Үтүө киһи аата үйэлэргэ ахтылыннын
Биһиги олохпутун бу кэрэ гына киэргэппит, халбаҥнаабат бигэ туруктаах гына оҥорбут холхуостааһын, сэрии кэмин көлүөнэтэ: кырдьаҕастар, оччотооҕу ыччаттар, отчут–масчыт, сүөсүһүт, сылгыһыт, сири оҥорооччу, бурдук үүннэрээччи ытыктанар дьоммут. Бу дьоллоох олох кинилэр чэрдээх илиилэринэн тутуллубута. Билиҥҥи, кэнэҕэски ыччат кинилэр ааттарын ытыктыах, кэриэстиэх тустаахпыт.
— Мин эһэм туһунан ийэм Светлана Егоровна Аргунова ахтыытыттан ааҕан, кэпсээниттэн истэн билэбин, - диэн эһэтин туһунан кэпсээнин саҕалыыр сиэнэ кыыс Майя Галактионовна Аргунова, Саха сирин тутааччыларын ассоциациятын юриһа, «Аҕалар лигалара» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ эппиэттиир сэкирэтээрэ.
— Эһэм Гаврил Николаевич Григорьев Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр төрөөбүт. Кини аҕата Николай Платонович Григорьев (Харалыыр) Көтөт аҕатын ууһуттан, Мадьыгый Григорьевтартан төрүттээх. Кинилэр Майа алааһын халдьаайытыгар олорбуттар. Ол сиргэ билигин сэргэ турар. Сэниэ, кыанар ыал эбит. Мадьыгыйдар сиэннэрэ Хабарыыс уонна Өлөксөй диэн икки уол оҕо эбиттэр. Оҕонньор, Николай Платонович, 90-ча сааһыгар чугаһаан баран 1943 сыллаахха өлбүт. Сэрии сылларыгар дьонун, биир дойдулаахтарын аһатаары Мооро күөлүгэр илим үтэрэ үһү. Кими да матарбакка, бары үллэстэн, үссэнэн олорбуттар. Ону Хара нэһилиэгин кырдьаҕастара махталынан ахталлара үһү.
Эһэм 1927 сыллаахха оччолорго бастакынан «Прогресс» диэн холбоһугу тэрийбит. Биэс ыал буолан ынахтарын, сылгыларын холбоон, Үлдьүҥэхтээххэ саҥа типовой хотону туттарбыт. Оһохтоох, нэдиэлэ аайы сууйуллар эбит. Онно Татьяна Афанасьевна Васильева (Чярева), Татьяна Иннокентьевна Петрова, Мария Трофимовна Григорьева, Анна Баланова, Варвара Степанова холхуостааһын буолуор диэри үлэлээбиттэр. Кинилэр сүөһүлэрин ыарахан да сылларга энчирэппэтэхтэр. Ыраах сирдэринэн илдьэн кыстаталлар, Өлүөхүмэнэн, Намынан, Арҕаа Хаҥалаһынан оттууллар эбит. «Прогресс» холбоһук сүөһүлэрин төрүөҕэ элбэҕин туһунан 1955-1956 сылларга диэри ахталлара үһү.
Үтүө төрүөхтэн үчүгэй киһи төрүүр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Гаврил Николаевич Григорьев (Харалыыр уола Хабырыыс) үөрэҕэ суох эрээри уһуну-киэҥи өйдүүр, инникини өтө көрөр киһи эбит. Кэргэнин уонна бэйэтин аймахтарын биэс оҕолорун ылан кыра эрдэхтэриттэн иитэн, киһи-хара оҥортообуттар. Гаврил Николаевич ииппит кыргыттарын аҕаларын аатын уларыттарбатах, кэнники дьоннорун, аймахтарын булуохтара диэн. Кэргэнэ, мин эбэм Мария Трофимовна эмиэ биир кэрэ киһи эбит, кыыһырар диэни билбэт, мэлдьи үөрэтэн саҥарар, куруутун үлэлии-хамсыы сылдьар буолара үһү. Миигин эбэм аатынан Майя диэн ааттаабыттар.
Бэйэлэрэ төрөппүт биир эрэ уол оҕолоохтор эбит. Ол уол Николай Гаврильевич Григорьев диэн Саха судаарыстыбаннай педагогическай институту бүтэрэн, история учуутала идэлээҕэ, оҕото, кэргэнэ суох. 1943 сыллаахха сэриигэ баран бааһыран инбэлиит буолан кэлбит уонна 1947 сылллаахха өлбүт.
Сэрии иннинэ Сталин холкуос бэрэссэдээтэлинэн Егор Пахомович Васильев үлэлээбит. Сэриигэ ыҥырыллан барарыгар үлэтин Гаврил Николаевичка туттарбыт. Онон Гаврил Николаевич саамай сут-кураан, сэрии ыар кэмнэригэр бүтүн холхуоһу, дьонун-сэргэтин бэйэтин эппиэтигэр илдьэ хаалбыт. Эһэм Гаврил Николаевич дьонун-сэргэтин хоргуппат туһуттан санаатын ууран, ханнык эмэ бурдук үүммүтүн, ол атаҕын, түгэҕин кытары хомуйтаран, ыаллар ампаардарыгар маҥхааһай оҥорторон, онно хаһаанан, уопсай остолобуой тэрийэн, хааһы буһартаран, Нөөрүктээйиттэн Лауреат Егоров үүннэрбит хаппыыстатын сэбирдэҕин, төрдүн таһаартаран, ону мииннээн-оттоон аһаппыт.
Атын сиртэн элбэх киһи холхуоска чилиэнинэн киирбит. Олейниковтар, Солдатовтар (Бүлүүскэйдэр), Григорьевтар уо.д.а. Арҕаа Хаҥаластан, Тыыллыматтан, Наахараттан, Амматтан, Бүлүүттэн кэлитэлээбиттэр. «Дириҥ, киэҥ, сытыы, булугас, холку, өйдөөх Харалыыр Хабырыыс баар буолан сэриини, суту этэҥҥэ туораабыппыт» диэн кырдьаҕастар дьиэтигэр кэлэн мэлдьи махтаналларын ийэбит кэпсиирэ.
Эһэм Гаврил Николаевич холхуостаахтар үлэлэрин сыллааҕы отчуотун үс күн мунньахтыыра үһү. Биир да кумааҕыта суох. Сылга төһө от оттоммутун, төһө бурдук хомуллубутун, төһө үүт ыаммытын, туох тутуу барбытын. Оттуур ходуһа, бааһына күрүөлэммитэ, төһө сүөһү, сылгы сылы туораабыта, төһө үлэ күнэ оҥоһуллубута, төһө дохуоту холхуостаах аахсыбыта, ким үлэтин төһө бырыһыан толорбута. Оччолорго үлэһит стахановецтар 150 бырыһыантан 250 бырыһыаҥҥа диэри күннээҕи үлэлэрин толороллор эбит. Итини барытын өйүттэн кэпсиирэ үһү. Гаврил Николаевич биир буукубаны билбэт үөрэҕэ суох эрээри, айылҕаттан талааннаах, өйүгэр барытын тутар дьоҕурдаах дииллэрэ. Мунньах түмүгүнэн куоластааһын ыыталларыгар 16 саастаах оҕолортон саҕалаан холхуостаахтар бары баар буолуохтаахтара ирдэниллэрэ үһү.
Хара нэһилиэгин үлэһит дьоно сэрии кэмигэр стахановтыы үлэлииргэ дьулуһаллара. Холхуоска 8 стахановец оҕонньор баар эбит. Василий Колосов, Афанасий Дмитриев эрбиинэн оттук мас бэлэмнээн күннээҕи нуормаларын 268 бырыһыан толорбуттар. Атын да үлэҕэ сылдьар колхуостаахтар Гаврил Терентьев, Павел Михайлович Дмитриев (кыыл Байбаас) үчүгэй үлэлэринэн Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкаҕа кыттыбыттар, 16 кубтаах маһы кэрдэллэрэ үһү. Былааннарын 200 бырыһыан толорбут Савва Кириллин, уус Илья Назаров бааллара. «Үлэ күнүн сатаан туһанан, маһы кэрдии уустук үлэтин ньыматын табан, туттар тэриллэрин үчүгэйдик оҥостон, күнү толору туһанан үлэлииллэрэ», – диир эбит Гаврил Николаевич. Сталин аатынан холкуос Майа оскуолатын, балыыһатын кыстык маһынан хааччыйан олорбута. Хара үлэһит ыччата эмиэ таһаарыылаахтык үлэлиирэ. Үгүс ыччат үлэҕэ килбиэнин иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Эһэм Гаврил Николаевич партия чилиэнэ, эдэр эрдэҕиттэн салайар үлэҕэ сылдьыбыт. Холкуостааһын кэмигэр хонуу биригэдьииринэн үлэлээбит. Бааһыналары солоон, кэҥэтэн, күһүн-саас паардаан, сиэмэ бурдугу кыһын ыалларынан тарҕатан сортировкалатан, саас бааһыналарга ноһуому куулунан таһан, хаар типтэрэн, ыһыыга туттуллар көлөлөрүн эрдэттэн бэлэмнииллэр эбит.
Ол саҕанааҕы ыччат Павел Дмитриев (Бачыым) 6-8 көлөнөн фермаҕа от тиэйэрэ, эмиэ итиччэ көлөнөн мас тиэйэрэ. Икки хара атынан икки массыынанан от оҕустарара. Былааннарын 250-300 бырыһыан толороллоро. Ол курдук, комсомуол сэкирэтээрэ Гоша Олорчохонов уонна Володя Лукин, Кеша Дмитриев үлэлииллэрэ.
Хонуу, ферма биригэдьиирэ үлэни сатабыллаахтык тэрийэн, ол түмүгэр холхуостара өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр таһымҥа тахсыбыт. Иннокентий Афанасьевич Дмитриев (Баабы уола), фермаҕа Анисия Трофимовна Павлова, Василий Иннокентьевич Иванов, ыччат биригэдьиирэ Гоша Олорчохонов, Василий Егоров (Тойон Мурун) уонна да атыттар үлэ үөһүгэр сылдьыбыттар.
«Гаврил Николаевиһы дьоно Харалыыр Уола диэн бэркэ астынан ааттыыр ытык киһилэрэ, - диэн ахтыбыт Михаил Николаевич Гермогенов. - Өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ холхуоһун салайан хаалыы эппиэтинэһэ улахана сүрдээх этэ. Ону мин өйдүүрүм, толло да саныырым. Гаврил Николаевич салайар үлэтин истиилэ миэхэ тирэх буолара. Холхуос салайааччылара бары бэйэлэрин үлэлэрин бэрт үчүгэйдик билэр, наһаа да үлэһит дьон этилэр».
1940 сыллаахха уот кураан буолан, дьон олоҕор ыарахан күннэр-дьыллар бүрүүкээбиттэр. Ити сылларга Сталин аатынан холхуоска эһэм Гаврил Николаевич элбэх үлэни ыыппыт. Кулуупка итии аһылык тэрийэн, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ күҥҥэ биирдэ хааһы сииллэрэ. Ол түмүгэр биир да киһи хоргуйан өлбөтөх. Семен Семенович Терентьев кэпсиирэ: «Мин хараҕа суох эбэбин Өлөөнө Терентьеваны сиэтэн илдьэрим, кыра этим, ыарыйдаҕына иһиккэ хааһы кутан биэрэллэрэ. Эбэм махтанан: «Харалыыр уола Хабырыыс баар, уһун–киэҥ өйдөөх улуу улахан киһи дьонун–сэргэтин быыһаата»,- диэн баран, уруйдаан ырыа ыллыыра үһү».
«Мутукча» сайылыкка 1942 с. бэс ыйын тиһэх күннэригэр нэһилиэк эдэр дьоно, кырдьаҕастар, ыччаттар, хаһан да муста илик элбэх киһи түмсүбүт. Күөх хонууга олорон наҕылыччы аһаабыттар, мустубучча, эдэрдэр илии–атах оонньуутун тэрийбиттэр, ыллаабыттар–туойбуттар.
«Сталин аатынан холхуоһу сүкпүт–көтөхпүт, биир бастыҥ холхуос оҥорбут баар эрэ бастыҥ ыччаттарбыт күн сарсын Аармыйаҕа бараары бэбиэскэ тутан олороллор, сэрии диэн сэрии, кими туох күүтэрэ биллибэт, дьол, дьылҕа билэр дьыалата. Күндү доҕотторбуот, бүгүн эһигини атаараары муһуннубут. Кыайыы кынаттанан этэҥҥэ эргиллээриҥ. Оттон биһиги, хаалааччылар, холкуоспут аатын түһэн биэриэхпит суоҕа», - диэн колхуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ табаарыс Гаврил Николаевич Григорьев этиитэ барааччылары, хаалааччылары да олус долгуппут, кынаттаабыт диэн кэпсииллэр.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр бүттүүн сэбиэскэй норуот, биир киһи курдук, өстөөҕү утары туох баар күүһүн биэрэн туран сэриилэспитэ. Кырдьаҕастыын, оҕолуун Кыайыы туһугар охсуспуттара. Тыылга хаалбыт кырдьаҕастар, ыччаттар, дьахталлар Кыайыы туһугар бары кыахтарын ууран фроҥҥа көмөлөспүттэрэ. Итии таҥаһынан, гос.заем сурутуутунан, дьахталлар кыһыл, үрүҥ көмүс симэхтэрин биэрэн көмөлөспүттэрэ. Оборона пуондатыгар үп–харчы хомуллуутугар аҕас-балыс Мария, Анисия Трофимовналар биирдии бэйэлэрэ 50-ннуу тыһыынча солкуобай биэрбиттэр. Ол туһунан «Во имя Победы» диэн кинигэҕэ суруллубут. 1944 с. танковай колонна тутуутугар 200 тыһыынча солкуобай үбү хомуйан, Верховнай Главнокомандующай Иосиф Виссарионович Сталин эҕэрдэ телеграмматын туппуттар: «Передайте колхозникам и колхозницам колхоза имени Сталина, собравшим 200 тысяч рублей на строительство танков, мой братский привет и благодарность Красной Армии, желание колхозников и колхозниц будет исполнено, Иосиф Сталин».
Аҕабытын, эһэбитин, хос эһэбитин, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, оройуон бочуоттаах киһитэ Гаврил Николаевич Григорьевы - Харалыыр уола Хабырыыһы, нэһилиэгим туһа диэн үлэ бөҕөнү үлэлээбит киһини сүгүрүйэн, махтанан туран ахтабыт оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ. Кини үтүө быһыыта үйэлэргэ ахтылла туруо диэн эрэнэбит.