Субсидиянан туһаныҥ
Буоларын курдук от ыйын саҕаланыаҕыттан ОДьКХ өҥөлөрүн иһин төлөбүрбүт үрдээтэ. Саха сиринээҕи Госкомцен тарҕаппыт информациятынан, коммунальнай өҥө сыаната 6 бырыһыан кэриҥэ үрдээтэ.
Күөх төлөн сыаната 3,1 бырыһыан үрдээтэ: куоракка 3,2 бырыһыан тыа сиригэр – 3,1 бырыһыан ыараата. Дьиэлэрин гааһынан оттон олорор дьон төлөбүрдэрэ 3 бырыһыан эбилиннэ.
Электроэнергия 5 бырыһыан ыараата: газовай билиитэлээх куорат дьиэлэригэр уот сыаната кв/чаас 6,5 солкуобайтан 6,82 солк. буолла; тыа сиригэр уонна электрическэй билиитэлээх куорат дьиэлэригэр 4,5 солкуобайтан 4,78 солк. буолла.
Кииннэммит ититии иһин аны 6 бырыһыан ыараабыт сыананы төлүөхпүт.
“Водоканалтан” кэлэр тымныы уу сыаната 7,35 бырыһыан, итии уу 6 бырыһыан, канализация 8 бырыһыан, бөҕү тиэйии 3 бырыһыан сыаналара эбилиннэ. Ол аата куорат дьоно бөхпүтүн тиэйэр “Якутскэкосети” региональнай операторга урут ыйга 91,95 солк. төлүүр эбит буоллахпытына, бу ыйтан 94, 71 солк. төлүүр буолуохпут.
Коммунальнай өҥө сүгэһэрин арыый да чэпчэтэргэ субсидияны туһана үөрэниҥ. Бастакытын субсидия оҥорторор дьон “Агентство субсидий” тэрилтэ эбэтэр МФЦ нөҥүө оҥорторуохтарын сөп. Быйылгыттан, саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, субсидияны оҥорторорго ОДьКХ өҥөтүгэр иэһэ суоххут туһунан ыспыраапка илдьэр наадата суох буолбута. Наадалаах информацияны судаарыстыбаннай уорганнар бэйэлэрэ ирдииллэр. ОДьКХ өҥөтүгэр субсидиянан гражданин эбэтэр дьиэ кэргэн ыйдааҕы төлөбүрүгэр дохуотун 15 бырыһыаныттан ордуга барар буоллаҕына туһанар бырааптаах.
Субсидияны туһаныы сүрүн усулуобуйата:
ОДьКХ төлөбүрэ дохуот 15 бырыһыаныттан элбэҕин ылар.
Кыбартыыраҕа бастайааннай пропискалаах буолуохтааххыт.
Бастаан оҥорторорго маннык докумуоннар наадалар:
Кыбартыыра докумуоннара.
Ааспыт 6 ый устата ылбыт дохуоккутун туоһулуур ыспыраапка.
Счеккут реквизитэ.
Иэһэ суоххут туһунан ыспыраапка аны ирдэммэт.
Быһаарыыны “Агентство субсидий” тэрилтэ 10 үлэ күнүн иһинэн таһаарар.
Субсидия сыл аҥаарыгар оҥоһуллар.
Субсидия кээмэйэ хас биирдии ыалга тус-туһунан суоттанар. Субсидия калькулятора subsidii-jku.ru сайтка баар.
От ыйын 15 күнүттэн “Агентство субсидий” эрдэ суруттарыынан гражданнары кытта үлэлиир буолла. Суруттарыы http://subsidii-jku.ru/ сайтка ыытыллар:
Сайт сүрүн страницатыгар киирэн “Физическим лицам талаҕыт”, “Запись на прием” баттыыгыт.
Пуун аадырыһын талаҕыт.
“Прием документов” баттыыгыт.
Бириэмэтин, күнүн-дьылын талаҕыт.
Толору ааккытын, электроннай почтаҕытын толороҕут.
“Потвердить” диигит.
«Агентство субсидий» нүөмэрэ: 8-800-222-50-70, эбии «0» баттаан кэпсэтэҕит.