03.02.2024 | 13:23

Строительнай уокурук олохтоохторун туох долгутарый?

Строительнай уокурук олохтоохторун туох долгутарый?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Строительнай уокурук олохтоохторун иннигэр отчуотугар баһылык Евгений Григорьев дойду бэрэсидиьэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллар национальнай бырайыактары олоххо киллэрии көрдөрүүлэрин уонна Олохтоох дьаһалта урбаан, үөрэх, спорт, арыгыны утары охсуһуу политикатыгар, Үс сыллаах тупсарыы сылларыгар ситиһиилэри иһитиннэрдэ.

Ааспыт 2023 сыл сүрүн ситиһиитинэн Евгений Григорьев дойду баһылыга Владимир Путин куорат маастар-былаанын өйөөбүтүн ааттаата.

Евгений Григорьев маны сэргэ Поярков уулуссатыгар Дзержинскэй уулуссатыттан Октябрьскай уулуссатыгар диэри 1,85 км усталаах учаастак оҥоһуллан, массыына уонна оптуобус сырыыта тупсубутун, тротуардар өрөмүөннэнэннэр, сатыы дьоҥҥо табыгастаах буолбутун бэлиэтээтэ.

2023 сылга социальнай эбийиэктэр тиэргэннэрэ тупсарыллыбыт, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы Юнармия дьиэтин тиэргэнэ, «Лучик» уһуйаанын олбуора оҥоһуллубуттар.

Уокурукка өрөспүүбүлүкэтээҕи хаарбах дьиэттэн көһөрүү аадырыстаах бырагырааматынан 129 дьиэттэн 434 киһи көһөрүллүбүт, 8 Марта, 99, Дальняя, 82, 86, Пионерская, 25/1, Свердлов, 14/1, Халтурин, 7, 7/1 65/1, Жорницкай 7, 8, 17, Клара Цеткин, 1 эргэ дьиэлэрэ көтүрүллүбүттэр.

Муниципальнай бырагырааманан 54 дьиэттэн 164 киһи көһөрүллүбүт. Верхоянскай, 19, Жорницкай, 19, 21 эргэ дьиэлэрэ көтүрүллүбүттэр. Тутуу ыытыллыахтаах Халтурин, 15/4, Якутская, 17, 19, Халтурин, 36, Пекарскай, 2/1, 4 дьиэлэрин миэстэлэрэ ыраастаммыт.

Халтурин, 14, 4, Петр Алексеев, 12, 12/1, 10 тиэргэннэригэр тупсарыы үлэтэ ыытыллыбыт.

Быйыл Строительнай уокурукка Рыдзинскай уулусса Жорницкайтан Халтурин уулуссатыгар диэри 0,528 км усталаах учаастагын өрөмүөнэ былааннанар. Маны сэргэ Дзержинскэй уулуссатын Ленин проспегыттан Кальвица уулуссатыгар диэри 1,7 км усталаах учаастагар хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллар. Суол өрөмүөнэ 2026 сылга түмүктэнэрэ былааннанар. Халтурин уулуссатыгар Строителлэр уулуссаларыттан Якутская уулуссаҕа диэри 0,591 км усталаах учаастак өрөмүөнэ 2025 сылга түмүктэниэҕэ.

Уокурук 143 кыбаарталыгар Пирогов уулуссатыгар 2024 сылга 180 миэстэлээх 4 №-дээх анал оскуола тутуллара былааннанар,  Газовиктар сквердэрэ, 240 миэстэлээх оҕо саада, «Спортивнай» саҥа  түөлбэ спорт комплекса тутуллуохтара.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан 13 дьиэттэн 42 киһи көһөрүллүөҕэ, муниципальнай бырагырааманан – 2 дьиэттэн 10 киһи.

Дзержинскэй уул., 45/1, 45/2 тиэргэннэрин тупсарыы үлэтэ былааннанар. Лермонтов, 25/3, 27, Петр Алексеев, 12/2, Рыдзинскай, 18/14, 18/14Б, 18/14Д, 18/13, 18/2 аадырыстарга тиэргэни тупсарыы бырайыага оҥоһуллар.

Евгений Григорьев маны сэргэ 2023 сылга Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллар социальнай гаастааһын былаана туолбут, 753 оннугар 1249 учаастакка гаас ситимэ тардыллыбыт. Куорат биир сытыы кыһалҕатын быһаарыыга бастакы хардыы быһыытынан ардах уутун сүүрдэр халдьа схемата оҥоһуллубут.

Баһылык отчуотун кэнниттэн олохтоохтор бэйэлэрин ыйытыыларын биэрдилэр. Ол курдук, Строительнай уокурук олохтоохторун суол, тротуар хаарын ыраастааһын, тиэргэннэри тупсарыы, сир учаастагын тыырыы, убаҕас бөҕү люктарга уоран сүөкээһини кыраҕытык кэтээһин, социальнай тэрилтэлэргэ киирэр суоллары оҥоруу долгутара билиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...