Табаҕалар икки бүк үбүлүөйү бэлиэтээтилэр
Ааспыт субуотаҕа, атырдьах ыйын 26 күнүгэр, Эргэ уонна Саҥа Табаҕалар туһааннааҕынан төрүттэммиттэрэ 280 уонна 65 саастарын бэлиэтээтилэр.
Үбүлүөйдээхтэри өрөспүүбүлүкэ уонна куорат былааһа күүскэ эҕэрдэлээтилэр. Дьокуускай куорат баһылыгын тыа хаһаайыстыбатын, эргиэни уонна урбааны сайыннарыы боппуруостарыгар солбуйааччы Владимир Аржаков Табаҕа ыстаансыйатын дьаамсыктара Саха сирин судаарыстыбаннаһын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын бэлиэтээтэ.
«Оччотооҕу дьаам сүүрдээччилэр хайдахтаах курдук уустук, тыйыс усулуобуйаҕа почта сибээһинэн хааччыйбыттарын биһиги бүгүн даҕаны салла саныыбыт. Ол кэмнэртэн үс төгүрүк үйэ буолан баран Табаҕа эмиэ өрөспүүбүлүкэ тэбэр сүрэҕэр кубулуйан эрэр – сотору манна Өлүөнэ муостата уонна бөдөҥ логистическай киин тутуллуохтара»,– диэтэ Владимир Аржаков.
Бөһүөлэк дьаһалтатын салайааччыта Виктория Паланычка бу дьоро күнүнэн ааспыт биэс сылга ыытыллыбыт үлэ туһунан үөрэ кэпсээтэ уонна Ил Дархан Айсен Николаевка, куорат баһылыга Евгений Григорьевка, Эргэ уонна Саҥа Табаҕа олохтоохторугар барыларыгар махталын биллэрдэ:
– «Кедр» култуура дьиэтэ тутулунна, Эргэ Табаҕаҕа – балыыһа, Саҥа Табаҕаҕа фельдшер пууна үлэҕэ киирдилэр, Оҕо искусствотын дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна, уопсай үөрэхтээһин оскуолатын хапытаалынай өрөмүөнэ бара турар.
Үбүлүөйдээх тэрээһин чэрчитинэн Эргэ Табаҕаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга биэрэстэ остуолбата туруорулунна. 1743 сыллаахха манна Иркутскай-Дьокуускай почта суола арыллан, бөһүөлэк үөскүүрүгэр төрүөт буолбут. Оттон остуолбаны туруорууну көҕүлээччинэн дьаамсыктар сыдьааннара, Арассыыйа Бочуоттаах тутааччыта, «По следам государевых ямщиков» кинигэ ааптара Анатолий Соколов буолар.