу күннэргэ киниэхэ “Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк аат иҥэрилиннэ.
Григорий Константинович 1938 сыллаахха муус устар 4 күнүгэр Дьокуускайга күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ Чурапчы Кытаанаҕыттан куоракка көһөн киирбиттэр, бииргэ төрөөбүт үһүө эбиттэр, кини – кыралара.
Оччотооҕу аас-туор олоххо, киһи барыта да кырыымчыктык олорор кэмигэр Григорий төрөппүттэрэ кини 5-6 эрэ саастааҕар суох буолбуттар. Онон кинилэри бу диэн өйдөөбөт. Уолаттары тулаайахтары көрөр-истэр дьиэҕэ туттарбыттар, кини онно кыра убайа Миитэрэйдиин олорбут. Улахан убайдара Ньукулай туспа улаатан бырааттарын кэлин билсибитэ. Бу оҕолору Чурапчыттан төрүттээхтэр диэн Чурапчы Мындаҕаайытыгар баар детдомҥа аҕалбыттар. Онно 50-с сыллар диэки олорбут, онтон доруобуйата мөлтөөн, арыый үчүгэй усулуобуйалаах диэн Мэҥэ Хаҥаластааҕы 1-кы Хаптаҕай детдомугар илдьибиттэр. Онно 1952 сылга диэри олорон баран төттөрү Кытаанаҕар көспүт, интэринээккэ олорон 7-с кылааһы бүтэрбит.
Ити курдук Григорий Константинович кыратыттан ийэ-аҕа тапталын билбэккэ улаатан, киһи-хара буолан, Дьокуускайдааҕы педагогическай училище физкультурнай салаатын бүтэрбит. Үөрэнэ сылдьан Лөгөй сириттэн төрүттээх Анна Степановна Павлованы кэргэн ылан, кини дойдутугар Кэптэнигэ көһөн кэлэн олохсуйаннар, күтүөт уол оскуолаҕа спортивнай оскуола аһан, олохтоохтор үөрүүлэригэр, дьоллоругар элбэх оҕону, ыччаты спортка иитэн таһааран, үгүс ситиһиилэрдэнэн күн бүгүн өрөспүүбүлүкэни биир гына тарҕанан үлэлии-хамсыы сылдьар араас дуоһунаска тахсыбыт, биллэр-көстөр дьон буола үүммүт-сайдыбыт оччотооҕу Лөгөй орто оскуолатын выпускниктара билигин учууталларыгар, тренердэригэр махталлара муҥура суох.
Таптыыр идэҕэр умсугуйууну, туохха эрэ бэриниилээх дьону “фанаттар” диэн ааттыыллар. Маныаха Григорий Константинович, сахалыы, бэйэ тылынан эттэххэ, спорт, чуолаан хайыһар диэн баран “муннукка ытаабыт” киһи буоллаҕа. Онтун дакаастыыр бэрт элбэх холобур баар. Ол курдук кини 1968 сыллаахха Лөгөй сиригэр физкультура учууталынан ананан кэлиэҕиттэн 25 сыл устата оҕолору бастаан чэпчэки атлетикаҕа, онтон хайыһарга эрчийэн, үөрэтэн, такайан барбыта. Оччолорго быа хайыһары тэбэр оҕолорго соҕуруунан, араас куораттарынан сылдьан пластиковай аныгы хайыһардары, араас хаалыктары, көстүүмнэргэ, халыҥ спортивнай ыстааннарга тиийэ булаттаан, сакаастаан, элбэх киһиттэн, тойонтон үҥэн-сүктэн, кэпсэтэн харчы булан айаннаабытын кэпсээтэххэ, бүтүн хас да балаһа тахсыан сөп. Оннооҕор Москваҕа сылдьан биир омук киһитигэр почтанан хайыһарда ыытаар диэн үлэспитин хас да паара хайыһары ыыппытын астына кэпсиир. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хайыһар инвентарын булар уустук кэмҥэ кини чахчы оҕолор тустарыгар кыһаллан сүүрдэҕэ-көттөҕө. Аны улууска түөрт устуука “Буран” кэлбититтэн биирин сопхуоһу нөҥүөлээн кэпсэтэн ылан, анаттаран, ол кэннэ эрэ дириэктэригэр этэн, харчы төлөттөрөн хайыһар суолун тэлэр. Бука, ол “Буран” булчуттарга ананыахтааҕа буолуо. Бу иннинэ халыҥ хаары оҕолорунуун эт атахтарынан тэлэн хайыһар суолун оҥоро сылдьыбыттар.
Оҕолору сүүмэрдээһинэ, үөрэтэр техниката ураты, бэйэтэ туспа көрүүлэрдээх эбит. Холобур, секцияҕа киирбит оҕо тута хайыһар үрдүгэр турбакка, икки сыл устата кини этин-хаанын сайыннарар, уһугуннарар эрчиллиилэри оҥорор, бэлэмнэнэр, буһар-хатар, ситэр. Бу Григорий Константинович бэйэтэ айбыт туһунан ньымата.
Ол курдук 25 сыл устата биир да солбуга суох үлэлээн, ситиһии бөҕөнү ситиһэн, оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар улахан кылааты уурбут бары ытыктыыр, убаастыыр учууталбыт, тренербит буолар Григорий Константинович.
Спортка ситиһиилэр
Григорий Константинович хайыһар филиалыгар барыта 700-кэ оҕону дьарыктаабыт. 500 оҕо маассабай спортивнай разрядтаах, саамай улахан ситиһиитинэн ССРС спордун маастарыгар 9 кандидаты, 6 СӨ спортка маастарын, 26 өрөспүүбүлүкэ призерун, 15 өрөспүүбүлүкэ чемпионун, 40 спорт судьуйатын уонна инструкторын ииппит.
Бэйэтэ бэтэрээннэргэ 75 сааһыгар диэри хайыһарынан сүүрбүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска өрүүтүн хамаандаҕа кыайыыны кынаттаабыт. Бэйэтэ чемпион, призер буолара. Уус Алдан улууһун бэтэрээн хайыһардьыттарын сүбэһитэ, хайыһардарын маастааччылара эбит.
Билигин 84 сааһыгар барбыт Ытык киһибит үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ бииргэ олорор, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии тулаайаҕа, Социалистическай Үлэ Дьоруойа А.С. Копырина аатынан улуус олохтообут аатын бастакы хаһаайына, түөрт көмүс чыычаахтарын ийэлэрэ А.С. Павловалыын Дьокуускай куоракка олорон, ТВ-нан хайыһар күрэхтэһиилэрин түүннэри кэтиир, өрөспүүбүлүкэ хайыһарга күрэҕин көтүппэккэ көрөр, “ыалдьар” эбиттэр. Дьоһун ыал икки кийиит, икки күтүөт убаастабылынан 12 сиэн, 5 хос сиэн дьолун биллэ.
Махтал мааны тыллара
Анастасия Семеновна Михайлова, хайыһарга ССРС спордун маастарыгар кандидат, СӨ спордун маастара, РФ уонна СӨ физкультураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ, адаптивнай спорт киинин дириэктэрэ:
– Тааттаттан көһөн кэлэн интэринээккэ олорон хайыһарга дьарыктаммытым. Ыраахтан кэлбит кыра оҕоҕо тренерим аҕалыы, кэргэнэ ийэлии сыһыаннаһан спортка тапталым күүһүрбүтэ. Киэһэ хойукка диэри эрчиллэн, интэринээт оҕолоро аһаан бүппүттэрин кэннэ хойут тиийэрим, онон сороҕор ас ордубакка хаалар этэ. Ол туһунан тренербэр этэммин, дьарык кэннэ дьиэтигэр илдьэн эбии аһатар буолбута. Анна Степановна хоп-хойуу лапсалаах сахалыы миинин бурулаччы иһэн кэбиһэрим, оо, минньигэһэ сүрдээх этэ. Арыылаах алаадьыта, сахалыы лэппиэскэтэ, күөрчэҕэ күүспэр күүс эбэн элбэх күрэхтэһиилэргэ өрүү миэстэлэһэрим. Аны туран, дьарыкка сылдьан тарбахпын тоһуппутум, ону балык миинэ эмтиир, килиэйдиир диэн миэхэ собо буһаран ол миинин иһэрдэрэ. Оһох иннигэр олордон быысапкалыырга үөрэтэрэ, саҥа ырыалары билиһиннэрэрэ. Олохпор идэбин таба тайаныым, үрдүк үлэм ситиһиилэрэ – Григорий Константинович өҥөтө.
Варвара Петровна Жиркова, хайыһарга ССРС спордун маастарыгар кандидат, СӨ спордун маастара, СӨ биэс төгүллээх чемпиона, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, отставкаҕа сылдьар ис сулууспа подполковнига:
–- Григорий Константинович кыра кылааска үөрэнэ сырыттахпына бэлиэтии көрөн филиалга ылбыта. Хайыһарга дьарык Саха сирин усулуобуйатыгар ыарахан. Олус ирдэбиллээҕэ, эппиэтинэстээҕэ. Элбэх күрэхтэһиилэргэ араас улуустарынан, куораттарынан сылдьыбыппыт. Оройуон сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэммин сбордарга, лааҕырдарга сылдьан хайыһар кистэлэҥнэрин билбитим. Онон ыалдьыбакка, этэҥҥэ биэс төгүл өрөспүүбүлүкэ чемпиона аатырдаҕым. Тренерим суолунан Мэҥэ Хаҥаласка Александр Будимировичтыын хайыһар тренеринэн үлэлээбиппит. Ис дьыалаҕа үлэлиир кэммэр бу хайыһарым эрчиллиилэрэ улаханнык көмөлөстөхтөрө. Саамай махталым – төрөппүттэрбэр. Кинилэр сөбүлэһэн бу курдук тренергэ дьарыктанан, олохпор суолбун хайыһарым суолунуу көнөтүк, ыраастык тэллэҕим.
Иван Прокопьевич Белолюбскай, СӨ физкультураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ, түөрт көрүҥҥэ СӨ спордун маастара, “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа:
– Мин тренерим – хайыһар дьиҥнээх фаната. Улахан кыайыылары ситиһиим оҕо сааспыттан хайыһар филиалыгар, Григорий Константинович курдук тренергэ иитиллибиппиттэн саҕылыннаҕа. Эдьиийим Екатерина, убайым Сергей эмиэ кини иитиллээччилэрэ буолаллар. Дьячковскайдары кытта ыаллыы олорбуппут. Күн ахсын сылдьыһарбыт. Мин муҥутуур кыайыыларбар кынаттаабыт тренерим өссө уһуннук олороргор баҕарабын.
Маны таһынан махтал, эҕэрдэ тыллары ССРС спордун маастарыгар кандидат, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир киин научнай-аналитическай, инновационнай салаатын салайааччы, педагогическай наука кандидата М.И. Лыткин, ССРС спордун маастарыгар кандидат, СӨ спордун маастара, физкультура учуутала М.Г. Аммосова, ССРС спордун маастарыгар кандидат, СӨ спордун маастара, ЫБМ старшай прапорщига И.С. Олесов, хайыһарга ССРС спордун маастарыгар кандидата, СӨ спордун маастара, СӨ хайыһар спордун федерациятын бэрэссэдээтэлэ, РФ хайыһар спордун федерациятын президиумун чилиэнэ Семен Семенович Иванов аныыллар.
Кэрэни кэрэхсиир, сырдык, ыраас санаалаах тренер: “Мин бу ситиһиим – хайыһардьыттарым, күүс-көмө буолбут дьоннорум ситиһиилэрэ. Мин бу ситиһиим тыылым Анна Степановна, оҕолорум ситиһиилэрэ”, –диэтэ.
Анна Степановна уонна Григорий Константинович оҕолоро Гриан, Грианна, Ариан, Арианна хайыһарга дьарыктанан, элбэх ситиһиилээхтэр. Гриан Григорьевич – Дьокуускайдааҕы КВД сүрүн бырааһын солбуйааччы, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна. Кэргэнэ Татьяна Юрьевна –перинатальнай киин дириэктэрэ, медицинскэй наука кандидата, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ. Грианна Григорьевна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка туйгуна, билигин спорт эйгэтигэр үлэлии сылдьар. Кэргэнэ Алквиад Акимович – подполковник. Аҕа туйаҕын хатарааччы Ариан Григорьевич – ХИФУ физкультурнай институтун старшай преподавателэ, СӨ физическэй култуураҕа, спортка туйгуна, кийиит Айталина чааһынай тэрилтэлээх. Кыра кыыс Арианна библиотекарынан, күтүөт Василий “Дорожник” ХЭТ генеральнай дириэктэр солбуйааччытынан үлэлиир. Чурапчы дьоһун ыала.
Ити курдук чулуу тренер үлэтэ сыаналанан, киниэхэ дьарыктаммыт оҕолор күн бүгүн да махталларын этэ тураллара, ытыктыыллара – бу буолар кини олоҕун, көлөһүнүн, туох баар дьаныарын, күүһүн-уоҕун анаабыт хайыһара Лөгөй нэһилиэгин, орто оскуолатын өрөспүүбүлүкэҕэ, бүтүн Сойууска ааттаппыта, суон сураҕырдыбыта.