Үтүө санаанан салайтарар бизнес чэчирии үүнэр эрэ аналлаах
Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин ахсаана сыллата балысханнык эбиллэ турар. Аны туран куорат олохтооҕун орто сааһа – 35, ол аата бу ыал буолар, оҕолонор, атаҕар турбут, үөрэхтэммит, күөгэйэр күнүгэр үлэлии-хамсыы сылдьар эдэр киһи. Онон уһуйаан да, оскуола да ахсаана эппиэттээбэтэ сытыы кыһалҕа буолбута ыраатта. Ол иһин бу кыһалҕаны быһаарар биир көдьүүстээх суол – чааһынай уһуйааннар.
Социальнай хайысхалаах урбаанньыт аҕыйаҕа суох. Биир оннук дьонунан Екатерина уонна Алексей Ероскумовтар буолаллар, кинилэр 15-ис сылларын “Беби-сити” чааһынай оҕо уһуйааннарын ситимин үлэлэтэллэр:
– Биһиги уһуйааммыт бастакы бөлөҕө 2008 сыллаахха арыллыбыта, 25 оҕолоох этибит. Билигин бэйэбит түөрт оҕолоох ыалбыт, уһуйааммытын “бэһис оҕобут” диэн таптаан ааттыыбыт.
Бастаан арыйарбытыгар университеты саҥа бүтэрбит, икки кыыстаах эдэр ыал этибит. Ол саҕана чааһынай уһуйаан диэн куоракка олох суоҕа, оттон муниципальнай уһуйааннарга миэстэ тиийбэт этэ. Бэйэбит педагогическай үөрэҕи бүтэрбит буоламмыт, толкуйдаан көрөн баран, оҕолорбутугар уһуйаан арыйыахха диэн санааҕа иккиэн бииргэ кэлбиппит.
Толкуйдаах туһаныыга тирэҕирэн
– Уһуйааммыт оҕону сайыннарыыга дириҥ философиялаах ньымаларга тирэҕирэр. Холобур, биһиги иитиллээччилэрбитигэр иҥэрэр биир сүрүн сыаннаспыт – тугу барытын толкуйдаах туһаныы. Филиалларбытыгар бөҕү наардаан мунньар контейнердар тураллар. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн бөҕү-сыыһы араарарга, иккистээн туһаҕа таһаарарга үөрэнэллэр.
Ону тэҥэ, ааптарыскай бырайыактары хото киллэрэбит, холобур, методиспыт “Школа осознанного родителя” бырайыагы салайан үлэлэтэр. Билингвальнай бөлөхтөр бааллар, омук тылын үөрэтэр бырагыраамалаахпыт. Саха оҕолорун ийэ тылынан иитиини өйүүбүт, икки сахалыы бөлөҕү үлэлэтэбит – тыл туһугар туруулаһыы биир көрүҥэ.
Биһиги төрөппүттэри кытта сүрүн сорукпут – чэгиэн уонна дьоллоох, бэйэтин суолун булунар, сайдар кыахтаах киһини иитэн таһаарыы.
Социальнай бизнес уустуктара
– Социальнай бизнес уустуктарыгар тохтоон аастахха, муниципальнай уһуйааннарга тэҥнээтэххэ, биһиги дьиэлэрбит муниципалитеттан хааччыллыбаттар, өр сылларга уһуйааннарбыт дьиэлэрин куортамнаан олорбуппут. Кэнники, атахпытыгар туран эрэ баран атыылаһар кыахтаммыппыт, ону даҕаны аҥаара арыанда.
Дьиэни куортамнаан уһуйааны үлэлэтэр ороскуоттаах, хаһаайыттар хаһан баҕарар тахсыҥ диэхтэрин сөп. Уонна уларсан олорор дьиэҕин оҕолорго табыгастаах, куттала суох гына тэринэр буоллаҕыҥ.
Оҕо балтараатыттан субсидиянан туһаныахха сөп
– 2015 сыллаахтан судаарыстыба чааһынай уһуйааннары өйүүр бырагырааманы үлэлэтэр – чааһынайдар уонна судаарыстыба партнерствотун чэрчитинэн 3-7 саастаах оҕолорго субсидия көрүллэр буолбута. Бу бырагыраама муниципальнай уһуйааннарга субуллубут уочараты суох гыныахтаах этэ. Ол саҕана чааһынай уһуйааннар элбээн барбыттара.
Билигин биһиги уһуйааммытыгар сылдьар оҕо 70 бырыһыана субсидиялааһын бырагырааматынан кэлэр. Ол аата биһиги куоракка уһуйаан уочаратын аҕыйатарга, оттон төрөппүттэргэ оҕолорун көрөн-истэн, сайыннаран көмө буолабыт.
Төрөппүт субсидия ыларыгар бастатан туран Үөрэхтээһин управлениетыгар тиийэр. Оҕото хайаан да муниципальнай уочаракка турар буолуон наада. Оччоҕуна кинини биһиги уһуйааммытыгар ыыталлар, направлениетын туппутунан кэлэн, субсидиялаах миэстэҕэ тиксиэн сөп.
Урут бу субсидия 3 сааһыттан 7 сааһыгар эрэ диэн этэ, билигин оҕо балтараа сааһыттан туһаныахтарын сөп.
Уһуйааҥҥа эрдэттэн бэлэмнээҥ
– Оҕолорун уһуйааҥҥа саҥа биэрээри сылдьар төрөппүттэргэ, бастатан туран, уһуйааны, иитээччилэри кытта эрдэттэн кэлэн билсиҥ диэн сүбэлиибин. Оҕоҕо “эн сотору оҕолорго барыаҥ, онно оҕолору кытта оонньуоҥ, дьарыктаныаҥ, ыллыаҥ” эҥин диэн элбэхтик кэпсии сылдьыахха наада. Уонна эрдэттэн уһуйаан эрэһиимин кытта билсиһэн баран, дьиэҕитигэр оннук эрэһиими олохтооҥ.
Уһуйааҥҥа тутуһуллар быраабылалар диэннэр бааллар, холобур, биэстэ аһыыбыт, уһуйаан менютун эрдэттэн билсэн, оҕону дьиэтигэр онуоха майгыннатан аһыырга үөрэтиэххэ наада.
Маны таһынан “ритуаллар” диэннэр бааллар. Оҕо күн аайы биир дьайыыны оҥорор. Холобур, киэһээ “сарсын уһуйааҥҥа барабыт, тугу кэтэҕин?” диэн таҥас бэлэмниир үгэстээх буолабыт. Киэһэ аайы инник бэлэмнэннэххэ,оҕо сарсыарда туран барара чэпчиир.
Ийэ уонна оҕо сибээһэ наһаа күүстээх. Ол иһин бастаан тэрилтэҕэ барар кырачааны ийэ илдьэн хаалларарын ыарырҕатар буоллаҕына, аҕата, эбэтэ, эһэтэ, атын чугас дьонноро илдьэн хаалларалларыгар сүбэлиибит.
Оҕону саҥардарга дьарык көмөлөһөр
– Билиҥҥи үйэ оҕото саҥата мөлтөөһүнэ баар суол. Биһиги уһуйааммытыгар оҕолору логопед дьарыктыыр. 1,5 саастарыттан артикуляционнай гимнастиканан дьарыктанан саҕалыыбыт.
Оонньуу ньыматын, көрүҥнэрин арааһын туттар, дорҕоону сөпкө саҥарарга, сөпкө тыынарга үөрэтэр. Тыынар, саҥарар артикуляционнай эрчиллиилэри көмөлөһүннэрэн, хас биирдии оҕоҕо туһунан киниэхэ барсар ньыма, сааһыттан көрөн талыллар. Сынньалаҥ оонньуулары, сорудахтары толорторон, тарбах оонньууларын, остуоруйа, тэттик хоһооннор көмөлөрүнэн үлэ барар.
Үбүлүөйбүтүгэр 15 үтүө дьыала
– Быйыл биһиги уһуйааммыт 15 сылын туолар, үбүлүөйдээх сылбытын көрсө 15 үтүө дьыала бырайыагын олоххо киллэрэн эрэбит. Сүрүн сыалбыт-сорукпут – дьоҥҥо-сэргэҕэ, кыаммат араҥаҕа көмөлөһүү.
Үлэһиттэрбит бу үтүө дьыаланы тэрийиигэ бэйэлэрэ тыл көтөхпүттэрэ, ону үөрэ-көтө өйүүрбүт, ылсарбыт наада этэ. Бастакы үтүө дьыалабыт хамсааһынын “Ийэ соҕотох буолбатах” диэн ааттаабыппыт уонна олох очуругар оҕустаран үлэтэ-хамнаһа суох хаалбыт ийэлэр оҕолоругар уһуйааммытыгар босхо миэстэ биэрэбит. Бу хамсааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэбитигэр баар атын чааһынай уһуйааннар кыттыһыахтарын, эстафета курдук салҕанан бара туруон баҕарабыт. Биһиги бэйэбит эрэ аҕыйах оҕону ылыахпытын сөп, оттон бары кыттыстахпытына, элбэх ийэҕэ көмөлөһөр кыахтанабыт.
Инникитин субуотунньуктары ыытыахтаахпыт, “Эко-Беби-сити” диэн бөх ыарахан көрүҥүн хомуйар аахсыйа тэриллиэхтээх. Гагаринскай уокурукка Бэтэрээннэр сквердэрин кытта шефтэһии быһыытынан ылан ыраастаан, хомуйан эрэбит. Скворечниктары оҥорон ыйыыбыт, Донордар аахсыйаларыгар кыттыһыахпыт, кыаммат араҥа оҕолорун оскуолаҕа тэрийсиэхпит, кыыллары иитэр питомниктарга көмөлөһөр, балыыһаҕа сытар оҕолорго аниматордыыр о.д.а. үгүс былааннаахпыт. Сыл устата, эһиил сааскыга диэри барытын толоруохтаахпыт.