02.03.2023 | 10:00

Светлана Диодорова-Лаврентьева: «Хайдах эмит көмөлөспүт эрэ киһи диэн санаалаахпын»

Светлана Диодорова-Лаврентьева:  «Хайдах эмит көмөлөспүт эрэ киһи диэн санаалаахпын»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бэчээт эйгэтигэр отучча сыл үлэлээн кэллим, ол тухары бу билигин суруйар тиэмэбин – байыаннай дьайыы туһунан суруйуом эрэ диэн саныахтааҕар буолуох, ханнык да түүлбэр киирбэтэҕэ. Онтон ааспыт сыл күһүнүттэн анал байыаннай дьайыы, СВО туһунан суруйуубун саҕалыахпыттан бэрт элбэх киһини кытта билистим, алтыстым, байыаннай тиэмэҕэ үгүһү биллим-көрдүм диэххэ сөп.
2022 сыл сэтинньи ыйыгар “Ийэни уоскутар аптаах тыллар бааллара буоллар...” диэн Светлана Диодорова-Лаврентьевалыын кэпсэтиибит өрөспүүбүлүкэбит үгүс ааҕааччыларын долгуппута. Ол матырыйаалбын ааҕан баран Уус Алдантан биир ийэ уонунан киилэ эттээх-астаах Москва волонтердарыгар айаннаабыта, «Саха» НКИХ ханаалга “сүрдээх долгутуулаах, киһи өйүгэр-санаатыгар тиийэр ыстатыйаны ааҕан түмсэммит, сөбүлэһэммит, көмөттөн туора туруо суохтаахпыт” диэбиттэрин истэммин, бу, чахчы, уолаттарбытыгар наадалаах тиэмэни суруйар эбиппин дии санаабытым.

– Светлана Владимировна, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтэ тэриллэн үлэлээн эрэр. Бу Кэмитиэт туһунан билиһиннэр эрэ, ким салайарый, хас чилиэннээҕий?

– Бу Кэмитиэт Владимир Владимирович Путины кытта ийэлэр көрсүһүүлэрин түмүгэр 2022 сыллаахха тэриллибитэ. Ийэлэр манна туруорсууларын этэн, кэпсээн, ыйытан, бу маннык кыһалҕалар бааллар диэн тэрийбиттэрэ. Маны сүрүннээччи уонна салайааччы Юлия Белехова, улахан уола мобилизациянан анал дьайыыга сылдьар. Кэмитиэт Арассыыйа бары субъегар баар, тэрилиннэ. Бастакы семинар ахсынньы ыйга буолбута, үс күн баран үөрэммиппит, билсибиппит, туох кыһалҕалар баалларын көрбүппүт уонна маннык түгэҥҥэ дьиэ кэргэҥҥэ хайдах көмөлөһөбүт, тугу оҥоробут диэн сүрүн сорук туруоруммуппут. Бу семинарга өрөспүүбүлүкэ аатыттан Марина Константиновна Бахилиналыын бара сылдьыбыппыт.

СӨ Кэмитиэтин мин салайабын, бүгүҥҥү күҥҥэ актыыпка уон чилиэннээхпит. Манна бары бу анал дьайыыга сыһыаннаах ыаллар, ийэлэр, аҕалар, кэргэттэр бааллар. Биһиги көмөлөспөтөхпүтүнэ, ким көмөлөһүөй диэн уонна, кыһалҕаны иһиттэн билэр дьон, төрөппүттэр, буоллахпыт. Инникитин уолаттарбытыгар күүс-көмө буолуон баҕалаах дьон элбиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Биири өйдөөн көрдөхпүнэ, бастатан туран, ийэлэр айманан саҕалаатахпыт дии, аҕалар атыннык санаарҕыыллар, истэригэр эрэйдэнэллэр, сымыһахтарын быһа ытыран сылдьаллар. Ол түмүгэр, хомойуох иһин, хас да аҕабыт ыарыйда, хас да ыал аҕаларын кистээтилэр. Ийэлэр даҕаны суорума суолламмыттара баар. Барыбытыгар ыарахан буоллаҕа, олус уустук кэмнэр. Төрөппүт оҕоҕун сүтэрии, төрөппүт оҕоҕун сабыылаах хоруопка тутуу эбэтэр оҕоҥ быһа ытыллан, илиитэ-атаҕа суох сытарын көрүү ийэҕэ, аҕаҕа, кэргэҥҥэ наһаа ыарахан. Ким эрэ оҕото үчүгэй баҕайытык аттыгар баар, онтон эн оҕоҥ окуопаҕа сытар, чалбахтан уулуур, аһыыр-аһаабат сылдьар, эрийиэ дуу, эрийимиэ дуу, хаһан сибээскэ тахсыай? Манныгы ааспыт, маннык быһыыны-майгыны билэр буоллаххына, атын дьоҥҥо көмөлөспүт, тугу эрэ чэпчэппит киһи дии саныыгын. Ол курдук, ийэлэрэ ыалдьыбыт буоллаҕына, балыыһаҕа киирэрэ, көрдөрүнэрэ буоллар диэн, уоппускаҕа кэлбит оҕо аҕыйах да күн кэллэр эмтэнэн, реабилитация ааһан барара буоллар диэн үгүһү саныыгын, толкуйдуугун.

– Анал байыаннай эпэрээссийэттэн кэлбит буойуннарга реабилитация маршрутун уларыттыгыт, барыта чуолкайданна дуо?

– Ил Дархаммыт, Бырабыыталыстыбабыт, медицинабыт өрүү илиилэрин утары уунар буоланнар, бу улахан дьаһаллар, анал байыаннай дьайыыттан кэлбит буойуннарга реабилитация оҥоһуллан, бары билэрбит курдук, икки сиринэн үлэлиир. Маныаха Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Николаевна Афанасьева итиэннэ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Александровна Волкова биһигини кытта күүскэ үлэлэһэллэр, өрүү сибээскэ баарбыт.

Биһиги аан бастаан күһүн Ыччат министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Уйулҕа киинигэр сылдьан, психологическай көмөнөн саҕалаабыппыт. Бөлөҕүнэн, биирдиилээн да Курашов уулуссаҕа психологическай кииҥҥэ элбэх көмөнү ылбыппыт. Оччолорго ийэлэр бэйэлэригэр бүгэн сылдьар эбит буоллахтарына, билигин уопсастыба эйгэтигэр таҕыстылар, көмөлөһө сатыыллар, көх-нэм буолаллар, өйүүллэр, бэйэлэрин санааларын тиэрдэллэр, атын ийэлэргэ сүбэлииллэр. Маннык түгэҥҥэ хайдах буолуохха, ханна баран тугу туруорсуохха диэн. Харахтарын уута куурбат этэ, оҕолоро онно сылдьарын истэн дэлби айманаллара. Билигин кэтээн көрөбүн ээ, бары да өрө тардынныбыт, ийэлэр тас көрүҥнэрэ да тупсубут, бэйэлэрэ да ону бэлиэтээн этэллэр. Итиниэхэ бары бэйэбит тутуһан сылдьарбыт уонна психологтар көмөлөрө, өрөспүүбүлүкэ, былаас өйөбүлэ күүс-көмө буолар. Улуустарга эмиэ бэйэлэрин таһымнарынан үлэ ыытыллар. Сорох ийэлэр көмөнү манна, куоракка, кэлэн ылаллар. Хомойуох иһин, кыһаммат улуустар бааллар...

Анарааттан кэлбит уолаттарга байыаннай психология диэн олох атын, кинилэр түүн диэннээххэ утуйбаттар, кулгаахтарыгар снаряд чыһыыра олорор, харахпын симтэхпинэ, анарааҥы сир көстөр дииллэр. Кыһалҕаттан босхолоноллоругар, бастатан туран, дьиэ кэргэн бэлэм буолуохтаах. Бэйэтин саллаатын, кэргэнин, оҕотун өйөөн-убаан, чуумпутук дьиэтин эйгэтигэр киллэриэхтээх диэн толкуйдаахпын. Бэйэбэр бэйэм оннук сыалы туруорунаммын, билигин реабилитация бара сатыы сылдьабыт. Оҕобут элбэҕи көрөн кэллэҕэ, биһиги ону билбэппит, кэпсээбэт. Хайа кыалларынан уолбар тирэх буолан, ол уопуппун ийэлэри кытта үллэстэбин, хайдах дьаһаныахха сөбүй, кыыспар, кэргэммэр болҕомтобун эмиэ умнуо суохтаахпын диэн.

Төһө да уустук буоллар, биһиги, ийэлэр, бэйэбитин өрө тардынан, сорох кэмҥэ артыыстаан, харахпыт уутун кистээн сылдьабыт. Оҕолорун атаарар ийэлэргэ уолгутун төһө чэпчэкитик, мичээрдээхтик атаараҕыт да, оччонон оҕоҕут, кэргэҥҥит эрэх-турах, чэпчэкитик сылдьыа диэн сүбэлиибин. Ыарырҕаттарбын да, оҕом барарыгар мичээрдээх атаарбытым, санаатын түһэримээри, хараҕым уутун кистээбитим. Ол бэйэм да билбэппинэн наһаа элбэҕи биэрбит эбит. Ханна барарын, туох буола турарын билэр этим. Үчүгэйдик аһатан-сиэтэн, сыллаан-уураан, эн эр киһигин, эн хорсун буолуохтааххын, эн буойуҥҥун, эн миигин уонна аҕа дойдугун көмүскүөхтээххин диэн атаарбытым. Уолум кэнники анараатах окуопаҕа сытан итинник атаарбытыҥ миэхэ бэйэбэр чэпчэки, эн ытаабытыҥ буоллар, ыарахан буолуо эбит диэбитэ, ити тыллар мээнэҕэ кэлбэттэр буоллаҕа. Онтон бааһырыы ыллым диэн суруйбутугар сирим барыта харааран ылбыта, хараҕым уута кутулла түспүтэ, онно тиийэн кыайан көмөлөһөр кыаҕа суохпуттан, байыаннай госпиталларга биһигини чугаһаппаттарыттан аймаммытым. Биир өттүнэн, кини тыыннаах хаалбыт диэн үөрүүбүттэн эмиэ ытаабытым. Ити аата үрдүкү айыылар эйигин тыыннаах хааллардылар, араҥаччылаатылар, олох олорор дьылҕалаах эбиккин диэн уолбар эппитим. Мин оҕо сырыттахпына убайбыт Чечня сэриититтэн тимир хоруопка тиэллэн кэлбитэ. Онно эһэм Мэхээччэ аймаммыта харахпар хаалан хаалбыт. Билигин элбэх бааһырбыт, эчэйии ылбыт уолаттары көрсөбүн, кэпсэтэбин, өрүү өрө көтөҕөр тыллары этэн алы гына сатыыбын. Эһигини төрөппүттэргит улаатыннаран, бу маннык киһи оҥордулар, аҕа дойдугутун көмүскээтигит, бэйэҕит кылааккытын киллэрдигит, аны билигин бэйэҕит оҕолоргутун дьиҥ эр киһилии иитиэхтээххит, ити иһин үрдүк айыы тыыннаах ордорбут, атын эмиэ буолуон сөп этэ диэн. Ону уолаттар сүрдээҕин истэллэр, ылыналлар.

Анал дьайыыга кыттыгастаах дьиэ кэргэҥҥэ кыра оҕо баар буоллаҕына, кини уйулҕата эмиэ туһунан, уратытык ылынар эбит. Хантан, туох бэлэмнээх буолан ону билиэхпитий, мин бастаан ону бэлиэтии көрбөтөхпүн. Оттон бу кэнники уон саастаах кыысчааммыт убайын туһугар санаарҕыырын көрөн оҕо психолога наада эбит дии санаабытым. Аны үгүс оскуола психологтара үлэлэһэр кыахтара суох, кинилэр билбэт, алтыспатах буоллахтара, элбэх киһи бу тиэмэни билбэт. Ийэ быһыытынан кыыспар хайдах тиэрдэбин диэн санааҕа түстүм. Олорон эрэн оҕону кытта кэпсэтэн, убайа хорсун санаалаах буолан анал дьайыыга барбытын быһааран биэрэн, бу бэйэтэ ураты туспа хорсун быһыы, кини герой диэн кэпсээн, кининэн киэн туттарын курдук быһаарбытым. Убайа туох үчүгэйи оҥорбутун барытын сырдатан, грамоталарын, хаһыакка суруйбуттарын кэпсээбитим. Куттала баар  интэриниэккэ анараа өттүттэн арааһы барытын таһаараллар, ону оҕолор көрөллөр, билэллэр. “Эһиги аҕаларгыт, убайдаргыт манна тугу гына кэлэллэрин билэҕит дуо” диэн видеолар бааллар. Кыра оҕолор, ийэлэр бары көрөллөр, дьонноро кэллэхтэринэ, куттанар эҥин буолаллар эбит. Ону куттамматтарын курдук анараа өттүттэн эмиэ сымыйанан итинник таһаараллар диэн барытын быһааран, кэлэллэригэр, көрсөллөрүгэр эрдэттэн бэлэмниэххэ наада. Сорохтор, хомойуох иһин, сытар киһи буолаллар, улахан бааһырыылаах эбэтэр илиитэ-атаҕа суох, баттыктаах кэлэллэр, оҕо барахсан ону көрөн куттаныан, оҕустарыы ылыан сөп. Ол иһин эрдэттэн кыра-кыралаан кэпсээн, көрдөрөн, видеозвоноктаан үөрэтиэхтээхпит, итиннэ ийэ бэйэтэ эрдэттэн бэлэмниэхтээх. Салалта көрдөһүүбүтүн өйдөөн психологтары үөрэттэрэ ыытта. Улахан үлэ барыа диэн эрэллээхпин.

“Ийэ уонна оҕо” диэн хайысханан реабилитация баар буолла диэн этэн аһарбытыҥ. Бу туһунан кэпсиэҥ дуо?

– “Ийэ уонна оҕо” диэн реабилитация туһунан Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр эппитим, биһиэхэ көмөлөһүҥ диэн. Кырачаан кыыс ийэтэ куолаһын бэрт кыратык да үрдэппитигэр, “Аҕаа!” диэн ытаабытын көрөн сүрэҕим ытаабыта... Онуоха, кырдьык даҕаны, маннык кыһалҕа баар эбит диэн ылсан, реабилитационнай киин астылар. Аҕаларын сүтэрбит оҕолорго, кинилэр ийэлэригэр кыратык да буоллар көмө буолларбыт. Мобилизованнайдар оҕо күүтэр кэргэттэригэр көмө наада диэн боппуруоһу эмиэ көтөхпүтүм. Итинник хаалбыт ийэлэр бааллар, олох салҕанар, сорохтор оҕолоннулар. Кэргэттэрэ оҕоломмуттарын кэннэ уон хонукка кэлитэлээн бардылар. Оҕону күүтэр ийэлэргэ ураты харыстабыллаах сыһыан ирдэниллэр, кинилэр аймамматтарын, долгуйбаттарын курдук. Психологтар эмиэ оҕо күүтэр ийэлэри кытта үлэлэһиэхтэрин наада.

Уолун атаарбыт, сороҕор сүтэрбит да аҕа иһигэр айманара, онтун таһыгар таһаарбакка тута сылдьара эмиэ улахан охсуулаах буолуо дии. Онуоха аҕаларга көмөлөһөр туох толкуйдар баалларый?

– Этэн аһарбытым курдук, биһиги, ийэлэр, ытаан-соҥоон, таспытыгар да таһааран аймалҕаммытын сүрдээҕин таһаарабыт. Дьүөгэлэрбитин, бэйэ-бэйэбитин кытта кэпсэтэн, санаа атастаһабыт. Оттон эр киһи уйулҕата атын. Эр киһиэхэ уол оҕото диэн олус күндү, утумун салҕааччы, туйаҕын хатарааччы. Оннук киһитэ анал дьайыыга түбэһэн хаалбытын үгүс аҕа сөпсөспөт. Ол иһин үгүс аҕалар уолаттарын эккирэтэн бараллар, бардылар даҕаны. Хабаровскайга 54 саастаах аҕаны көрүстүм. Ыалдьан анарааттан кэлэн балыыһаҕа сытар. Оҕом саастыы уолаттары кытта сырыттым, олус убаастыыллар диир. Биир өттүнэн мин баарым кинилэргэ үчүгэй этэ, күүс-көмө буолабын, санаалара түспүт кэмигэр аҕалыы кууһан, сыллаан да ылабын, оннук кэпсэттэхпинэ, эгди буолаллар диир.

Төһө кыалларынан итинник барытыгар көмөлөһө сатыыбыт, аҕа түмсүүтэ бу кэмҥэ күүскэ үлэлиэх тустаах, урут байыаннай дьайыыга кыттыбыт буойуннарбыт, бэтэрээннэр хамсаныахтарын, көмө буолуохтарын, уолаттарга илиилэрин утары уунуохтарын наада. Улуустар, нэһилиэктэр аайы оскуолаҕа аҕа түмсүүтэ баар буолуохтаах, баар даҕаны, ону сөргүтэн үлэтин күүһүрдэн биэриэхтээх.

Тус бэйэм манна хаалбыт үлэлии сылдьар эр дьон туора турбакка, көмө буолуохтарын наада диибин. Бары күүспүтүн түмэммит, ийэлэр эрэ буолбакка, бука бары анал дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өй-санаа өттүнэн көмө-тирэх буоллахпытына табыллар. Киһилии сыһыаннаһан, өйөөн эбэтэр ону-маны илдьэн, түмэн, аҕалан, таһан. Тоҕо тустаах ийэлэр, аҕалар эрэ сылдьыахтаахпытый? Биһиги ыал норуот көмөтүнэн араанньы буолбут саллааттарбытыгар икки туоннаттан тахса аһы байыаннай госпиталларга, араас куораттарга тиксэрбит эбиппит. Түгэнинэн туһанан бары көмөлөһөр айыы санаалаах дьоммутугар, Бырабыыталыстыбаҕа, “Якутия”, “Полярные авиалинии” авиахампаанньаларга махтанабыт.

СВО-ттан кэлбит уолаттарга реабилитация ааһалларыгар “Памятка” курдук оҥороҕут дуо, ханна тиийэн билсэллэрэ, төлөпүөннэр нүөмэрдэрэ. Үгүстэр тугу гыналларын, ханна баралларын да билбэт буола мунан-тэнэн кэлэллэрэ буолуо.

– Памятка курдук ЕКЦ оҥорбута баар, үгүстэр, дьиҥинэн, билэллэр. Контузияламмыт эҥин буоланнар өйдөөбөттөр, умнан кэбиһэллэр, онон барыларыгар этэллэр-быһаараллар. Итини инникитин учуоттуохпутун наада эбит.

Сорох түгэҥҥэ дьиэ кэргэттэрэ олох найыланан кэбиһэллэр, хомойуох иһин, оннук категория эмиэ баар эбит. Ыыппыттара да эмтиэхтээхтэр, эчэппиттэрэ да көрдүннэр, хайаатыннар диэн. Оннук буолуо суохтаах. Биһиги салалтабыт хайдахтаах курдук өйүүрүн бары билэ-истэ олоробут. Мин бу СВО-нан араас регионнары кытта билсэбин. Кинилэргэ бу биһиги салалтабыт оҥорорун курдук көмө ханан да суох. Холобура, улаханнык араанньы буолбут буойуҥҥа 750 тыһыынча, ортоҕо 500 тыһыынча өрөспүүбүлүкэттэн төлөнөр, атын регионнарга 200 тыһ., сорохторго олох да биэрбэттэр. Аны биһиэхэ 200 тыһыынча аан бастааҥҥы төлөбүр курдук сорохторго 10 тыһыынча төлөнөр. Ааспыкка төрөппүттэр Айсен Сергеевичка киирэ сылдьан бу СВО-ттан кэлбиттэр үөрэххэ босхо киирэллэрин уонна кинилэргэ истипиэндьийэ туспа баар буоларын туруорсубуппут. Мобилизованнай саллаат оҕото ыйга 5607 тыһыынча үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар. Тоҕо анал дьайыы кыттыылааҕа төлөбүрдээх үөрэххэ киириэхтээҕий, истипиэндьийэтэ суох буолуохтааҕый?

Анал дьайыыттан төннүбүт уолаттар сыл ортотуттан кэлэн үөрэххэ киирбиттэрэ, онно төлөбүрдээх эрэ миэстэлэр бааллар, 260 тыһыынча, истипиэндьийэтэ суох эбэтэр күһүҥҥүттэн кэлэн үөрэнээр дииллэр. Бу эйэлээх олоххо төннө сатыы сылдьар киһиэхэ эмиэ биир улахан суолталаах реабилитация буолар. Ол иһин биһиги бу боппуруоһу көтөхпүппүт, онуоха Ил Дархан тута өйдөөн, наадалаах эбит диэн ыйаах таһааран эрэр, кинилэр босхо үөрэххэ киириэхтээхтэр уонна истипиэндьийэлэрэ үрдүк буолуохтаах диэн.

Кыһыҥҥы, тоҥор ас балачча ыытылынна. Мантан саас Сахабыт сирин олохтоохторо өссө тугунан көмөлөһүөхтэрин сөбүй?

– Мантан саас биһиги сайыҥҥы саппааспытын мунньан эрэбит, сайын аһыыр астарын диэн. Хомойуох иһин, сорох саллааттарбыт сэттэлии ый сыталлар. Ол иһин эбии ларьдары ыллыбыт уонна онно ыытарга эт аһы, балыгы хомуйабыт, онон ас салгылыы илигинэ анараа илдьэммит угуохпутун наада. Сороҕун сайын ыытарбытыгар диэн манна булуус кэпсэтэ сылдьабыт. Уолаттар төрүт астарын аһаан үөрэллэрин кэпсииллэр, махтаналлар.

– Светлана Владимировна, син биир кэлэҕин-бараҕын, айанныыгын, саамай ханнык уустук боппуруостар баалларый, күһүҥҥүттэн кэм оннугутун буллугут дуо? Ийэлэр оҕолорун сүтэрэн эрийэллэрэ арыый аҕыйаата дуо?

– Күһүҥҥүттэн оннубутун сүрдээҕин буллубут эрээри, ийэлэр аймалҕаннара ханна барыай. Ийэлэр эрийэллэр, окуопаттан түүннэри уолаттар эрийэллэр. Кимиэхэ туох эрэ наада, ким эрэ оҕото ханна эрэ сүппүтүн быһаарсаллар, сибээскэ тахсыбатаҕын этэллэр. Итиннэ ийэлэри кытта холкутук хаһыытаабакка өйдөһөн кэпсэтии наада. Хомойуох иһин, сорохтор ийэлэргэ ыһыытыыллар, хаһыытыыллар, ыараханнык кэпсэтэллэр диэн бэлиэтииллэр. Биир бэйэм итинник куруубайдык эппиэттээбиттэригэр хоргутан туохха эрэ харбыт курдук бөтө бэрдэрэн, хараҕым уута субулла олорор этэ, оннук да кэмнэр бааллара. Кистэл буолбатах, былырыын дьон маннык анал дьайыы буола турарын өйдөөбөттөрө. Элбэх ааҥҥа кэтиллибитим, ону барытын тулуйа сатыыбын, дьону харыстаан таспар таһаарбаппын. Билигин барытын олорон эрэ санаан кэллэхпинэ, ыарахан эбит. Ол иһин ийэлэргэ, аҕаларга, кэргэттэргэ харыстабыллаах сыһыан наада диэн наар этэбин, көрдөһөбүн. Эһиги ааһан иһэн кинини кытта үчүгэйдик кэпсэтиҥ, эбэтэр мичээрдэ бэлэхтээн ааһыҥ диэн. Киһиэхэ кыра да наада, ону бары билэбит, өйдүүбүт, туох кыһалҕалааҕын ыйытыҥ, син биир кыһалҕа ханна баҕарар баар.

Бэйэм айаннаабытым курдук айанныы сылдьабын. Биһиги дьиэнэн, кэргэмминээн Владиславтыын иккиэн оннук сылдьабыт. Волонтердар наһаа көмөлөһөллөрүгэр төрөппүттэр махталлаахпыт. Төрөппүт көмөлөспөтөҕүнэ, күүс-көмө, өйөбүл буолбатаҕына, ким көмөлөһүөй? Өскөтүн эн оҕоҥ хайдах баран эрэрин көрбүт буоллаххына, эбэтэр оҕоҕун кытта биир палатаҕа бааһырбыт байыастары, эбэтэр комаҕа тыын былдьаһа сытар уолчааны көрбүт буоллаххына, оҕотун сүтэрбит ийэ аймалҕанын истибит буоллаххына, хайдах да саҥата суох бэйэҕэр бүгэн олоруоххун баҕарбаккын. Хайдах эмэ көмө буолбут киһи дии саныыгын. Тоҕо диэтэххэ билэҕин, бэйэҥ кэмҥэр эйиэхэ төһө ыарахан этэй, кимнээх, хайдах көмөлөспүттэрэй, ол иһин дьоҥҥо эмиэ итинник эппиэттиэххин баҕарар эбиккин. Биһиги уруккуттан дьоҥҥо көмөлөһөбүт. Кэргэним детдомҥа тулаайах оҕолорго, мин Кореяҕа эмтэммит буоламмын онно эмтэнээччилэргэ көмөлөһөр этим, билигин да сүбэ-ама буолабын. Рак ыарыы диэн манан аҕай буолбатах, итини ааспыт киһи санаата бөҕөх буолар. Саамай күүстээх санаалаахтар ити ыарахан ыарыыттан турбут уонна итини кытта охсуһа сылдьар дьон диэн наар этэбин. Кистэл буолбатах, кырдьык оннук.

Ааҕааччылар “Саха волонтер” хамсааһыны олус үчүгэйдик билэллэр. Москваҕа, Санкт-Петербурга, Владивостокка, Хабаровскайга олорор биир дойдулаахтарбыт саллааттарбытыгар эҥкилэ суох улахан көмөнү оҥороллор, кинилэргэ ийэлэрин, аҕаларын солбуйаллар. Бэйэлэрин үлэлэриттэн быыс-арыт булан ас астыыллар, уолаттар наадыйар малларын тиксэрэллэр, докумуоннарын эккирэтиһэллэр.

Ити куораттарга баар Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэлэрбит үлэлэрин бэлиэтээн этиэхпин уонна махтаныахпын баҕарабын. Москваҕа Андрей Федотов, Санкт-Петербург куоракка Юрий Кравцов салалталарынан туох-ханнык үлэ бара турарын дьон-сэргэ билэр. Атын регионнарга, субъектарга холобур буолаллар. Андрей Сандаминович ЕКЦ киини салайар, манна, куоракка, кэлэ сырыттаҕына, ийэлэр көрсөн кэпсэппиппит, этиилэрбитин киллэрбиппит. Ийэлэр группаҕа харчы хомуйан, уолаттарбыт көрдөһүүлэринэн турникетнай жгут атыыласпыппытын биэрбиппит.

Ааспыт сырыыга Владивосток, Хабаровскай куораттар байыаннай чаастарыгар, госпиталларыгар Марианна Соловьеваны, Валерий Протопоповы уонна Петр Бурнашеву кытта бииргэ сырыттым. Хас биирдии чаас, госпиталь салалтатын кытта үлэ бөҕө ыыталларын, саллааттар кыһалҕаларын чопчу билэллэрин көрдүм. Биир өрөбүлэ суох ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлии сылдьаллар. Оннооҕор бэйэбит аймахтарбытыгар да маннык сүүрбэтэхпит диэн сонньуйаллар.

Хабаровскай куорат байыаннай госпиталын кылаабынай хирура бэйэтэ арыаллаан палааталарынан сырытыннарбыта, уолаттарбытын хас биирдиилэрин дьиэ кэргэттэригэр тиийэ ааҕа билэрэ сөхтөрдө. Уопсайынан, истиҥ сыһыаннаахтар эбит. Бары анал дьайыы хайдаҕын билэр буоланнар, ис сүрэхтэриттэн көмөлөһөллөрө тута харахха быраҕыллар.

Сорох мобилизованнайдар бэйэлэрин куһаҕан өттүнэн көрдөрөллөр, иһэллэр-аһыыллар диэн хамандыырдар эттилэр. Хаһан даҕаны атын дьон инниттэн кыбыстыбытым диэн суох этэ. Бу эн дьонуҥ, эһиги уолаттаргыт маннык гыннылар, инник гыннылар дииллэрин истэр саҕа куһаҕан суох буоллаҕа дии. Постпредство бары өттүнэн көмөлөһөр, докумуоннарын оҥорор, толорор, ону билбэккэ эрэ оруо-маһы ортотунан “үһү” диэнинэн ыйдаран киэҥ эйгэҕэ холуннарар суруктары ыытар сыыһа дии саныыбын. Төрөппүттэр, биһиги, ыраах дьиэбитигэр олорон, төттөрүтүн, көмөлөһөр, өйүүр дьонноохпут диэн үөрүөх уонна кинилэргэ махтаныах тустаахпыт. 

Саллааттарбыт кэлэллэригэр уопсастыба барыта бэлэм буолуохтаах. Соҕуруу сырыттахха, дьон байыаннай таҥастаах саллаакка утары кэлэн илии тутуһаллар, тоҥхойон махтаналларын биллэрэллэр. Онтон биһиэхэ хайдаҕый? Атаҕын сүтэрэн кэлбит, уруккутун курдук сатаан хаампат кэлээскэҕэ олорор байыаска “эн олох даҕаны передокка киирбэтэҕиҥ” диэн киһи сатаан айаҕыттан да таһаарбат тылларын этэллэр, ким хаһыс линияҕа сылдьыбытын ырыталлар, анал дьайыыга сылдьар эр дьоҥҥо кэргэттэрин туһунан холуннаран суруйаллар, сорохторго олох даҕаны “эн чахчы онно сылдьыбытыҥ дуо?” диэн төлөпүөннүүллэр... Эбэтэр анал дьайыы саҕаланыаҕыттан, 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн, киирбит, күн бүгүн докумуона суох, оҕустарыы бөҕөнү ылбыт срочник уолаттары сирэй-харах анньаллар. Киһи хомойоро баар сорох нэһилиэктэр билэ-билэ ахсааҥҥа да киллэрбэттэр, болҕомто анаабаттар эбит. Бу эдэркээн, оскуола кэннэ аармыйаҕа барбыт оҕолор эбээт... Мин ийэ быһыытынан итинник хаҕыстык сыһыаннаһар, тылы-өһү, хобу-сиби тарҕатар дьонтон хомойобун: “Онтон эһиги төрөппүт оҕолоргут, сиэттэргит окуопаҕа бааллар дуо, хайдах сылдьалларый?”– диэн утары көрөн туран ыйытыахпын баҕарабын. Ийэ эчэйии ылбыт оҕотун көрсө атын куоракка айаннаан тиийэн тулуйбакка сүрэҕэ тохтоото, биир ийэ ороҥҥо нэһиилэ эппэҥнии сытар уолун көрөн иһигэр улаатар төрүөхтээх оҕотун сүрэҕэ тэппэт буолла, аҕалар рагынан ыарыйдылар, утуйбутунан сүрэхтэрэ тохтоото... Тустаах ыалга олус ыарахан кэмнэр, кинилэр ис эйгэлэрэ хайдах айманарын билэргит буоллар. Онуоха эбии хаҕыс сыһыаны көрүстэхпитинэ, туох үчүгэйэ кэлиэй? Бу маннык дьайыыга бары сомоҕолоһон, биир күүс буолуохтаахпыт. Оннооҕор дьоммут окуопаҕа, аһаҕас халлаан анныгар сыталлар дии, биһиги сылаас дьиэҕэ, талбыт аска-үөлгэ олорон Кыайыы туһугар бары күүспүтүн ууруоҕуҥ!

Светлана Владимировна, быыс булан олус туһалаах, наадалаах кэпсээниҥ иһин улаханнык махтанабын. Маннык кэпсэтиилэр тустаах дьоҥҥо тиийэн бэйэтэ сүбэ-ама буолуохтарыгар саарбахтаабаппын. Саас кэлэн иһэринэн, ийэлэр, дьахталлар күммүтүнэн эҕэрдэлиибин. Көмүс күммүт санньыар санаабытын киэр кыйдаатын, куһаҕан барыта хаары кытта ууллан, күлүмүрдэс, чаҕылхай уонна эйэлээх халлаан эрэ баар буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...