Сыралаах үлэ түмүгэ — туһалаах кинигэ
Аҕыйах хонуктааҕыта «Имена на улицах Якутска» диэн биобиблиографическай ыйынньык төрдүс таһаарыыта сүрэхтэннэ. Манна 195 уулусса уонна 39 быстах туора уулусса (барыта холбоон 234) аата киирбит. Бу Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар дьоһун бэлэх буолла.
Куорат уулуссаларыгар аат биэрэр этэргэ эрэ дөбөҥ. Оттон ону үөрэтии, чинчийии, ырытыы, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы өссө уустуга сэрэйиллэр.
Бырайыакка үлэлээбит ааптардар, хомуйан таһаарааччылар иһитиннэрбиттэринэн, ыйынньык бастакы үс таһаарыыны түмтэ, итини сэргэ, куорат уонна Дьокуускай кытыы нэһилиэктэрин саҥа уулуссалара уонна быстах туора уулуссалара эбилиннилэр. Уулусса туһунан кылгас иһитиннэриилэр, хас сыллаахтан ким аатын сүгэрэ, биографическай чахчылар, ыйынньыкка ахтыллар личность үлэлэрин библиографическай испииһэгэ (эбэтэр айымньылара), кини туһунан литература киирбиттэрэ үтүмэн үлэ ыытыллыбытын көрдөрөр.
Евгений Григорьев, киин куорат баһылыга:
– Сыл аайы куорат каартатыгар хас да саҥа уулусса эбиллэр, онон күн бүгүн уопсай ахсааннара 500-тэн таҕыста. Инникитин даҕаны өрөспүүбүлүкэ киин куоратын уулуссаларыгар Саха сирин чулуу уолаттарын, Арассыыйа уһулуччулаах дьонун, Аҕа дойду дьоруойдарын ааттарын иҥэрэр, историяҕа сүдү суолталаах сабыытыйалары үйэтитэр үтүө үгэһи өйүүр санаалаахпыт.
Кинигэни хомуйан оҥорбут ааптардарга сыралаах үлэҕит иһин махтанабын. Туһалаах кинигэни ааҕаргытыгар ыҥырабын.
Мария Андреева, “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук “Библиотека тиһигин киинэ” муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтин дириэктэрэ:
– Дьокуускай куорат историята олус баай, ол топонимиятыгар чаҕылхайдык көстөр. Хас биирдии уулуссата уонна быстах туора уулуссата история кэрчиктэрин арыйар.
Киин куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар Дьокуускай топонимиятын билиһиннэрэр аналлаах хас да бырайыак ситимнээхтик уонна тиһигин быспакка үлэлиир. Онтон биирдэстэрэ – «Имена на улицах Якутска» диэн үстэ тахсыбыт (2002, 2004, 2017 сылларга) биобиблиографическай ыйынньык. Манна киирбит ыстатыйалартан норуот хаһаайыстыбатын, литература, искусство, үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, наука сайдыыларын билиэххэ-көрүөххэ сөп.
2022 сылга тахсыбыт ыйынньык эбиилээх уонна уларытыылаах хос таһаарыы буолар. Үөрэххэ уонна сынньалаҥҥа туһалаах, билиигэ-көрүүгэ, наука үлэтигэр тирэх буолуоҕа.
Интэриэһинэй чахчылар
— Куорат топонимикатыгар үлэ, идэ көрүҥүнэн арахсыы бэлиэтэнэр:
Холобур, Сайсары түөлбэтигэр саха суруйааччыларын, Аҕа дойду Улуу сэриитин Дьоруойдарын ааттарын үйэтитэр уулусса ордук элбэх
— Ааптардар бэлиэтээбиттэринэн, Дьокуускайга кэрэ аҥаардар ааттарын үйэтитэр уулусса аҕыйах. Холобур, 195 уулуссаттан 7-тэ эрэ дьахтар аатын сүгэр: Надежда Крупская, Клара Цеткин, Лиза Чайкина, лүөччүктэр Валентина Гризодубова, Марина Раскова, Полина Осипенко, Вера Захарова.
— Кэнники сылларга историяҕа киирбит элбэх киһи аата сөргүтүллүбүт: Иван Крафт (ДСК оройуонугар), саха алпаабытын ааптара Семен Новгородов (Аппа уҥуор), Михаил Мегежекскэй (“Сатал” оройуонугар).
Куорат кытыы нэһилиэктэрин ылан көрдөххө:
— Тулагыга Герой ийэлэр ааттара үгүстүк үйэтитиллэр.
— Хатаска дьиэ кэргэн араспаанньата элбэх.
— Оттон Маҕаҥҥа уонна Табаҕаҕа дьон аата үстүү эрэ уулуссаҕа иҥэриллибит.
https://cbsykt.ru/services/efed-viewer/?id=79008