04.07.2020 | 17:04

Суоппар Мария тэлгэһэтигэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

70 сааһыгар чугаһаабыт Мария Захарова билигин даҕаны олоххо актыыбынай позициятын тута сылдьар.

Эниэргийэ бөҕөтө. Билигин да массыына ыытар. “В”, “С” категориялаах суоппар. 50 сыл тухары, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри массыына уруулуттан түспэт. Чугас дьонугар сүүрэн-көтөн биэс дьиэни тутан биэрбит. “Билигини да көлүөһэ үрдүгэр сылдьабын”, – диэн киэн тутта кэпсиир.

Тоҕус оҕолоох ыалга соҕотох кыыс оҕо төрөөн, далбарга иитиллибит. “Төрөппүттэрим барахсаттар олус да үчүгэйдик ииппиттэр”, – диэн күндү дьонун сылаас тылынан ахтар. Мария Васильевна дьиэтигэр сылаас холумтаннаах хаһаайка, ыалдьытымсах Далбар Хотун.

Мария Васильевна Захарова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

Мин Автодорожнай уокурукка, Покровскай тракт 9 килэмиэтиригэр олоробун. Сааһым 70-мар чугаһаатым. Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Кэргэним Аркадий Иванович Яковлевтыын этэҥҥэ олоробут. Оҕолор, сиэннэр, хос сиэн тапталларыгар угуттанабыт.  Кини “Алмазы Анабара” геологтар начальниктарынан билиҥҥэ диэри үлэлии сылдьар. Эт саастыыбыт. Чааһынай дьиэлээхпит. Орто дойдуга кэлбит киһи дьиэ туттуохтаах, мас олордуохтаах уонна оҕо төрөтүөхтээх. Удьуорун ууһатан, кэннигэр кэнчээри ыччаты хаалларыахтаах диэн бигэ санаалаахпын. Дьиэм таһыгар мас, үүнээйи арааһын олордобун.  Манна туох суоҕуй диэх курдук... Тэлгэһэбэр хатыҥ, бэс, харыйа, кытыан, сарбынньах, акация, долохоно, яблоня, хаппырыас, сирень, бузина, моонньоҕон, тэтиҥ, талах арааһын үүннэрбитим. Ситэн-силигилээн аҕай тураллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ тиэргэммэр сардаана сибэкки тыллан, кэрэ бэйэтэ тэтэрэн турар. Харахпын манньытар, сүрэхпин үөрдэр.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...