17.04.2020 | 10:59

Тиһэҕэр диэри суруйар эрэ баҕалааҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Норуот суруйааччыта Егор Петрович Неймохов 70 сылын туолбут кэмигэр Санкт – Петербург куоракка огдооботугар Мария Петровна Неймоховаҕа төлөпүөннээбитим. Уруккуну-хойуккуну истиҥник санаспыппыт. Аҕыйах хоноот, бассаабынан Егор Петрович олоҕун тиһэх күннэрин туһунан ахтыы ыыппыта: улахан киһи олоҕун аргыһа дьоһун. “Ити саҥа суруйдум. Олох да, эн эппэтэҕиҥ буолар, суруллубат этэ. Информационный повод”,- диэбит. Итинтэн дьоҥҥо атын да үтүөнү көҕүлүү сылдьарбыт буоллар диэн санаа үөскүүр.

Уйбаан Удун

''1974 сыллаахха мин Бүтүн Союзтааҕы турнир кэнниттэн 'Эдэр коммунист'' хаһыакка Вячеслав Карповы кириитикэлээбит аньыылаахпын. Оччолорго өйдөбүлбэр – Вячеслав, наһаа эдэриттэн, хайҕаммытын, арбаммытын уйбакка, куһаҕан дьаллыкка ылларан, маннык мөлтөхтүк тустар буолла диэн этэ. Ол кэмтэн 37 сыл ааспытын кэнниттэн эргитэ санаан көрдөххө, мин киһи уустук дьылҕатын билбэккэ, ис дьиҥэр киирбэккэ, үрдүттэн өйдөөҕүмсүйбүт эбиппин. Онон, Вячеслав Павловичтан ол алҕаһым иһин, хойутаан да буоллар, бырастыы гынарыгар көрдөһөбүн''.

Егор Петрович ити бырастыы гыннарар тыллары Вячеслав Павлович Карпов ''Ат өрөҕөтүнэн, уорҕатынан олох'' диэн кинигэтин уус-уран суруйуутугар киллэрбитэ. Дьэ, ити буолар киһилии сыһыан диэн. Кумир оҥостубут Слава Карпова хотторбутуттан кыһыйан суруйдаҕа буолуо. Үрдүттэн үөҕэрбитин эрэ билэр адьынаттаах буоллахпыт. Ону сатаан көннөрүнүөххэ наада.

Ити кинигэни Ороһооспо өрөбүлүгэр үксүн бэчээттээбитэ. Магнитофоҥҥа Карпов ахтыбытын сурукка тиһэн. Онно наһаа илистибитэ быһыылааҕа да, таһыгар биллэрбэт этэ. Уопсайынан, Егор Петрович хаһан да мөлтөх курдук дьоҥҥо көстүөн баҕарбат мөккүөннээҕэ. Баҕар, ол үйэтин тухары туйгуннук үөрэммититтэн сэдиптээн ''отличник синдрома'' буолуон сөп. Туохха да иннин биэрбэт сыралаах. Ол да иһин, ыарахан ыарыыга бэриммэт санааттан, олох инники күөнүгэр сылдьабын диэн күүскэ үлэлээн, сүрүн айымньыларын инбэлиит буолан олорон суруйдаҕа. Инбэлиит диири олох сөбүлээччитэ суох.

Нефролог быраастар киниэхэ наһаа махтаналлара. Бу нефролог быраас А. Максимова ахтыбыта: ''Егор Петрович бэйэтэ да билбэтинэн буолуо, биһиги, нефрологтар, ол аата бүөр быраастарын үлэтигэр наһаа улахан көмөнү оҥоро сылдьар. Бүөр ыарыылара 70% биллибэтинэн бүөрү сииллэр. Ол аата хайыы-сах бүөр үлэтэ тохтообутун кэннэ биирдэ киһи билиэн сөп, бүөрэ ыарытыйбытын. Онон: ''Эн бүөрүҥ үлэлээн бүппүт, гемодиализка киирэҕин, ол аата искусственнай бүөргэ эбэтэр бүөрүҥ уларытыллыа'', - диэни истэр ыарыһахтарга сүрдээх уустук буолар, өйдөрүгэр-санааларыгар ыараханнык киирэр. Маннык суолу истэн баран, ыарыһахтар бэйэлэригэр да тиийинэн кэбиһиэхтэрин сөп. Онно Егор Петрович олоҕо үтүө холобур. Америкаҕа дуу, ханна эрэ Москваҕа дуу маннык түгэн баар диэн кэпсээбэппит, бу биһиги аттыбытыгар баар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киһи маннык ыарыыга ыалдьан баран, айымньылаах үлэтигэр үрдүк ситиһиилэммитэ диэн холобур оҥостобут. Кини ыалдьа сытан бу ыарыыны кытары хайдах охсуспутун, ис дууһатынан хайдах ыарыыны утары турууласпытын дьоҥҥо тиийимтиэтик суруйбутун, санаалара түспүт эдэр ыарыһахтарга кини кинигэтин хайаан да ааҕыа этигит, ити кинигэ эһиэхэ сүрдээх көмөлтө буолуо этэ диэммин, ааҕалларыгар сүбэлиибин''.

Егор Петрович тустуук доҕотторугар наар көмөлөһө сатыыр этэ. Ол курдук Павел Пинигин ''Олимпаҕа айан'' кинигэтин литературнай суруйуутун оҥорбута. Ол кинигэни суруналыыс Вячеслав Степановы көрдөһөн, нууччалыы тылбаастаппыта,  Петр Попов кинигэтигэр үлэлэспитэ. Кэлин тустууга олох сылдьыбат этэ, солото да суоҕа буолуо, атын үлэтэ элбэҕэ, ыарытыйар буолан, күнэ-дьыла да кэмчитин өйдөөн эрдэҕэ. Ол эрээри оччотооҕу тустуук доҕотторун кытта сибээһин быспат этэ. Петр Попов, Вячеслав Карпов, Павел Пинигин, Роман Дмитриев, Александр Иванов, Михаил Друзьянов, Гаврил Троев уо.д.а. истиҥ доҕордоро этэ.

Өлөр сылыгар саас ыам ыйыгар Медкииҥҥэ доруобуйатын көрдөрбүтэ, анаалыстара барыта, биохимията кытта, үчүгэй этэ. Сүрэҕин көрдөрүөн, кардиолог-быраас уоппускаҕа буолан биэрбитэ. Мин кинини ''Кардиологияҕа киирэн сытыаҥ, чинчиттэриэҥ этэ, -  диирбин, - ''Чэ, бээ, уоппускаҕа бардахпына, от ыйыгар'', - диэхтээбитэ. Ол от ыйыгар 'Бичиктэргэ'' детектив суруйуох буолан тылын биэрбитэ. Өссө ''Тааттаавтодор'' салайааччытыгар, доҕоругар И.И. Бочониҥҥа суолу оҥорооччулар үлэлэрин-хамнастарын туһунан кинигэ суруйуох буолбут этэ. Ол кинигэни Мэҥэ Алдантан сылдьан суруйуом диэбитин Иван Иванович ылынан, массыынанан хааччыйыах буолан эрэннэрбитэ. Дьэ биир уоппускаҕа баһырхай былаан дии. Икки кинигэ суруйуута, онуоха эбии балыыһаҕа обследованиеҕа сытыы. Дьиҥинэн, балыыһаҕа киирэр санаата суоҕа, миигин эрэ уоскутаары эппитэ быһыылааҕа. Уоппуска да хонуга биллэр, балыыһаҕа киирэр санаата суох буолан, икки кинигэни суруйарга сөбүлэстэҕэ. Миигин, олох баҕата суох киһини, үнтү хаайан суоппар курсугар үөрэттэрэн, права ылларбыта. Кыра массыына ылан, иккиэн массыынанан сылдьыахпыт диэн ыраланара. Дьэ итинник былаан бөҕөлөөх киһи бэс ыйын 25 күнүгэр, ыһыах күн, даачабытыгар баран истэхпитинэ, үөрэ-көтө кэпсии иһэн, эппит тылын ситэ саҥарбакка, умса баран түспүтэ. Иҥнэн оҕуттаҕа диэн тардыалыыбын. Ол иннинэ суумканы икки өттүттэн тутан испиппит. Урут хаһан да миэхэ тутуһуннарбат бэйэтэ, тоҕо эрэ аҥаар өттүттэн тутарбын көҥүллээбитэ. Баҕар, мөлтөх соҕуһун билиммитэ дуу, билбэтим. Өссө ол иһэн ыалбыт, нуучча дьахтарын көрсөн, дорооболоһон аастыбыт. Онно кинини көрөн наһаа аһынна, олус да мөлтөөбүт диэн. Бэйэтэ субу өлөн охтоору сылдьан, киһи аһыныылаах. Ол иннинэ киэһэ Мэҥэ Алдантан бииргэ төрөөбүт кыра балта Тоня кэлбитэ. Онно наһаа үөрбүтэ- көппүтэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Олох тупсан хаалбытын бэлиэтии көрбүтүм. Сарсыарда, тураатын, ыксат да ыксат буолбутугар, ''Ээ, чэ, бэйэҥ бар, биһиги Тонялыын хойутуу барыахпыт'', - диэбиппин ылымматаҕа. Суумканы тутаат, инникилии турбута. Дьиэбититтэн автовокзал чугас, ньачаас тиийдибит. Оптуобус хоҥноору турарын, сүүрэн ситэн олорустубут. Олорор миэстэ суох, субуота күн киһи толору буоллаҕа. Оптуобуска туран өйдөөн көрбүтүм, киһим куччаан хаалбыт. “Тыый, миигиттэн улахан буолара, хайдах итинник кыччаата, бээ, даачаҕа тиийдэхпитинэ, тэҥнэһэн көрүөхпүт” диэн мэник санаа охсуллан ааста. Аны санаатахха, орто дойдутуттан букатыннаахтык барар ыйааҕа тирээн кэлбит эбит. Ону үтүө киһи дьиэтин да, даачатын да куһаҕаннык санатымаары, сир ортотугар оҕуннаҕа. Ол иһин ыксаатаҕа, балта баарына, миигин куттаамаары бардаҕа. Тыын киллэрэ сатаатыбыт да, хантан сатыахпытый. Тоня үрдүк үөрэхтээх биолог киһи, моонньун тутан тыына быстыбытын тута быһаарбыт этэ да, миигин харыстаан, эппэтэх эбит. Борисов Егор Афанасьевич кэргэнэ Прасковья Петровнаҕа эрийдим. Дьонум ыһыахха баран иһэллэр эбит, «скорай» ыытта, «Таҥараттан көрдөс» диэтэ. Ол «скорайы» көрсө трассаҕа сүүрдүм. Быраастар, нуучча уолаттара кэлэн, реанимациялыы сатаатылар да, кыайбатылар уонна бэйэҕит илдьээриҥ диэтилэр быһыылаах, хомунан баран хааллылар. Арай онно иһиттэхпинэ, ким эрэ ис-иһиттэн эҥсэн сөҥ куолаһынан ытыыр саҥата иһиллэр. Ким буоллаҕай диэбитим. Онтон өйдөммүтүм, ол бэйэм эбит. Итинник суон куоластаахпын билбэт да этим. Онтон «скорайбыт» төннөн кэлэн ылла. Аны санаатахха, Прасковья Петровна барахсан дьаһайан, төттөрү ыыттарбыт буолуохтаах. Сир-халлаан икки ардыгар аҕабыт өлүгүн аттыгар тугу да гынарбытын билбэккэ, соҕотоҕун туран хааллахпыт. Доҕотторугар эрийдим. Сэмэн Руфов ыһыахха баран иһэбин, оптуобуска симиллэн, диир. Виталий Андросов барахсан ол түүн ииппит уола суорума суолланан, бэйэтэ ыар аһыыга ылларан сылдьар эбит. Лукин диэн авиатор табаарыһын эрэ буллум. Кини кэлэн арыаллаан, аҕабытын Медкииҥҥэ морга уктубут. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, ийэтинэн биир дойдулааҕа А.А. Стручков бэрэссэдээтэллээх бырабыыталыстыбаннай хамыыһыйа тэринэн, барытын дьаһайдылар. Саха театрыттан таһаардыбыт. Управделам Кожевников дьаһайан, хоруоппутун мас дьааһыкка уктубут. Онно, дьиктитэ диэн, Прасковья Петровна ол дьааһыкка анал таҥаһынан түһэриҥ диэбитин иһин, хоруобу аһан таҥаһы көрдөттөрдүм да, булбатылар. Онон көннөрү быанан уктубут. Өрүс пордугар бардыбыт. Парому кэпсэтэннэр, күүтэн турар эбит. Аара Кальвицаҕа дьиэбит аттыгар тохтоон аастыбыт. Соһуйуом быатыгар, паромҥа Петербурга көрсүбүт Ф. айаннаан иһэр эбит. Биирдэ Егор Петровиһы таптыыбын диэн ытаан турардаах. Хайдах оннук анаабыт курдук Егор Петровиһы сөбүлүүр дьон тиһэх суолугар атаарар курдук сөп түбэспитин сөҕө саныыбын. Ханна да тохтообокко айаннаатыбыт. Томпо кыраныыссатыгар Мэҥэ Алданнар көрүстүлэр. Онтон кубус-кураанах трассаттан дэриэбинэҕэ туоруур суол ибис-инчэҕэй. Курулас ардах кутан ааспыт. Өссө ол киэһэ дьоммут дьиэтин ким эрэ тоҥсуйбут. Эдьиий тахсан көрбүтэ, ким да суох үһү. Сүрдээх улахан холорук тыал түһэн, ардах курулаппыт. Онтон аҕабытын дьиэҕэ киллэрбиттэрин кэннэ «соттор ылыахха наада, сотторун укпатахтар этэ» диэбиппэр, “бу сылдьар дии” диэн хоруоп иһиттэн соттордору булан таһаардылар. Дьиибэ баҕайы. Ол аата иккиһин түһэрбэтиннэр диэн аньыырҕаан анал соттордору кистээтэҕэ дуу, билбэтим. Сарсыныгар Култуура Дьиэтигэр бардыбыт. Арай олбуор иһиттэн ытамньыйбыт учуутала Пантелеймон Романович Дарбасов тахсан иһэрин көрдүм. Аҕам саастаах саха эр киһитэ ытамньыйбытын урут көрбөтөх буолан соһуйбутум.

Мэҥэ алданнар бары да уолларын аһыйбыттара, баар-суох соҕотох суруйааччылара буоллаҕа.

Мария Неймохова

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...