Түөкүттэр киһи өйүн сатаан баайаллар
Сороҕор кыһыйабын, абарабын, ити харчыларын, мөлүйүөнүнэн сууманы биир эмит ыарыһах оҕоҕо дуу, ыарахан түгэҥҥэ түбэспит дьоҥҥо дуу, бааһырбыт саллаакка дуу ыыппыттара буоллар диэн. Ол эрээри, улаханнык саҥарыллыбат, массыанньык минньигэс тылыгар, түөкүттэр угаайыларыгар ким баҕарар, эдэриттэн эбэтэр эмэниттэн, чыыныттан-хааныттан тутулуга суох, оробуочай буол, учуонай буол түбэһиэххэ сөп.
Биир бэйэм дьүөгэм, илэ өйүгэр сылдьан, массыанньыктарга мөлүйүөн аҥаара кэриҥэ харчытын биэрэн турар. Төһө эмит испэр дьаахханар курдукпун, албынныыллар быһыылаах диибин да, минньигэс тыллара, киһини манньытар этиилэрэ хас да күн харчыбын уга олорорбор күһэйбиттэрэ диир. Кини оонньууга киирэн хаалбыт этэ. Ол эбэтэр харчытын үлүннэрээри...
Ити курдук бииртэн-биир киһи эрэ куттанар, сонньуйар иһитиннэриилэрэ, түөкүттэр тылларыгар киирэн харчыларын халтайга, кураанахха ыыппыт, буолунай, хастыы даҕаны кирэдьиит ылбыт дьон туһунан күннэтэ сэрэтэллэр, кэпсииллэр.
Элбэхтэн аҕыйах холобуру ааҕааччыларбар тиэрдиэм.
Оскуолаҕа буҕаалтырынан үлэлиир дьахтар Telegram ханаалыгар оскуола дириэктэрэ суруйда дии санаабыт. Массыанньыктар дириэктэр, силиэдэбэтэл уонна баан үлэһитэ аатыттан хас да күн 71 саастаах дьахтары тылларыгар киллэрэннэр кинилэр счеттарыгар 1,2 мөлүйүөн солкуобайы ыытарга күһэйбиттэр.
Дьокуускайга учууталлары кибермассыанньыктар чэпчэкитик албынныыр буолбуттар. Ол курдук, 61 саастаах оскуола учууталын Telegram ханаалыгар суруйбуттар, хаартыскатыгар дириэктэрин мөссүөнэ олорор эбит. Ис хоһооно маннык буолан биэрбит: “Үтүө күнүнэн! Сотору эйигин кытта быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһиттэрэ эрийэн ыйыы-кэрдии биэриэхтэрэ”. Дьахтар ыгылыйбыт, кырдьык, дириэктэрим суруйбут дии санаабыт. Ити кэнниттэн тута ФСБ уонна Киин баан “үлэһиттэрэ” эрийэн киирэн барбыттар, дааннайдары сүтэрии тахсыбытын уонна кини аатыгар бааннарга кирэдьиит оҥоһуллубутун туһунан иһитиннэрбиттэр. Ол курдук, учуутал түөкүттэр ыйыыларынан банкомат нөҥүө уоппускаҕа муспут 190 000 солкуобайын биллибэт счеттарга ыыппыт. Дьиэтигэр кэлэн эрэ баран албыннаабыттарын, оскуола дириэктэрэ суруйбатаҕын өйдөөбүт.
24 саастаах медсиэстэрэҕэ түөкүттэр эрийэннэр дознаватель уонна Киин баан үлэһиттэрэбит диэбиттэр. Кини курдук араспаанньалаах эр киһи кини аатыгар кирэдьиит оҥорторо сатыырын эппиттэр. Кыыс куттанан, эрийбит дьон ыйыыларынан 1 мөлүйүөн 147 тыһыынча солк. онлайн-кирэдьиит оҥорторбут, ол кэннэ харчыта барыта массыанньыктарга “куттала суох счекка” барбыт.
72 саастаах биэнсийэлээҕи түөкүн баай-дуол сыһыаннаһыытын үлэһитинэбин диэн албыннаабыт. Кини аатыгар биллибэт киһи кирэдьиит ылбытын сабарыгар хамсаабат хапытаалын, хоһун, атыылыырыгар тылыгар киллэрбит. Кырдьаҕас барахсан итэҕэйбит уонна “куттала суох счекка” хоһун атыылаабыт харчытын – 1 мөлүйүөн 900 солкуобайы ыыппыт.
43 саастаах наука үлэһитэ 158 000 солкуобайын сүтэрбит. Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар “сымыйа” ыйытыгы ааһан. Оттон 42 саастаах үлэтэ суох дьахтар 150 000 солкуобайын Интэриниэккэ “үлэ” булан сойботторбут.
Массыанньыктар, эчи, талааннарын сөҕөҕүн. Аны “лайк” туруоруҥ дии-дии ымсыырдаллар. Ол курдук Мэҥэ Хаҥалас оройуонун олохтооҕор этии киирбит: интэриниэт-маҕаһыыҥҥа лайк туруоруохтааххын диэн. Биир сүрэххэ – 60 солкуобай. Дьахтар этиллибит схеманан “үлэлээбит” уонна, биллэн турар, массыанньыктарга түбэспит. Биир күн иһигэр кини 300 тыһыынча солкуобайын сүтэрбит.
Маннык түбэлтэлэри кэпсээн бара туруохха сөп.
Полиция үлэһиттэрэ сэрэтэллэр: массыанньыктар үгүс өттүгэр албынныырга WhatsApp уонна Telegram ситимнэри тутталлар, манна дьиҥнээх дааннайдары уонна тэрилтэ хаартыскаларын эбэтэр чахчы баар киһини ыйаллар. Өскөтүн эһиэхэ саарбах нүөмэртэн эрийдэхтэринэ кэпсэтэн бүтэ охсуҥ уонна 102 эбэтэр 112 нүөмэргэ эрийиҥ.
***
Массыанньыктарга, түөкүттэргэ түбэспит дьон дьылҕалара хайдах буоларын таайыахха эрэ сөп. Ол курдук аймахтара кинилэртэн тэйэллэр, өстөөхтүү буолаллар, ийэлэрин, аҕаларын балыыһаҕа укпут, аккаастаммыт да түгэннэрэ, оннооҕор бэйэҕэ тиийинии түбэлтэтэ тахсар. Санаан көрүҥ, хастыы да мөлүйүөнү кураанахха ыытан ону үйэҥ-сааһыҥ тухары төлүөххүн наада буолар. Биир кырдьаҕас массыанньыктар хаста да эрийбиттэригэр төһө эмит аккаастанан кэпсэтиини быһан испит, онуоха сиэнэ кэлэн түөкүттэри кытта кэпсэтэн, эһээтин харчыгын уораары гыммыттар диэн сэрэтээри, төттөрүтүн, кырдьаҕас хас да сыл муспут биэнсийэтин, балачча улахан сууманы сүтэрбиттэрин суруйбуттара. Бу кэннэ сиэн уонна эһээ өһүөннэһиитэ тахсара биллэр суол. Ким сөп диэҕэй. Аны чугас киһиттэн, доҕоттортон иэс ыла-ыла, харчыны үлүннэрээри, араас оонньууларга оонньооһун, албыҥҥа киирэн биэрии олус элбэх.
Кырдьык, ким даҕаны түөкүттэртэн харыстанар ньымата суох. Эппитим курдук, кинилэр талааннара дьикти, күнтэн күн араас албаһы, албыны толкуйдаан иһэллэр.
Хайдах харыстанабыт?
Түөкүттэри кытта сэһэргэстиҥ эбэтэр фишинговай сайтка киирдиҥ. “Алдьатаары” гыннахтарына тугу дьаһаныахха сөбүй?
Иһитиннэриини биэрэн бүт
Саарбахтыыр сайткын сабан кэбис эбэтэр кэпсэтэн бүт, өскөтүн тугу эрэ сэрэйдэххинэ. Тус бэйэҥ тускунан иһитиннэриини киллэрэргэр сэрэн.
Ыраахтан эйигин дьаһайалларын тохтотор инниттэн, интэриниэттэн арааран кэбис.
Сыһыарыыны кэпсэтэр киһиҥ сорудаҕынан туруорбут буоллаххына эбэтэр кини эн көмпүүтэргэр (ноутбуккар уо.д.а.) ыраахтан тугу эрэ оҥорбут буоллаҕына, Wi-Fi нөҥүө уонна суотабайынан бэриллэр дааннайы арааран кэбис.
Хакердар тугу билэ охсубуттарын толкуйдаа
Сайтка тугу киллэрбиккин эбэтэр кэпсэппит киһигэр тугу этэн биэрбиккин өйдөө. Өскөтүн ааккын, аадырыскын уонна төлөпүөнүҥ нүөмэрин эрэ буоллаҕына, атын тугу да гынар наадата суох.
Оттон кутталлаах дааннайдары биэрбит буоллаххына – пароль, тус докумуоҥҥун хаартыскаҕа түһэрэн эбэтэр баан иһитиннэриилэрин: оччотугар салгыы бу сүбэлэри тутус.
Парольгун уларыт
Бары сервистэргэ парольгун уларыт, кинилэргэ эппит парольгун саҥардан биэр, туох баар сервискэр барсар гына. Өскөтүн көмпүүтэриҥ Интэриниэттэн арахсыбыт буоллаҕына, атыны тутун, анарааҥҥы кинилэргэ хайыы үйэ биллибитинэн сибээстээн.
Бааны кытта, кирэдьиит биэрэр тэрилтэни эбэтэр сервис-провайдеры кытта сибээстэс
Өскөтүн баан картатын нүөмэрин эбэтэр туох эрэ үпкэ-харчыга сыһыаннаах иһитиннэриини биэрбит буоллаххына, бааны кытта суһаллык сибээстэс.
Көмпүүтэргин бэрэбиэркэлээ
Төттөрү ситимҥэ холбуоҥ иннинэ үчүгэйдик сыныйан туран бэрэбиэркэлээ, куттала суох буоларын, атын вирус киирбэтин инниттэн.
Атыттары көрдөө
Чуолаан интэриниэт-маҕаһыыннарга уонна баан аккауннарыгар. Тугу атыыласпыккын, социальнай ситимнэргэ тугу таһаарбыккын, суруйсубуккун көрүтэлээ. Аккаунт дааннайдара уларыйбытын бэрэбиэркэлээ уонна туох киниэхэ холбоно сылдьарын эмиэ.
Түөкүттэр сиэртибэлэрин кэпсээннэрэ
Данил М., суруналыыс, массыанньыктар, түөкүттэргэ түбэспит дьон туһунан суруйар, сэрэтэр:
– Миэхэ киэһэ хойут эрийбиттэрэ. Полицияттан диэбиттэрэ, билигин эн счеккуттан харчы устуохтарын сөп диэн эппиттэрэ. Маны таһынан массыанньыктар улахан схемаларын дьыалатын арыйаары сылдьаллар, онно мин көмөлөһүөхтээх үһүбүн. Харчыбын сүтэрэртэн куттанным, бу кэмҥэ дьону сэрэтэн суруйарбын эҥин олох умнан кэбистим, массыанньыктар полиция, ФСБ о.д.а. үлэһиттэрбит дииллэрин. Кырдьык, киһи өйө бааллар эбит. Суруйар диэн, ким эрэ туһунан ааҕар уонна муспут харчыгын сүтэрээри гыммытыҥ атын-атын эбит. Ол да буоллар эрийбит “майорга” хантан төлөпүөн киирбитин билигин бэрэбиэркэлиэм диэтим. Биллим: ханнык эрэ полиция отделыттан киирбит. Мин өссө дириҥник итэҕэйдим. Ол курдук икки чаас устата кэпсэттибит. Туохха да аралдьыйбаппын, отой ыксыы олоробун. Ким эмит эрийдэҕинэ ханнык эрэ атын нүөмэргэ салайан иһэллэр. Каартам дааннайын этэрбэр “робот” холбоотулар. Кинилэр истибэттэр үһү, нейроситим дааннайы ааҕар уонна куттала суох счекка ыытар диэтилэр.
Билигин санаатахха, сибиэһэй, чөл өйбүнэн толкуйдаатахпына, сырдык-хараҥа иһигэр сылдьыбыппын быһыылаах. Инньэ гынан барыта 70 тыһыынча солкуобайы ыыппытым. Массыанньыктарга түбэспиппин кэпсэтэн бүтэн баран чаас аҥаарынан биирдэ билбитим. Акаары да эбиппин билэн дэлби сааппытым, кыбыстыбытым. Бу туһунан наһаа өр кимиэхэ да кэпсээбэккэ сылдьыбытым.
Ксения Д., 47 саастаах, судаарыстыбаннай тэрилтэ үлэһитэ, үрдүк үөрэхтээх уйулҕа үлэһитэ:
– Мин массыанньыктарга тус бэйэм 3 мөлүйүөн солк. ыыппытым. Сороҕун кирэдьиит ылбытым. Тугу оҥорбуппун билэн баран, улаханнык уолуйбутум, стресскэ киирбитим, күн бүгүн, икки ый кэнниттэн даҕаны оннубар өссө түһэ иликпин. Оччолорго барыта тумаҥҥа курдук этэ...
Ол күн үлэбэр наһаа улахан ноҕорууска буолбута: сотору-сотору төлөпүөнүнэн кэпсэтии, барыта олус суолталаахтар. Арай ол быыһыгар соһуччу “полицияттан” эрийдилэр. Мин харчыбын устаары гыналлар, ону “куттала суох счекка” ыытыахпын наада үһү. Бу схемаларын, дьиҥэр, билэр этим буоллаҕа, онно-манна ааҕабын даҕаны, субу-субу сэрэтэллэр даҕаны. Ол эрээри, оччолорго ол туһунан ончу санаабатахпын. Харчым туһугар куттал буолбакка, полицияларга көмөлөһөн гражданскай иэспин төлүүр курдук санаа киирбитэ быһыылаах. Түөкүттэри буларга көмө. Миигин кытта хас да киһи уларыйа сылдьан кэпсэппиттэрэ. Киэһэ эрэ буолбакка, түүннэри кытта кэпсэппиппит. Сарсыарда туран бааҥҥа баран кирэдьиит ылбытым. Баан үлэһитэ: “Ким да эйиэхэ кирэдьиит ыларгар күһэйбэт, бэйэҥ баҕа өттүгүнэн ылаҕын дуо?” диэн ыйыппытыгар да болҕомтобун уурбатаҕым. Бу кэмҥэ кинилэри кытта кэпсэтэ сылдьар этим. Билигин санаатахха, мин быанан төттөрү-таары сүүрдэр марионеткалара курдук этим. Ол курдук, дьиэбэр кэлбиппэр эмиэ эрийбиттэрэ. Кэргэним сим-каартабын ылан быраҕыар диэри.
Ол курдук бэлэхтээбит үс мөлүйүөммүн билигин төлүү сылдьабын.