21.03.2022 | 13:00

«Сыл учуутала - 2022» куонкурус кыайыылааҕа ааттанна

«Сыл учуутала - 2022» куонкурус кыайыылааҕа ааттанна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Сыл учуутала - 2022» куонкурус кыайыылааҕынан киин куорат 36-с №-дээх алын сүһүөх оскуолатын учуутала Лилия Трофимова ааттанна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта үөрэҕириигэ Управлениета иһитиннэрдэ. 
Кулун тутар 19 күнүгэр Ф.И. Авдеева аатынан оҕо айымньытын Дыбарыаһын кэнсиэртиир саалатыгар «Сыл учуутала - 2022» педагогтар куораттааҕы куонкурустарын үөрүүлээхтик түмүктээһин буолла.  
Тэрээһиҥҥэ үөрэх Управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов эҕэрдэ тылыгар куонкурус кыттыылаахтарыгар үлэлэрин иһин махталын биллэрдэ уонна идэлэригэр бэриниилээх буолалларыгар, инники диэки салгыы хардыылыылларыгар баҕарда.  
«Хаһыс миэстэ буолбуккутуттан тутулуга суох куонкурус хас биирдии педагогка бэйэтин кыаҕын арыйан идэтигэр маастарыстыбатын көрдөрөргө көмөлөстө», - диэн бэлиэтээтэ начаалынньык уонна үөрэҕирии тэрилтэлэрин кэлэктииптэригэр, тэрийээччилэргэ, куонкурус экспертэригэр уонна спонсордарыгар махталын тириэртэ. 
Алексей Семенов үөрэх Управлениетын сертификаттарын туттартаата:
«Эрудиция. Креативность. Активность» номинация кыайыылааҕа – 31-с №-дээх орто оскуола алын сүһүөх кылаастарын учуутала  Нина Власова;
«Эффективная методическая практика» номинация кыайыылааҕа – Д. Г. Новопашин аатынан 10-с №-дээх орто оскуола биология5а учуутала Надежда Корнилова; 
«Увлеченность и умение увлечь» номинация кыайыылааҕа –Дарья Кривошапкина, 2-с №-дээх орто оскуола историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала;
Киин куорат дириэктэрдэрин Сэбиэтин аатыттан сертификаты бэрэссэдээтэл, В.И. Малышкин аатынан 23 №-дээх орто оскуола дириэктэрэ Георгий Афонскай «Учитель вдохновитель»  номинация кыайыылааҕа Татьяна Радкинаҕа, 18-с орто оскуола историяҕа уонна обществознаниеҕа учууталыгар туттарда.
РФ өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэҕирии уонна наука үлэһиттэрин идэлээх сойууһа үс бирииһи олохтообут. Сойуус бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Оксана Мординова куонкурус лауреаттарыгар сертификаттары туттартаата:
Алексей Алексеев, 26-с №-дээх орто оскуола информатикаҕа учуутала; 
Ирина Бубякина, 15-с №-дээх орто оскуола историяҕа учуутала; 
Екатерина Софронова, 12-с №-дээх орто оскуола алын сүһүөх кылаастарын учуутала.
Дьокуускай куораттааҕы үөрэҕирии уонна наука үлэһиттэрин идэлээх сойууһун аатыттан сертификаты бэрэссэдээтэл Зоя Окоёмова куонкурус лауреатыгар, 3-с №-дээх орто оскуола учууталыгар Анна Карамзинаҕа туттарда.
Куонкурус муҥутуур кыайыылааҕын аатын «Бизнес - Альянс» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Максим Шаринов биллэрдэ. Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, муҥутуур кыайыылааҕынан 36-с №-дээх алын сүһүөх оскуолатын учуутала Лилия Трофимова буолла. 
«Куонкурус кыттыылаахтарыгар, биһиэхэ бары өттүнэн табыгастаах усулуобуйаны оҥорбут тэрийээччилэргэ, бэйэм оскуолам дьаһалтатыгар (дириэктэр Галина Демидович), үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ көмөлөрүн уонна өйөбүллэрин иһин махтанабын», - диэтэ Лилия Трофимова.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...