Тамара Васильева: “Саха сирин Өймөкөөнүнэн билэллэр”
Тамара Егоровна Васильева 1947 сыллаахха Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Идэтинэн учуутал. Кыраайы үөрэтээччи, үлэ бэтэрээнэ, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах гражданина. Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ.
Тамара Егоровна Васильева 3 оҕо ийэтэ, 11 сиэн, 13 хос сиэн тапталлаах эбээлэрэ.
Өймөкөөн 100 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэниэ
Тамара Егоровна, үтүө күнүнэн! Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ уонна нэһилиэгиҥ туһунан сэгэтэн аас эрэ.
- Биология, химия, алын кылаас учууталынан үлэлээбитим. Биэнсийэҕэ тахсан баран дойдум историятын үйэтитиигэ үлэлии сылдьабын. Дириҥ историялаах улуус буоларынан, Өймөкөөнүм туһунан 9 кинигэни таһаартардым. Өймөкөөн улууһун киинэ билигин саха нэһилиэктэрэ түөлбэлээн олорор сирдэригэр 1920 сылтан Томторго, 1934 сылтан Өймөкөөҥҥө, 1954 сыллаахха Уус Ньараҕа көһүөр диэри кииннэнэн, салаллан олорбута. Дойдум бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлиэр диэри элбэх тургутууну, атаҕастабылы, күһэйиини ааспыта. Сут дьыллары, кырыымчык олоҕу, бандьыыттааһыны, “лазаревщина” дэнэр кэми, репрессияны, ГУЛАГ “архипелагын”, сэрии сылларын тулуйбута. Бу билиҥҥи кэмигэр тиийиэр диэри ыһыллыы-тоҕуллуу саҕана хас эмэ бөһүөлэк быраҕыллыытын, алдьаныытын-кээһэниитин, көмүһү хостооһун түмүгэр, күн бүгүнүгэр диэри айылҕабыт айгырааһынын, кэлиҥҥи сылларга ракета тобоҕун быраҕар полигон буола сылдьыытын барытын көрүстэ.
Өймөкөөн нэһилиэгэр төһө киһи олороруй?
- Оройуон киинэ эрдэҕинэ икки аҥаар тыһыынчаҕа тиийэ киһи олоро сылдьыбыта. 1934 сылтан 1954 сылга диэри Өймөкөөн нэһилиэгэ оройуон киинэ этэ. 1936 сыллаахха аһыллыбыт орто оскуола Өймөкөөҥҥө эрэ баара. Манна Томтор, Сордоҥноох, Тарыҥ, Төрүт, Үчүгэй нэһилиэк оҕолоро бары кэлэн, интэринээккэ олорон оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Ол кэмҥэ 360-чаҕа тиийэ оҕо үөрэнэр этэ. Онон хойукка диэри нэһилиэнньэбит ахсаана улахан этэ. Билигин сопхуос эһиллэн, ыһыллыы-тоҕуллу буолан, нэһилиэнньэ ахсаана аччаата. Бүгүҥҥү туругунан 900-чэкэ киһи олороро биллэр. Үс оҕо уһуйаана үлэлии турар. Быйыл Өймөкөөн улууһа тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир былаан баар. Нэһилиэкпит иннин диэки сайдар. Урут оһоҕунан оттон олорбут буоллахпытына, быйылгыттан кииннэммит ититиигэ толору киирээри олоробут. Оптоволокно кэллэ. Бу ыйга Кыайыы 75 сылынан Кыайыы скверин арыйаары сылдьабыт. Нэһилиэкпитигэр Арассыыйа таһымнаах “Зимний курорт” былааҥҥа баар, үбүн аҥаара көрүлүннэ. Бу сотору таас кулууп уонна улахан гостиница тутуллара былааннанар. Кулууппут тутуутугар үбэ барыта көрүллэн турар. Онон нэһилиэкпит кэскилэ киэҥ.
Ыччат көмүстээх артыалга үлэлиир кыахтанна
Ыччат олохсуйуута хайдаҕый?
- Булда-аһа дэлэгэйэ, салгына, уута ырааһа ыччаты син биир тарда турар. Уолаттарбыт барахсаттар дойдуларыгар, айылҕаларыгар тардыһаллар, кэлэ тураллар. Билигин нэһилиэкпититтэн элбэх ыччат вахтовай ньыманан көмүскэ үлэлии киирдэ. Онон үлэлээх-хамнастаах буоланнар, дьиэ-уот туттан, олохсуйаллар. Уолаттарбыт ыал буоллулар да, дьиэ туттан тигинэтэн бараллар. Урут үлэ суоҕа моһуоктуур этэ. Билигин, хата, көмүскэ анал бырагыраама киирэн, олохтоох ыччаттар көмүстээх артыалларга үлэлииллэр. Ыал буолуу, төрөөһүн кэминэн баар. Төттөрү түһүү суох.
Туризмҥа үлэлээбитим 15 сыла буолла
Туризм хайысхатыгар хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕыный?
- 2004 сылтан дьарыктанабын. Санкт-Петербургскай обсерваторияны кытта бииргэ үлэлээбит буоламмын, Өймөкөөн Тымныы полюһа буоларын бигэргэтэр докумуоннардаахпын. Өймөкөөммүн билиһиннэрэр сыалтан, туристары ылар буолбутум. 2019 сыл ахсынньы ыйга 15 сыллаах үбүлүөйбүн бэлиэтээтим. Онно араас дойдуттан 14 омук дьоно баара. Уопсайынан, бу билигин олорор дьиэбэр 75 араас омук дойдутуттан ыалдьыттаан, хонон-өрөөн, Өймөкөөн туһунан иформация ылан бардылар. 30-тан тахса документальнай киинэ уһуллулар. Онно көмөлөһөн, бу сыллар тухары бииргэ үлэлээн кэллим. Мин сүрүн соругум – аан дойду таһымыгар Өймөкөөн тымныы полюһа диэн бигэргэммит докумуоннары көрдөрөн, информация биэрии. Кыһыҥҥы кэмҥэ бэйэм хамаандабынан маршрут тэрийэн, кэлбит туристарга саха сылгытын, ынаҕын, муус аннынан балыктааһыны, фольклорнай кэнсиэри, тымныы полюһугар кэлэ сылдьыбыттарын туоһулуур Чысхаан сертификатын туттарыы буолар. Чысхаан бу тымныыны харыстаан олорор “хранитель холода” диэн аан дойдуга билиннэ. Туристарга кини сертификат туттарар. Саха аһын амсатабыт, өбүгэттэн кэлбит оонньуулары көрдөрөбүт. Спортивнай да буоллун, сахалыы да буоллун. Оннук бэйэм анал бырагыраамалаахпын, хамаандалаахпын. Бу 15 сыл устата бииргэ тутуһан, ситиһиилээхтик үлэлээн кэллибит. Онон Өймөкөөн туһунан сүрдээх элбэх информация аан дойду үрдүнэн бара турар.
Эн көмөҕүнэн Өймөкөөн туһунан сүрдээх элбэх документальнай киинэни устубуттар эбит.
- Саамай элбэх документальнай киинэни немецтэр уһуллулар. Кинилэр анал тиэмэнэн 13 документальнай киинэни уһуллулар. Манна кэллэхтэринэ күлээччилэр, эйигин нэдиэлэ ахсын телевидениеҕа көрөбүт диэн. Японецтар 8 документальнай киинэ устубуттара. Туристар ордук сахалыы астааһыны интэриэһиргииллэр. Икки киинэҕэ уһуллубутум. Бельгияҕа аатырбыт улахан рестораннаах повар киһи кэлэн, кэргэмминээн сахалыы астыырбытын уһулбута. Былырыын туристар Сингапуртан кэлэннэр, нэдиэлэ кэриҥэ буолбуттара. Саха аһын хайдах бэлэмниирбин көрдөрөр киинэҕэ уһуллубутум.
Омук туристара үөрэ миинин сөбүлээн амсайаллар
Омук сириттэн кэлбит туристар саха бүлүүдэтиттэн ордук тугу сөбүлээн амсайалларый?
- Дьэ, үөрэ миинин сөбүлээн иһэллэр. Ынах иһигэр от эбэн, үөрэбитин астыыбыт. Ону таһынан биһиэхэ “родиола розовая” диэн женьшеҥҥэ майгынныыр үүнээйилээхпит. Ол силиһин хатараммыт, күөрчэххэ буккуйан сиэтэбит. Уопсайынан, саха аһын сүрдээҕин интэриэһиргииллэр. Аспыт сибиэһэй, олохтоох бородууксуйаттан оҥоһуллар. Аспытын оҕолорбун кытта бииргэ астыыбыт. Оҕолорум бары манна олороллор. Онон дьиэ кэргэн бизнеһэ диэххэ сөп.
Тамара Егоровна, ханнык фирмалары кытта үлэлэһэҕиний? Дьыл ханнык кэмгэр туристар кэлэллэрий?
- Биһиэнэ сыллааҕы туризм диэн буолбатах. Туристар саамай тымныы үгэнигэр – тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарга ордук элбэхтик кэлэллэр. Онно тымныыбыт 50 кыраадыска тиийээччи. 10 туристическай фирманы кытта бииргэ үлэлиибин. Саха сириттэн 4 турфирма, Пекин, Япония, Хабаровскай Магадан, Иркутскай, Москва турфирмаларын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибин. Туристар тылбаасчыттаах кэлэллэр. Фирмалар туристарын массыынанан бэйэлэрэ аҕалаллар. Мин үлэм сүнньэ дьиэбэр түһэрии, аһатыы уонна маршрут тэрийиитэ буолар. Билигин саҥа дьыллааҕы сайаапка номнуо киирэн сытар. Польшаттан туристары күүтэбит. От ыйыттан турфирмалар сайаапка биэрэн бараллар. Туристар ордук сөбүлээн Өймөкөөн нэһилиэгэр сынньана кэлэллэр. Манна нэһилиэкпитигэр бизнес эйгэтигэр сыһыаннаах дьон гостиница аһан үлэлэтэн эрэллэр. Тас дойдуттан кэлбит сорох туристар “биһиэхэ толору хааччыллыылаах гостиница буолбакка, дьиэтээҕи усулуобуйа наада диэн эрдэттэн баҕаларын этинэллэр. Миэхэ Америкаттан улахан банкир киһи уонна Германия фармацевтическэй тэрилтэтин бэрэсидьиэнэ кэлэ сылдьыбыттара. Кинилэр: “Биһиги толору хааччыллыылаах гостиницаны, асфалы, маһы ханна баҕарар көрүөхпүтүн сөп. Биһиэхэ дьиҥнээх дьиэтээҕи усулуобуйа уонна дьону кытта уопсай судургу кэпсэтии наада. Атын сиргэ туристыы бардаххына, чоппууска оҕолоро ийэлэрин эккирэтэ сылдьарын курдук гид кэнниттэн эккирэтэ сылдьан тугу да көрбөккүн. Биһиги дьону кытта боростуойдук кэпсэтэри сыаналыыбыт”,- дииллэр. Дьиҥнээх тыа сирин олоҕун иһиттэн билии, киһини кытта боростуой кэпсэтии, дьэ бу кинилэр сынньалаҥнарын сүрүн сыала буолар.
Мин дьиэм толору хааччыллыыта суох. Тыа ыалын сиэринэн рукомойникка суунабыт, туалеппыт таһырдьа баар. Ол иһин сорох туристар дьиэҥ усулуобуйатын уларытыма диэн көрдөһөллөр. Урут үксүн тас дойду суруналыыстара, телевидение үлэһиттэрэ кэлэр буоллахтарына, билигин дьиэ кэргэнинэн күүлэйдиир буоллулар. Холобура, Австралияттан оҕолордоох ыал сынньанан барбыттара. Манна нэһилиэкпитигэр аҕыйах миэстэлээх уонна Томтор нэһилиэгэр толору хааччыллыылаах гостиница аһыллыбыта. Сорохтор онно түһэллэр. Миэхэ үксүн “экстремал” туристар сылдьаллар. Кинилэр: “Биһиги тымныыга анаан кэлэр дьоммут. Онон олорор усулуобуйаҕын уларытыма. Маннык тымныы усулуобуйалаах дойдуга кэлэрбитигэр, дьиҥнээх тыа сирин күннээҕи олоҕунан олоро, биһиги барытын тулуйуохтаахпыт диэн сыал-сорук оҥостион кэлэбит”,- дэһэллэр. Билигин туризм хайысхатыгар син болҕомо ууран эрэллэр. Мин дьиҥ туризмынан эрэ дьарыктаммакка, төрөөбүт Өймөкөөнүм аан дойду таһымыгар тахсарын туһугар сыаллаах-соруктаах, ис санаабыттан баҕаран туран үлэлэһэбин.
Ыалдьыттар киһи сыһыанын үрдүктүк сыаналыыллар
Туристар Өймөкөөн туһунан туох өйдөбүллээх баралларый? Ханнык маршрутунан сырытыннараҕытый?
- Олус үчүгэй өйдөбүллээх бараллар. Кинилэргэ манна барыта сонун буоллаҕа. Саамай сыаналыыллара киһи сыһыана. Кореяттан уолаттар кэлэ сылдьыбыттара. Бэйэлэрэ анал ютуб ханааллаахтар. Киһи да күлэр, онно аан дойдуга саамай үчүгэй хонор дьиэ Өймөкөөҥҥө баар диэн көрдөрөллөр. Ордук экстремал туристар элбэхтик кэлэллэр. Саха сылгытын көрдөрөбүт. Муус аннынан балыктааһыны тэрийэбит. Томтор нэһилиэгэр Чысхаан резиденциятыгар сырытыннарабыт. Фольклорнай кэнсиэр көрдөрөбүт. Өбүгэ төрүт оонньууларыгар кытыннарабыт. Остуол оонньуута, мас тардыһыыта. Кырата 2-3 хоноллор уонна дойдуларыгар төннөллөр. Кыраныысса таһыгар уоппускалара кылгас буолан, бириэмэлэрэ ыгым. Онтон киинэ уста кэлэр буоллахтарына, нэдиэлэни быһа сылдьаллар. Кэлиҥҥи сылларга туристическай маршруттар арыллан эрэллэр.
Онтон бэйэбит олохтоох дьоммут Өймөкөөнү төһө интэриэһиргээн кэлэллэрий?
- Улаханнык кэлбэттэр. Арай бу икки сыл буолла, Дьокуускай куораттан В. Местников салайааччылаах бөлөх саҥа дьыллааҕы бырагыраама оҥостон кэлэн, сынньанан бараллар. Биһиги айылҕабыт наһаа үчүгэй. Уопсайынан, туристар дьикти кыыл баар диэннэр, Лабыҥкыр күөлү сонурҕаан көрө кэлэллэр. Онно Александр Крылов туспа база тэринэн, анал маршруту үлэлэтэр. Биһиги Өймөкөөммүтүгэр интэриэһинэй сир элбэх. Хайаҕа тахсарга альпинизм көрүҥэ сайдыан сөп. Дьокуускай куораттан хирург-травматолог Г.И. Цыпандин хайалаах сирдэри үөрэтэн, “Муус хайа” диэн хайалаах сиргэ устудьуоннары аҕалан дьарыктыыр. Урут Өймөкөөҥҥө үлэлии сылдьыбыта. Онон туризмҥа бастакы хардыыны кини оҥорбута. Бу кэнники көрдөрүүнэн, Саха сиригэр саамай үрдүк “Муус хайа” биһиэхэ баар. Урут үрдүгэ 2959 м буоллаҕына, американецтар кэлиҥҥи кээмэйдээһиннэринэн 3000-тан тахса үрдүктээх хайа буолар. Хайа өрүһэ Индигиир бэйэтэ туһунан дьиктилээх. Биһиги муора таһымыттан үрдүк сиргэ олорор буоламмыт, үрэхпит таҥнары сүүрэр буолан, сүүрүгэ күүстээх. Индигиир өрүһэ аан дойдуга суох өрүс диэн билигин дакаастаан тураллар. Тоҕо диэтэххэ бу өрүспүт Чуумпу океаны уонна Хотугу муустаах океаны силбэһиннэрэр сүдү күүстээх. Өрүспүтүгэр дьарҕаа балык элбэх. Бу балык ыраас эрэ ууга үөскүүр. Күөллэрбитигэр кыһыл эттээх балыктар бааллар. Балыга сүрдээх ыраас дойдуга олоробут. Аһаҕас сиргэ балыктар элбэхтик мусталлар. Кыһын тоҥмот, аһаҕас дьүүктэ сирдэр бааллар. Ол аата сир анныттан сылаас уу тахсар. Өймөкөөн диэн тыл аата “өйүмү” (аһаҕас сир) диэн тылтан тахсыбыт. Аттыбытыгар баар Абый, Аллайыаха улахан балыктара, бүгүллэх таастар баар буолан, үөһэ кыайан өксөйбөттөр. Кэлин маннык аһаҕас сирдэргэ дьон-сэргэ сөтүөлүүр буоллулар, 4 кыраадыс сылаас сир. Тула өттүбүт барыта хайалардаах сир буолан, салгыммыт, уубут наһаа ыраас. Олохтоох астарбыт эмиэ экологическай өттүнэн ыраастар. Урукку сылларга Өймөкөөн Кавказ кэнниттэн уһун үйэлээхтэринэн 2-с миэстэҕэ сылдьар эбит. Саамай уһуннук олорбут киһибит 125 сааһыгар орто дойдуттан барбыта. Урукку дьоммут элбэхтик хамсаналлара уонна айылҕаны кытта алтыһаллара.
2023 сылга Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө ыытыллыа
“Өймөкөөн фольклора” диэн сүрдээх кэрэхсэбиллээх кинигэни таһаарбыккын. Билигин иккис кинигэҕин “Өймөкөөн олоҥхоһуттара уонна олоҥхолоро” диэн кинигэни бэлэмнии сылдьар эбиккин.
- Өймөкөөн Дьокуускайтан Охотскайга, Муомаҕа Абыйга, Халымаҕа эбэтэр, төттөрүтүн, ити сирдэртэн Дьокуускайга ааһааччылар тохтоон хонор, көлөлөрүн сынньатар элбэх киһи аалсыһар киинэ этэ. Онуоха өймөкөөттөр олоҥхоһута суох айанньыттар аттарыгар от биэрбэттэрэ. Онон кыһалҕаттан уонна улуустарынан куоталаһыы тыына, син оччоттон баар буоллаҕа, улахан олоҥхоһуттарын тиэйэ сылдьар буолаллар эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥэ сэттэтэ тиийэ сылдьыбыт биир биричиинэтинэн манна фольклор араас көрүҥэр элбэх матырыйаал сөҥө сытарын истибитин, билбитин-көрбүтүн сурукка-бичиккэ тиспитин кырдьаҕастарбыт ахтыыларыттан билэбит. Кини Сэйимчээҥҥэ ааһарыгар Хаастаах диэн сиргэ үс күннээх түүн олоҥхоһуттар куоталаһыыларын ыыппытын туһунан сурах баар. Кулаковскай кэнниттэн фольклорист Сэһэн Боло Өймөкөөҥҥө сылдьан хомуйбут архыыбын матырыйаалларыттан көрдөххө, түөрт олоҥхоһуттан 74 олоҥхону бэлиэтэммитэ да улаханы кэпсиир. Ол аата биирдии олоҥхоһут 20-чэлии олоҥхону өйүгэр тута сылдьыбыта хас биирдии киһини сөхтөрүөн сөп. Урут, үөрэхтээх киһи суоҕуна, устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах олоҥоһуттар, ырыаһыттар-тойуксуттар, кэпсээнньиттэр-сэһэнньиттэр айымньылара, онтон да атын фольклорга сыһыаннаах матырыйааллар сурукка тиһиллибэккэ төһөлөөх сүппүтэ-симэлийбитэ буолуой? Ону аны кэлэн туох эргитиэ баарай? Өймөкөөн фольклорун хомуйууга бу бастакы кинигэ буолар. Аны иккис кинигэни бэлэмнии сылдьабын. Соҕотох киһи улуус фольклорун барытын хомуйар, литератураттан булан ааҕар, түмэр кыаҕа суоҕа биллэр. Онон ким төһөнү булбутунан, дойдубут фольклорун үйэтитэн, кэннибититтэн хаалар кэнчээри ыччаппытыгар хаалларар ытык иэстээхпит. Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Сэһэн Боло үлэлэрэ кэлэр кэнчээри ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ өбүгэ суолун-ииһин, төрүччүтүн, фольклорун үөрэтэригэр көмө, тирэх буолуон баҕарабын. 2023 сылга Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕа буолуохтаах. Онон “Өймөкөөн олоҥхото” диэн кинигэм бэчээккэ тахсарга бэлэм сытар. Улууспар историческай өйдөбүл бэрэссэдээтэлэбин. Ол аата уруккуну үйэтитии диэн буолар.
Уруккуну үйэтитиигэ анаан үлэлэһэ сылдьар эбиккин.
- 1931 сыллаахха Охотскай муораҕа дылы барыта Өймөкөөн территорията этэ. Астара-таҥастара барыта атынан, табанан тиэллэн, хааччыллан олорбуттар. Ол сыл кыраныыссаны чуолкайдааһыҥҥа Халыма өрүскэ түһэр сэттэ туора үрэх дьоно, 80 хаһаайыстыба Магадан уобалаһыгар хаалбыт. Кинилэргэ төрүччүлэрин билсиһиннэрэр сыаллаах иккитэ бара сылдьыбытым. Бэйэм Дьокуускайдааҕы генеалогия, этнология институтун сэбиэтин чилиэнэбин. 1942 сылтан сэрии бүтүөр диэри 8 тыһыынча американскай сөмөлүөт Томторго түһэн ааспыта. Онно өлбүт лүөтчүк Сеймчаҥҥа көмүллэ сытар. Кыайыынан сибээстээн венок тиийэн ууруохтаахпытын пандемия мэһэйдээтэ, кыайан барбатыбыт. Уруккуну үйэтитиигэ үгүс үлэ барар. Билигин историябытыгар болҕомто ууруллар буолла. Учуонай уол Спиридон Слепцов Томтор аэропордун туһунан икки улахан кинигэни суруйан таһаарда. Бу сэрии кэмигэр “кистэлэҥ аэропорт” эбит.
Кини ыытар үлэтэ сыаналанан “Хоту сиргэ үтүөтүн иһин”, “Саха сиригэр туризм төрүттэммитэ 50 сыла” мэтээллэринэн, Саха өрөспүүбүлүкэтэ “Саха сирэ Арассыыйаны кытта холбоспута 380 сылыгар”, “Гражданскай килбиэн”, “Билии” уопсастыба “Үтүөнү билинии”, Өймөкөөн оройуонун 80 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах түөскэ анньыллар бэлиэлэринэн, СӨ Ил Түмэн бочуотунай грамотатынан, кыһыл көмүс чаһытынан, СӨ Предпринимательство уонна туризм министиэристибэтин, СӨ вице-бэрэсидьиэнэ Е.И. Михайлова, “ЭПЛ Даймонд фирма” махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ.
Бэчээттэммит кинигэлэрэ:
- 2005 сыл. “Оймякон – Полюс холода”
- 2010 сыл. «Өймөкөөннөр төрүттэрэ уонна кинилэр олохторо-дьаһахтара”
- 2011 сыл. “Полюс холода – Оймякон и его неразгаданные тайны”
- 2013 сыл. “Түҥнэстибэт төлкөлөөх, өлбөөдүйбэт Өймөкөөнүм”
- 2014 сыл. “Киһи буолбут суолбут”
- 2015 сыл. “Үйэни көрсө – баҕа санаа туолуута”
- Өймөкөөн фольклора
Сотору кэминэн бэчээккэ тахсыахтаах кинигэлэрэ:
- Өймөкөөн оскуолата
- Өймөкөөн олоҥхоһуттара уонна олоҥхолоро
- Фотоальбом: (сэрии сылын уонна детдом оҕолоругар анаан)