Табахтан аккаастанарга норуот ньымалара
Бүгүн, ыам ыйын 31 күнэ – аан дойдуга табахтан аккаастанар күн. Бу күнү 1988 сыллаахха Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ олохтообут. Сыл ахсын табахтан аккаастанар күҥҥэ үгэс быһыытынан куһаҕан дьаллыгы кытта охсуһар араас аахсыйалар, табах буортутун туһунан өйдөтөр бэсиэдэлэр буолаллар.
Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин дааннайдарынан, табах тардыы мөлтөх доруобуйа уонна эрдэ өлүү биир сүрүн төрүөтүнэн буолар эбит. Ол курдук, статистика көрдөрөрүнэн, табах киһи олоҕун 20 сылынан кылгатар үһү.
Табахсыттар хас бырыһыан, ханнык ыарыыттан өлөллөрүн ырыта барбакка, дьону куттаабакка, куһаҕан дьаллыктан босхолонуон баҕарар дьоҥҥо химията суох норуот ньымаларын көрүөххэ. Маныаха эмтээх оттор туһалыыллар эбит.
Дьон үксэ уоскуйабыт дии санаан, кыыһырдахтарына, долгуйдахтарына табахтыыллар. Ол оннугар зверобой от уутун оҥостон иһиэххэ сөп. Ити от киһи ньиэрбинэй систиэмэтин уоскутар антидепрессант курдук дьайыылаах. Кини састаабыгар киһини уоскутар гиперицин баар. Аптекаттан атыылаһан, биир бакыаты итии уунан кутан чэй курдук күҥҥэ хаста даҕаны иһиэххэ сөп. Бакыаттамматах буоллаҕына 40г оту 200 мл итии уунан кутан баран күҥҥэ үстэ иһиллэр.
Эбиэс отун уонна сиэмэлэрин эти-хааны ырааһырдарга уонна табах дьаллыгыттан босхолонорго тутталлар. Киэһэ 20 г эбиэс сиэмэлэрин уонна отун 200 мл оргуйбутунан итии уунан кутан 1 чаас хаппахтаан туруорабыт, онтон сиидэлиибит. Сарсыарда 1 ыстакааны барытын иһэбит.
Киэһэ 200 г дьэһимиэни (ячмень) уонна эбиэһи 1 л уунан кутан хонноробут. Сарсыарда 5-8 мүнүүтэ бытаан уокка оргутабыт, сойутабыт, сиидэлиибит. Онтон күҥҥэ үстэ аһыах 1 чаас иннинэ 100 мл иһэбит. Хас да күн испит киһи табаҕы ылыммат буолар диэн суруйаллар.
Сорох бронханы ыраастыыр оттору табах курдук оҥостон тардыахха сөп. Холобур, розмарины илдьиритэн баран, табах иһигэр уган (иһинээҕитин тоҕон баран) тартахха, бронха ыраастанар.
Табахтан аккаастанарга 20 г суоданы 200 мл ууга суурайан, күҥҥэ хас да төгүл айаҕы сайҕана сылдьар эмиэ туһалыыр үһү.
Норуот ньымаларыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник, боруобалааҥ, туһаныҥ.