17.05.2021 | 20:36

Түргэнник астанар бөрүөктэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бөрүөгү сөбүлүүгүт дуо? Бу бурдук аһын улаханныын-кыралыын бары ордоробут. Астыырга судургу, тотоойу уонна минньигэс. Ыксалга абырыыр. Бырааһынньык сандалытын олус киэргэтэр. 
Бүгүн судургу ырысыаптары таһаарабыт.   

«Дьаранаас ыал»

Бу бөрүөккэ наадалаах ингредиенэ барыта чэпчэки сыаналаах. Ол иһин маннык ааттаатым.

 

Тиэстэтигэр:

1 ыстакаан кефир,

1 сымыыт,

1 ыстакаан бурдук,

½ ч.нь.суода.

Начыыҥкатыгар:

1 бааҥка ханнык баҕарар балык кэнсиэрбэтэ,

2 буспут сымыыт,

50 г сыыр,

күөх үүнээйи (укуруоп, петрушка, сельдерей – бэйэҕит сөбүлүүргүтүнэн).

Астааһына:

Бастаан тиэстэбитин бэлэмниибит. Састааппытын барытын булкуйабыт уонна арыынан сотуллубут формаҕа кутабыт.

Кэнсиэрбэ арыытын сүөкүүбүт уонна балыкпытын биилкэнэн илдьиритэбит. Сымыыты, күөх үүнээйини бытархай гына кырбыыбыт. Сыыры түөркэлиибит. Барытын холбуубут, булкуйабыт. Начыыҥкабытын тиэстэбитигэр кутабыт. Бөрүөк кытыытыгар миэстэ хаалларабыт.

Итии духуопкаҕа 20 мүнүүтэ буһарабыт. Онтон таһааран сыырын кутабыт. Итиэннэ буһара уурабыт.

Сылаастыы да, сойбутун да кэннэ сииргэ үчүгэй.

Отонноох

Судургутук астанар, ханнык баҕарар отону кутуохха сөп. 

Туох наадата:

Тиэстэтигэр:

400 г бурдук,

120 г маргарин,

100 г саахар,

2 сымыыт,

1 ч.нь. разрыхлитель.

Начыыҥкатыгар:

250 г ханнык баҕарар отон ⠀⠀

Үрдүгэр бүрүйэ кутарга:

200 г сүөгэй,

100 г саахар,

2 сымыыт,

2 ост.нь. бурдук.

Астааһына:

Бастаан тиэстэбитин бэлэмниибит. Сымыыты саахары кытта булкуйабыт. Маргарины уулларабыт уонна кыратык сойутабыт. Сымыыты кытта булкуйабыт.

Разрыхлители бурдукка холбуубут уонна сымнаҕас, киһи илиитигэр сыстыбат тиэстэни мэһийэбит. Холодильникка туруора түһэбит.

Аны бөрүөк үрдүгэр бүрүйэ кутарбытын бэлэмниибит. Сымыыты саахары кытта булкуйабыт, онно бурдук уонна сүөгэй эбэбит.

Тиэстэбитин формаҕа уурабыт, начыыҥката таһынан барбатын диэн кытыытын үрдүк соҕус гынабыт. Отоммутун кутабыт уонна үрдүгэр “заливкабытын” бүрүйэ кутабыт.

Бөрүөкпүтүн  200 кыраадыс итии духуопкаҕа 35 мүнүүтэ буһарабыт. Сойутан баран сиир үчүгэй.

Кууруссалаах уонна хортуоппуйдаах

Туох наадата:

Тиэстэтигэр:

2 сымыыт,

250 мл кефир,

1 ч.нь. туус,

0,5 ч.нь. суода,

3,5 ыстакаан бурдук,

250 г маргарин.

 

Начыыҥкатыгар:

300 г эриллибит куурусса этэ эбэтэр грудката

2 хортуоппуй,

эриэппэ луук (төһөнү кутаргытынан),

туус,

хара биэрэс.

Астааһына:

Бурдугу сымыыты кытта булкуйабыт. Маргарины ныһыйабыт. Кефир үрдүгэр суода кутабыт. Барытын холбоон тиэстэ мэһийэбит. 15 мүнүүтэ холодильникка туруора түһэбит.

Тиэстэбитин икки гына аҥаардыыбыт. Бастакы араҥаны формаҕа уурабыт, үрдүгэр бэлэм начыыҥкабытын кутабыт. Тиэстэбит аҥаарынан бүрүйэбит.

200 кыраадыс итии духуопкаҕа 20 мүнүүтэ буһарабыт.

Хортуоппуй тиэстэлээх, эттээх

Туох наадата:

Тиэстэтигэр:

200 г хортуоппуй,

200 г бурдук,

1 сымыыт,

50 г ынах арыыта,

туус.

 

Начыыҥкатыгар:

500 г сибиинньэ этэ (эбэтэр эриллибит эт),

2 минньигэс биэрэс,

1 помидор,

2 орто эриэппэ луук,

100 мл  33-38 %-наах чөчөгөй (сливки),

100 мл үүт,

2 сымыыт (үрдүгэр бүрүйэ кутарга),

2 ост. нь. томатнай пааста,

туус, биэрэс,

түөркэлэммит сыыр.

 

Астааһына:

Хортуоппуйу кыра гына кырбыыбыт, туустаан буһарабыт. Уутун сүөкүүбүт. Хортуоппуйу ныһыйабыт. Үрдүгэр сымыыты, арыыны эбэн үчүгэйдик булкуйабыт. Бурдук кутан тиэстэбитин мэһийэбит. Формаҕа уурабыт, кытыытын оҥоробут.  Холодильникка эбэтэр сөрүүн сиргэ угабыт.

Начыыҥкатын бэлэмниибит. Минньигэс биэрэһи орто соҕус гына кырбыыбыт (олус бытархай соччото суох), арыыга ыһаарылыыбыт. Луугу кыра гына быһабыт, туспа хобордооххо сырдьыгынатабыт, ол үрдүгэр бытархай гына кырбаммыт эти кутабыт. Туус табыгынатабыт. Онно биэрэспитин, бытархай гына быспыт помидорбутун эбэбит. Начыыҥкабытын тиэстэбитигэр кутабыт. Чөчөгөйү, үүтү уонна томатнай паастаны булкуйабыт. Онно сымыыт эбэн, кыратык булкуйан баран, начыыҥкабыт үрдүгэр кутабыт.

200 кыраадыс итии духуопкаҕа 40 мүнүүтэ буһарабыт. Буһуон 10 мүнүүтэ иннинэ бөрүөкпүт үрдүгэр түөркэлэммит сыыры кутабыт.

Цветаевалар бөрүөктэрэ

Номоххо кэпсэнэринэн, Марина уонна Анастасия Цветаеваларга үгүс ыалдьыт сылдьара, кинилэр кэлбит дьону бу бөрүөгүнэн күндүлүүллэрэ үһү.

Айахха киирэн ууллан хаалар минньигэс бөрүөгү норуот сөбүлээн астыыр.

Туох наадата:

1 кг дьаабылыка,

2 ыстакаан бурдук,

Ыстакаан аҥаара сүөгэй,

150 г ынах арыыта,

½ ч.нь. суода,

1 ч.нь. уксус,

1 ыстакаан саахар,

1 сымыыт.

Кириэмигэр:

1 ыстакаан сүөгэй,

1 ыстакаан саахар,

1 сымыыт,

2 ост.нь. бурдук.

 

Астааһына:

Бурдукпутун сиксийэбит, арыыны кытта холбуубут. Үрдүгэр ыстакаан аҥаара уу кутабыт уонна үчүгэйдик булкуйабыт.

Суода үрдүгэр уксус кутабыт уонна тиэстэҕэ эбэбит. Тиэстэбитин мэһийэбит. Сымнаҕас уонна илиигэ сыстыбат буолуохтаах.

Дьаабылыканы ыраастыыбыт, сүрэҕин ылан быраҕабыт, синньигэс гына быһабыт.

Тиэстэбитин тэнитэн формаҕа уурабыт. Үрдүгэр дьаабылыкаларбытын уурталыыбыт.

Туспа миискэҕэ кириэммитин оҥоробут: сүөгэйи, саахары, сымыыты булкуйабыт уонна бурдук эбэбит. Миксеринэн ытыйабыт. Убаҕас кириэм тахсыахтаах. Бөрүөкпүт үрдүгэр кутабыт.

200 кыраадыс итии духуопкаҕа быһа холоон 45-50 мүнүүтэ буһарабыт. 

Иэдьэгэйдээх уонна изюмнаах

Туох наадата:

Тиэстэтигэр:

200 г маргарин (холодильниктан эрдэ таһаараҕыт),

350 г бурдук,

80 г саахар,

3 сымыыт уоһаҕа,

1 кымаах туус.

Начыыҥкатыгар:

500 г иэдьэгэй,

3 сымыыт үрүҥэ,

200 г саахар,

100 г изюм (оргуйбут итии ууну кутан сымнатыҥ),

1 ост.нь. сүөгэй,

1 кымаах ванилин эбэтэр ванильнай саахар.

 

Астааһына:

Маргарины саахары уонна сымыыт уоһаҕын кытта булкуйабыт, саахара үчүгэйдик суураллыахтаах. Бурдугу уонна тууһу эбэн тиэстэбитин мэһийэбит. Тиэстэбит үс гыммыт биирин туспа уурабыт. Уоннааҕытын тэнитэбит, формаҕа уурабыт. Тэҥниибит, кытыытын оҥоробут.  

Иэдьэгэйи саахары кытта холбуубут, изюму уонна ванилины эбэбит. Сымыыт үрүҥүн үчүгэйдик ытыйабыт уонна иэдьэгэйбитигэр кутабыт. Бу маассабытын тиэстэбитигэр тэҥнээн уурабыт.

Ордоруммут тиэстэбитин тэнитэбит уонна 1 см кэтит сурааһыннары оҥоробут. Начыыҥкабыт үрдүгэр уурталыыбыт уонна киистэнэн сүөгэйбитин сыбыыбыт. 

200 кыраадыс итии духуопкаҕа быһа холоон 45-50 мүнүүтэ буһарабыт. 

Сойута түһэн баран сиир ордук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....