20.05.2023 | 18:00

Сылгы таҥаралаах Сандаара Баат

Сылгы таҥаралаах Сандаара Баат
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Нам талба талааннаахтара, Олоҥхо дойдутугар Үрдүк Мэҥэ халлааҥҥа аттар сырсыыларыттан киирбит Кимиэллээх Туйахтаах Суордаайы Хара Ат диэн олоҥхо атын балтараа миэтэрэ үрдүктээх гына кылынан хатыйан, толору сөрүө симэхтээн, тыыннаах ат турарын курдук оҥорбуттара социальнай ситимнэринэн сонун буолан тарҕаммыта. Биһиги бу сүдү оҥоһук маастардарын бөлөҕүн сүрүн киһитэ, “Сөрүө” түмсүү салайааччыта Мария Николаевна Аманатованы кытта кэпсэттибит.

Мария Николаевна Аманатова-Сандаара Баат – Уус Алдантан төрүттээх, билигин  Нам улууһун Хамаҕаттатыгар кийиит буолан олорор. Кэргэннээх, 4 оҕолоох ийэ, 11 сиэннээх эбээ.

 

Мария Николаевна олох бары эйгэтигэр сөҕүмэр ситиһиилэрдээх көхтөөх уопсастыбанньык. Хамаҕатта нэһилиэгэр "Тупсууна" дьахталлар сэбиэттэрин салалтатыгар үлэлиир, "Кытыл" түөлбэ салайааччытынан үлэлиир кэмигэр “Бастыҥ түөлбэ салайааччыта” ааты ылбыта да элбэҕи этэр. Маны таһынан нэһилиэгэр 2015 сылтан "Дьэрэкээнэ" кийииттэр түмсүүлэрин үлэлэтэр, 2018 сыллаахха "Айыы Хотун" 50+ саастаахтарга үҥкүү кэлэктиибин  тэрийбитэ.

Нам улууһун "Ситим" коллекционердар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ. Кыл-сиэл дьарыктаах дьоҥҥо Нам улууһугар "Дьөһөгөй ситимэ" диэн түмсүүнү үлэлэтэр – 2021 сылаахха бу түмсүү сыл түмүгүнэн улууска бастыҥынан ааттаммыта. Оттон Хамаҕатта нэһилиэгэр “Сөрүө” диэн түмсүүлээх.

Мария Николаевна үгүс дьиэ кэргэн күрэҕин, саха таҥаһын куонкуруһун кыайыылааҕа, “Далбар Хотун” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ "Мааны Хотун-2019" номинация хаһаайката. Ити курдук үгүс наҕараадалардаах, кыайыылаах-хотуулаах, биир дьахтар холугар элбэх үлэни тэҥинэн хамсатан, үтүмэн үгүс дьону түмэн айа-тута сылдьар айылҕаттан айдарыылаах киһи.

Cөрүө түмсүү

Сылгы туга барыта туһаҕа тахсар

Мария Николаевна, сылгыга сыһыаннаах соҕус киһи быһыылааххын, ол туһунан кэпсээ...

– 2021 сылтан Худуоһунньуктар сойуустарыгар Декоративнай-прикладной искусство секциятын чилиэнэбин, быйыл “СӨ Уус-уран оҥоһуктарын маастара” буолбутум. Кэргэним Прокопий Николаевичтыын 2004 сылтан олоробут, икки өттүттэн оҕолоох дьон холбоһоммут, оҕолорбутун тэҥҥэ тутан иитэн олоробут. Ону кытта сылгыбытын эмиэ тэҥҥэ көрөр-истэр буолбуппут.

Кэргэммин кытта тэҥҥэ сылгыга сылдьыһан, хайдах аһыырын-сиирин, төһө отунан сылы этэҥҥэ туоруурун эҥин барытын биллим. Сылгы түүтүн, кылын, сиэлин, ньуолах түүтүн, оннооҕор хабаҕын – барытын туһаҕа таһаарарга үөрэнним. Айылҕам тардан буолуо, Дьөһөгөй оҕотугар наһаа сыһынным, ону дьарык оҥостон, үгүс дьону үөрэтэн, маастар үрдүк аатын ыллаҕым диибин.

Сылгыны көрүүтэ кыра дииллэр даҕаны, төттөрүтүн, наһаа көрүүнү эрэйэр эбит диэтим. Холобур, кыһын хас биирдии сылгыҥ ханна сылдьарын билиэххин, хардыытын кэтии-маныы сылдьыаххын наада. Аны билигин, бу бэйдиэ ыт элбээбит кэмигэр, төрүөх саҕана хайаан да харабыллыаххын наада буолла.

Күһүҥҥү идэһэ кэмигэр хомуур диэн баар. Онно сиэтэн аҕалтыыбын. Сылгыларым хас биирдиилэрэ ааттаахтар, ааттарын истэргэ үөрэтэбин, наар киһилии кэпсэтэ сылдьабын. Ханна алааска, ходуһаҕа көрүстүм да, ааттарынан ыҥырдахпына, чуо тиийэн кэлэллэр. Онон Үөһээ Айыыларым анаан ыыппыт дьоҕурдарын туһанан, дьарыкпын таба тайаммыппын диэн астынабын, айыыларбар махтанабын.

Билигин кырыаччы диэн тиистээх тарааҕынан ньуолах түүтүн тараан ылыы кэмэ. Ону сыллата туһаҕа таһаарабын. Уу кэлиитигэр далга хаайан туран аһатабын. Ол сылдьан кэпсэттэхпинэ, эппиэттэһэллэр ээ. Ис туругум барыта арыллан, оҕо курдук бүөбэйдиирбин олус астынабын.

– “Сөрүө” түмсүү үлэтэ туохтан саҕаламмытай?

– 2018 сыллаахха бастаан “Дьэрэкээнэ” диэн кийииттэр түмсүүлэрин тэрийбитим, 2019 сыллаахха Олоҥхо Ыһыаҕар 100 миэтэрэ салама хатыытыгар ылсыбытым, ыҥырыы таһааран ситиини хатарга дьону түмпүтүм. Ол кэнниттэн дьон баҕалаах эбит дии санаан, дьону үөрэтиэх баҕа санаам уһуктан, тута “Сөрүө” түмсүүнү тэрийэн үлэлээн барбытым. Ситии, кыл, сиэл диэн тугун быһаарыыттан саҕалаабытым. Онтон сиэттэрэн 2020 с. Улуу Кыайыы 75 сылыгар “Сөрүө олбох-75” диэн барыйыакпын оҥорбутум. Манна үөрэниэн баҕалаах дьону ыҥыран үстүү олбох оҥорбуппут, улууспут хас биирдии нэһилиэгин баһылыктарыгар, улууспут баһылыгар уонна бэтэрээннэрбитигэр бэлэхтээбиппит.

Билигин “Сөрүө” түмсүүгэ сүрүн састааппыт уонтан тахса киһи сылдьар. Бастакы улахан үлэбит – хабахха быысыбайдаан Саха сирин 100 сылынан өрөспүүбүлүкэ улуустарын гиэрбэлэрин оҥорбуппут. Уопсайа 38 хабаҕы мунньан, таҥастаан, быысыбайдаан, 180*160 см кээмэйдээх улахан панно буолбута.

Түмсүүбүтүгэр хамаҕатталар эрэ диэн буолбакка, чугас нэһилиэктэртэн баҕалаах дьон бары кэлэр. Түмсүүгэ баар дьоммут тугу оҥоруохтарын баҕаралларын учуоттаан дьарыктанабыт. Аны дьонум бэйэлэрэ дьону үөрэтэр уһуйааччы буола улааттылар. Сааһыттан тутулуга суох үөрэтэбит. Уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан дьарыктыыбыт. Саха-французскай лицейбитигэр атын сиртэн кэлэр омуктар эмиэ биһиги балаҕаммытын тумнубаттар, култуурабытын билиһиннэрэбит. Онон элбэх киһиэхэ кэрэни көрдөрөбүт, кэрэҕэ уһуйабыт диэн киэн туттабыт.

Хабахтан панно

52 убаһа кутуругуттан Суордаайы Хара Ат

Кимиэллээх Туйахтаах Суордаайы Хара Ат диэн үлэҕит туһунан кэпсэтиэххэ. Туохтан саҕаламмытай?

– Эмиэ Саха АССР 100 сылыгар анаабыппыт. Биирдэ нэһилиэкпит “Түһүлгэ” сынньалаҥ киинигэр мунньахха ыҥыран ылан, “туох эрэ кэрэни, дьон сөҕөрүн оҥоруохха, Мария Николаевна, кыайдаххына эн кыайыаҥ” диэн буолбута. “Түһүлгэ” сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Антонина Алексеевна Харитонова, уран тарбахтаах маастар Руслан Афанасьевич Захаров буолан сүбэлэһэн бараммыт, ат оҥоруохха диэбиппит. Дьон эрэлин, итэҕэлин түһэн биэрбэт курдук ылсан үлэлээбиппит. Онтон Суордаайы Хара Аппыт Дьөһөгөй сылыгар хайаан да толору симэхтээх буолуохтаах эбит диэн чаппарааҕар, ыҥыырыгар тиийэ симэҕин барытын ситэрэн биэрдибит.

Туох да улахан атын туора матырыйаал туттуллубатаҕа. Барыта сиэл уонна кыл. Былыргылыы хатыйыы ньыманан. Каркааһын полистиролунан Сергей Ивановка оҥотторбуппут, үс гына арахсан ыпсарыллар, туох да тимирэ эҥин суох бэйэ-бэйэтигэр киирэн хаалар.

Уопсайа 8 киһи үлэлээтэ. Саамай кырдьаҕаспыт 85 сааһыгар сылдьар, саамай эдэрдэрбит 40-чалаах дьон кытыннылар.

Инники былааммыт элбэх. “Симэх” Арт-галереяҕа быыстапкабыт турбутун кэннэ Бүтүн Арассыыйатааҕы регион каартатын быысыбайдааһын аахсыйата буола турарын эппиттэрэ, галерея дириэктэрэ Яна Викторовна Игнатьева эһиги кылынан оҥоруоххутун сөп диэн этии киллэрбитэ. Ол үлэни ылсан эрэбит, быыстапкаҕа кыттар эрэллээхпит. Улуус араас нэһилиэктэриттэн кэлэн кыттыһан үлэлээн эрэллэр.

 

– Сылгы кутуругун сууйуута уустук дииллэр. Манна туох эмэ сүбэлээххин, кистэлэҥнэрдээххин дуо?

– Чахчы уустук бөҕө, үлэлээх. Сүлэн ылан баран хаһаайыстыбаннай мыыланан, таҥас сууйар бороһуогунан, шампунунан сууйабын. Тэниччи куурдабын – тоһоҕолоон, тиирэ тардан. Уонна улахан атыттартан ураты оҥорорум суох, чэ, арай тириитигэр тууһу дэлби сотон баран хатардахха, үөн үөскээбэт, сыта суох буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...