21.03.2024 | 14:00

Ta:s — өстүөкүлэ кыырпаҕыттан ураты нарын оҥоһуктар

Ta:s — өстүөкүлэ кыырпаҕыттан ураты нарын оҥоһуктар
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Намтан төрүттээх Антонина Попова хас да билиҥҥи үйэ идэтин дьүөрэлээн илдьэ сылдьар – сүрүн үөрэммит идэтэ пиар-исписэлиис, эбии маркетолог, коуч үөрэхтээх. Уопсастыбаннай аһылык уонна харчы иэс биэрии эйгэтигэр салайар үлэлэргэ сылдьан баран, билигин “Харысхал” аһымал пуонда салайааччытын эбээһинэһин толорооччунан үлэлиир, ону тэҥэ “самозанятай” быһыытынан айар үлэнэн дьарыктанар аныгы үйэ киһитэ. Икки оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ.

Антонина Дьокуускайга урут суох саҥа сүүрээни – өстүөкүлэнэн оҥорууну аҕалан, “Ta:s” диэн Ноҕоруодап алпаабытынан суруллар сахалыы ааттаах мастарыскыайы арынан баҕалаахтары уһуйан эрэр.

– 2022 сыллаахха Калининград куоракка Александр Сплошной диэн Арассыыйаҕа киэҥник биллэр витражист-худуоһунньукка маастар-кылааска сылдьыбытым. Балтикаҕа сырыыбын өйдүү-саныы сылдьарга, көннөрү туох эмэ саҥаҕа үөрэнэн хаалар баҕа санаалаах этим. Онтон маастар-кылааска тиийэн үөрэнэн, оҥорон көрөн баран бу хайысханы Саха сиригэр илдьэн сайыннарыахпын, бэйэм дьыалабын саҕалыахпын сөп эбит дии санаабытым.

Дьиҥэ, мин үлэлии сылдьар идэбэр айар үлэҕэ сыһыаннаах туох да суох этэ, арай ис-испэр айар куттаахпын сэрэйэрим. Уонна син биир хаһан эрэ мастарыскыай арынан үлэлиэм дии саныырым. Устунан “самозанятай” быһыытынан регистрацияламмытым, социальнай хантараак түһэрсэн, судаарыстыбаттан көмө ылбытым уонна анаан-минээн Москваҕа баран үөрэнэн кэлбитим. Тааһы, өстүөкүлэни кытта үлэлиир “фьюзинг” тиэхиньикэтигэр, онон дьарыктанар уонна дьону үөрэтэргэ идэтийбит хампаанньаҕа уһуйуллубутум.

 

Фьюзинг – тааһы уулларарга, витраж оҥорорго үөдүйбүт саҥа тиэхиньикэ. Өҥнөөх өстүөкүлэ кыырпахтарын оһоххо буһаран таһаараллар.

 

Фюьюзингтан ураты өссө икки атын ньыманы – тиффани (витражнай түннүгү оҥорор курдук атын оҥоһуктары оҥорон таһаарыахха сөп) уонна мозаика (таас кыырпахтарын бииргэ хомуйан оҥоробут) диэннэри туттабын, дьону тааһы кытта үлэлииргэ үөрэтэбин.

 

Көннөрү өстүөкүлэ буолбатах

– Туттар тааһым художественнай витражнай өстүөкүлэ диэн ааттанар. Маркировкаларынан арахсар көрүҥнээхтэр. Арассыыйаҕа өстүөкүлэ бу көрүҥэ Брянскай куоракка эрэ оҥоһуллар, ону да аҕыйах өҥө тахсар. Кинилэр киэннэрэ үксүн тэхиньиичэскэй таас, ол эбэтэр атын тааска подложка быһыытынан туттуохха сөп. Оттон чахчы кыраһыабай, оҥорорго сымнаҕас, кустук араас өҥүнэн чаҕылхайдых оонньуур оҥоһуктары оҥорор буоллахха, тас дойдуттан ылар ордук эбит.

Мин туттар матырыйаалым үксэ Москваттан, үөрэнэн кэлбит хампаанньабыттан кэлэр. Кинилэр араас дьүһүннээх, физическэй характеристикалаах, кытаанахтаах таастары оҥорон таһаараллар. Тас дойдулартан эмиэ сакаастаан ылабын. Биллэн турар, мээнэ өстүөкүлэ кыырпаҕынан оҥорбоккун.

Кып-кыра кээмэйдээх бижутерияттан саҕалаан улахан түннүктэри, аан өстүөкүлэ кыбытыктарын оҥоруохха сөп. Бэйэм мастарыскыайбар, дьоҥҥо ордук табыгастаах уонна ыларга сыаната удамыр буоллун диэн, араас брошкалары, подвескалары, сахалыы харысхаллары, саамай улааппыта тэриэлкэлэри оҥоробун. Маастар-кылаас эҥин ыытарга дьон улахан оҥоһукка фантазиялара да, тулуурдара да тиийбэт буолуон сөп.

Биир тэриэлкэни оҥорон таһаарарга 3-4 чаас барар. Маастар-кылааспын 1,5-2 чаастаах оҥоро сатыыбын. Миэхэ уһуйааҥҥа кэлбит киһи брошкалаах, ытарҕалаах, түөскэ кэтэрдээх кэмпилиэк оҥостон барыан сөп.

 

Анал оһоххо буһан тахсар

Саамай ыарахана – тааһы быһыы. Тааскын хайдах быһан, бэлэмнээн оһоххо угаҕын да, оннук оҥоһук буһан тахсар. Сыыһа бардаҕына, ороскуот буолар.

Тааспын саамай кыра кыырпаҕар диэри барытын туттабын – улаханнык тобох тахсыбат, барыта туһаҕа баран иһэр. Биир эмэ сыыһа быһылыннаҕына, хаттаан атыны быһаҕын. Үлэлиир тэрилим –  өстүөкүлэ быһаҕа (стеклорез) уонна ытырар чыскылар (кусачки) – бүттэ!

Дьиэҕэ оҥоруохха сөп эрээри, таас кыырпаҕа көтөр, кып-кыра эттиктэрэ салгыҥҥа ыһыллаллар. Онон анал мастарыскыай ордук, таас быһарга уонна оҥорорго тус-туспа остуоллаахпын.

Вилберрис эҥин курдук маркетплейстартан художественнай тааһы сакаастыахха сөп. Дьон бэйэтэ быһан, мин оһохпор аҕалан буһартарыан сөп.

Өстүөкүлэ анал оһоххо 800 кыраадыска буһар. Муфельнай оһох диэн ааттанар, гончардар оһохторугар маарынныыр эрээри, үөһээнэн эрэ сылытардаах, гончардар киэннэрэ эргиччи сылытар.

Таас 12 чаас оһох иһигэр буһар. Онон киһи бэйэтэ быспыт тааһын мин оһохпор буһартарар буоллаҕына, бу тааһын туһунан толору информацияны биллэхпинэ эрэ буһара ылыахпын сөп.

 

Дьон олус сэҥээрэн эрэр

– Ньуоска, тэриэлкэ курдук иһиттэри оҥостон, олохпор туттан эрэбин. Иһит иһит курдук, туох да уратыта суох. Оҕом туойунан дьарыктанар буолан, иһиппит барыта оҕом оҥоһуга, онно аны таас иһиттэрим эбиллэн эрэллэр – онон куухунабытыгар ааптарыскай дизайнаах иһиттээхпит-хомуостаахпыт.

“Көмүлүөк” хампаанньа быыстапкатыгар кытта сылдьыбыппыт, дьон олус сэҥээрбитэ. Хантан көрөн оҥороҕун дииллэр. Идеялары, биллэн турар, үксүн интэриниэттэн ылыахха сөп, Пинтерест сыһыарыытыгар фьюзинг диэтэххэ барыта тахсан кэлэр – Арассыыйаҕа дьарыктанар киһи элбэх.

Улахан витражнай үлэлэри, түннүктэри оҥоруом диэн ыра санаалаахпын. Билиҥҥитэ Саха сиригэр хобби быһыытынан өстүөкүлэнэн оҥорууну тарҕатаары мастарыскыайбын үлэлэтэбин.

 

Сааскы сынньалаҥнарга ыҥырабыт

–  Олунньуттан үлэлээн, уопутуран, дьону үөрэтэр бырагыраамалары бэлэмнээтибит. Холобур, сааскы сынньалаҥ кэмигэр оҕолорго күн аайы тиэмэлэринэн арахсар дьарыктары тэрийиэхпит. Бэнидиэнньиккэ – мозаика, оптуорунньукка – фьюзинынан лыах оҥоруута о.д.а., нэдиэлэ хас күнүн аайы атынтан-атын дьарыкка ыҥырабыт. Улахан дьоҥҥо чүмэчи уурары, тэриэлкэни уо.д.а. оҥорорго маастар-кылаастар бааллар.

Билиҥҥитэ дьон бэйэтэ тугу баҕарарын кэлэн оҥорор кыаҕын толору биэрэбит. Ханна эрэ көрбүттэрин, тугу эрэ хатылаан, үтүктэн, саха дьоно бары да талааннаах буоланнар, уран оҥоһуктары түргэн баҕайытык толкуйдаан таһаараллар. Инникитин эрдэттэн былааннаммыт бырагыраамалардаах маастар-кылаастары ыытан, дьыалабын сайыннаран иһэр санаалаахпын.

Табаарбыт “Кудай Бахсы” маҕаһыыннарыгар атыыланар буолла. Ким интэриэһиргээбит онно баран көрүөххүтүн сөп. Оттон мастарыскыайбыт эрдэттэн сурутуунан эрэ үлэлиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...