15.11.2021 | 12:00

Төрөөбүт тылбытын өрө тутуоҕуҥ

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, Аскалон Павлов сүрүн оруолга уһуллубут “Холодное золото” саҥа киинэ премьерата буолар. Бу киинэ уонна ырыаһыт быһыытынан бастакы хардыыларын, олоххо көрүүлэрин туһунан сахаҕа тарбахха баттанар эр бэрдэ Аскалон Павловтыын маннык кэпсэтии таҕыста.

Ыллаабат оҕо

Аскалон, айар үлэҥ туһунан ити бэйэҥ этэриҥ курдук сүүстэ ыйытан-ыйытан кэллэхтэрэ. Ол да буоллар ыллыыр уонна ырыа суруйар эн сүрүн үлэҥ буоларынан, хайдах да ону таарыйбат сатаммат. Оҕо эрдэххиттэн ырыа куттаах этиҥ дуо?

Суох, отой ыллаабат оҕо этим. Ол саҕана кылаастарынан кэнсиэртэр буолааччылар дии, онно учууталым наар: “Дьэ, Павлов эмиэ дьон кэннигэр саһан турар уонна айаҕын эрэ хамсатар”, – диэччи. Мин, кырдьык, оннук гынааччыбын. Истэн көрөөрү, хор иннигэр таһааран ыллата сатааччы. Биирдэ хоһоон аахтарбыттара, ыллаабат буоллаҕына саатар хоһоон аахтын диэн. Дьиҥэр, испэр туох эрэ тэтим баарын билэр этим да, олох ыллаабат этим. Түҥкэтэх, кыра бөһүөлэк буолан, туох да мусукаалынай оскуола эҥин курдук суоҕа. Оскуолаҕа ырыа уруогун физкультура учуутала ыытар этэ. Кэнники Халыматтан Денис Афанасьевич диэн учуутал кэлэн үөрэппитэ, баяҥҥа эҥин оонньуура. Кини дьарыктыы сатыыр этэ да, мин оччолорго олох ырыаҕа-тойукка болҕомтобун уурбат этим. Нэһилиэкпит оскуолата аҕыс кылаастаах буолан, 9-10 кылаастарга Бүлүү улууһун Бороҕон нэһилиэгэр интэринээккэ олорон үөрэммитим. Онно уолаттар гитараҕа оонньууллар, оттон олохтоох уолаттар ВИА тэринэллэр этэ. Олору көрө-көрө, ымсыырар буолан барбытым. Бас-гитараҕа оонньуохпун баҕарар буолбутум. Кыралаан үөрэппиттэрэ, оччолорго мин үс эрэ аккорду сатаабытым. Дьиҥэр, ырыа сүрүн тутулуга үс аккордтан тутулуктаах ээ. Оскуоланы бүтэрбиппэр ийэм “Москва” диэн баяны ылан биэрбитэ, эдьиийим буоллаҕына Дьокуускайтан гитара аҕалбыта. Дьиэбэр күһүҥҥү өттүгэр киэһэ уолаттар кэлээччилэр, онно дьэ хоспор олорон “тырыыҥкайдаан” оонньуур этибит. Онтон аармыйаҕа бардым, онно эмиэ гитара баар, араас омуктартан үөрэнэн оонньуубун, саллаат шансонун, дембельскэй ырыалары ыллыыбыт. Барытын сурунан иһэр этим.

Босхо кэнсиэртэртэн саҕалаан...

Дьэ, аармыйаҕа сулууспалаан, ытык иэскин толорон кэллиҥ. Салгыы хайдах сайдан истиҥ? Арааһа, устудьуоннуу бардаҕыҥ буолуо?

Аармыйаттан кэлэн баран бэйэм саастыы Николаев  Кеша диэн уолу кытта (кини тенор этэ, олус дьоҕурдаах уол) иккиэн наһаа үчүгэйдик кэнсиэртэргэ тахсан ыллыыр буолбуппут. Бастакы кэнсиэрпитин олус бэркэ өйдүүбүн – Сэбиэскэй Аармыйа күнүгэр кулуупка буолбута, тыыннаах оркестрынан доҕуһуоллатан. Киэсэни кытта “Киэһээ Бүлүү”  диэн ырыаны ыллаабыппыт. Сыанаҕа тахсыбытым – барыта билэр сирэйдэрим, учууталларым, нэһилиэгим дьоно... Долгуйдум, ууга түспүт сылгы курдук уҥуоҕум халыр босхо барда, тобугум тобукпар охсулунна, тылбын барытын умнан кээстим. Дьэ, үрдүнэн-аннынан тугу эрэ ыллаатыбыт. Ол быыһыгар Омскайга, Новосибирскайга баран устудьуоннуу сатаатым, син биир Кешалыын иккиэн сылдьабыт. Омскайга тиийэн сахалар мустар сирдэригэр икки гитаранан оонньоон, ыллаан ньиргитэн кэбиһэр этибит. Оннук киэһэ аайы босхо кэнсиэр бөҕө. Студпрофкомнар ыҥыран ылан ырыабытын барытын бобинаҕа уһулан ылбыттара.

Наһаа үчүгэй дии, устудьуон сыллар. Онтон, үөрэххин бүтэрдиҥ?

Суох, доҕор, үөрэхпитин быраҕан Дьокуускайга кэлбиппит, мин 7-с №-дээх СПТУ-га фотограф үөрэҕэр киирбитим. Онно актовай саалаҕа баян, гитара баар, онон эмиэ ыллаан-туойан бардыбыт. Өссө профтехучилищелар куонкурустарыгар эҥин кытыннарбыттара. Киэсэ бииргэ төрөөбүт убайа нэһилиэкпит кулуубугар худрук. Онон сайын дойдубутугар кэлбиппитигэр олох ревер, эффект бөҕөлөөх икки гитаранан оонньуу-оонньуу ыллаан, сарсыарда 6 чааска диэри уһуллар этибит. Дьокуускайга кэлэн биир дойдулаахпын Алексей Егоровы көрүстүм. Кини оччолорго “Чороон” ансаамбылга бас-гитараҕа оонньуура. Алексей   “Чорооннор”  эйигин интэриэһиргииллэр, үөрэххин бүтэрдэххинэ кастиҥҥа кэлээр диэбитэ. Сайын онно тиийбитим, арай мин иннибэр Владимир Татаринов, Владимир Заболоцкай, Наталья Трапезникова курдук саха эстрадатын аксакаллара,  “чорооннор”  олороллор эбит. Мин эмиэ долгуйан салыбырыы-салыбырыы ыллаатым. Мунньахтаан баран, үлэҕэ киирдиҥ диэбиттэрэ. Бастаан репертуарым суох этэ, ол иһин уокка-күөскэ үлэлээбитим. Онтон дьэ репертуар оҥорбуттарыгар, толору гастролларга сылдьан, ыллаан барбытым.

Ырыаһыппын дэммэппин

Дьиэ кэргэҥҥэр, төрдүгэр ыллыыр дьон, утумнааһын баара буолуо. Ол иһин иэйииҥ уһугуннаҕа дии.

Бааллар, убайдарым оҕо эрдэхпинэ баяҥҥа оонньууллар этэ, оччолорго мин олох абааһы көрөөччүбүн. Эдьиийдэрим иһит сууйа туран куолаһынан хайдыһан ыллыыр буолаллара. Орто эдьиийим билиҥҥэ диэри туойар, бастакы сольнай кэнсиэрбин кини арыйбыта. Өссө төрдүбүн өҥөйдөххө, Ырыа Ыстапаан диэн абаҕалаах эбиппит. Ол киһи, билиҥҥилии эттэххэ, гастроллуур үһү – айанныы сылдьан ыллаан, туойан, олоҥхолоон, төлөбүрүн этинэн эҥин ылар эбит. Ити курдук ыраах да, чугас да ырыаҕа-тойукка сыстыбыт дьон баар эрээри, бэйэбин ырыаһыппын дэммэппин. Мин санаабар, ырыаһыт диэн үчүгэй, чөллөркөй куоластаах, үрдүк нотаны сатаан ылар киһи. Холобур, мин бокуонньук Ганя Николаевы, Саша Ушницкайы ырыаһыттар диэхпин сөп. Мин сэһэнньит курдук буоллаҕым, ырыаһыттар категорияларыгар киирсибэппин. Биһиги сүрүммүт – тэтими тутуу, нотаттан тахсыбат буолуу, ырыа кистэлэҥнэрин кыратык билэ түһүү. Бэйэм хоһоон, ырыа суруйабын, онтукабын дьоммор-сэргэбэр тириэрдэбин, кинилэр дьүүллэригэр таһаарабын. Ырыаларбын суруйарбар эмискэччи толкуйдуубун, тиэмэ булабын уонна тута суруйабын. Киһи бэйэ этиттэн-хааныттан, иһиттэн тахсыбыт ырыатын ыллыыра сүрдээҕин дьайар быһыылаах дии саныыбын.

Киинэ эйгэтигэр

“Холодное золото” саҥа киинэҕэ эн сүрүн оруолу оонньоотуҥ. Идэтийбит артыыс буолбатах киһи оруолгар төһө түргэнник киирдиҥ, төһө табылынна дии санаатыҥ, туох уустуктар баалларай? Киинэҥ дьоруойа Карасев бэйэҕэр төһө чугас уобараһый?

“Сахафильмҥа” киинэҕэ ыҥырбыттара, өр баҕайы олорон режиссер Петр Хикины уонна Настя Львованы кытта кэпсэппиппит.   Сценарийын көрдөрбүттэрэ, арыый да эн курдук сирэйдээх-харахтаах киһи барсыа этэ дии саныыбыт диэбиттэрэ. Дьэ, онтон устуу саҕаланна. Хачыкаакка тахсан сыттыбыт, онно бары ДРСУ диэн тэрилтэ үлэлиир сиригэр олорбуппут. Алдантан 21 табаны аҕалбыттар этэ, эмиэ оччо ахсааннаах сыарҕалар бааллара, табаһыттар кэлбиттэрэ. Киинэ сороҕун Намҥа тахсан устубуппут. Биһигини бастаан “Динамоҕа” илдьэннэр саанан, бэстилиэтинэн ытарга, граната быраҕарга эрчийбиттэрэ. Полигоҥҥа илдьэн снайперскай саанан ыттарбыттара. Сытан эрэ иккитэ ытыахтааххын, хата мин, төһө да хараҕым мөлтөх буоллар, иккиэннэригэр таппытым. Бүтүн бөлөхтөн – НКВД уонна “бандьыыттар” этэрээттэриттэн мин эрэ иккитэ табан үөрбүтүм. Баҕар, театр артыыһа буолуом эбитэ буолуо, оруолбар түргэнник киирбитим. Оҕо сылдьыахпыттан дьээбэлэнэн дьону үтүктээччибин. Саамай ыараханы көрсүбүтүм диэн, хатан хаалбыт кып-кыараҕас былыргы тулуубу (барааҥканы) уонна “летнай” унтууну кэтэрдибиттэрэ. Ону кэтэн баран ойуур устун тоҥуу хаары хайытан сүүрэлээн олох тылым тахсыбыта. Ытыалаһыыга эҥин олох көлөттөн нэһиилэ турааһыннаах. Тымныы баҕайы күннэр турбуттара, хата, сылаас таҥаһы биэрэн абыраабыттара. Дьиҥэр, НКВД начаалынньыгын уобараһа миэхэ оччо чугаһа суох. Туох баар майгыбынан, тас көрүҥмүнэн бандьыыт оруолугар ордук барсыам этэ дии саныыбын. Ол эрэн, наһаа үчүгэйдик оонньоотум диэбэппин да буоллар, бэйэм астынным.

 

Өбүгэлэрбитин ытыктыаҕыҥ

Аскалон, түгэнинэн туһанан, ааҕааччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?

Бастатан туран, бу аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт ыарыы ыраах Муустаах байҕалга бардын, симэлийдин. Урукку олохпун наһаа аҕынным, суохтаатым. Иккис баҕа санаам – саха дьоно-сэргэтэ, оҕолоро төрөөбүт тылларын өрө туттуннар, наһаа нуучча тылыгар охтон эрэллэр. Бэйэтин ытыктаабат киһи норуотугар, төрөөбүт тылыгар кэрээнэ суох сыһыаннаһар, өрө туппат, өбүгэлэрин ытыктаабат уонна оҕолорун оннук иитэр дии саныыбын. Өбүгэлэрбитин, удьуордарбытын бадарааҥҥа умса быраҕан баран кэтэхтэриттэн тэпсэ сылдьабыт диэн суруйан турардаахпын. Түүр омуктан төрүттээхпитин туоһулуур хаарыаннаах баай тылбыт сүтэн, симэлийэн эрэр. Онтон олус хомойобун, дьоммун-норуоппун аһына саныыбын.

Хорол Тумус диэн сиргэ 1682 сыллаахха бүтэһик кыргыһыыга өлөрүллүбүт 23 саха боотурун аата баар. Мохсоҕол Ахсым Бэдьимэ уола диэн киһи кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр Мэҥэ таас (өйдөбүнньүк) туруоран эрэр. Түгэнинэн туһанан, итиннэ дойдубут дьоно көмөлөһөллөрө буоллар диэн баҕа санаабын этэбин. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ буоллаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...