16.03.2023 | 12:30

Тоҕо да кытаанаххыный, эн, дьылҕа?

Тоҕо да кытаанаххыный, эн, дьылҕа?
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Оҕотун сүтэрбит ийэни кытта кэпсэттим. Оччолорго түүл-бит курдук сылдьыбытым диир. Хаһан аҕалбыттарын, хайдах кистээбиттэрин үдүк-бадык өйдүүр, ыйыппыппар да, тута эппиэттээбэтэ. Ийэ барахсан муус доруобай оҕотун атааран баран тимир хоруопка тутара хайа да инчэҕэй эттээх өйүгэр баппат. Биһиги хаһыаппытыгар чыычааҕын сүтэрбит ийэ 19-таах эрэ көмүсчээнэ хайдах курдук хорсуннук сылдьыбытын, доҕотторун быыһаабытын аан бастаан... киэн тутта кэпсээтэ.

Александр Зубко бүтэһик кыргыһыыта

Саша Аллараа Халыма Черскэй бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Кыһыл знамялаах Кыһыл Сулус уордьаннаах Амурскайдааҕы хаһаактар Свирско-Померанскай 69-с туһунан биригээдэлэригэр сулууспалаабыта.

Бу сэриилэһэр чаас историята Аҕа дойду Улуу сэриитин бастакы сылларыттан саҕаланар. Манна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр бойобуой үгэстэр сүппэттэр, 1941-1945 сыллардааҕы хорсун быһыыларын кэриэстииллэр. Бу биригээдэ билигин да инники кирбиигэ сылдьара, туруоруллубут сорудахтары чиэстээхтик толороро мээнэҕэ буолбатах.

Байыаннай чаас бэрэстэбиитэлэ капитан Антон Кокаровцев механик-суоппар Александр Зубко бүтэһик кыргыһыытын туһунан маннык ахтар:

– Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыга Александр Зубко сулууспалыыр чааһа бирикээс ылбыта – икки тирэх пууну суох оҥорорго уонна Богородичнай нэһилиэнньэлээх пуунун оройуонугар икки суолталаах хонтуруоллуур туочукаҕа инники кэккэҕэ киирэргэ. Бойобуой сорудаҕы толорууга механик-суоппар Александр Зубко тааҥката икки бронетехниканы, тоҕус өстөөҕү, биир гаубичнай самоходнай артиллерийскай тэрили уонна биэс киһилээх бойобуой расчету суох оҥорбута.

Салгыы ыйыллыбыт хонтуруоллуур туочукаҕа тиийэллэригэр понтон муосталаах, кыра эрээри, дириҥ өрүһү туоруохтаахтара. Ол курдук, муоста устун айаннаан истэхтэринэ, өстөөхтөр өттүлэриттэн артиллерия ытыалааһына соһуччу уонна харса суох саҕаламмыта. Муоста сорҕото алдьаммыта. Ефрейтор Зубко экипаһыгар тааҥкаттан тахсарга хамаанда биэрэ охсубута, бэйэтэ бойобуой массыынатын быыһаары хаалбыта, ол эрэн артиллерия уотунан уһуурар ытыалааһыныттан контузия ылбыта. Тааҥка уу анныгар барбыта. Экипаж чилиэннэрэ кэлин өрүс биэрэгэр бааһыран уонна өйө суох сыталларын булбуттара. Бары тыыннаах хаалбыттар этэ.

Хорсун ефрейтор Александр Зубко түргэн уонна сөптөөх быһаарыныыны ылынан, экипаж тыыннаах хаалбыта. Кини бойобуой доҕотторун быыһаабыта, оттон бэйэтэ дьиҥнээх эр киһилии, дьоруойдуу охтубута. Кини биһиги сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар куруук тыыннаах хаалыаҕа.

Хорсун быһыытын иһин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан ефрейтор Александр Владимирович Зубко “Эр санааланыы” уордьанынан өлбүтүн кэннэ наҕараадаламмыта.

Альбина Алексеевна Винокурова, Александр ийэтэ, Аллараа Халымаҕа Култуура управлениетын салайааччыта, оройуон сэбиэтин дьокутаата:

– Кэпсиирбэр олус ыарахан. Мин оҕом атын оҕолортон туох да уратыта суоҕа, сүүрэрин-көтөрүн сөбүлүүрэ, бэһиэлэй этэ, олус элэккэйэ. Хаартыскаларын көрө олорон санаатахпына, кини хаһан да инники олорбот эбит, хаартыскаҕа түһэрин соччо сөбүлээбэтэ, онон куруук кытыыга эбэтэр иккис эрээккэ түспүт буолара. Оҕолору кытта биир тылы булара, эһэтигэр наһаа чугас этэ. Талаһан туран барара, көмөлөһөрө, онтун астынан туран кэпсиирэ. Кини наһаа үтүө санаалаах этэ, туга эмит табыллыбатаҕына да, хайдах эрэ улахан киһилии мындырдык сыһыаннаһара, хомойбото, баары баарынан ылынара.

Кини кылааска наар бастакы эрээккэ биир паартаҕа түннүк таһыгар олорор этэ. Билигин оҕом олорбут миэстэтигэр кинини баар курдук көрөбүн. Соторутааҕыта табаарыһа Антошка киирэ сылдьыбыта. Саша туһунан наһаа истиҥник кэпсэппиппит. Онон доҕотторо куруук кинини саныылларыттан, ахталларыттан мин ийэ киһи быһыытынан олус үөрэбин, долгуйабын.

Өссө биир ураты хаачыстыбалаах этэ. Куруук кимиэхэ эрэ көмөлөһө сылдьыан баҕарара. Илдьии буоллун, аҕалыы буоллун, оскуолатыгар, кылааһыгар, бириэмэтин аахсыбакка туран, сөбүлээбэт да үлэтэ буоллун, хайаан да көмөлөһөн тэйэрэ. Ханнык да кэмҥэ, ханнык да түгэҥҥэ Сашаҕа киһи эрэнэр этэ.

19-таах оҕом хорсун быһыыны оҥоруута хаһан, туохтан саҕаламмыт буолуон сөбүй диэн ыйытыыга оҕо личность буолуутугар, биллэн турар, дьиэ кэргэн оруола улахан диэн этиэхпин баҕарабын. Өскөтүн дьиэ кэргэҥҥэ сөптөөх сыаннастары кэпсээн, төрөөбүт дойду, эйэ, доҕордоһуу, эрэллээх буолуу, куһаҕаны үчүгэйтэн араарыы туһунан өйдөбүлү биэрдэххэ, ону таһынан дьиэ кэргэҥҥэ материальнай баайтан духуобунай сыаннастары арааран үөрэттэххэ, маннык оҕолор иитиллэн тахсаллар. Маны таһынан чөл олохтоох, үлэлээх, үөрэхтээх, кэрэҕэ, кыайыыга тардыһар, үтүө доҕоттордоох буоллахтарына, киһи оҕо туһугар сүрэҕэ ыалдьыбат, туох эрэ куһаҕаҥҥа түбэһиэ диэн куттаммат. Маннык оҕолор чиэһинэй, эр киһилии биир тыллаах буолаллар. Мин Сашам бэйэтин эдэркээн олоҕун доҕотторун туһугар биэрбит хорсун быһыыта дьиэ кэргэҥҥэ иитиллииттэн тахсыбыт диэхпин баҕарабын.

Оҕом бу орто дойдуга кылгастык да олордор, дьиҥнээх эр киһи, тапталлаах оҕо, сиэн буолан бэйэтин туһунан сырдык өйдөбүлү хаалларан бардаҕа.

2018 сылга бастыҥнар ахсааннарыгар киирэн, Ил Дархан харыйатыгар сылдьан олус үөрэн, астынан кэлбитэ. Сашам дэгиттэр спортсмен, үлэһит бэрдэ, булт, балык булдугар ылларбыт, бары сатабылын билбит оҕо этэ.

Оҕом бэс ыйын 30 күнүгэр бу олохтон хорсун быһыыны оҥорон туораабыта, от ыйын 6 күнүгэр суох буолбутун туһунан иһитиннэрии кэлбитэ. Оҕобутун аҕаларга элбэх кыһалҕаны көрсүбүппүт, көтөр балаһабыт сабыллан турбута. Ол да буоллар дьокутааттар, Москва поспредствотын үлэһиттэрин, онтон да атын үтүө санаалаах дьон, биир дойдулаахтарбыт көмөлөрүнэн оҕом хайдах эрэ олус чэпчэкитик, түү кыырпаҕын курдук көтөн кэлээхтээбитэ, дойдутун буоругар туох баар байыаннай чиэстээһини оҥорон кистээбиппит.

Даниил Янович Войный, Александр доҕоро:

– Александр төһө да эдэр буоллар, улахан, суолталаах киһи, олус кэрэ дууһалаах этэ. Кини дьоҥҥо барыларыгар көмөлөһөрө, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ. Хаһан да туора хайыспат, ааһа барбат этэ. Мин кинини кытта үлэлиир кэммэр Александр бэйэтин үтүө эрэ өттүнэн көрдөрбүтэ. Үлэ чааһын да кэнниттэн көмөҕө хаалара, бастакы хамнаһын ылан баран барытын чугас дьонугар үөрэ-көтө бэлэх оҥорбута, ас-үөл атыыласпыта, эбэтин онон олус үөрдүбүтэ.

Ыарахан кэмнэргэ кини хаһан баҕарар көмөҕө кэлэрэ, эппиэтинэстэн куоппат этэ. Кини  дьиэ кэргэнин, быраатын, балтын туһугар хайаан да көмөлөһүөхтээхпин диэн санааны ыһыктыбат этэ. Чугас дьонун саамай үрдүктүк тутара, суолталыыра, убай киһи быһыытынан холобур буоларын билэрэ, кинилэри олус харыстыыра, таптыыра.

Елена Егоровна Антипина, Хотугу норуоттар Арктикатааҕы колледжтарын дириэктэрэ:

– Саша – колледж устудьуоннарыгар уонна преподавателлэригэр  дьиҥнээх патриот уонна дьоруой, биһиги устудьуоннарбыт кинини  көлүөнэттэн көлүөнэҕэ өйдүү-саныы сылдьыахтара.

Колледжка үөрэнэр кэмигэр Саша бэйэтин үтүө санаалаах, олус сайаҕас, кыһамньылаах устудьуон быһыытынан көрдөрбүтэ. Преподавателлэргэ, биир саастыылаахтарыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһара, үөрэнэр тэрилтэтин, оройуонун туһугар араас тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылара. Колледжын бүтэриэн биир сыл иннинэ, 18 сааһын туолан баран, аармыйаҕа сулууспалыы барыам диэбитэ уонна олус дьоһуннаахтык бэлэмнэнэн саҕалаабыта. Спортивнай күрэхтэһиилэргэ кыайталыыра, ГТО эрчиллиилэрин барытын туттарбыта, производственнай үөрэх маастарын кытта араас техниканы барытын хомуйсара. Төрөөбүт күнүн кэннэ Саша аармыйаҕа барарынан академическай уоппуска биэрэргэ сайабылыанньа суруйа кэлбитэ. Биһиги бары үөрэххин салҕаа, дипломҥун ылан баран эһиил бараар диэн сүбэлии, көрдөһө сатаабыппыт. Ол эрэн Саша кытаанахтык быһаарыммыт этэ. Сашабыт биир сылын кэннэ хантыраак суруйан, салгыы сулууспалыы хаалбыт, ону төрөппүттэрин нөҥүө биһиэхэ тиэрдибит уонна эһиил кэлэн колледжпын хайаан да бүтэриэм диэн илдьиттээбит этэ.

Анал байыаннай дьайыыга биһиги Сашабыт бииргэ сулууспалыыр уолаттарын, доҕотторун быыһаан, бэйэтин олоҕун толук ууран туран дьоруойдуу оҕунна. Кини биһиги сүрэхпитигэр дьиҥнээх Дьоруой, төрөөбүт дойдутун көмүскээччи хорсун буойун буолан куруук тыыннаах сылдьыаҕа.

Евгения Александровна Скороходова:

– Мин 2021 сылга колледжка үлэлии сылдьыбытым, ОБЖ уруогун биэрбитим. Оччолорго саҥа үлэлии киирбит буоламмын, оҕолору билэттээбэт этим. Онон дьарык кэнниттэн хаалан билсиһэ таарыйа кэпсэтэр этибит. Мин болҕомтобун ыраас, аһаҕас харахтардаах уол ылбыта. Кини илиитэ биинтэлээҕэ, онуоха туох буоллуҥ, ким да атаҕастаабата дуо диэн ыйыппытым. Онуоха уолум, симиттибиттии, “суох, үлэбэр контейнер аанын алҕас сыыһа сабан эчэйдим” диэбитэ. Онно Александр үөрэнэр эрэ буолбакка, өссө үлэлиир эбитин, төрөппүттэригэр, балтыгар, быраатыгар көмөлөһөрүн билбитим. Кини мин ыйытыыларбар олус сэмэйдик эппиэттиирэ, онтон үлэлиирин, дьонугар көмөлөһөрүн, олоххо сөп көрүүлэрдээҕин хайҕаабыппыр, симиттибитэ. Кини ону туох эрэ улахан хайҕабыл курдук буолбакка, үлэлиирэ үөрэнэригэр мэһэйдээбэтин эппитэ.

Александр аармыйаҕа баран, эбиитин СВО  саҕаламмытыгар хантыраак суруйан дойдутун көмүскүү барбытыттан соһуйбатахпыт. Кини дойдутун чиэстээхтик көмүскүө диэн эрэммиппит.

Саша сулууспалыы сырыттаҕына куруук ийэтиттэн хайдах сылдьарын сураһар этим. Онуоха ийэтэ уолун ситиһиилэрин, хамандыырдара сыаналыылларын, грамота туттарбыттарын, байыаннай чаас салалтата төрөппүттэригэр уолларын дьоһуннук ииппиттэригэр махтал сурук ыыппытын туһунан киэн тутта кэпсиирэ. Онтон Сашабыт туһунан олус хомолтолоох сурах кэлбитэ. Бу сурах хас биирдии дьиэҕэ, хас биирдии ыалга ыар баттык буолан киирбитэ, барыбыт сүрэҕин долгуппута.

Ольга Васильевна Войная, уопсастыбаннай деятель уонна меценат, урбаанньыт:

– Саша биһиги кэлэктииппитигэр саҥа хороччу улааппыт уол оҕо кэлбитэ. Кини биһиги харахпыт ортотугар улаатан, эт тутан, эр киһи буолбута. Олус үлэһит, эр киһи хаачыстыбата барыта баара, олус эппиэтинэстээҕэ. Альбина Алексеевна уонна Николай Васильевич биһиги бөһүөлэкпитигэр элбэх төрөппүккэ холобур буолар ыал. Кинилэр үтүө санаалаах, эйэҕэс, көнө дьон буолан, Сашаны маннык ииппиттэрэ, төрөөбүт дойдутугар тапталга, бэриниилээх буолууга, аҕа саастаах дьону ытыктыырга, чугас дьоҥҥо ыарахан кэмҥэ көмөҕө кэлэргэ. Кини дойдутун көмүскүү барарын истэн соһуйбатахпыт, атыны толкуйдуу да барбатах буолуохтаах дии санаабыппыт. Чугастык билэр киһигин, эдэркээн оҕону сүтэрэр олус ыарахан, Саша биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах сылдьыаҕа.

Виталий, Саша тренерэ Сергей Николаевич Голубчиков уола:

– Сашаҕа үс сүрүн хаачыстыба баар этэ: түргэн, күүстээх уонна сымса. Аҕам Сергей Николаевич кини бэйэтин сааһыгар сөбө суох физическэй сайдыылааҕын, тулуурдааҕын, үлэһитин бэлиэтии көрбүтэ уонна тустуук быһыытынан дойдутун, Аллараа Халыматын чиэһин аатырдыа, бэйэтин аатын ааттатыа диэбитэ. Онон Сашаны көҥүл тустууга уһуйан барбыта.

Сергей Николаевич Сашаҕа улахан эрэллээх этэ, тренерин иитээччитэ буола сылдьан кини улахан уопуту ылбыта, өссө дьаныардаахтык, хаачыстыбалаахтык тустар буолбута, хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга оройуонугар, региоҥҥа да элбэхтэ бастаабыта, миэстэлэспитэ. Өссө да элбэҕи ситиһэрэ, кыайара хааллаҕа, дьылҕа кытаанаҕыттан абараҕын эрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...