02.02.2024 | 11:30

Светлана Диодорова-Лаврентьева: “Инним хоту санаам күүһүнэн бара турабын”

Светлана Диодорова-Лаврентьева: “Инним хоту санаам күүһүнэн бара турабын”
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Бүгүн биһиэхэ Биир кэлим координационнай киин чилиэнэ Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева ыалдьыттыыр. Кини байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан бу тиэмэ ымпыгын-чымпыгын толору билэр, ханнык да ыарахан боппуруостары быһаарсар, уолаттарбытыгар көмөлөһөр биир саамай тутаах киһибит буолар диэтэхпинэ сыыспаппын.

Кинилин кэпсэтэ олорон кини аргыый кэпсиир куолаһыттан холкутуйан хаалаҕын, чахчы буойуттарбытыгар эрэллээх эрэх-турах киһибит диэн сыаналыыгын, сөҕөҕүн, ол быыһыгар куолаһа титирэстээн ыллаҕына күөмэйгэр туох эрэ хомуок бүөлээбитин биллэримээри көхсүгүн этиттэрэн, хараҕын уутун аргыый соттон ылаҕын...

- Светлана Владимировна, Аҕа Дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин Кэмитиэтэ билигин да тигинэччи үлэлии олорор.

- Мин Кэмитиэт Саха сиригэр тэриллиэҕиттэн салайааччынан ананан үлэлээтим, оттон бэйэм сүүрүүм-көтүүм анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, олунньу 24 күнүттэн этэ.

Мобилизация иннинэ уолум бааһыран, онтон аан бастаан оҕолор түбэһэн хааланнар байыаннай психология наада диэммин муус устар ыйга Саха сирин салалтатыгар суруйбут эбиппин, саҕаланаатын кытары. Онтон саас ыам ыйыгар бара сылдьаммын буряттары көрсүбүтүм. Кинилэр бэйэбит штабтаахпыт эҥин диэн кэпсээбиттэрэ. Биһиги уолаттарбыт кэлэллэригэр ыарахана бэрт этэ, утары көрсөр киһи, уоскутар, хоннорор, аһатар киһи олус наада этэ. Ол саҕана Алексей Алексеевич Филиппов Москваҕа үлэлиир буолан биһиэхэ наһаа улахан көмөнү оҥорбута. Инньэ гынан киниэхэ ити дьыаланы олох сүктэрэн кэбиспиппит. Күһүн мобилизация буолбутун кэннэ Ил Дархан дьиэ кэргэттэри кытта көрсүбүтүгэр Москваҕа штаб тэрийиэххэ диэн этии киллэрбиппэр бэйэҥ үлэлии бараҕын дуо диэбитэ. Наада буоллаҕына үлэлии барыам диэбитим. Оннук Биир кэлим координационнай Киин тэриллибитэ. Онтон Аҕа дойду буойуннарын Дьиэ кэргэнин Кэмитиэтэ 2023 сыл тохсунньутугар, оруобуна биир сыл анараа өттүгэр эбит, тэриллэр. Итиннэ Ил Дархан бэйэтэ миигин көрсөн хайы-сах үлэлии сылдьарбын көрөн, онон ананан үлэлээн барбытым. Бу бастатан туран уопсастыбаннай үлэ, бэйэҥ үлэҥ таһынан. Онон маннык ыарахан үлэҕэ ис дьиҥин билэр эрэ киһи сылдьар, киһи ымсыырбат үлэтэ. Уонна онтон бэйэм хайдах кыайарбынан, ийэ быһыытынан үлэлээн кэллим. Бары өттүгэр көмөлөстүбүт, сүүрдүбүт, көттүбүт. Миигин кытта саллааттар ийэлэрэ, аҕалара биһиги кэмитиэппитигэр тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьаллар. Хас күн ыараатар ыараан, кыһалҕа элбээтэр элбээн иһэр. Хайдах кыайарбытынан, сатыырбытынан үлэлээтибит дии саныыбын. Билигин салайааччы уларыйда. Владимир Владимирович Путин итэҕэллээх киһитэ Марина Константиновна Бахилина буолла. Мантан ыла кини үлэлиэҕэ. Мин баарым курдук баарбын, төлөпүөнүм нүөмэрэ уларыйбат, уолаттарга син биир көмөлөһө олоробун.

- Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дарханы кытта көрүстүҥ, тугу кэпсэттигит, сүбэлэстигит?

- Айсен Сергеевич биһигини кытта сотору-сотору көрсөр, кыһалҕаларбытын истэр. Бэйэм туруорсууларбын эттим, бу сырыыга оҕо психологиятын боппуруоһун таарыйдым. Аҕалара сэриигэ барбыт, эчэйбит саллааттар, илиилэрэ, атахтара ампутацияламмыт аҕалар, сүппүт, аҕаларын кистээбит оҕолор наһаа ыарахан турукка сылдьаллар, оннооҕор улахан да киһи нэһиилэ уйар туруга, эгэ оҕо тулуйуо дуо. Ааспыкка биир ийэ оҕотун кытта кэлэн баран дэлби хаппырыыстыыр, дэлби ытыыр буолбут, биэс саастаах кырачаан эбит. “Паапаа” диэн ытаан сүрэхпин дэлби хайыппыта. Ийэтэ уоскута сатаан баран бэйэтэ ытаата, онтон салҕыы мин ытаатым, инньэ гынан үһүөн ытастыбыт. Маннык курдук түгэннэргэ анал үөрэхтээх психологтар эрэ көмөлөһөр кыахтаахтар диэн этэллэр. Манна үөрэх бөҕө бараллар эбит. Биһиэхэ Арассыыйаҕа барыта саҥаттан буоллаҕа дии. Байыаннай психологияттан оҕо психологията олох атын. Омук литературатын ааҕыталаатым. Онно уопсайынан оҕоҕо хайдах быһаарыаххын сөбүн туһунан ырытан суруйаллар. Бэйэм уопуппар киирдэхпинэ кыра кыыспар убайын бааһырбыт диэн кэпсиирбэр, быһаарарбар кыра-кыралаан видеозвонок нөҥүө холбоон, убайа хайдах буола сытарын көрдөрөн , миэхэ ким да маннык гын, инник гын диэн эппэтэр да ити кыһалҕаны арыый кырыытын мүлүрүппүтүм. Оҕобор эн убайыҥ хорсун, күүстээх, дойдутун туһугар сылдьар эҥин диэн кэпсээбитим.

Уһуйаан уонна оскуола писхологтарыгар  үп-харчы көрүллэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи киин психологтара баран үөрэммиттэрин курдук биһиги ити оҕолорбутун кытта үлэлиир психологтар эмиэ үөрэниэхтэрин баҕарабын. Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо сыла биллэрилиннэ, онон оҕо сылынан оҕо психолгията хамсыан наада.

“Аҕа дойду көмүскээччилэрэ” судаарыстыбаннай пуонда аһыллан үлэ бөҕөтө бара турар, кини салайааччыта Алексей Александровтуун Кэмитиэти кытта бииргэ үлэлииргэ дуогабар түһэрсибитим. Кыһалҕалаах дьону кинилэргэ атаарабын, сотору-сотору баран көрсөбүн, үлэһиттэри кытта алтыһабын, ыытар тэрээһиннэригэр баран кыттабын. Онон бу пуонда үчүгэйдик үлэлии олорор, улуустарга эмиэ үлэһиттэрдэннэ. Холобура анал дьайыыттан кэлбит саллаат аан бастаан кинилэр ааннарын аһыахтаах, кэпсэтиэхтээх, сүбэ-ама ылыахтаах, дьиэ кэргэттэрбит эмиэ. Онон олох ыкса үлэлэһэ сылдьабыт.

Айсен Сергеевичка волонтердары өйөөһүн туһунан туруорустум. Холобура соҕуруу куораттар волонтердара аҥаардас айанныылларыгар наһаа элбэх харчы баранар, онно проездной ылалларыгар, доруобуйаларын тупсарарга квотанан Бэс Чагдаҕа сынньатарга диэн этии киллэрдим. Уонна эр дьон доруобуйатыгар болҕомтону ууруохха диэн. Хомойуох иһин хас да ыал аҕаларын сүтэрдилэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ биир бааһырбыт уол аҕата эмискэ куһаҕан буолан хаалла. Онон уопсайынан анал дьайыыга кытта сылдьар уолаттар аҕаларын диспансеризациялаан, улуустарга барыларыгар миэстэтигэр көрдөрөн, көмө оҥоруохха наада диэн ону эмиэ туруорсуу сурукпар суруйдум. Маннык оҥоруохха сөп диэн бырайыактары былааннаан киллэрдим.

- Биһиги былырыын кэпсэтиибит кэннэ өссө туох уларыйыы баарый, көмө оҥоһуллуута син биир уҕараабат буоллаҕа.

- Былырыыҥҥыттан олохпут даҕаны, биһиги даҕаны уларыйдыбыт. Билигин тэлбит суолбун эргиллэн көрдөхпүнэ ардыгар бэйэм да дьахтар киһи быһыытынан куттаныах санаам киирэн кэлэр. Тоҕо диэтэххэ, хайдах эрэ наһаа ыарахан түгэннэри сорох кэмнэргэ аһарабыт. Ону харахпын быһа симэн бараммын барабын, атын хайдах да гынар кыаҕым суох. Дьон ыйыталлар, хайдах эн кэбирээн, охтон хаалбаккыный, доруобуйаҕын харыстаа, дьахтар киһи хайдах  ити погоннаахтары кытта кэпсэтэҕин, госпиталларынан сылдьаҕын, эмиэ да окуопаҕа тиийэҕин, байыаннай чаастары кэрийэҕин диэн. Эдьиий Дора көмөлөһөр, алгыыр, араҥаччылыыр, бэйэбин кытта тэҥҥэ аттыбар баар курдук, ону билинэбин, кини арчылыыр буолан санаабар бөҕөх сылдьабын. Киһи туохха үөрэммэтэҕэ баарай, хайдах эрэ бөҕөргүүр, иитиллэр эбит. Баҕар бэйэм да доруобуйам өттүнэн элбэх күчүмэҕэйдэри көрсүбүт, оронтон турбат гына ыалдьа сылдьыбыт буоламмын быһыылаах. Кистэл буолбатах, Кореяҕа эпэрээссийэлэммитим эҥин, онон наар чугас, тулалыыр дьоммор этээччибин ээ, искэн (онкология) ыарыылаахтар саамай күүстээх дьоннор диэн. Онон санаам күүһүнэн, өрө туран баран иһэбин уонна хайдах маннык кыайаҕын диэтэхтэринэ итинник эппиэттиэхпин баҕарабын. Ийэ киһи барбатаҕына, аҕа киһи сүүрбэтэҕинэ оҕо туһугар ким сүүрүөй, ким кэлиэй-барыай. Биһиги уолаттарбыт үгүстэрэ дэриэбинэттэн төрүттээхтэр, дэриэбинэ оҕолоро, онон кинилэри баран көрсөр, бүөбэйдэһэр, докумуоннары экирэтэр киһи суох, биһиги сатыырбытынан сатаабаппытынан итинник сылдьабын.

- Элбэх уустук боппуруоһу быһаараҕыт. Билигин ордук туох кыайтарбат кыһалҕа баарый?

- Киһи түргэнник быһаара охсор, хайдах эрэ көмөлөстөххүнэ эрэ табыллар түгэннэр баар буолаллар. Холобур, снайпер уол эрийэн маннык-маннык наада диэтэҕинэ эн манна утуйа сыппаккын, түүн да тураҥҥын анараатах баар тирэх пууннары кытта билсэ, булса охсоҥҥун барытын быһаарыаххын наада. Саамай ыарырҕатарым диэн бу маннык түбэстибит диэн ыһыы-хаһыы бөҕө буолаахтыыллар, уонна маннык оҕуннулар, кинилэр ааттара бу диэн этитэлииллэр, бу координаттарынан сыталлар диэн. Ийэ киһи итинниги истэрим саамай ыарахан, ол гынан баран хайыахпыный, барытын бэлиэтэнэн, сурунан иһэбин. Саамай сүрүн сыалым-соругум диэн уолаттары уоскутуу. Ол кэннэ ууҥ көтөн хаалар, сороҕор “режим полета” сылдьабыт дэһэбит, окуопаҕа тэҥҥэ сытар курдук буолаҕын.

- Саҥа дьыл иннинэ Москванан, Санкт-Петербурунан сылдьан кэллигит. Буойуннарбыт туруктара, настарыанньалара хайдаҕый?

- Саҥа дьыл иннинэ уолаттарга үөрүүнү бэлэхтээри, дьиэ сылааһын иҥэрээри Москва уонна Санкт-Петербург госпиталларынан баран үлэлээн кэлбиппит. Москваҕа “Сахаволонтердарбын” кытта госпиталга сытар уолаттарга анаан ас-үөл буһаран, аллараа халымалар ыыппыт хаастарын, үйэбэр отут киилэ хааһы буһарыам дии санаабат этим, астаан, амсатан уолаттары олус диэн үөртүбүт. Биһиги дьолбутугар Москваҕа үлэлиир, олорор, Мария Алексеевна Алексеева диэн амарах сүрэхтээх ийэ, волонтер, сарсыарда алтаттан кэлэн хаас буһаран, оһоххо ууруоҕуттан салҕыы эстафетаны мин тутан диэбиккэ дылы, уолаттарга эмиэ да хаас, тоҥ ас, балык, эмиэ да индигирка, ыһаарылааммыт собо, туустаах балык, дьуукала, бэрэски, фрукта, муорус, минньигэс арааһын тарҕаппыппыт. Ирина Дудинская диэн волонтербут гирлянда хайаан да наада диэн, Туяра Константинова харыйа баар буолуохтаах диэн толкуйдааннар кыргыттар бары сүүрэн-көтөн, бэрт түргэнник волонтер бөҕөнү була охсоммут күн аҥаарын иһинэн, барыларыгар ыыталаабыппыт. Манна хайаан да этиллиэҕи баҕарыллар, Мария Семеновна Саматой туһунан, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх волонтер анал дьайыы саҕаланыаҕыттан үлэлиир, кини күүстээх администраторбыт, ким ханна сытарын барытын быһаарсан, билэн, сүрдээх эппиэтинэстээх киһибит буолар. Москваҕа элбэх уол оччолорго сытар этэ. Барахсаттар үөрүү, махтал бөҕөтө буолбуттара. Москваларга үрдүк үөрүүнү бэлэхтээммит, оннооҕор үлэһиттэр палатаҕа кытары киирэннэр саха уола ханна баарый диэн көрбүт сурахтаахтара. Оҕолор эҕэрдэ сурук бөҕөтө ыыппыттара, ону барытын тиксэрбиппит.

Онтон Санкт-Петербурга көтөн кэлэн эмиэ итинник үөрүүнү бэлэхтээбиппит. Мин ити сылдьарым тухары волонтердары өрө көтөҕөбүн, махталбын биллэрэбин. Биһиги ыраахтан олордохпутуна саамай көмө дьоммут кинилэр буолаллар. Мин тус бэйэм оҕом эпэрээссийэтин кэмигэр волонтер Диана Чиркова наһаа улахан көмө буолбута. Инньэ гынан наһаа махталлаахпын, хаһан да көрбөтөх уолларын бэйэлэрин бырааттарын, убайдарын курдук сууйан-сотон, көрөн-истэн, санаатын көтөҕөн, өрө тардан саамай кыһыл көмүс дьоннор диэн өйдөбүлгэ кэллим. Ити соҕуруу куораттарга олорор эдьиийдэрбит  хайдахтаах курдук биһиги уолаттарбытыгар ас астаан тиийэллэрин көрөн сүрэҕим наһаа үөрэр. Итинник дьонноохпутунан киэн туттуохпутун уонна кинилэри харыстаан өрүү махтана сылдьыахпытын наада диэн этэбин.

Санкт-Петербурга үксэ ампутированнайдар сыталлар. Госпиталга киирэргэ, көрсөргө наһаа ыарахан, эрдэттэн бэлэмнээх эрэ киһи сылдьар. Бэлэмэ суох киһи киирдэҕинэ уйулҕатыгар оҕустарар, тоҕо диэтэххэ холобура биир саалаҕа тобус толору 29 ороҥҥо 29 байыас сытар, бары илиилэрэ эбэтэр атахтара суох, биир да киһи оронтон турар кыаҕа суох. Инник хартыынаны көрөр наһаа ыарахан, эбэтэр өйдөрүн сүтэрэ-сүтэрэ кэлэр саллааттар бааллар, ийэлэрэ, кэргэттэрэ аттыларыгар ытыы олороллор, көрөргө наһаа ыарахан.

Кэргэмминээн туоннаттан тахса гуманитарка илдьибиппит. Кэргэним барытын бэйэтэ суулаан, оҥорон, наардаан бэлэмниир. Биһиэхэ Бырабыыталыстыба, Айыллаан Винокуров салайааччылаах волонтердар уонна “Якутия” авиахампаанньа күүс-көмө буолаллар. Анараа Москва уонна Санкт-Петербург өттүгэр Поспредство саамай сүрүн күүс буолаллар уонна биллэн турар волонтердарбыт.

Уолаттар настарыанньалара арааһынай. Барыта киһи уйулҕатыттан тутулуктаах. Сорохтор олох атахтарын тутан баран сытаахтыыллар, сорохтор ылыныы диэҥҥэ кэлбиттэр, сорохтор олох кыайан ылымматтар. Наһаа элбэх төрөппүтү кытта сибээскэ баарбын, олох аймахтарым да курдук буолаары гыннылар, били окуопаҕа сытар оҕолоох эбэтэр кэргэннээх буоллаххына, окуопа диэн тугун билэр буоллаххына аҥаардас биир көрүүнэн өйдөһөҕүн. Онон бары истиҥ сыһыаннаахпыт. Ким эрэ санаата түһээри гыннаҕына алы гынабыт, уоскутабыт, эбэтэр мин саҥата суох бардахпына миигин уоскуппутунан бараллар.

- Бу тухары элбэх уолу, төрөппүтү кытта сибээскин быспаккын, кинилэр кыһалҕаларын быһаараҕын, көмөлөһөҕүн. Сылайбатыҥ дуо?

- Сылайыы баар бөҕө буоллаҕа дии, эт-сиин, уйулҕа да кэбириир. Уопсайынан бу үлэбэр СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын спикерэ Алексей Ильич Еремеев уонна биһиги аппараппыт салайааччыта Андрей Иванович Антонен наһаа өйүүллэр, уонна бу ааспыт ыҥырыыга үлэлээбит Михаил Дмитриевич Гуляев миигин өйдөөн-өйөөн, ыарахан кэмнэрбэр күүс-көмө буолбут киһим уонна бииргэ үлэлээбит доҕорум Гаврил Уваровскай буолаллар, онон кинилэргэ махталлаахпын, онон маннык хорсун үлэни оҥордум дии саныыбын. Уонна кэргэниммээн иккиэн тутуспутунан сылдьабыт.

- Саҥа сылга саамай улахан баҕа санааҥ.

- Биллэн турар, улахан баҕа санаам бу анал дьайыы түмүктэннэр диэн. Уолаттарбыт бары этэҥҥэ эргиллэн кэлэннэр олоххо оннуларын булуохтарын баҕарабын. Биир кэргэн эппитэ: “Кэргэним Чечня сэриитин кыттыылааҕа, онтон кэлбитигэр мин кинини бүүс-бүтүннүү килиэйдээн оҥорбутум, аны билигин анал дьайыыга сылдьар, эмиэ барыта ыһыллан хаалла, кэллэҕинэ эмиэ итинник иккистээн оҥорорбун санаатахпына хайдах эрэ ыарырҕатабын”, - диэбитэ. Онон аҥаардас дьиэ кэргэттэргэ сэлээннээн кэбиспэккэ, салалта бары үлэлиэхтээхпит, көмөлөһүөхтээхпит, уопсастыба бэлэм буолуохтаах, уруккуларын курдук үөрэ-көтө көрсөргө. Мин саамай баҕарар баҕа санаам ол. Хаһан эрэ чугас кэминэн кыайыы буолуо диэн наһаа эрэллээхпин уонна ол күн хайдах буолуохтааҕын харахпар оҥорон көрөбүн.

Аһынан-үөлүнэн көмөлөһөр бары Сахам сирин олохтоохторугар истиҥ махталбын ыытабын. Бу күннэргэ Ньурба Таркаайытыттан Анна Алексеева диэн бааһырбыт уол ийэтиттэн наһаа улахан баһыылка туттубут. Кини дэриэбинэтин дьонун хамнатан, мунньан бэйэтэ барытын дьаһайан, кууллаан ас-үөл бөҕөтө ыыппытыттан наһаа долгуйдубут. Ийэ киһи баһыылкатын хайдах курдук тапталынан оҥорбута буолуой, уола бааһыран баран эмтэнэн эмиэ төттөрү барбыта. “Киин куорат” хаһыат нөҥүө Анна Осиповнаҕа уонна кини дьиэ кэргэнигэр, Таркаайы нэһилиэгин олохтоохторугар махталбын ыытабын.

Бу күннэргэ биһиги Кэбээйиттэн, Бүлүүттэн, Чурапчы нэһилиэктэрин түөлбэлэриттэн улахан көмө туттубут, наһаа долгуйабын итинник аҕалан биэрдэхтэринэ, уонна бу күннэргэ Чурапчы улууһун тыа хаһаайыстыбатын салалтата хас биирдии нэһилиэктэр, бааһынай хаһаайыстыбалар хомуйбут  малларын киллэриэхтээхтэр. Дойдум дьоно миигин, биһиги дьиэ кэргэни наһаа өйүүллэр. “Дойдулаах киһи тутайбат, ойуурдаах куобах охтубат” диэн саха өс хоһооно баар дии. Онноооҕор ааспыкка Мугудайым үһүс кылааһын үөрэнээччилэрэ отон хомуйбуттар,  итинник көмөлөһөллөрө олус истиҥ уонна күндү буолар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...