22.01.2022 | 12:00

«Сынньанар» дуу, «утуйар» дуу?

«Сынньанар» дуу, «утуйар» дуу?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыкка бассаапка биир дьүөгэбит баар-суох таптыыр сибэкким өлөн хаалла диэн аймаммыта. Сэбирдэҕэ саһаран хаалбыт, онтон биир сарсыарда олох даҕаны сытынан кэбиспит. Дьиҥэр, эрдэттэн хаһаайкатыгар тугу сөбүлээбэтин “этэ”, “сэрэтэ” сатаабыт эбит.

Сорохтор “утуйбута” буолуо диэн уоскуппуттара. Ким эрэ атын иһиккэ көһөрбүккүн сөбүлээбэтэх диэн быһаарбыта. Үгүс кыыс тымныы кыһыммытын буруйдаабыта. Ким сөпкө этэрин билээри, бу туһунан хасыһарга уонна ааҕааччыларга үллэстэргэ сананным.  

Кырдьык, дьыл кэмэ уларыйдаҕын аайы дьиэтээҕи үүнээйилэри көрүү-харайыы уратылаһар. Кыһын туохха болҕомтобутун ууруохтаахпытый? Чуолаан чааһынай дьиэтэ суох, кыбартыыраҕа күөх муннук оҥосто сатааччылар тугу билиэхтээхтэрий?

Сөпкө бүөбэйдээҥ

Кыһын күн уота чаҕылыйбат буолан, үүнээйилэр ордук үчүгэй көрүүгэ-истиигэ наадыйаллар. Сорохтор олох даҕаны “утуйаллар” уонна саас “уһукталлар”. Ону сэргэ, үгүстэр кыһын улааталлара тохтуур, сэбирдэхтэрин быраҕаллар. Ол аата ураты усулуобуйаны көрдүүллэр.

Сэбирдэхтээх декоративнай үүнээйи үксэ тропическай дойдулартан кэлбит. Биллэн турар, онно өрүү ичигэс, ол иһин “сынньамматтар”. Дьиҥэр, сөпкө бүөбэйдээтэххэ, оннооҕор биһиги курдук кыһыннаах дойдуга сылы эргиччи чээлэй күөх туруохтарын сөп. 

 

 Итии уонна сөрүүн элбэҕи быһаарар

Ханнык баҕарар үүнээйи температура эмискэ уларыйарын сөбүлээбэт.

Экзотическайынан аатырар үүнээйилэри кыһын +18, +20 температураҕа туруорар ордук.

Сөрүүҥҥэ сорох үүнээйи сэбирдэҕэ саһарар, оттон ууну олус куттахха, силиһэ сытыйар.

Субтропиктан кэлбит үүнээйилэр +14, +18 кыраадыс сылаас температураҕа үчүгэйдик кыстыыллар. Ол сорохтор “сынньаналларыгар”, “утуйалларыгар” туһалаах. Саас сылыйдаҕына, күн уотуттан “уһукталлар”, өссө “өрөйөн-чөрөйөн” биэрэллэр.

Драцена, пальма, алоказия, фикус, филодендрон – куруук улаатар үүнээйилэр. Онон кинилэргэ +20, +22 үчүгэй.

 

Сырдык уонна сииктээх

Кыһын күнү көрөрбүт ахсааннаах. Бэл, тумаҥҥа биһиги тууйуллабыт ээ. Санаан көрүҥ, биир сиргэ турар үүнээйилэр хайдах муҥнаналларын. Маннык күннэргэ төһө кыалларынан сырдык сиргэ уура сатааҥ. Түннүк таһыгар көһөрөргүтүгэр үрэрин-суоҕун бэрэбиэркэлээҥ. Түннүккүтүн аһар-сабар буоллаххытына, үүнээйилэргитин куоттарыҥ. 

Батареяттан чугас туруордахха, үүнээйи сэбирдэхтэрэ төбөтүттэн саҕалаан куурар-хатар. Ол иһин бүөлүүр ордук. Үүнээйи сэбирдэхтэрин түннүк тааһыгар сыһыарымаҥ, оттон томороон тымныыга букатын да ыраах ууруҥ. Иһиккэ турбут буор тоҥноҕуна, үүнээйи силиһэ өлөр, сытыйар. Маннык буолбатын туһугар кашпо анныгар пенопласт ууруохха сөп.

Дьиэтээҕи үүнээйилэргитин уунан ыстараргытын умнумаҥ, салгыны сиигирдиҥ. Ону таһынан ыйга биирдэ сылаас уунан душтааҥ, быылтан, киртэн ыраастааҥ. Сорох үүнээйи уу ыстарары сөбүлээбэт, ону сэбирдэхтэрэ сытыйан биллэрэр. Холобур, шефлера душтан үөрүөҕэ, оттон фиалка уонна глоксиния кыыһыран туруохтара.

Кэмиттэн кэмигэр иһиттэрин хамсатан, күн диэки хайыһыннаран биэрэр ордук. Сибэккитэ ата илик эбэтэр түспүт буоллаҕына, тыытымаҥ. 

Кыһыннары сибэккилиир үүнээйилэр сууккаҕа 12-14 чаас сырдыкка наадыйаллар. Люминесцентнай эбэтэр светодиоднай лаампалары туһаныҥ. Үүнээйиттэн 20 см үөһэ туруорар үчүгэй.

Азалия, дьиэҕэ үүнэр роза, пуансеттия, декабрист, цикламен, орхидея кыһыннары сибэккилииллэр. Онон ураты көрүүнү-харайыыны эрэйэллэр.

 

Ууну кутуу уонна эбии аһатыы

Биллэн турар, сайыҥҥы кэмтэн уратылаах уонна кистэлэҥнэрдээх.

Кыһын олус элбэх ууну кутар сыыһа. Үүнээйи ыалдьар, оннооҕор өлөр.

Тымныы уу абырыан оннугар алдьатыан сөп. Тоҕо диэтэххэ үүнээйи силиһигэр иҥпэт.

Үгүс үүнээйигэ бу сүбэни туһаныҥ: буорун үөһээ араҥата аныгыскы кутаргытыгар куурбут, ол эрээри иһэ сииктээх буолуохтаах.

Уу кутуоххут иннинэ буорун көбүтэн биэриҥ, оччоҕуна силиһигэр салгын киирэригэр үчүгэй буолуоҕа. Кыраантан кэлэр ууну 1-2 күн туруорар ордук – хлора көтүөҕэ. Эбэтэр фильтринэн ыраастаммыт ууну туһаныҥ.

Суккуленнар, кактустар сииккэ наадыйбаттарын кэриэтэ. Оттон сорохтор кыһыннары-сайыннары элбэх ууну ирдииллэр. Холобур, циперус, аир уо.д.а. Аны туран, үүнээйигит сибэккилэнэн турдаҕына, уунан хааччыйаргытын умнумаҥ. 

Кыһын үгүс үүнээйигэ уоҕурдуу кутуллубат. Сибэккилииллэри уонна атан эрэр сибэккилээхтэри аһаталлар.

Тохсунньу-олунньу ыйдарга ахименес, глоксиния, бегония хортуоппуйдарын саҥа иһиккэ көһөрөллөр уонна кыра-кыралаан уу куталлар. 

 Көһөрүү дуу, куоттарыы дуу?

Кыһын үүнээйилэри иһиттэриттэн көһөрбөт ордук. Бу дьыл кэмигэр үгүстэр “сынньаналлар”, утуйар туруктаналлар. Кыһын бүтэрин кэтэһэ түһүҥ. Күн уһуур, сырдыыр кэмигэр үүнээйи түргэнник улаатарын умнумаҥ.

Ол эрээри буортулааччылартан куоттаран, быыһыыр туһуттан көһөрүөххэ сөп. Саҥа буор ыарыыта суоҕун бэрэбиэркэлээҥ, анал сириэстибэнэн эмтээҥ. 

 

Хаппырыыстаабаттар

Сорох үүнээйилэр элбэх бириэмэни, сыраны эрэйбэттэр. Этэргэ дылы, бэйэлэрэ бэйэлэригэр тураллар. “Уу кутарбын умнубуппун”, “солом суох” диир дьоҥҥо үчүгэй. Оннук үүнээйилэри холобурдуубут.

Драцена. Нэдиэлэҕэ 1-2-тэ уу кутуллар. Умуннаххытына, 7-10 күн туруон сөп. Сөптөөх температуранан уонна сырдыгынан хааччыйдаххытына, махтаныаҕа. Ол эрээри сорохтор сытын сөбүлээбэттэр.

Фикус. Көрүҥэ, арааһа элбэх. Нэдиэлэҕэ 1-2-тэ уу кутуллар. Кэмиттэн кэмигэр сэбирдэҕин сотуллар.  Улахан көрүүгэ-харайыыга наадыйбат.

Алоэ. Сайын нэдиэлэҕэ биирдэ, кыһын ыйга биирдэ уу кутуллар. Ортотунан үс сылга биирдэ көһөрүллэр. Арай күн көнө сардаҥаларыттан куттанар, онон тэйиччи туруоруҥ. Эмтээх диэн ордук сыаналанар.

 

Ханнык баҕарар үүнээйи болҕомтону эрэйэр, дьон сыһыанын билэр диэн этэллэрэ оруннаах. Кэпсэтэ-ипсэтэ, илиигит сылааһын иҥэрэ сырыттаххытына, сибэккигит махтанан, силигилээн үөрдүө.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....