27.01.2024 | 16:00

«Тимир» киинэ режиссера Николай Корякин

«Тимир» киинэ режиссера Николай Корякин
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха киинэтэ аан дойдуга билиннэ. Сылга хастыы да саҥа, ону ааһан хаачыстыбалаах киинэни устар таһымҥа таҕыстыбыт. Өссө аһара баран эттэххэ, анал режиссер, анал артыыс үөрэҕэ суох, көннөрү сүрэхтэрин баҕатынан устубут, оонньообут киинэлэрэ кытта дьон-норуот эрэ буолбакка, таһымнаах бэстибээллэр, күрэхтэр биһирэбиллэрин ылаллар. Ол биир чаҕылхай холобурунан биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт Николай Корякин (Айдын Ате) уонна кини устубут «Тимир» диэн киинэтэ буолар. 
Киинэ ааптарын кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит.

— Николай, «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

— Мин Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгиттэн сылдьабын. Үрдүк үөрэхтээхпин, кэтэхтэн Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун бүтэрбитим. Үөрэнэр кэммэр Маҕараска ыччат лиидэринэн, спорт инструкторынан үлэлээбитим. Ол кэмҥэ оҕолору КВН-ҥа бэлэмнээммин, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ кыттарбыт. Ити сырыттахпына бэлиэтии көрөннөр, Дьокуускайга Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар уһуйааччынан ыҥырбыттара. Манна биэс сыл кэриҥэ үлэлээн баран сыыйа киинэ эйгэтигэр көспүтүм.

— Айар эйгэҕэ көспүтүҥ биир туоһутунан айар ааттаммытыҥ буолар эбит. Айдын Ате диэн тугуй? 

— Оттон, сахалыы аат дии. Миэхэ барсар дии саныыбын.

— Мин билэрбинэн, эн бастаан киинэни анаарар (обзор), бэйэҥ интэриниэт ситимигэр балаһааккалаах эҥин этиҥ. Онтон эмискэ, үөрэтэ сатаан сылайбыт диэх курдук, бэйэҥ устан киирэн барбыккын.

— Уопсайынан киинэ эйгэтигэр хайдах кэллим диир буоллахха, онно барытыгар аан дойдуну аймаабыт коронавирус «буруйдаах». Дьиэ түөрт истиэнэтигэр хаайтаран олорон киинэлэри ырытар этим. Ону дьон: «Бэйэҥ сатаан устубат эрээригин, кириитикэлииргин эрэ билэҕин»,- диэн хомуруйара. Кыһыылаах ээ. Онон киинэ устан көрүөххэ баар эбит диэммин, киинэ эйгэтигэр ылсан барбытым. Ити сылдьан бэйэм ханаалбар киинэ устааччылартан интервью ыларым. Интэриэһиргээн, сэҥээрэн, Дмитрий Давыдовка киинэ устуутугар ылыаҥ дуо диэн көрдөһүүлээх суруйбутум. Ити кэмҥэ Дмитрий Давыдов «Эдэр саас»  киинэтигэр үлэлэспитим.

— Биир киинэни устаат - бэстибээл! Соторутааҕыта эрэ Москваттан «Зимний» киинэ бэстибээлиттэн кэллигит. Эбиитин илии тутуурдааххыт, «Бастыҥ режиссура» номинация кыайыылааҕынан ааттаммыккыт.

— Дьэ, оннук буолла. Ахсынньы 1-7 күннэригэр Москваҕа «Зимний» диэн кыһыҥҥы киинэ бэстибээлэ буолан ааста. «Дьэгинфильм» устар бөлөхпүн барытын кытта баран кэллибит, үчүгэйдик кытынныбыт дии саныыбын. Уопсайа аҕыс киинэ күрэхтэстэ. Биһиги «Тимир» киинэбит «Бастыҥ режиссура» номинацияҕа тигистэ, быһата, иккис миэстэни ыллыбыт диэххэ сөп. Бэстибээл, биллэн турар, олус чаҕылхайдык ааста. Киинэбитин бэстибээл кэмигэр көрдөрбүттэрэ. Сааланы өҥөс гыннахха, ытаабыт да дьон баара. Уопсайынан эттэххэ, саха киинэтиттэн элбэҕи кэтэһэллэр эбит, биһиги ону түһэн биэрбэтибит.

— Бэстибээлгэ Саха сирин киинэ оҥорооччуларын бэрт үчүгэйдик билэр буолуохтаахтар, эһигини хайдах көрүстүлэр?

— Кэтэһиилээх күндү ыалдьыттан итэҕэһэ суох көрүстүлэр, тиийээппитин кытта ытыс үрдүгэр түһэрэн, бары «оо, якутское кино» дии сылдьаллар.

— «Тимир» киинэҕит ис хоһоонун, ханна устубуккутун кылгастык кэпсээ эрэ. Бу эн бастакы киинэҥ, бэйэҕэр төһө сыһыаннааҕый?

— Оҕону иитиигэ төрөппүт сыһыанын, чуолаан аҕа оруолун көрдөрөр киинэ. Тимир диэн ааттаах тулаайах хаалбыт уол оҕо туһунан. Сүрүн оруолу Горнай улууһун Маҕарас оскуолатын үөрэнээччитэ Альгис Данилов толордо. Киинэ жанра комедия-драма диэн. Онон сорох түгэннэргэ киһини толкуйдатар, сорох түгэннэргэ күллэрэр. Дьиэ кэргэн барыта көрөрүгэр диэн уһуллубут. Оттон устуулары Горнай улууһугар ыыппыппыт. Бастаан устарым саҕана бэйэбэр букатын сыһыана суох дии саныыр этим, онтум, кэлин толкуйдаан көрдөхпүнэ, сыһыан курдук сыһыаннаах эбит. Ол курдук, киинэ устаргар син биир, өйгөр хатана сылдьалларынан, тус олоҕуҥ түгэннэригэр сигэнэр эбиккин.

— Николай, киинэҕэ режиссер диэн тугунан дьарыктанар киһиний?

— Уопсай хартыына дириэктэрэ буоллаҕа дии, ол эбэтэр көрөөччү экраҥҥа көрөрүн барытын кини көрдөрөр, тириэрдэр. Оттон продюсер ордук тэрээһин өттүгэр үлэлэһэр.

— Артыыстаргын хайдах таллыҥ? Эбэтэр артыыһы булар судургу дуу?

— Маҥнай сценарийбыт омук артыыстарыгар сигэммитэ, бу балар оонньуохтарын сөп диэн. Онтон кинилэргэ майгынныыр саха артыыстарын көрдөөбүппүт. Артыыстары сүүмэрдиир уонна кинилэри кытта үлэлэһэр судургута суох эбит. Хас биирдии киһиэхэ туспа бириэмэ аныахха, болҕомто ууруохха, сирэй көрсөн кэпсэтиэххэ наада.

— Киинэ устарга үтүмэннээх үп наада дииллэр. Эн киинэҕин кимнээх үбүлээтилэр?

— Бастатан туран, биһигини «Синет» хампаанньа салайааччыта Арсен Томскай өйөөбүтэ. Ол кэннэ Горнай баһылыга Никита Викторович Андреевка тиийэн эмиэ өйөбүл ылбытым. Маны таһынан култуура министиэристибэтэ 300 тыһ. солк. көмөлөспүтэ. Биирдиилээн көмө оҥорбут тэрилтэлэр, урбаанньыттар бааллар.

— Үчүгэй киинэни хас сыл усталларый?

— Үчүгэй киинэ хас сыл уһулларынан кээмэйдэммэт. Биир да күн иһигэр киинэ устуохха сөп. Ортотунан ыллахха, икки сыл буолуон сөп.

— Бу иннинэ «Убаһа этэ» диэн киинэлээххин билэбин. Ол киинэни дьон хайдах ылынна дии саныыгын?

— Бастаан дьоннор соһуйбуттара быһыылаах... Ол эрээри син интэриэһи тарта диэн көрөбүн. Быһата, көрөөччү ылыммыта.

— Аныгы үйэҕэ «хейтердэр» диэн баар буоллулар. Манна эн сыһыаныҥ хайдаҕый?

— Мин санаабар, «хейтердэр» баар буолуохтаахтар. Наадалаах дьон. Арааһы суруйаллар – хайҕыыллар да, сэмэлииллэр да, сүбэлииллэр да, кириитикэ да элбэх. Миигин оччо айылаах хейттыы иликтэр эрээри, кинилэргэ улахан болҕомтону уурар наадата суох дии саныыбын.

— Туохтан иэйиини ылаҕын?

— Иэйии арааһынайдык киирэр - үчүгэй киинэ көрдөхпүнэ, тугу эрэ уруккуну-хойуккуну  санаан ыллахпына, сынньаннахпына.

— Ханнык литератураны ааҕаҕын?

— Кэнники кэмҥэ улаханнык аахпаппын диэххэ сөп, саха классик суруйааччыларын айымньыларын сөбүлүүбүн. Билигин норуодунай суруйааччы Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаанын ааҕа сылдьабын.

— «Тимир» киинэҥ нөҥүө көрөөччүлэргэ тугу этиэххин, тиэрдиэххин баҕараҕын?

— Наһаа оннук тугу эрэ этиэхпин баҕарабын диэн буолбатах, киинэҕэ этэрбин эппитим, көрөөччү бэйэтэ быһаарыаҕа дии саныыбын.

— Саха киинэтин инники сайдыытыгар туох этиилээххиний?

— Үчүгэй киинэлэр тахса туруохтарын баҕарабын. Хас биирдии улууска, нэһилиэккэ киинэ платформата баар буоларын ситиһэллэрэ буоллар. Анал, саха киинэтигэр сыһыаннаах стриминговай балаһаакка баара буоллар.

— Николай, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Саҥа сылга саҥа ситиһиилэри баҕарабын.

— Махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...