14.09.2022 | 12:00 | Просмотров: 644

Суол 17 эбийиэгэ аспаалланан бүттэ

Балаҕан ыйын 13 күнүнээҕи туругунан Дьокуускайга бэдэрээтчит тэрилтэлэр уулусса-суол ситимин 27 эбийиэгиттэн 17-гэр аспааллаан бүттүлэр диэн иһитиннэрдэ «Главстрой» МХТ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билиҥҥи туругунан, Ильменскэй, Птицевод, Очиченко уулуссаларыгар уонна Щорс күөлүн таһынааҕы суолга аспааллыыллар. Ити эбийиэктэргэ сүрүн үлэ балаҕан ыйын бүтэһигэр түмүктэниэхтээх.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Ильменскэй уулуссаҕа аспаал-бетон булкааһын иккис дьапталҕата ууруллар. Эбийиэк былааныгар ууну ыытар лотоктар, икки өттүгэр сатыы дьон сылдьарыгар саҥа тротуардар, мас олордуута, газон үүннэриитэ, итиэннэ «Ивушка» уонна «Кэскил» оҕо уһуйааннарын таһыгар саҥа сылаас тохтобулу туруоруу киирбиттэр.

«Главстрой» МХТ суол тутуутугар салаатын кылаабынай исписэлииһэ Михаил Уаров бэлиэтээбитинэн, тупсаран оҥоруу үлэтэ алтынньы ый бүтүөр диэри түмүктэниэхтээх.

«Аспаал-бетон иккис дьапталҕатын ууран бүттүбүт даҕаны үсүһү саҕалыахпыт. Аспааллааһыны кытта тэҥҥэ ууну ыытар лотоктары, бордюр таастарын, тротуардары оҥоробут», - диэтэ Михаил Уаров.

Олохтоохтор этэллэринэн, Ильменскэй уулуссаҕа өрөмүөн  20 сыл ыытыллыбатах.

«Главстрой» МХТ иһитиннэрбитинэн, Федор Попов, Энергетиктэр, Авиатордар уулуссаларыгар уонна кардиологическай диспансерга  чугаһыыр суолга (Мерзлотнай уул.) өрөмүөн үлэтэ түмүктэннэ. Сэттэ эбийиэги бүтэрэн туттарарга докумуоннара оҥоһуллар.

Манна даҕатан эттэххэ, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2022 сылга 34 км 615 м уһуннаах суол оҥоһуллуохтаах. Дьокуускай бырайыакка 2019 сыллаахтан кыттар. Биэс сыл иһигэр, 2024 сылга диэри, куорат агломерациятыгар суол 85 %-на оҥоһуллуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.