01.03.2022 | 16:44

Таптал... дьол дуу, сор дуу?

Таптал... дьол дуу, сор дуу?
Ааптар: Тапталаана
Бөлөххө киир

Татьяна Поскачина “ТабыллыбАт (бЫт) таптал” диэн учуутал диниэбинньигин киэбинэн суруллубут дьикти сэһэнэ бу күннэргэ бэчээттэнэн таҕыста.

Сааскы бастакы бырааһынньык, Аан дойдутааҕы Дьахтар күнүн көрсө бу чахчы өйү эрчийэр, дууһаны аймыыр, сүрэҕи өрүкүтэр, кэнэҕэски кэскили саныырга бастыҥ түрүөт буолла.

Ис хоһооно, ылан да көрдөххө, судургу. Тыа сиригэр учууталлыы кэлбит эдэркээн үчүгэйкээн кыыс үөрэтэр уолун кытта бодоруспутун, устунан ол сыһыаннара иэйиигэ кубулуйуутун туһунан. Оннук айылаах чаастатык да буолбатар, итинник түгэн олоххо баар буолан хаалааччы. Дьон уоһуттан түһэрбэккэ мөҥүттэрэ, эмиэ да аһынара, ол быыһыгар сүөлүргүүрэ эҥин диэн кулгаахха охсуллан ааһааччы буолбаат?

Оттон бу табыллыбыт дуу, табыллыбатах дуу таптал туһунан сэһэн учуутал кыыс күннээҕи сонунун быыһыгар бэлиэтэниитин быһыытынан   суруллубут. Итэҕэтиилээх, кэрэхсэбиллээх уонна киһини умсугутар күүстээх.

Оччотугар, аахпыт кэнниттэн маннык толкуй киһини тумнарар. Билиҥҥи омуннаах үйэҕэ аан ийэ дойдуга айдаан эрэ кэмэ суох. Аҥаардас Алла Пугачева Максим Галкинныын (төрөппүт оҕотугар тэҥнээх саастаах киһиэхэ эргэ бардаҕа) олоҕун тиһэх омурҕаныгар дьол диэн тугун билбитэ, оннооҕор оҕолорун төрөппүттэрэ, ол иитиитинэн дьарыгыраллара үүнэр көлүөнэҕэ туох холобуру көрдөрөрүн тула мөккүөр үксүөх курдук. Билигин, үтүктүһэ-үтүктүһэ, киһи барыта сааһын да, сылларын да аахсыбакка “таптаатылар да тайахтаахтарга тайанар” идэлэммиттэрэ үксээбитэ иһиллэр. Ол тугуй, сиэрдээх? Кэнэҕэскилээх? Итинник буолуохтаах? Саха да дьоно онтон ырааппат түгэннэрдээх эбиппит.

Онон, бу “ТабыллыбАт таптал” тоҕотун быһаарар кэм кэллэ. Оттон “ТабыллыбЫт таптал” буолбут буоллаҕына, иитэр-үөрэтэр эйгэ салайааччылара, уһуйааннара туох санаалаахтарын истиэх баҕа баһаам.

Сотору саас өрөспүүбүлүкэҕэ Учуутал чымаан мунньаҕа буолуо дииллэр. Онно кыттыгаһа суох уонна соччо таарыйтарбаттар араҥаларыгар да туһаайдахха, бассаапка учууталлар бөлөхтөрө үгүс, кэпсэтии тахсара уолдьаспыт диэм этэ. Ким туох санаалааҕын манна, киһи бары ааҕар хаһыатыгар, саайтка сайгыччы этинэллэрэ буоллар, туһата-көмөтө үксүөх эбит.

Доҕоттор, киһи киһини кытта кэпсэтэн өйүн-санаатын байытынар эбит буоллаҕына, эчикийэ ыалдьыспатах ыраатта биир остуолга олорон, атах тэпсэн олорон куолулаабатах ыраатта. Оннооҕор дорҕоон таһааран төлөпүөнүнэн да сэлэспэтэхпит омуна суох үһүс сылыгар барда. Оччотугар, бассаапчыттар, кытаатан ылаҥҥыт бу этэр кинигэбин ааҕыҥ уонна бииргэ түһүлгэтэ оҥостон кэпсэтиэҕиҥ диэн ыҥырабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...