08.09.2022 | 10:00

Тиэргэммит үөрүүбүтүн үрдэттэ

Киин куоракка 75 тиэргэн территориятыгар тупсарыы үлэтэ ыытыллар диэн бу иннинэ суруйбуппут. Бүгүҥҥү нүөмэргэ бу күннэргэ аһыллыахтаах эбийиэктэри сырдатабыт, туох үлэ барбытын билиһиннэрэбит.
Тиэргэммит үөрүүбүтүн үрдэттэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Санатан эттэххэ, Дьокуускай куорат тиэргэннэрин тупсарыы үс бырагырааманан үбүлэнэр. Үлэ уопсай суумата 669 363 897,08 солк. тэҥнэһэр, ол иһигэр:

✓ «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырагырааманан – 236,96 мөл. солк.;

✓ СӨ Ил Дарханын «Мин тиэргэним» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматынан – 150,04 мөл. солк.;

✓ «Киин куораты тупсарыы үс сыла» Дьокуускай куорат бырагырааматынан – 281,26 мөл. солк.

Үлэ уопсай болдьоҕо алтынньы 31 күнүгэр диэри салҕанар. Дьокуускай куорат үбүлүөйдээх күнүн көрсө үс аадырыска үлэ түмүктэммит. Автодорожнай уокурукка – Птицефабрика оройуонун 6,7; Чкалов уул.,1; Крупская уул., 21, 23 уонна Автодорожнай уул., 40/5, 40/6.

 

Автодорожнай уокурукка — 3 комплекс

— Бэдэрээтчитинэн "Основа» ХЭТ үлэлиир.

— Хантараак уопсай суумата – 78,88 мөл. солк.

— Бырайыактааһын үлэтин ИП Атласов В.Г. оҥордо.

Үлэ саҕаланыан иннинэ

Птицефабрика оройуона

Птицефабрика оройуонун 6, 7 дьиэлэригэр көтүрэр, территорияны былааннааһын, аспааллааһын уонна тротуардары оҥоруу үлэлэрэ толорулуннулар.

Учаастак уопсай иэнэ – 4529 кв.м.

2576 кв. м суол аспаалламмыт.

Тротуарга 773 кв.м. билиитэ ууруллубут, бордюр – 697 миэтэрэ.

Оҕо оонньуур балаһаакката – 408 кв.м.

Спортивнай балаһаакка – 312 кв. м.

Воркаут-балаһаакка – 197 кв.м.

Маны таһынан спортивнай тренажердар, анал тэриллэр-тээбириннэр, сабыс-саҥа ыскамыайкалар уонна бөх быраҕар ууруналар туруорулуннулар. 

Үлэ бүппүтүн кэннэ

Николай:
— Куорат бу оройуона сайда турар. Суола да оҥоһуллар, дьиэлэр да тутуллар буоллулар. Саҥа балаһаакка, суол оҥоһуллубуттара туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри кыһыммыт маны тулутуо дуо диэн ыйытыы үөскүүр. Аспаалбыт этэҥҥэ турдар ханнык, олохтоохтор баҕас харыстыахтара. Билигин дьон өйө-санаата уларыйда. Аныгылыы толкуйдуур, үчүгэй олоххо-дьаһахха тардыһар уонна олорорго табыгастаах усулуобуйаны ирдиир буоллулар. 

Үлэ саҕаланыан иннинэ

Крупская уул., 21, 23, Чкалов уул., 1

Бу эбийиэккэ үгүс көтүрэр, территорияны хаттаан былааннааһын үлэтэ оҥоһуллубут, саҥа аспаал бүрүөһүнүн куппуттар уонна тротуардары оҥордулар.

Учаастак уопсай иэнэ – 3003 кв.м.

721 кв.м суолу аспаалламмыт.

Тротуарга 368 кв.м билиитэ ууруллубут, бордюр –  476 м.

Суол иэнэ – 158 кв. м.

Оҕо оонньуур балаһаакката – 194 кв.м.,

Спортивнай балаһаакка – 370 кв.м.,

Воркаут-балаһаакка – 190 кв.м.

Үлэ бүппүтүн кэннэ

Алексей:
— Бу сайыны быһа үлэ ыытылынна. Саҥа ыскамыайкалар, оҕо оонньуур балаһаакката турдулар. Бэйэм эппин-хааммын көрүнэр буолан, күн ахсын саҥа тренажердарга тахсан дьарыктанабын. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, олохтоохтор наһаа үөрдүбүт. Кытаатан алдьаппакка, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха, бу тэриллэрбит-тээбириннэрбит уһуннук сулууспалыыллара буоллар. Бэрт түргэн-тарҕан тутааччылар эбит, сорох боппуруостары тута миэстэтигэр дьүүллэспиппит. Куорат баһылыга, салалта куруук хонтуруоллуу сылдьыбыттара ордук кэрэхсэбиллээх.

Үлэ саҕаланыан иннинэ

Автодорожнай уул., 40/5, 40/6

Манна үөһэ ааттаммыт үлэ барыта оҥоһуллубут. Уопсай үлэ кээмэйин кэпсээтэххэ:

Учаастак уопсай иэнэ – 4911 кв.м.

3071 кв.м суол аспаалламмыт.

Тротуарга 701 кв.м билиитэ ууруллубут, бордюр – 751 м.

Оҕо оонньуур балаһаакката – 343 кв.м.,

Спортивнай балаһаакка – 390 кв.м.,

Воркаут-балаһаакка – 154 кв.м.

Үлэ бүппүтүн кэннэ

Лена:

Бэрт тэтимнээх үлэ ыытыллан түмүктэнэн эрэр. Чахчы, куорат үбүлүөйдээх күнүн көрсө олохтоохторго да, куорат да дьонугар дьоһун бэлэх буолла. Түгэнинэн туһанан, хаһыат нөҥүө куорат салалтатыгар махталбын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...