08.03.2022 | 18:00

Таптыыр кэргэммин куруук саныыбын...

Таптыыр кэргэммин  куруук саныыбын...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Антонина:

– Мин олоҕум киһи ымсыырбат олоҕо да буоллар, билигин дьоллоохпун дии саныыбын.

Оскуолаҕа киирэн баран, өссө кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьан бирээмэ сэттэ-аҕыс сыл аҕа киһини таптаабытым. Тапталым, биллэн турар, миигин хантан көрүөй, оскуола кэнниттэн сопхуоска үлэлии сылдьан аармыйаҕа барбыта. Онтон кэлэн тырахтарыыстыы сылдьан бэйэтин саастыыта кыыһы кытта ыал буолбута.

Мин улаатан, дьон этэринэн, тупсаҕай көрүҥнээх кэрэ кыыска кубулуйбутум. Уолаттар сүгүн хаамтарбат да этилэр, ол курдук табаарыс, таптыыр уолаттар баар буолан испиттэрэ. Оччолорго суругунан, саҥа дьыллааҕы баҕа санаа альбомугар тапталы билинэр этилэр. Сорох ардыгар кыргыттар күнүүлүөхтэригэр диэри уол арай барыта миигин сөбүлүүр, таптыыр курдуга. Бэйэм сытыы-хотуу кыыс буолбатах этим, оскуолаҕа сылдьан биир уолу кытта ыкса доҕордоспутум.

Үөрэхпин бүтэрээт, кырдьаҕас төрөппүттэрдээх буолан, кинилэри көрөөрү, ханна да туттарса барбатаҕым, дойдубар ыанньыксыттыы хаалбытым. Дьэ ити кэмҥэ бастакы тапталым тырахтарыыстыыр этэ, сайынын үүт массыынатыгар үлэлиирэ, сайылыкпытыгар элбэхтэ тиэстэр буолбута. Онно урукку тапталым күөдьүйэн кэлбитэ, киһи хайдах да кистээбэт туругар киирбитим. Сэмэним эмиэ сэрэйбитэ, миэхэ “иирэн” кэргэнин, оҕолорун быраҕан, көһөн кэлбитэ. Мин саҕа дьоллоох дьахтар суох буолбута. Бырахпыт кэргэнин, оҕолорун харахтарын уута, миигин дэриэбинэ аҥаара үөҕүүтэ таах хаалбатаҕа быһыылааҕа. Дьиэ-уот туттан, быр-бааччы олорон, икки оҕолонон, бэйэ-бэйэбитин олуһун диэн өйдөһөн, таптаһан олордохпутуна, биир үтүө сарсыарда кэргэним барахсан хотонугар тахсан баран киирбэтэҕэ. Ол курдук кэлиргэтин аттыгар охтубутунан сүрэҕэ тохтоон тута барбыт этэ.

Хараҥа күннэр ааҥнаан кэлбиттэрэ, аньыым-харам арааһа иэстэстэҕэ буолуо дии санаатарбын да, оҕолорум тустарыгар олохпун салгыырга быһаарыммытым. Аны аҕыйах ый буолан билбитим, хат хаалбыт эбиппин. Үгүс уруута-аймаҕа суох, кырдьаҕас, көрүүгэ хаалбыт төрөппүттэрдээх сир-халлаан икки ардыгар туран хаалбытым. Арай өйдөөбүтүм, уот киниискэтин да сатаан толорбот эбиппин, хотоҥҥо ынахтарым ааттарын, ахсааннарын билбэт эбиппин. Барытын кини, барытын кэргэним, барытын аҕабыт толорон, оҥорон кэлбит. Миигин ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьара, кыра оҕолуу биэбэйдиирэ, атаахтатара, күннээххэ көрдөрбөккө, былыттаахха быктарбакка, харааннаан илдьэ сылдьыбытын дьэ билбитим.

Хайыамый, барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ да буоллар, бэйэ бодобун тардынан, кэргэним кэриэһигэр үһүс оҕобун күнү көрдөрөн син олох олорон кэллим.

Куруук саныыбын таптыыр киһибин, суохтуубун, алыһын диэн ахтабын, айманабын. Оҕолорум үөрэхтэнэн, үлэһит буолан, сиэн бэлэхтээтилэр, күнүм кинилэринэн тахсар, олоҕум салҕанар. Ол да буоллар кэргэммин олох умнубаппын, оҕолор аҕаларын төһө да кылгастык көрдөллөр, биллэллэр, куруук умуннарбакка кэпсиибин, киэн тутта сырыттыннар диэн олоҕун, үлэтин, бултаабытын-алтаабытын, буларын-таларын сэһэргиибин.

Кэлин бастакы кэргэнин оҕолоро улаатан, атын сиргэ да көһөн бардаллар, мин оҕолорбун булан, билсэн көрсөр, кэпсэтэр буолбуттара. Мин онно мэһэйдэспэппин, ыалдьыттыы кэлэллэригэр ыҥырабын, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэ, сүбэ-ама буола туруохтарыгар баҕарабын. Ол аата анараа бастакы кэргэнэ, оҕолоро миигин бырастыы гыммыт буоллахтара диэн суобаһым чэпчиэхчэ, туохтан эрэ ыар санааттан ыраастаммыт курдук сананан, билигин салгыы олоробун, мин олохпор көрсүбүт ыарахаттарбын, санаабын-онообун, хараҕым уутун ким да көрсүбэтигэр баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...