30.01.2021 | 06:57

Судургу ырысыаптар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар судургу уонна элбэх бириэмэни эрэйбэт ырысыаптары таһаарабыт. Хас биирдии хаһаайка бу минньигэс астарынан дьиэлээхтэрин күндүлүөн сөп.

Рогалик

Састааба:

  • 600 г бурдук,
  • 350 г сүөгэй (25%),
  • 180 г сымнаҕас ынах арыыта,
  • 1/2 ыстакаан саахар,
  • 1 чаайынай ньуоска суода,
  • джем (атын да хойуу барыанньа буолуон сөп),
  • 1/2 плитка сакалаат.

Сүөгэйи ынах арыытын кытта миксеринэн эрийтэрэбит. Онно суоданы, саахары, бурдугу эбэн булкуйабыт. Салапааҥҥа уган, чаас аҥаара тымныыга туруорабыт. Тиэстэни 4 чааска арааран тэнитэбит, оччоҕо 25-28 диаметрдаах төгүрүк тахсар. Ону 8 тэҥ чааска быһабыт. Хас биирдиитигэр чаайынай ньуосканан джеми кутабыт уонна кэтит өттүттэн саҕалаан эрийэбит. 200° С кыраадыс итии духуопкаҕа 20 мүнүүтэ буһарабыт. Рогаликтары сакалаатынан, саахар пуударатынан киэргэтиэххэ сөп.

Ананастаах пицца

Састааба:

Тиэстэҕэ:

  • 1 ыст. үүт,
  • 1 ыст. бурдук,
  • 1 сымыыт,
  • 1 ч. нь туус.

Начыыҥкаҕа:

  • куурусса буутун этэ – 4 устуука,
  • ананас кэнсиэрбэтэ,
  • 200 г сыыр,
  • 2 болгарскай биэрэс,
  • 7 кыра помидор,
  • майонез,
  • кетчуп.

Тиэстэни таһаарбакка оҥоробут. Имитэн баран, чап-чараас гына лэппэтэбит. Ол үрдүн кетчубунан биһэбит. Онтон кырбаммыт сиикэй куурусса этин, кубиктыы быһыллыбыт ананаһы, кырбаммыт биэрэһи, помидору ууран баран, 200°С кыраадыс итии духуопкаҕа 30 мүнүүтэ буһара уурабыт.

Этэ буспутун кэннэ, теркаламмыт сыыры майонеһы кытта булкуйан үрдүгэр кутабыт уонна ууллуор диэри духуопкаҕа 10-ча мүнүүтэ туруора түһэбит.

Молдавия соркуойа

Биһиэхэ наада:

  • 500 г ынах этэ,
  • 5 орто хортуоппуй,
  • 1 эриэппэ луук,
  • 4 өлүүскэ чеснок,
  • 3-4 ост.нь. кыһыл сухой вино,
  • 500г миин.

Маҥнай ынах этин уҥуоҕунан миин буһарабыт. Хортуоппуйу ыраастыыбыт уонна 2 ост.нь. мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Сиикэй эти орто гына кырбыыбыт. Бу кэмҥэ хобордоох ортотунан арыыга эриэппэ луугу ыһаарылыыбыт. Ол арыытыгар эти, бурдукка ыймыы-ыймыы, ыһаарылаан сырдьыгынатабыт.

Духуопка дириҥ лииһигэр эбэтэр туоҋ горшокка маҥнай буспут хортуоппуйу, ыһаарыламмыт эти уурабыт, илдьирийбит чесногу табыгынатабыт, томатнай пастаны, сухой винону кутабыт. Онтон миини саба кутабыт. Ити кэннэ 200°С кыраадыс итии духуопкаҕа уурабыт, ол эбэтэр оргуҋуор диэри туруора түһэбит.

Санатан эттэххэ, вино көтөн хаалар, эт амтанын тупсарар. Ол иһин омуктар кыһыл винону аһылыкка куруук тутталлар эбит.

Эттээх “кэмпиэт”

Биһиэхэ наада:

  • эт,
  • 3-4 буспут сымыыт,
  • 1 оҕурсу.

Блины тиэстэтигэр:

  • 2 ыст. үүт,
  • 1 сымыыт,
  • кыра туус,
  • бурдук,
  • ас астыыр фольга.

Маҥнай эти соломолуу кырбаан баран ыһаарылыыбыт. Буспут эккэ эмиэ соломолуу кырбаммыт оҕурсуну уонна сымыыты эбэбит.

Тиэстэбитин охсон, блины буһарабыт. Улахан да, орто да быһыылаах буолуон сөп. Блиныга буспут эти, сымыыты, оҕурсуну ууран, төгүрүччү тутан баран, фольгаҕа суулаан кэбиһэбит. Фольганы кэмпиэт курдук бүк тутабыт.

Фольгаҕа сууламмыт маннык аһы оҕоҕо оскуолатыгар өйүө оҥорон ыытыахха сөп. Начыыҥкалаах блины фольгаҕа ыһыллыбакка-тоҕуллубакка, өр соҕус сылаас сылдьар буолар.

Расстегай

Састааба:

  • 500 гр бэлэм слоенай тиэстэ,
  • 500 гр эриллибит эт,
  • 3 устуука сымыыт,
  • туус, тума.

Эриллибит эппитин туустаан баран арыыга ыһаарылыыбыт. Онтон буспут сымыыты кыра гына кырбыыбыт уонна эриллибит эти кытта холбоон кэбиһэбит. Бэлэм тиэстэбитин тэҥ өрүттэрдээх көнө муннук тахсарын курдук тэнитэбит уонна ортотугар эппитин кутабыт. Тиэстэбит кытыыларын холбуубут уонна ортотун аһаҕас хаалларабыт. Эрдэттэн сылыйбыт духуопкаҕа 200°С кыраадыска 20 мүнүүтэ буһарабыт.

Оҕуруот астаах паста

Биһиэхэ наада:

  • 1 хаа спагетти лапса,

Соуска:

  • аджика,
  • 200 г сыыр,
  • биэрэс арааһа,
  • 3-4 помидор,
  • 1 эриэппэ луук,
  • моркуоптуохха сөп.

Аджиканы киһи бэйэтэ оҥоруон сөп. 1 киилэ  помидорга чеснок, мээккэ кыһыл уонна хара биэрэһи, 1 чили-биэрэһи, кыра туус уонна ч.нь. аҥаара уксус эбэн баран кыратык тэптэрэ түһэбит, ол эбэтэр оргуйбутун кэннэ араарабыт.

Маҥнай соус оҥоробут: кыһыл, саһархай эбэтэр фиолетовай биэрэһи луугу, помидору кытта ыһаарылыыбыт, аджиканы эбэбит уонна 5 мүнүүтэ оргута түһэн баран, плитканы араарабыт. Үрдүгэр теркаламмыт сыыры кутабыт уонна туруора түһэбит.

Оҕуруот аһа буһа турар кэмигэр спагеттины ууга буһарабыт. Онтон тэриэлкэҕэ өлүүлээн төгүрүччү уурабыт. Сыыра ууллубут, оҕуруот астаах аджикабытын лапсабыт ортотугар кутабыт.

“Кустук” салаат

Састааба:

  • 3 сымыыт,
  • 3 орто хортуоппуй,
  • 1 болгарскай биэрэс,
  • 1 моркуоп,
  • 1 оҕурсу,
  • 300 г ынах этэ,
  • майонез,
  • кекс буһарар форма.

Сымыыты, хортуоппуйу, моркуобу, эти тус-туһунан ууга буһарабыт. Онтон сойбутун кэннэ кыра гына кырбыыбыт. Кекс буһарар формаҕа сыстыбатын диэн арыынан биһэн баран, салааты араҥанан уурталыыбыт. Маҥнай сымыыт үрүҥэ, онтон уоһаҕа, кыра майонез, хортуоппуй, биэрэс, теркаламмыт моркуоп, оҕурсу, онтон майонез кэннэ эппитин уурабыт. Баттыы түһэн баран формабытын иһиккэ таҥнары тутабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...